— Степан Николаевич эн Чурапчы оскуолатыгар бастаан үөрэнэ кэлбитиҥ туһунан баһаалыста кэпсээ эрэ. Д.П.Коркины бастакы көрсүүлэрин уолаттар арааһы кэпсииллэр. Эйиэхэ ол түгэн хайдах ааспытай?
— Миигин убайым Борис Николаевич Попов Чурапчыга илдьибитэ. Мин аара суолга Д.П.Коркин үөрэтэ ылыа дуо? диэн долгуйуу бөҕөтө. Арай тиийдибит миигин сыгынньахтаан эҥин эргитэ сылдьан тутан хабан көрдө. Убайым куоракка икки сыл бастаабыппын эҥин аҕынна.
Кэпсэттилэр. Онтон ылабын диэбитин истэн баран наһаа үөрдүм. Бээ куорат оскуолатыгар үөрэнэр киһи култуурабын эҥин көрдөрөр санааланным. Тахсарбар нууччалыы “Досвидание”,— диэҕим дии туран этиллэрин саҕана “Здравствуйте”,— диэн буолан халлаа. Аны убайбын батыһан тахсан баран: “Бээ, төттөрү киирэн сыыһабын көннөрөрүм дуу”,—диэн биэтэҥнии турдахпына убайым дьөлө ыһыытаан ыҥыран ылан бардыбыт.
Күһүн үөрэх саҕаланна. Куорат уола хайы-үйэ уолаттары кытары охсуһан сууттанна оҕустум. Ол кэмҥэ арай биир саҥа уол кэлбит диэтилэр. Арай киинэҕэ олордохпуна ким эрэ кулгаахпыттан тардыалыыр. Эргиллэн көрбүтүм биир уол олорор. Онно мочооттоһон тураары гыммыппытын улахан уолаттар Андрос Болуодьа, Сахаачча саба саҥаран буойан кэбистилэр. Ыстапаан дьэ бээ киинэ бүттэҕинэ,— диэн тахсар ааҥҥа тиийэн кэтиир. Киһитэ кулууп иккис аанынан тахсыбыта ырааппыт эбит.
Бастакы дьарыкка дьарык уратытын тута билэр. Дьарык кэмигэр олоро түһэн ылар, сынньанар, тыын ыар диэн суох буолар эбит. Оттон анал тустууга биир өссө оннук эбит. Басакы тустуу Павел Пинигинниин буолар. Павел Степаттан түөрт сыл балыс. Түөрт киилэ кэриҥэ ыйааһынынан чэпчэки. Тустуу саҕаланаатын Павел харса суох түһүөлүү турар. Степа бастаан утаа баһыйыах курдук буолар. Ыраастык эҥин уурар. Онтон биир кэм саба түһэ турар киһини уйбакка сылайан онно манна туруйалыыр. Устунан олох да ыраастык барар. Дмитрий Петрович ону Степаҕа: “Бу кыра уолу хайдах кыайбаккын кини эйиигиттэн түөрт сыл балыс, түөрт киилэ чэпчэки”,— диир.
Оҕолор бэрээдэктэрин көрөр Евдокия Яковлевна Барашкова, диэн баспытаатал баар. Ол кылааска, остолобуойга ким кими кытары олороругар тиийэ бэрээдэги олоччу кини дьаһайар. Ыстапаан кылааһыгар били кулгаахчыт уолунаан биир паартаҕа түбэстэ. Дьэ саҥата суох күөнтэһии манна саҕаланна. Аны иностраннай тылга Ыстапаан үөрэммэтэх, Саша атын тылы үөрэппит буолан иккиэн үөрэммэттэр онон босхолонон икки чаас интернаттарыгар бараллар. Устунан бодоруһан доҕордоһон хаалаллар. Кинилэргэ оскуолаҕа кэлэ-бара хаарга тустар үгэс баар. Сашалаах Ыстапаан Үчүгээйэп Дималыын уонна Бугаев Кешалыын хаарга тустан тахсаллар.
Ол сылдьан утуйар корпус суунар сиригэр Саша Ньуустуру охсубут,—диэн буолла. Иирсээн төрдө кыыстан Варя аата ааттаммыт эҥин быһыылаах. Дьэ ону Тукунаай өрө күүрдэн саҥа кэлии уол баппатаҕын курдук айдаан бөҕөтүн тардар. Айдаан түмүгэр уолаттар Сашаны умывальникка муннукка хаайаллар. Балаһыанньа олох тыҥаан турдаҕына Ыстапаан Сашатын аттыгар баран турунан охсуһардыы бэлэмнэнэр. Онтон Петя Платонов, Юра Цыкунов Степаҕа кэлэр. Устунан Кеша Бугаев уолаттар Степа таһыгар мустан истилэр. Анараа бөлөххө охсуһар киһи да хаалбата устунан тарҕыһыы буолар.
— Степан Николаевич эн Мюнхеннааҕы Олимпиада кыһыл көмүс геройа Роман Дмитриевтыын эмиэ бииргэ үөрэммит биир саамай чугас табаарыһаҕын. Кини туһунан бастакы кэпсэтиигэ бэрт үчүгэйдик ахтан аһарбытыҥ. Арамаан ыал буолуу олоҕуттан тус бэйэҥ өйдөбүлгүнэн иһитиннэр эрэ баһаалыста.
— Дьэ, бу Сашалаах Арамаан бааллар биир оскуолаттан, биир тренертэн көлүүр косилка аттарын курдук бииргэ Олимпийскай чыпчаалга бэлэмнэнии оскуолатын туох баар ыарахан толоонун туораан ыттыбыт дьон. Арамаан биһиги син биир Сашкалыын курдук оскуолаттан быһа тиһэх суолугар диэри алтыһыы бөҕө. Кини планета бастыҥа буолар ситиһиитигэр диэри хайдахтаах курдук ыарахан бэлэмнэнии дьарыктарын ааһан тиийбитин эмиэ билэбин. Арамаан ситиһиилэрин саамай үгэнигэр сылдьан Москвичка Ленкаҕа уол оҕолоноллор.
Хайы-үйэ бириэмэннэй Леналыын 1978 сыл холбоспуттара. 1978 сыл күһүн уоллара кэлин Монреаллааҕы Олимпиада геройа буолбут Александр Иванов аатынан Сашаны төрөппүттэрэ. Москваҕа үс хостоох киэҥ куоҥ квартираламмыттара. Онтон иккис оҕолорун кыыстаммыттара. Дьиҥэр Арамаан 1980 сыл Москватааҕы Олимпиада иннинэ кэргэнин Ленканы дойдутугар Эдьигээҥҥэ аҕала сылдьыбыта. Ол кини улахан алҕаһынан эбэтэр эмиэ да олоххо улахан ситиһиитинэн курдук дьиибэ түгэнинэн буолбута. Ленка Роман аймахтара боростуойдук тыа киһитин олоҕунан олороллорун көрөн мыынан, сэнээн төннүбүт этэ. 1980 сыллааҕы Олимпиада кэнниттэн Пинигин Байбал ыал буолан Киевка Динамо спортивнай общество дьиэтин рестораныгар улахан баҕайы 19-ус этээстээх дьиэҕэ сыбаайбалаабыта. Биһиги онно Рома Ленка үһүө буолан айаннаатыбыт. Арай онно сыбаайба сарсыҥҥы күнүгэр биһирэм аһылыкка Ленкабыт дэлби хаппырыыстанан барсыбата. Онтон устунан улуу аакка-суолга тардыстан эргэ тахсыбыт Ленката Арамаантан арахсыбыта.
— Степан Николаевич 1980 сыл Москватааҕы Олимпиада иннинэ Роман Дмитриев Корнилаевтыын тустуутугар Александр Николаевич Ромаҥҥа туох диэн сүбэлээбитин өйдүүгүн дуо? Ол быһаарыылаах хапсыһыыны дьылҕатын быһаарар бүтэһиктээх күлүүс кэпсэтиини истибит эйиигин эрэ баар дииллэр.
— Ол Олимпиадаҕа сүүмэрдиир хапсыһыы этэ. Ити иннинээҕи сыл Тбилискэй турнирга Роман Михайловиһы Корнилаев соһон кэбиспитэ. Арамаан онтон наһаа санаарҕаабыта. Онон бу хапсыһыы хайдах түмүктэнэрэ төрүт биллибэт этэ. Ол кэмҥэ Арамааҥҥа Саша тиийэн кэллэ уонна: “Бу сырыыга кини атаакалаатын. Эн көмүскэн. Син биир ыһыллыаҕа”,—диэтэ. Роман Дмитриев Корнилаевтыын туста киирдилэр. Роман Сашката эппитин курдук көмүскэниигэ эрэ барда. Иннинэн да, кэннинэн да барбат, саба түһүүлэри оҥорбото. Корнилаев тулуйбата атаакалаан ыһыллан турда. Арамаан ону сыыһа туттуох бэйэлээх буолуо дуо? Бииртэн биир сыыһа хамсаныыларын хабан ылан очко хомуйан истэ. Бүтэр уһугар Арамаан Корнилаевы олох да соһон кэбистэ. Оо, онно олус да чуолкайдык грамотнайдык Арамаан Саша эппитин курдук үлэлээбитэ. Мин Сашаттан онно саллыбытым. Арамаан курдук тустууну билэр, муударай, улуу тустуук киһиэхэ чуолкай сүбэни биэрэр ити аата улахан тренер тахсар чинчилээх эбит, дии санаабытым. Чэ тустуу туһунан итинник араас түгэн элбэх буоллҕа.
Арамаан онтон 1985 сыл Антолиналыын холбоһон биһиги кэккэбититтэн букатын барыар диэри олус үчүгэйдик, эйэ дэмнээхтик олорон оҕо-уруу төрөтөн, дьиэ-уот тэринэн эр киһи буолуу дьолун-соргутун амсайан, билэн бу орто дойду олоҕуттан барбыта. Биһиги киһибит чиэһинэйэ, көнөтө киһи киһилээхпин, диир киһитэ. Онон табаарыстара Антонинаҕа махталбыт муҥура суох. Кини саха дьахтарын быһыытынан Арамааны, Арамаан аймахтарын, доҕотторун наһаа үчүгэйдик өрө тутар. Арамаан суох да буолтун кэннэ ол сыһыанын дьиҥнээх ойох, саха дьахтарын быһыытынан Арамаан аймахтарыгар уонна чугас доҕотторугар уларыппата. Онон кини Арамааны кытары тэҥҥэ Арамаан аата ахтыллар бочуоттанар түгэнигэр кэргэн быһыытынан үрдүктүк тутуллуохтаах уонна бочуоттаныах тустаах. Мин Антониналаах Арамаан сыбаайбаларыгар арыалдьыттаабытым (шафер) онон бу сыбаайбаны туох да наһаа күндүтүк саныыбын. Антонина Софроновна Осипова суруйааччы Софрон Осипов бииргэ төрөөбүт балта. Кинилэр икки бииргэ төрөөбүттэр.
Арамаан тустуутун туһунан элбэхтик суруйдулар. Аҕыннылар. Кэлин да саха сирэйдээх баарын тухары кини ситиспит улуу кыайыыларын, саха норуотун дьиҥнээх патриота быһыытынан аата ааттана турарыгар бүк эрэнэбин. Билиҥҥи көҥүл тустуу биһиги республикабытыгар сайдыытын, таһымын туһунан бэйэм тугу саныырбын ахтыахпын баҕарабын.
Тустуубут мөлтөөһүнэ Д.П.Коркин өлүөҕүттэн, Р.М.Дмитриев тренердээн бүтүөҕүттэн уонна Георгий Бураков барыаҕыттан таһыма куугуначчы аллараа түстэ. Муҥ саатар Георгий Бураковы ыытыа суохтаахтар этэ. Итинник дьон үлэлээтилэр да сыал-сорук туруорунан анаан улахан программа оҥорон үлэлииллэр. Ону эргитэн өйдүүр, бэйэ туһатыгар барыыстаахтык толкуйдуур киһи, тренердэр да, салайар үлэһиттэр да ортолоругар дьэ көстүбэтэҕэ. Эбиитин: “Эмэһэҕэ тэп”,— диэбит курдук оннооҕор баар Олимпиецтарбытын дьаһалта өттүттэн, тренерскэй үлэттэн мас-таас курдук туораппыттара. Түмүгэ тугуй? Боростуой тустууну билбэт да киһи хараҕар көстөр гына тустуу эһиннэ. Улуу Д.П.Коркин хайдах курдук көҥүл тустууну кылгас кэм иһигэр Олимпийскай үрдэлгэ өрө анньан таһаарбытай да ол курдук түргэнник тустуу таһыма тэстибит мээчиктэн салгын тахсарыныы түстэ. Бэл ыалдьааччыта кытары аччаабыт курдук буолла.
Дьиҥэр Георгий Бураков улахан тустууну таһаарар ньымалары билэр үрдүк таһымнаах тренер. Кинини кыра оҕолору кытары буолбакка талааннаах оҕолору сүүмэрдээн олох туһунан кини этэрин истэн үлэлэниэхтээҕэ. Георгий Бураков кэлээтин Контоевтар тустар таһымнара эмискэ үрдээбитэ. Герман аан дойду чемпиона буолбута. Быраата миэстэлэспитэ онтон Бураков бэлэмнээн баран барарын кытта уолаттарбыт Олимпиадаҕа эҥин кытыннылар да туһа суох. Онтон күн бүгүн бу баар,— диир үчүгэй тустууга да суох хааллыбыт. Дьиҥэр Георгий Бураков биһигиттэн туохха да наадыйбат. Аат суол олоччу баар. Биһиэхэ кэлтэй үтүө эрэ дьыаланы оҥоруохтааҕа. Ону араастаан куһаҕан сурах тарҕатан. Үлэлиир программатын саҕалаан үлэлии сылдьар киһини Чурапчыга кыйдаан мэҺэй-тэһэй буолан төрүт да куһаҕаннык сыһыаннаспыппыт. Муҥ саатар Павел Пинигни да таһаарбытын иһин кини аата үрдүктүк тутуллуохтааҕа. Ити Сивцевтэр оҥорбут улахан алҕастара. Мин сөҕөн сөҕөбүн олох собус соруйан курдук Олимпиецтарбытыгар аһара куһаҕаннык сыһыаннастыбыт. Бэл диэтэр биэс-алта маастары ииттилэр да СР үтүөлээх тренерэ буолаллар. Итини мин утарбаппын дьон үлэтэ бэлиэтэниэхтээх. Онтон тустуу түөрүйэтин, практически баһылаан аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт, планета бастыҥ тустуугун, олус мындыр киһини Александр Ивановка үлэтигэр төһөлөөх эмэ утарсыы баарын үрдүнэн алта-сэттэ бэртээхэй аан дойду кылаастаах спорт маастарын ииттэ эрээри СР-ын үтүөлээх тренерэ ааты иҥэриэхтээҕэр буолуох кинини бэйэтин таһымынан сөптөөх үлэҕэ баччааҥҥа диэри туһаммакка кэллибит. Бу кэнниттэн тустуу сайдыытыгар сөптөөх дьиҥнээх кыһамньы баар, диэн сыана быһабыт дуо?
Тренердэрбитин иһиттэххэ наһаа үчүгэй. Бука бары Олимпиец иитэр санаалаахтар. Бэйэ бэйэлэрин эмиэ мэһэйдэһэ сылдьаллар. Ээбиристэп кэлэр. Аны хаһан да тустубатах киһи куолутун истэллэр. Тустуу федерациятын В.Егоров,—диэн төрүт да көҥүл тустууга туста сылдьар дьону көрбөтөх да киһини аҕалан салайтараллар. Е.А.Борисов тустуу федерациятын салайар. Бу киһи тустууну төрүт да билбэт, тустан көрбөтөх киһи. Үлэлээтин ээ бэйэтэ талаллыбыт үлэтигэр. Билбэт дьыалатыгар тустууга кэлэн тоҕо ороосто? Дьэ уонна бу киһини өрө тутан туох да сыала-соруга суох үөмэхтэһии. Көрөргө, истэргэ да сүөргү.
УОР-ру ШВСМ ылан көр үрдүк кылаастаах тустууктар салалтаҕа суохтар. Дьиҥэр маннык буолуо суохтаах. Оннооҕор кыыл-сүөл үөрүгэр сүрүн истэр салайар кыыллаах буолар. Биһиги тустуубутугар хара бастакыттан Олимпиецтарбытын, аан дойду чемпионнарын, призердарын түмэн кырдьаҕастар сүбэлэрэ, диэни тэрийэн тустуу федерациятыгар уопсай биир сүрүн ыйар кэрдэр сүбэһит оҥостон туһаныахтаах этилэр. Үлэ-хамнас оччоҕо үрүө-тараа ыһыллыбакка биир халыып буолан уопсай кыайыыны аҕалыахтааҕа. Оччоҕо дьэ кырдьык Олимпиада да туһунан сыал-сорук туруорунуохха сөп буолуо эбитэ буолуо.
Аны тренердэр үлэлэригэр оҕолору кытта үлэ эмиэ сыыһалардаах. Оҕоҕо ирдэбил олох намыһах, талааннаах оҕолору геннарынан талыы суох. Бүтүрүөбүс тустуук оҕо төрдүгэр ууһугар улахан болҕомтону уурара. Аны хас биирдии оҕо хайдах тустубутун туһунан суруйтарара. Манан оҕо тустууну ырытар, айан тустар дьоҕурун сайыннарара. Ылан көр: Семен Макаров, Александр Иванов, Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Николай Захаров, Илларион Федосеев, Вячеслав Карпов, Петр Платонов, Захар Чукров, Дмитрий Үчүгээйэп, Ефрем Ефремов, Роман Неустроев, Дмитрий, Алексей Пахомовтар Василий Гоголев, Василий, Егор Алексеевтар, о.д.а. бука бары оннооҕор бииргэ төрөөбүт бырааттыылар тус-туһунан стиллээх, тус-туһунан тактикалаах, олох атын-атын сөбүлүүр албастардаах улуу бөҕөстөр.
Кинилэр тустууларын көрөр, ырытар ол да иһин наһаа интэриэһинэй, сэргэх буолара. Холобура Роман Михайлович күрэхтэһии аайы тустар истиилэ уларыйа сылдьара. Биир күрэхтэһиигэ наар вертушкалаан кыайда ээ. Мин кини вертушкалыырын хаһан да көрбөтөҕүм.
Күрэхтэһиилэргэ кини тугу хайдах бэлэмнээн кэлбитин ким да бэл аттыгар сылдьар табаарыстара билбэт буолаллара. Онтон Александр Николаевич биир албаһы хас эмэ барыйаанынан араастаан оҥороро. Холобура миэлиҥсэни биэс араастаан оҥороро. Куотан эрэр киһиэхэ. Утары анньар киһиэхэ. Эккирэтэн киирэн оҥороро. Оннооҕор партерга эмиэ араастаан оҥороро. Ити курдук тустарыгар араас албастары туһанан киирэн бара турар. Утарылаһааччыларыгар тыын ылар бокуой биэрбэккэ былаһын тухары араас ньымалары туһанан үлэлии сылдьара. Аны Саша сорох ардыгар албаһы утарылаһааччыларыгар хайдах оҥорбутун бэйэтэ да билбэккэ хаалара. Ол аата кини былаһын тухары ааҕан суоттаан көбүөр тас да өттүгэр сылдьан толкуйдуу айа сылдьарыттан оннукка тиийэр. Ити үөрэх Д.П.Коркин оҕону суруйтаран оччуоттатан итинниккэ тиийэр гына үөрэтэр ньыматыттан тахсар. Ити Саша тустууну айар, хаамтарар дьоҕурун биһиги дьоммут билигин олох туһаммакка сылдьаллар. Тустууну олох да билбэт дьон тустууну салайан итинниккэ тиийдибит. Оннооҕор бэйэбит испитигэр баар кыахтары сатаан туһаммаппыт. Холобура Сивцев Уйбаан Саша киирэн уолаттарга сүбэлээн көрдөрөн киирэн бардаҕына олох сөбүлээбэт. Ити улахан сыыһа. Оттон Д.П.Коркин оннооҕор Олимпийскай оонньууларга тиийэ баран үчүгэй тустууктары киинэҕэ устан аҕалан биһиэхэ көрдөрөрө, үөрэтэрэ. Тустууну олох хаһааҥҥытааҕар да түһэрэн кэбистилэр.
Мин эбитим буоллар Сашаҕа көҥүл биэрэн бэйэтин тула хамаанда тэринэн үлэлииригэр кыах биэриэм этэ. Билигн тустууну саамай үрдүк таһымҥа билэр өйдүүр соҕотох Александр Иванов уонна Павел Пинигин хааллылар. Ону өйдүүр кэм кэллэ.
— Мин биир ыйытыылаахпын. Олус кыра оҕону туһуннара сатыыллар. Тренердэр хамнас грамота туһугар бу кыра баҕайы дьону күрэхтэһиннэрэн өссө ыйааһын түһэрэн этин-хаанын салыннаран кэбиһэллэр. Оҕону уон иккитигэр диэри көбүөргэ төрүт киллиримиэххэ баара. Итиннэ эн көрүүҥ.
— Холобура Илларион Федосеев биһикки алтыс кылаастан саҕалаабыппыт. Ол аата уон иккибититтэн, үспүтүттэн. Ол эрээри итиннэ мин биири бэлиэтиибин. Оҕону ханнык да сааһыгар ыйааһын түһэттэримиэххэ наада. Ити олох сыыһа. Оҕону быстах ситиһии, хамнас туһугар итинник салыннаран, куттаан кэбиһии олох бүрүстүпүлүөнньэ. Оҕо этигэр-хааныгар былчыҥ чувствота, диэн баар итинник гынан ону сайыннарар оннугар төттөрү түһэрэр төрүт сыыһа.
Аны тренердэрбит наһаа элбэхтэр. Сөп элбээтинэр үчүгэй буоллаҕа. Ол эрээри кинилэр бастыҥ үлэ ньымаларын улуу Куоркун үөрэҕин тоҕо туһамматтарын дьиктиргиибин. Кини оскуолатыгар үөрэммит Арассыыйа чемпионнарыттан саҕалаан европа, аан дойду призердара, чемпионнара оннооҕор Олимпиецтарбыт элбэхтэр эбээт. Куоркун үөрэҕин барбыттар бука бары чиэһинэйдэрэ, көнөлөрө, үлэһиттэрэ, хорсуннара, сэмэйдэрэ, култууралара үрдүгэ наһаа үчүгэй дьоннор. Планета үрдүнэн аатырбыт үрдүк таһымнаах оскуоланы наһаа кыһаллан-мүһэллэн туран туран собус соруйан үлтү сыстылар, диэхпин санатыылыыбын.
Дьиҥэр ССРС чемпионатыгар уонна онтон үөһээ күрэхтэһиилэргэ кыттыбыт, миэстэлэспит бастаабыт уолаттары оһуобай хонтуруолга ылан харыстаныллыахтаах, кинилэр үлэлэригэр оһуобай болҕомто ууруохха баара. Онтон атын тустууга ситиһиитэ суох тренердэр конкурсунан киирсиэхтээхтэр. Бу дьон бары Олимпиецтары иитэр таһымнаах тренердэр буолбатахтар. Аны ыарахан ыйааһыннарга эмиэ үлэ ситэтэ суох. Холобура Захар Чукровы ылан көрүөх кини наһаа мындыр, айан үлэлиир кыахтаах, олус күүстээх бэртээхэй киһини сөпкө туруоран ирдэбил оҥорон үлэлэппэтилэр. Итинник алҕаспыт ааҕа олордоххо наһаа элбэх.
Аны тыа сиригэр ордук хотугу улуустарга талааннаах оҕо бөҕө баар. Тренердэрбит ол үрдүнэн тыаттан куотан куоракка киирдилэр. Аны В. Уаров Архангельскайга бара сырытта. Барбыт буоллаҕына бардын. Кыйдаан кэбиһиэххэ. Ол аата кини дьиҥнээх патриот буолбатах. Манныктары бэрээдэктииргэ үөһээ эппитим курдук тустууга үрдүк ситиһиилээх аптарытыаттаах хамыыһыйа баар буолуохтаах.
Өссө мас тардыһыыта ыччаттарга наһаа муодунай буолла. Бирииһэ да улахан. Дьон интэриэһин тарта. Хапсаҕай биир оннук. Наһаа үчүгэй күүстээх уолаттар маска баран хаалаллар. Ити уолаттартан тустуук тахсыбат. Бу барыта тустуу салалтата тустууну ыспытыттан буолла. Мас тардыһыытын, хапсаҕайы көҥүл тустууга көмөлтө спорт курдук көрүллүөхтээҕэ. Урут оннук этэ. Көҥүл тустуу ааттыын көҥүл тустуу наһаа уустук ыарахан, элбэх эриирдэрдээх, эридьиэстээх көрүҥ.
Холобура Александр Иванов баскетбол оонньуура сүрдээх хапсаҕай түргэн баҕайы киһи дьону араастаан сытыы хамсаныыларынан албыннаан кэбиһэрэ. Тустара эмиэ оннуга. Тустуук атаҕар үчүгэйдик туруохтаах. Захар Чукров хайа да ааттаах бөҕөскө утары туруору хааман киирэрэ. Атаҕар олус үчүгэйдик турара. Атаҕынан сатаан үлэлээһин наһаа элбэҕи быһаарар. Роман Дмитриев, Николай Захаров, Владимир Андросов эмиэ оннук атахтарыгар наһаа үчүгэйдик тураллара. Олох оһуобай дьон этилэрэ. Ол араас хамсаныылардаах тустууну талан тусталларыгар олус кэбэҕэс буолар. Хаһан да талкайдаспаттар. Хас биирдии хамсаныылара тустуу балаһыанньатыгар сылдьаллара. Бу сүрдээх элбэх оһуобай дьарыктан, үлэттэн тахсар. Итинниктэри барытын иҥэн-тоҥон үчүгэйдик үөрэтэр наада.
Тустуук олус үрдүк ис култууралаах, хурустаал таас курдук чиэһинэй, кырдьыксыт буолуохтаах. Тренердэр манна анаан-минээн үлэлэһэллэрэ наада. Холобура доҕорбун Арамааны ылан кэпсиим. Мин киниттэн элбэхтэ сэмэлэммит да киһибин. Мөҕүллэрим даҕаны. Ханнык да киһи ыраас, чиэһинэй, үрдүк култууралаах киһиэхэ куруук сабырыттарар, истэр. Дьиҥэр куораттан олус мөлтөх бэрээдэктээх киһи Чурапчыга кэлбитим. Миигин кытары Арамаан элбэхтик үлэлэспит эбит. Ол да иһин син үчүгэй киһи буоллаҕым. Сөбүлүүр идэбинэн сааһым тухары көмүскэ дьонтон хаалсыбакка дьарыктанным. Дьэ манна доҕотторум такайыылара эмиэ баар. Оҕо оҕону наһаа элбэххэ үөрэтэр. Ол үөрэх сааһын тухары бара турар. Улахан тустууктар Леван Тедиашвили, Иван Ярыгин да буоллунар олус ыраас чиэһинэй элбэх юмордаах, доҕотторун этиитигэр олус кыһамньылаахтык сыһыаннаһар дьон. Бэл биирдэ Иван Ярыгин арааһа Арамаан эттэҕэ Тибилискэй турнирга миэхэ анаан-минээн бэйэтинэн кэлэн хос ылан биэрбитэ. Итинник түгэн Арамааны кытта сырыттахха элбэх буолааччы.
Аны Чурапчыбытыгар кэлиэх. Дьэ манна тустуу хаһан да Кирил Захаров баарын тухары тахсар кыаҕа суох. Биир алҕастарын этиим. Кирил Захаров уонна өссө биир И.Ярыгин бирииһигэр бастаабыт уол үтүөлээх тренер буоллулар. Онтон тустуу сайдыытыгар кинилэрдээҕэр быдан элбэҕи оҥорбут, бэйэлэрин ииппит, оҕолорго аан дойдуга бастакы призер Семен Макаров сэмэй, саҥата суох, үрдүк култууралаах буолбут буруйугар туга да суох. Итинник олох сыыһа. Кирил алҕаһа туох да наһаа элбэх. Өссө ылан көрүөх. Иннокентий Зырянов Чурапчыга тренердии тиийдэ. Кининэн саҥа тустар кыра оҕолору дьарыктатар. Бу олох сыыһа. Кини ССРС призера улахан киһи. Аан дойду ааттаахтара бары тустар ньымаларын олоччу билэр олус улахан киһи. Онон улахан бэлэмнэниини барбыт дьону дьарыктатыахтаах этэ. Биһиэнэ буолан баран итинник тиэрэтэ буолан иһэр. Тустууну сайыннарыахха,—диир буоллахха уопсайынан күүскэ сааһыланыахха наада. Тренердэр үтүөлэрин сыаналааһыҥҥа эмиэ улахан болҕомто ууруллуон наада. Алдьархайдаах элбэх үлэ барыан наада. Оҕолору кытары үлэҕэ үлэлии-хамсыы сылдьар, сибиэһэй доруобуйаҕа туһалаах иҥэмтэлээх бородууксуйанан аһылыктанар тыа оҕотун кытта күүскэ дьарыктаныахха наада. Массыынаҕа тиэллэ сылдьар, таас дьиэҕэ хааттаран олорор, мөлтөх кэлии аһылыгынан аһыыр куорат оҕотуттан тугу ыган ылыаххыный?
Итинник сыыһа-халты тустууну тэрийиигэ аата ахсаана суох буолунай. Ол барыта сааһыланан көнүөн наада. Тустуу ветераннара санааларын элбэхтик суруйуохтарын наада. Бука бары саба түһэн алҕастары көннөрүүгэ биир сүбэнэн үлэлиэхтэрин наада. Оччоҕо туох эрэ көстөн тахсан кэлэн иһиэ. Бу мин этиилэрбэр наада диэбиттэрин туһаннынар. Сыыһа диэбиттэрин аһаҕастык этэн “Ыстапаан сыыһа саҥарда”,— диэн эттинэр. Баҕар мин тустууну туораттан көрөр киһи кырдьык сыыһарым буолуо. Туох билиэй?
— Степан Николаевич аһаҕастык баарынан санааҕын эппиккэр улахан махтал. Мин эйиигин мэһэйдээмээри ол-бу боппуруостарынан хаайбатым. Санаабар тустуу сайдарын туһугар ис сүрэххиттэн ыалдьарыҥ, улахан тустууну мындырдаан билэриҥ эн этиилэргэр көстөр. Эйиэхэ көҥүл тустууну таптааччылар ааттарыттан тустуу алҕастарын ыйан ону көннөрөр суолу чуолкай ыйан кэпсээбитиҥ иһин истиҥ махталбытын тиэрдэбит.
Көмүсчүт, диэн кимий? Степан Николаевич планета биир улуу тренерэ Д.П.Коркин Чурапчытааҕы интерат оскуолатын бүтэрэн Көмүс үүһа буолар үөрэҕи бүтэрэн Удачнайга биэс сыл Якуталмаз тэрилтэҕэ үлэлээбитэ. Онно туох баар бырааһынньыктарыгар наҕараадаҕа туттар сувенирдарын оҥорор бастыҥ уус буолбута. Онтон Якутзолото тэрилтэҕэ үлэлээбитэ. Манна үлэлии сылдьан СР президенэ М.Е.Николаев быһаччы сорудахтарын толорбута. Ол иһигэр суверенитеты ылыыга Б.Н.Ельциҥҥэ мэтээл оҥорбута. М.Е.Николаев Монголия баһылыгар анаан мэтээл оҥотторбута.
Спортка Н.Н.Тарскайга, П.П.Пинигиҥҥэ, Р.МДмитриевка анал мэтээллэри оҥортообута. Онон СР көмүс уустарын ортотугар биир кыһыл көмүс тарбахтаах уус киһинэн биллэр.