Миэхэ элбэх үөлээннээхтэрим бэйэм көлүөнэ уолаттар (урут туста сылдьыбыт оҕонньоттор) эрийэ сырыттылар. Бэйэлэрин санааларын эттилэр. Ол эрээри үөрүүбүт уһаабата. Тустууну тэрийээччилэр уонна тренердэр кинилэргэ сыыһаларын, алҕастарын этэн көмөлөспүппүт иһин сүрдээҕин өһүргэммиттэр. Бу аата чахчы түһүү, мөлтөөһүн бэлиэтэ. Эбиитин эмэһэҕэ тэп диэбиккэ диэри аны бу суругу Олимпиец Александр Иванов кигиитинэн суруйбуппут курдук эргитэн таһааран Александр Иванову буруйдууллар. Олимпиецпытын араастан саҥаран, холуннаран барбыттар. Бу иэдээни. Онон мин быһаары биэрэргэ күһэлинним.
Бастатан Көмүсчүт диэн кимий? Бу саха үс Олимпиеһын кытары оскуолаттан ыла бииргэ үөрэммит олоҕун олоччу кинилэри кытары атаарбыт тустуу туһугар тугу сатыырын кыайарын оҥорбут киһи. Тустуу спордугар аналлаах мэтээллэри, Олимпиецтарбытыгар анаан мэтэллэри оҥортообүт көмүс тарбахтаах көмүс ууһа. Онон тустууну ханнак баҕарар үрдүкү таһымҥа кэпсэтэр, ырытыһар кыахтаах киһи. Ол иһин мин алта сыллааҕыттан кинини кытары кэпсэтэн кэлэр көлүөнэҕэ анаан хааллараары видео устуулары оҥорууну саҕалаабыппыт. Ол барыта миэхэ да, Степаҥҥа да баар. Бу да ыстатыйаны суруйарга үгэспитинэн видоҕа устан баран онтон суруйбутум. Степан Николаевич тылларын литературнай обработка эрэ оҥорон биэрдим. Көҥөммөппүн ким баҕарар ону миигиттэн устан ылан көрүөн сөп. Көҥүллүүбүн. Степан бу интервьютугар Олимпиец Александр Иванов ханан да сыһыана, сыта да суох.
Аны миигин тустууну билбэт ойоҕостон сылдьар киһи дииргит эмиэ аньыы буолуо. Биһиги оҕо сааспытыгар тыа сиригэр ол-бу телевизор, көмпүүтэр араас атын улаатан эрэр уол оҕону аралдьытар туох да суоҕа. Ол да буоллар оччотооҕу оҕолор хата үчүгэйгэ, кэрэҕэ тардыстыылара сүрдээх үрдүк этэ. Ол сиэринэн улаатан эрэр уол оҕо буоларбытынан тустууну бука бары сэҥээрэрбит. Оччолорго иккис эрэсирээттээх тустуук кумирбытынан буолара. Уол оҕо бастыҥ баҕа санаата иккис эрэсирээттээх тустуук буолуу. Танда орто оскуолатыгар первэй разрядтаах Миша Калининскайы олох эргийэ сылдьан көрөрбүт. Онтон физкултура учууталлара Петр Васильев, Николай Гаврильев олус улахан авторитетынан туһаналлара. Кинилэр тугу диэбиттэрэ, тугу саҥарбыттара тустууга разрядтаах буоланнар уолаттарга суруллубатах сокуон. Үрдүкү кылаастарга тахсыыбытыгар Москваттан анал физкультурнай үрдүк үөрэхтээх, ССРС спордун маастара И.А Халдеев Мүрүгэ үлэлии кэлиитэ оройуон уолаттарыгар улахан бумунан буолбута. Кини эппит тылынан Мүрү уолаттара хатылаан этэн нэһилиэктэртэн киирэ сылдьар муҥнахтары таах саҥата суох ыыталлара. Иннокентий Андреевич уол оҕолорго автритета оннук муҥура суох улахана. Үс тустуу спордун маастара ”үһү”,— диэнинэн биһигини сөп оҥороллоро. Сыл баһыгар атаҕар киниэхэ сборга киирдэххэ Иннокентий Андреевич үөрэтэргэр сыыһа туттубатах киһи, сыыһа саҥарбатах киһи, диэн улахан дьуһуурунай санааҕа ылларан муҥу көрөбүт. Кини тугу диэбитэ, тустуу албаһын хайдах оҥорорун, хайдах көрдөрбүтэ ханнык да сокуоннааҕар күүскэ толоруллара.
Итинник син оскуоланы бүтэрэбит. Мин төрөөбүт Тандабар Саха сирин сэттэ төгүллээх чемпиона ССРС спордун маастара М.Н.Сибряков 1968 сылаахха холкуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлии кэлбитэ. Кини Тандаҕа билигин да үлэлии турар бэртээхэй спортзал туттарбыта. Мин бу спортзалга болуотунньук быһыытынан үлэлээбитим. Онтон ЯПУ-1 бүтэрэн дойдубутугар И.А.Халдеев уолаттара үлэлии түмсэбит. Н.Крылов, Н.Рожин, И.Захаров, А.Константинов, Н.Константинов о.д.а. бэртээхэй ССРС спордун маастардара спорт оскуола арыйан үлэни саҕалаабыттара. Эмиэ нэһилиэктэргэ Мүрүгэ тустуу спорт саалаларын тутуу нэһилиэктэргэ күөстүү оргуйбута. Оҕо саастан бииргэ улааппыт уолаттарым көҕүлээбиттэрин кэннэ ханна барыахпыный? Түсүһэн иһэр буоллахпыт. Суоттуга киирэн нэдиэлэни быһа Н.Крылов, Н.Рожин, А.Константнов буолан олох чааһынайбытыгар үлэлиир курдук буор босхо Мүрүгэ тутуллар тустуу саалатыгар мас кэртибит. Ол иһин ким да биир солкуобайы аахсыбатаҕа. Онтон кэргэннэнэн Намҥа кэлбитим эмиэ тустуу спортзалата тутуллар эбит. Аны ону тутустум. Ол аата үс спортзаланы тутуспутум, диир бырааптаахпын.
Өссө биири этиим. Мин физруктаабытым устата соххор солкуобайы кимтэн да көрдөөбөккө тустуу секциятын ыытарым. Ол да гыннар тоҕо эрэ ол үлэлээбит кэмнэрбин сүрдээх күндүтүк саныыбын. Хата манна биири санаан ааһар тоҕоостоох. Убайым И.И.Егоров кэргэнэ начальнай кылаас учуутала миигин сыллааҕы, квартальнай, нэдиэлэтээҕи былааннары бэлэмнээн поурочай былааннары оҥорорго үчүгэйдик үөрэппитэ. Онон уруоктарбар даҕаны, секцияларбар да, хайаан да поурочниктаах спортзалга киирэрим миэхэ үгэскэ кубулуйбута. Биирдэ эмэ уруокка, секцияҕа поурочнига суох киирдэхпинэ санаабар ыһыллаҕас, сыгынньах курдук куһаҕан баҕайытык сананарым. Уруоктары поурочнига суох биэрэртэн олох астыммат этим. Ити үөрэннэххэ олус туһалаах эбит этэ Ол иһин эбитэ дуу билигин даҕаны уруокка ханнык баҕарар үрдүк таһымнаах учууталлары-тренердэри кытары иитэр-үөрэтэр үлэ методикатын ырытыыга түгэнник биир тылы булабын. Хата эргиччи кыһамньылаах, олохо оннубун буларбар эргиччи көмөлөспүт, кыһамньылаах саҥаспар Егорова Мария Петровнаҕа түгэнинэн туһанан, хойутаан да буоллар ити үөрэҕин иһин махталбын биллэрэбин.
Аны 1990 сылтан предпринимателлээтим. Ынах,сылгы, сибииньэ, аҕыйах маҕаһыын өссө баан саамай улахан учредителэ ол аата бааннаах киһи буоллум. Ол үлэлии сылдьан субуота аайы Нам спорт оскуолатыгар көҥүл тустууга бириис бэлэмниирим. Намтан РСФСР үтүөлээх спордун маастара буолбут, билигин СР Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (ИТ) норуодунай депутата П.Юмшанов аан бастаан европа чемпионатыгар тахсарыгар 300 000 солкуобайы уу харчынан ботугугуу түһэн баран ууран биэрдим. Оччолорго УАЗ массыына сыаната 50 000 солкуобай. Маны харчыбын аһыйан дуу, ирдээн дуу ахтыбатым. Көмөлтөм үтүө түмүктэрдээх буолбутуттан астынан аҕынным. Өссө мин этии киллэриибинэн уонна тэрээһимминэн Намҥа түөрт бастакы спорт маастардарыгар Семен Дмитриевка, Максим Тихоновка, Николай Гоголовка, бырааттыы Николай, Владимир, Алексеевтарга аһаҕас турнирдары тэрийбитим. Хас биирдиилэригэр спортивнай олохторун кэпсиир буклет кыра кинигэ суруйталаабытым. Аҥаардас мантан да көрдөххө мин тустууттан ырааҕа суох киһибин. Билигин төһө да сааһырдарбын үлэлии сылдьар дьоҥҥо көмө буолаарай,— диэн үтүө санаанан ити ыстатыйаны бэлэмнэспитим.
Соторутааҕыта Красноярскайга И.Ярыгин бирииһэ түмүктэннэ. Интернети көрдөххө онно эмиэ тустуу ситиһиититтэн астыммакка тустуу фанаттара кириитикэ бөҕө. Кириитикэ сүнньүнэн сөп. Оччотугар бу эмиэ Олимпиец Александр Иванов кигиитинэн тустуу фанаттара интернеккэ арааһы суруйаллар дуо? Олимпийскай чемпион Павел Пинигин биир халыҥ тэтэрээти тустуу хаамыытын туһунан сурунна, дииллэр. Өссө дьиктиргиир дьон баар. Павел Павлович хас күрэхтэһии аайы итинник халыҥ тэтэрээти толору сурук суруйар. Тугу суруйар буоллаҕай?—диэн сөҕөллөр. Онтон японецтар түөрт хас биирдиитэ халыҥ кинигэ буолар материалы иорегливынан сурунан барбыттар. Ол барыта арбаныы буолуо диигит дуо? Суох оннук эрэ буолбатах. Ону ырытан сыыһаларын көрдүүллэр. Ол сыыһаларын туоратан кыайыыга тахсар хардыылары булаллар. Павел Пинигин итинник үлэлээн тустуу үрдүкү таһымыгар сылдьарын көрдөрөр. Кини ханнык баҕарар сибиэһэй Олимпиеһы кытары тустуу мындырдарын кэпсэтэр ырытар кыахтаах. Ол аата тустуу сайдыытын кытары тэҥҥэ хааман иһэр. Онтон биһиги дьон норуот нолуогунан муспут харчытынан, тустуунан сибээстээн туристаан кэлбит “Улуу” тренердэрбит төһөнү сурунан, бэлиэтэнэн кэллилэр? Муҥ саатар үөрэтэ сылдьар тустууктарын хапсыһыыларын сурунарга аналистыырга үөрэппэттэр. Сыыһаларын халтыларын бу Степан Николаевич курдук хас эмэ сыл үлэлээн этэн, ыйан биэрдэххэ бэлэми туһаммат дьону үлэлииллэр эбит диибит дуо? Саха сирин патриоттара диэххэ сөп дуо? Ол аата бу дьон үлэлээбэтэхтэр. Дьэ уонна өссө олус улаханнык хомойбуттар үһү. Хата үлэҕитигэр-хамнаскытыгар кыһамньыта суох сыһыаҥҥытынан биһигини бэтэрээннэри хомоттугут. Мин биир бэйэм суруйа олорон тустууктар спорт ветерана Көмүсчүт суруктарын остуолларыгар ууран сытыаран памятка оҥостон туһаныахтара дии санаабытым, тиэрэтэ буолан таҕыста.
Олимпиец диэн кимий? Былыргы грецияҕа Олимпийскай оонньуулары кыайбыт киһи таҥараны кытары кэпсэтэр статустаах таҥараҕа тэҥнээх дьонунан сыаналыыллара. Өллөхтөрүнэ таҥараны кытары бииргэ олорор, аһыыр бырааптаналлара. Кинилэри кириитикэлиир, саҥарар таҥараҕа айыы. Кинилэр тыыннаахтарыттан сибэтиэй дьон. Онтон биһиэхэ сахаларга хайдаҕый? Олимпиецтарбытын көҥүл саҥарабыт. Үлэтэ суох хаалларабыт. Олимпиецтарбытын муҥ саатар бэйэлэригэр туох да сыһыана суох дьыалаларынан итинник талбыт буруйдуубут, үөҕэбит. Бу аата хайдаҕый? Мин биир бэйэм бэйэбин даҕаны, Ыстапааны даҕаны тустууну билэрбинэн, ырытарбынан билигин үлэлии сылдьар тренердэртэн баҕас итэҕэс санаммаппын. Оччотугар боппуруос үөскүүр. СР правительствотын үлэһиттэрэ уонна спортивнай үлэһиттэр тренердэр Олимпиец иитэр иһин үлэлиигит. Бу иһин СР бүтсүөтүттэн сүрдээх элбэх харчы ороскуоттанар. Бары усулуобуйа олоччу оҥоһулунна. Сир аайы аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиир спортивнай комплекс бөҕө тутулунна.
Мин правительство салайааччыларын спортка сыһыана суох дьону өссө буруйдаабаппын. Онтон анал үөрэхтээх спорду салайааччылар уонна тренердэр үөрэтэр оҕолоро истэн турдахтарына бу Олимпиецтары хантайан туран сирэйдэригэр силлээн баран биһиги сиэннэрбитин хайдах Олимпийскай идеалларга, Олимпиец буолуҥ,—диэн үөрэтэллэрий? Эһиги кыайан үлэлиир кыаҕа да суох буоллаххатына бу баара суоҕа икки Олимпиецбытыгар сыһыаҥҥытын 180 кыраадыс уларытаргыт наада. Буолан баран биһиги Олимпиецтарбыт соҕотох бэйэлэрин эрэ интэриэстэригэр олорботтор. Республика улахан политическай боппуруостарынан дьарыктанар, норуокка ытыктанар дьон. Өскөтүн ити суруктан өһүргэнэр буоллаххытына эһигини дьон норуот кыһалҕаларын быһаарсар улахан сытыы политическай боппуруостарга ньуул дьон буоллаххыт. Онтон бөҕөс, боотур диэн кимий? Ханнык баҕарарар судаарыстыбаҕа аҕа да ууһугар бэйэтин хаан аймахтарын, дьонун норуотун иннигэр наада буоллаҕына тыынын да толук ууран көмүскүүр статустаах киһи. Эһиги ол статустан төрүт ырааххытын көрдөрдүгүт.
Бу боппуруоска спортивнай үлэһиттэр, тренердэр кимиттэн тутулуга суох булгуччу эппиэт биэрэргит наада. Олимпиецтарбытыгар маннык хаҕыс сыһыан түмүгэр 40 сыл устата Олимпийскай мэтээли аҕалар иһин үлэлэстибит, харчы бөҕөтүн ороскуоттаатыбыт, спортивнай комплекс бөҕө тутулуна эрээри тоҕо эрэ ол мэтээлбит суох. Мин элбэх сиэннэрдээх оҕонньор төһө да мөлтөөн олордорбун мас—таас курдук эппиэккитин чуолкай истиэхпин баҕарабын.
Иккис курдук мин спортивнай олоҕум бу үс Олимпиец тахсыбыт көлүөнэтигэр түбэспитинэн уонна кинилэри кытары күрэстэспит түгэннэрбинэн, чугас доҕордуу сыһыаннаахпынан, кинилэр планета чулуулара буолбуттарын кэрэһэлиир кыахтаахпынан мин эрэ буолуо дуо биһиги көлүөнэ бөҕөстөр бука бары чахчы улаханнык киэн туттабыт. Бу үс Олимпиецтыын биһиги көлүөнэ тустууктар биир тылы булбакка икки аҥы кытылга турбуппут эмиэ суох. Араас баара биһиги да сибэтиэй дьон буолбатахпыт, боростуой дьон оҥорор бары алҕаһын оҥоробут. Ол эрээри биһиги үтүө сыһыаммытыгар мэһэй бас быраҕан бэтэрээннэргитин үөрдүбэккит. Биһиги билигин үксүбүт сааһыран анал барар сирбитигэр баран эрэбит. Онтон баар өттүлэрэ мөлтөөн балыыһаттан аахпат буоллубут. Биһиги кумирбытынан буолбут, биһиги эдэр сааспытын планета саамай бастыҥ ситиһиитин ситиһэн биһиги тус олохпутун киэргэппит Олимпиец Александр Николаевич Ивановтан бырастыы гыннаран айыыттан хараттан босхолоноргутун булгуччу ирдиибит.
Билэҕит мин дьоммор-норуоппар наада диэтэхпинэ Ил дархан уон араас хамыыһыйатын, экспертэрин аһаран киллэрбит программатын кытары сыыһатын ыйан көннөрөр суолу этэн суруйарбын, ырытарбын билэҕит. Бу суругу суруйарга Степан Николаевич элбэх сыллаах ырытыылырын, бэлиэтээһиннэрин түмэн оҥорон тус бэйэтин эрэ санаата киирбитин суругу бэчээккэ бэлэмнээбит киһи быһыытынан кэрэһэлиибин. Манна күрүө намыһахтыы атын дьону күтүрүүр наадата суох. Буолан баран улуу Судаарыстыбаларга сибэтиэй киһинэн сыаналпаныахтаах Олимпиеһы.
Бу мин эппит этиилэрбэр тустууну таптааччы фанаттар санааҕыт хайдаҕый?