Былааннаах календарнай күрэхтэһиилэри нэһилиэктэртэн саҕалаан холкуостарынан, оройуонунан онтон зонанан арааран түмүгэр республиканскай күрэхтэһиилэри ыытар бэрээдэги олохтообуттара. Маны барытын кыайбыт киһи дойду араас куораттарынан ДВ уонна Сибирь, уобаластааҕы Урожай, Трудовые резервы, Спартак, Динамо о.д.а Россовет уонна киин кэмитиэт күрэхтэһиилэрин туораан ССРС чемпионаттарыгар тиийэллэрэ. Дьэ бу эттэххэ дөбөҥ наһаа боростуой буолбатах.
Республика спортивнай үлэһиттэрин, тренердэри бу улахан саталлаах тэрээһиннээх салайааччылар биир сыалга-сорукка түмпүттэрэ. Републикаҕа көҥүл тустууга бастакы анал үрдүк үөрэхтээх тренер Н.Н.Волков кэлиитэ улахан буумунан буолбуттара. Саха бөҕөстөрүн кини улахан күрэхтэһиилэргэ таһааран ДВ уонна Сибирь, РСФСР күрэхтэһиилэригэр ситиһиилээхтик кыттан барбыттара. Бастакы ССРС спордун маастардара Борис Аргунов, Дмитрий Данилов, Максим Сибиряков, Альберт Захаров, Владимир Данилов, Семен Дмитриев, Максим Тихонов, Николай Гоголев, Петр Попов, Алквиад Иванов. Петр Алексеев о.д.а улахан ССРС спордун маастардара олох кылгас кэмҥэ баар буолбуттара. Бастакы тренердэр Василий Румянцев, Кирил Григорьев, Николай Волков о.д.а номоххо киирэн дьон уоһуттан түспэт этилэр.
Бадаҕа 1966 сыл Д.П.Коркин 1964 сыл Токиотааҕы Олимпиадаҕа сылдьан баран: “Эрчийбит киһи Альберт Захаров, Петр Попов, Петр Алексеев о.д.а саха тустууктара Олимпийскай оонньууларга кыайыахтарын сөп эбит”, — диэн санааҕа кэлбит. Чурапчы интернат оскуолатыгар кэлэн көҥүл тустууга оҕолору дьарыктааһына нэһилиэнньэ да энтизуаст тренердэр болҕомтотун күүскэ тардыбыта. Чурапчы интернат оскуолатыгар остуораһыттан, поварыттан саҕалаан туох баар иитэр-үөрэтэр үлэһиттэр учууталлар оскуола админстрацията кылгас кэм иһигэр тустуу эпидемиятынан күүскэ ыалдьыбыттара. Үлэлэрин таһынан тустуу ыаһахтаах дьон буолбуттара. Ол тустуу эпидемиятын хас биирдии үлэһиккэ олус күүскэ сыһыарааччынан тренер Д.П.Коркин буолбута. Бу спортивнай иитэр-үөрэтэр үлэҕэ саамай үрдүк оруолламмыта.
Оччотооҕу кэм ирдэбилинэн хас биирдии үлэһит патриотическай өйү-санааны оҕолорго сыһыарара. Кыайбыт киһи билиҥҥи курдук сыаналаах массыына, квартира, харчынан бириистэммэт этэ. Ол кэм спортсменыгар кыайбытын бэлиэтэ А-4 кумааҕыга грамота, чемпион лиэнтэтэ, кубок хата кимнээҕэр үрдүккэ кынаттыыр курдуга. Чурапчы интернат оскуолатыгар ситиһии өр кэтэһиннэрбэтэҕэ. Уһулуччу талааннаах тренер үлэтэ-хамнаһа көстөн киирэн барбыта. Бастакы республика, ДВ уонна Сибирь чемпионнара, Урожай, Спартак ДСО-ар РСФСР, киин сэбиэтин кыайыылаахтара. Оннооҕор ССРС чемпионнарын ааттара тахсыталаан оччотооҕу саха киһитин сүргэтин улаханнык көтөхпүтэ.
Ааспыт үйэ саҕаланыытыгар гражданскай сэрии, репрессиялар, Гитлер сэриитэ, сут сыллар саха киһитин санаатын хам баттаан бүк түһэн олорбут саха: «Биһиги да ыччаттарбыт атын дойдулар ыччаттарыттан итэҕэһэ суох эбит”, — диэн санаата уһуктан саха киһитин сүргэтин көтөхпутэ. Аҥаардас Бүөтүр Былатыанап бииргэ үөрэммит кылааһыттан Александр Иванов, Бүөтүр Былатыанап, Семен Морфунов, Дима Үчүгээйэп, Сеня Макаров, Ганя Дмитриев курдук алта ССРС чемпионнара баар буолбуттара. Улуу тренергэ бу кылаас соҕотох буолбатаҕын өйдүүр инибит. Манна оччотооҕу талааннаах тыа сирин тренердэрэ дьоҕурдаах оҕолору булан Чурапчыга Д.П.Коркиҥҥа ыытаннар улахан көмөнү оҥорбуттара. Бу бэйэтэ туһунан кэпсээн. Маннык улахан дорҕоонноох ситиһиилэр дуорааннара бэл мин үрэх баһа дойдубар Тандаҕа этэрбэс араадьыйаннан үтүө сонун буолан тиийэрэ. Оччотооҕу саҥа улаатан эрэр уолаттары улууканнаах улахан ситиһиилэр дуорааннара дууһаларын, сүрэхтэрин өрүкүнэтэрэ. Дэриэбинэҕэ сайынын от отууга оҕолор саамай сөбүлээн кэпсэтэр ол-бу абааһылаах, иичээннээх кэпсээннэри Чурапчы уолаттарын ааттара-суоллара кинилэр үрдүкү ситиһиилэрэ, оҥорор албастарын, күлүмэх күүстэрин туһунан дьикти кэпсээннэр туора хаһыйаллара. Оннук ханна баҕарар тустуу туһунан кэпсэтии дьон кутун тутан болҕомтону олус күүскэ тардара. Мин кэлин тустуунан дьарыктанан били аатырбыт Чурапчы тустууктарын кытары билсэр, билсэрин ааһан бииргэ дьарыктанар, күрэхтэһэр дьолломмутум. Ол эрээри бүгүн эһиэхэ кэпсиэхпин баҕарар Бүөтүр Былатыанабым туһунан үчүгэйдик билбэт эбиппин. Ол иһин кини туһунан бииргэ үөрэммит кылааһын оҕолорун ахтыытынан манна кэпсииргэ соруннум.
Александр Николаевич Иванов, Монреаллааҕы Олимпиада вице чемпиона:
— Доҕорум олох эдэр сааһыгар ССРС сүүмэрдэммит хамаандатыгар эрэллээхтик киирбитэ. Кини 1968-69 сыллаахха 52 киилэҕэ ССРС биир тарбахха баттанар күүстээх бөҕөһө этэ. Бу Петя ситиһиитэ, Дмитрий Петрович ол саҕанааҕы тустууга методиката сөптөөх суолга үктэммитин бигэргэтэр көстүү буолбута. Ол курдук тренербит уһулуччу талааннаах уолаттары биир группаҕа түмэн, кинилэргэ аналлаах ноҕуруускалары сүктэрэн дьарыктыыра. Онно Слава Карпов, Сахаачча-Коля Захаров, Петя Платонов, Илларион Федосеев, Сеня Морфунов, Сеня Макаарап, Кеша Бкгаев, Афоня Матвеев, Проня Шестаков, Костя Капрынов, Афоня Седалищев, Рома Шамаев, Володя Андросов, Дима Үчүгээйэп, мин уонна да атыттар баар этибит. Бу группаҕа киирэр бөҕөстөр састааптара сыл аайы уларыйа турар этэ, ким эрэ оскуоланы бүтэрэрэ, ким эрэ армияҕа барара…
Петя лиидэр буоларга бары хаачыстыбата барыта толору эппиэттиирэ. Киһи быһыытынан сүрдээх сэмэй, тулуурдаах, кыраттан ымыттыбат күүстээх тустуук этэ. Биһиги кэккэбититтэн 25 сааһыгар олус эрдэ туораабатаҕа буоллар элбэх ситиһиини ситиһиэхтээҕэ, саха тустуутун сүгүрүйээччилэригэр сүрэхтэрин өрүкүтэр улахан кыйыылары утары уунара хааллаҕа…
Варвара Афанасьевна Макарова-Иванова, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна:
— Мин Петя Платоновы санаатахпына, улахан саҥата-иҥэтэ, ыһар-тоҕор кэпсээнэ суох, күлэн мүчүҥнүү олорор, маҥан кубархай хааннаах, холку баҕайы уол мөссүөнэ көстөн кэлэр. Тоҕо диэтэххэ, кини тустуук быһыытынан наар спортивнай саалга дьарыкка, соҕоруу сылдьар (Рома, Ганя Дмитриевтар, Сеня Макаров, Проня Шестаков) биир чаҕылхайдара этэ. Кини-бэйэтигэр барсар хатыламмат үтүө өрүттэрдээх, мааны майгылаах, доҕотторо Былатыан Бүөккэнэн билинэр киһилэрэ — туспа личность этэ.
— Семен Семенович Морфунов, ССРС с.м. ССРС оҕолорго чемпиона, ССРС эдэрдэгэ иккис миэстэлээх. Чурапчы улууһун уонна Арыылаах нэһилиэгин ытык киһитэ:
Петр Афанасьевич Платоновы-Былатыан Бүөккэни кытта Чурапчы спортивнай интернет оскуолатыгар 1965 сыллаахтан оскуоланы бүтэриэхпитигэр, диэри бииргэ үөрэммиппит. Бүөккэ тустуук быһыытынан 1966 сыллаахха оҕолорго Спартак спортивнай общество күрэхтэһиититтэн саҕалаабыта. Улахан дьоҥҥо 52 олус тахсыылаахтык тустан, ССРС чемпионатыгар 1970 сыллаахха үһүс миэстэ буолбута. Советскай сойуус сүүмэрдэммит хамаандатыгар чилиэнинэн киирбитэ. Ити иннинэ Болгарияҕа эдэр ыччаттар Аан дойдутааҕы 9-ус фестивалларыгар иккис миэстэ буолбута.
Доҕорбут Бүөккэ айылҕаттан тустууга ананан төрөөбүт курдуга. Тарбахтарыгар наһаа күүстээҕэ, ылла да ытарчалыы ылара. Бэйэтин олус кыанар этэ, ол курдук аҥаар илиитинэн перекладинаҕа үстэ, түөртэ тардынара, икки илиитигэр туран баран төһө баҕарар хааман бара турара. Утарылаһааччытын атаҕар чаҕылҕанныы киирэн олордон, эбэтэр көтөҕөн быраҕара. Миэлиҥсэни сүрүн албаһын быһыытынан туттара. Партерга ножницаны, турецкай ножницаны кылбардык оҥорон элбэх күүстээх тустуугу ыраастык уурбута. Наар соҕоруу олорон дьарыктаммыта буоллар элбэҕи ситиһэрэ хааллаҕа… Холобур Бүөккэ кыайар тустууга Арсен Алихвардиев ССРС сүүмэрдэммит хамаандатыттан киирэн 1972 сыллаахха Мюнхеннааҕы Олимпийскай оонньууларга баран иккис миэстэ буолан кэлбитэ. Онон сылыктаан көрдөххө, уолбут өссө үрдүк спортивнай чыпчааллары дабайыахтааҕа…
Баһылай Барыыһап, республика бочуоттаах тутааччыта:
— Миигин 1958 сыллаахха интернат-оскуолаҕа детсаатка иитиллээччинэн ылбыттара. Күөл нөҥүө көстөр үс улахан баҕайы маҥан дьиэлэртэн биирдэстэригэр улахан түннүктэрдээх, муостата көбүөрүнэн тэлгэммит оонньуур саалалаах, хас да утуйар хостордоох, куукуналаах детсаат аһыллыбыт этэ.
Детсаакка бииргэ сылдьыбыт оҕолорбун: Мотя Барахсаанабаны (Попова) Варя Макаарабаны(Иванова) Зина Макарованы (Флегонтованы) Еля Барашкованы, Тима Феофановы, Тит, Коля Захаровтары, Ганя Захаровы о.д.а. бэҕэһээҥҥи курдук саныыбын.
Оскуолаҕа үөрэнэр кэммитигэр биһигини араас көлүөнэ учууталлар үөрэппиттэрэ. Ол курдук Н.Н. Павлов (Тыаһыт), С.И.Жирков (дуобакка дьарыктыыра), В.Ф.Ермолаев, М.С.Эверстова, П.Е.Барахсанов, И.М.Павлов, К.К.Платонова, Н.И.Батучина, С.Н.Шабалина. Е.С.Лукина уо.д.а..
Ону тэҥэ биһигини элбэххэ үөрэппит, такайбыт, сарсыардаттан утуйуохпутугар диэри биһиэхэ кыһаллар-мүһэллэр баспытааталларбыт буолаллар: Е.Я.Барашкова, В.Р.Сидоова, А.А.Попова, ИД.Ефремова, П.В.Неустров, ИИ.Захаров, И.Осипов. Окоемов, ИМ.Павлов, Д.К.Осипов уо.д.а.
Бэһис кылааска биһиэхэ Д.П.Коркин нуучча тылын учуутала уонна кылаас салайааччыта этэ. Күһүн уолаттары илдьэ Чурапчыттан киирэн кинигэ бөҕө атыылаһан, уларсан көтөҕөн аҕай тахсарбыт. Бөтүрүөбүс кэлиэҕиттэн улахан дьоҥҥо тустуу секцията арыллыбыта.Ону таһынан акробатикаҕа дьарыктыыр этэ. Биир сыл иһигэр тилигирэс, бэйэбитин кыанар, тэйиэккэлэс дьон буола түспүппүт.
Семен Прокопьевич Макаров, ССРС спордун маастара, 1966 сыл ССРС Универсиадатын чемпиона, Аан дойду боруонса призера:
— Ис кыаҕын кыайан арыйбатаҕа, көрдөрбөтөҕө. Былатыанап Бүөккэни кытта 7-8 кылаастан бииргэ үөрэммитим. Бииргэ дьарыктанан улаатан ЦСКА-ҕа тиийэн бииргэ сулууспалаабыт дьоллоох кэмнэрдээхпин. Онон кини олоҕун син удумаҕалар, спортсмен быһыытынан билэр курдук сананабын. Кини олус сэмэй көнө майгыннааҕа. Мин да мин, диэн түөһүн охсуна сылдьыбат дьикти идэлээҕэ. Доҕор быһыытынан истиҥ, эрэллээх киһи этэ. Хаһан эбит, уолаттар икки ардыларыгар буолар сутуруктаһыылар күчүмэҕэй түгэҥҥэ, Бүөккэбит чаҕылҕанныы түргэн уҥа-хаҥас охсуулара быһаарыылаах буолаллара. Чопчу таптаран олорон, сытан да хаалбттар баар буолаллара… Дэлэҕэ соҕоруу итии хааннаах Кавказ уолаттарын кытта бэйэтин атаҕастаппакка, эн-мин дэһэн убаастабыллаах сыһыаҥҥа сылдьыбыта да туоһулуур. Кинилэри кытта көбүөртэн атын сиргэ даҕаны, саха кытаанах чугуйбат майгытын көрдөрөр, кыайыылаах кынаттаах кэккэ киирсиилээҕин билэбит.
ЦСКА-ҕа эрчиллэр кэммитигэр, ССРС үтүөлээх тренерэ С.А.Преображенскай биһигититтэн барыбытыттан чорботон Бүөккэттэн үрдүк ситиһиилэри эрэнэ күүтэрэ. Ол хомойуох иһин туолбатаҕа.
Доҕорум Бүөккэ эдэр сааһыгар оҕо-уруу хаалларбакка барбыта олус хомолтолоох. Ол эрээри бииргэ төрөөбүт быраата Степан уонна балта Ирина оҕолордоохтор-сиэннэрдээхтэр. Онон Былатыанаптар удьуор хааннара быстыбакка салҕанар…
Степан Николаевич Попов—Көмүсчүт:
— Биһиги оччолорго оҕолор, бииргэ үөрэнэр уолбутугар, кэлин биллиилээх тустуук буолбут Петр Платоновка-Былатыан Бүөккэ, диэн ааты биэрбиппит. Мин маҥнай билсиим 1966 с. күһүн этэ. Сайыны быһа аймахтарбар Уодайга сайылаан баран Чурапчыга эдьиийим аахха үөрэх саҕаланыытыгар кэлбитим. Бүөккэлиин бииргэ икки этээстээх дьиэҕэ түбэспиппит. Оччолорго кини кэлбит-барбыт, сытыы мэник оҕо этэ. Тута бииргэ оонньоон-көрүлээн аҕай биэрбиппит. Ол дьыл Бөтүрүөбүс тэрийбит оскуолатыгар үөрэнэ киирбиппит. Миигин убайым Борис куоракка баппаккабын Чурапчыга Коркин саҥа спортивнай оскуола тэрийэр, онно баран үөрэн диэн Бөтүрүөбүстүүн кэпсэтэн киллэттэрбитэ. Оччолорго мин куоракка иккитэ хаста бастаабыт буоламмын бэйэбин син балайда тустуук курдук сананар этим. Д.П.Коркиҥҥа үөрэнэ Саха сирин араас муннуктарыттан оҕо бөҕө кэлбит этэ. Барашков бирииһигэр кыһын тустуу оҥордулар. Мин ыйааһыммар нэһиилэ 5-ис миэстэ буолан туох да сүрдээҕин хомойдум аҕай, куорат чемпиона киһиэхэ астыга суох түгэн этэ. Кэлин билбитим, бастаабыт Рома Дмитриев Олимпийскай, аан дойду, ССРС хас да төгүллээх чемпиона буолбута. Иккис буолбут Бүөккэ Былатыанап ССРС кубогын хаһаайына (Өссө да элбэх титулланыах киһи эрдэ оһолго түбэһэн өлбүтэ). Үһүс буолбут Федор Матвеев кэлин ССРС чемпиона буолбута. Төрдүс миэстэ буолбут Илларион Федосеев уолаттарга сахалартан аан бастаан Аан дойду чемпиона буолбута. Дьэ бары да алдьархайдаах уолаттарга хотторбут эбиппин, — диэн кэлин бэйэбин уоскутунар этим.
Үөрэхпит саҕаланыытыгар Коркин дьаһалынан 8, 9, 10 кылаас оҕолоро бары спортивнай саалга ол-бу араас тренажер, сээкэй оҥоһуутугар, мас бэлэмнээһинигэр, кухняҕа мас хайытыы, кыстааһын, муус киллэрии курдук үлэлэргэ үөрүүнэн сылдьарбыт. Ыкса күһүн мас бэлэмнээн баран төннөөрү сырыттахпына, Бөрүрүөбүс барыбытын стройдатта уонна: ”Ким сатыы барыан бҕарар уолаттар тахсыҥ”, — диэтэ. Сахаачча, Былатыан Бүөккэ таҕыстылар. Ону батыһан биһиги син балачча буолан строй иннигэр турдубут. Бөтүрүөбүс Сахааччаны ыҥыран ылла уонна: “Коля олох сүрэҕэлдьээбэккэ ис сүрэҕиттэн үлэлээтэ”, — диэн хайҕаата уонна бэйэтин саатын туттаран кэбистэ: “Төннөн иһэн куобахта ытыҥ”, — диэн. Дьэ, биһиги онно куобах бөҕөтүн өлөрдүбүт, сылайан, сытан ыла-ыла дьиэбитигэр кэллибит. Оо, ол саҕана куобах дэлэй да этэ!
Кылааспыт салайааччыта альбом оҥордо, икки лиистээх, биирэ наар үчүгэй, иккискэ куһаҕаны суруйуохтаахпыт. Биирдэ биир лиискэ Былатыан Бүөккэ үчүгэйдик туһунна,--диэбиттэр. Миигин буоллаҕына иккитэ охсуста диэн киирэн биэрэн турардаах. Ол альбому булан аахпыт киһи!
Арай биирдэ саас суол алдьаммытын кэннэ уолаттар ким эрэ күрэхтэһэн, ким эрэ сбортан төннөн истэхтэринэ Бөтүрүөбүс хас да уолу арааһа эксээмэҥҥэ хойутуохтара, диэтэҕэ самолекка батарбакка сухой паектаан баран сатыы Бэстээхтэн Чурапчыга ыыппыт. Рома Дмиртиев, Сахаачча, Андрос, Былатыан Бүөккэ, Игорь Кудрявцев уо.д.а. сатыы барбыттар. Игорь оччолорго оҕолорго ыарахан ыйааһыҥҥа тустара. Сааһынан кыра эрээри улахан төрөлкөй оҕо этэ. Сатаан хаампакка сымсын быһа аалларан уолаттарыттан хаалан хаалар эбит. Кинини кэтэһэ уолаттар бэйэлэрэ сынньана таарыйа кураанах сиргэ тиэрэ түһэн сытан ылаллар эбит. Арай Былатыан Бүөккэ эрэ тыаҕа ол-бу моҕотойу, чыычааҕы сырсан тахсар олох сылайбатынан сөхтөрөр эбит. Игорь хойутаан кэллэҕинэ уолаттар салгыы хаама охсоору өрөпөөннөһөллөрүн Сахаачча тохтоттор эбит: “Кэбис Игорь сынньана түстүн, төһө да улаханын иһин өссө да оҕо”,— диэн аһынар эбит.
Арай ол истэхтэринэ Нуораҕана диэкинэн шасси трактордаах киһи ситэн кэлбит. Уолаттартан Андроһу көрөөт билбит. “Ханна баран иһэҕит?”, — диэн ыйыппыт. Киллэрэн дьиэтигэр аһатан, Мугудайга диэри барыларын илдьэн абыраабыт. Андрос Таатта ыччата, олус үчүгэйдик тустара, Сахааччалыын араа-бараа этилэр. Кини 1966 с Россия үс төгүллээх чемпиона Петр Алексеевы кыайбытын көрбүт буолан ол тракторист илдьэн биэртэлээбит эбит. Ону хойуккааҥҥа диэри Роман Дмитриев: “Андрос сыарҕатыгар олорсон абыраммыппыт”, — диирэ.
Гаврил Иванович Каприн, ССРС с.м. ССРС сэбилэнилээх күүстэрин үс төгүллээх чемпиона, Латвийскай ССР спартакиадатын чемпиона, Украина икки төгүллээх чемпиона, Азербайджанскай ССР бүтүн союзтааҕы турнирыгар Баку куоракка үһүс миэстэлээх, Германия Лейпцик, Эрдфурт, Подстам куораттар чемпионнара о.д.а. Таатта улууһун ытык киһитэ:
— Биһиги улуу педагок, тренер Д.П.Коркиҥҥа түбэһэн үөрэниибит киһиэхэ биирдэ бэриллэр бэрт кылгас олоҕор, дьылҕабыт анаан-минээн маанылаабыт түгэнэ эбит. Оскуолатааҕы сылларбын санаатарбын эрэ, сааһыран эбитэ дуу? улуу тренер Д.П.Коркин үлэтин методикатын анаан-минээн үөрэтэн ханнык предметиттэн тутулуга суох оскуолаҕа оҕону иитэр-үөрэтэр үлэҕэ туһаныахха баар эбит,—диэн санаалар үгүстүк элэҥнэһэр буоллулар. Киниэхэ үөрэммит оҕолор бука бары улуу тустуук буолбатахтарына даҕаны олоххо туох эрэ улахан киһи сэҥээрэр ситиһиилээх буолаллар. Биир оннук тохсунньу ый бастакы күнүгэр төрөөбүт, баара буоллар үүнэр сыл 70 сааһын туолуохтаах Бүөккэ Былатыанап киһи да быһыытынан, лиидэр буолар хаачыстыбатынан даҕаны, эргиччи интэриэһинэй олохтоох буолуохтаах киһибит хомойуох иһин олус эрдэ олохтон барбыт. Кини бу олорбут бэрт кылгас кэмигэр улуу тустуук да быһыытынан саха киһитин сүрэҕин-быарын өрүкүппүт, киэргэппит, бэйэтин кэмигэр уос номоҕор киирбит бөҕөс этэ. Кини хайа да омук ортотугар сырыттаҕна тутта-хапта да сылдьарынан онто көстө сылдьара. Коллектив, табаарыс, кылаас интэриэһэ, чиэһэ,—диэни өрүү үрдүктүк туппут киһинэн билэбин. Олох син биир айылҕа бэйэтин курдук доҕотторун, дьонун-сэргэтин киэргэтэр ыччаттардаах, дьонноох буолар эбит. Кэлин сааһыран баран өйдөөн көрдөххө, Бүөккэ бэйэтин кэмин улаханнык сэргэхсиппит киһи эбит. Ол да иһин киниэхэ дьон, оҕолор, эдэр ыччат сүрдээҕин тардыһаллара. Бастайааннай ханнык омугуттан тутулуга суох батыһа сылдьар доҕоттордоох буолара. Сэргэх, үөрүүнү, көрү-күлүүнү миэстэтигэр таба туһанара. Арааһа ол да иһин тулатыгар өрүү уостубат элбэх табаарыстардаах буолар эбит. Тустарыгар да оннук кимиилээх, хорсун буолара, бэстилиэнэй тустуутун Одессаҕа ССРС сэбилэниилээх күүстэрн чемпионатыгар көрбүтүм. Сахалар элбэх этилэрэ. Бу чемпионакка биһиги кылаастан сэттэ бөҕөс: Афанасий Седалишев, Семен Окоемов, Бүөккэ Былатыанап, Александр Иванов, Юра Цыкунов, Алексей Федоров уонна мин баарым. Арааһа оччотооҕу модун ССРС маннык улахан күрэхтэһиитигэр биир кылаастан хайа да омукка итиччэ элбэх киһи тустара хатыламмата буолуо. Бу аата биһиги учууталбыт, тренербит Д.П.Коркин улууканнаах, сүдү талаанын көрдөрөр түгэн. Д.П.Коркиҥҥа хаһааҥҥытааҕар да элбэх талаан кэлэн үөрэммит, элбэҕи ситиспит биһиги кылааспыт буолуон сөп. Аны бу талааннары сатаан арыйыахха, туһаныахха наада. Ол талааннары арыйар күлүүс тылын соҕотох Д.П.Коркин эрэ илдьэ сырыттаҕа. Олоххо историяны личностар оҥороллор. Оннук личностары элбэҕи улуу тренер, учуутал Д.П.Коркин биһиги да кылааска матарбакка, кэччэйбэккэ арыйбыт эбит. Аҥаардас мантан да көрдөххө ССРС улуу учууталлара Сухомлинскай, Макаренко да үлэлэринээҕэр биһиги Бөтүрүөбүспүт үлэтин методиката быдан үрдүк таһымҥа турар эбит. Ити туһунан эдэр ыччакка өйдөтөөрү кинилэр үтүө хаачыстыбаларын, киһи быһыытынан үтүө майгыларын үрдүк таһымҥа арыйа сатаан 200-эн тахса ыстатыйаны суруйбутум. Суруллубут суоруллубат.