Маннык этиилээхпин суруйабын. От ыйын 31 күнэ Саха сирин тустуутуну таптааччыларыгар умнуллубат кэрэ бэлиэ күн буоларын тустуу фанаттара бука бары билэбит. Бу күн 1976 сыллаахха үс саха уола Канада Монреал куоратыгар Олимпийскай пьедесталга тахсан үс саханы үөрдүбүттэрэ. От ыйын 31 күнүгэр 2018 сылтан саҕалаан бу күн Дьокуускай куорат Комсомольскай болуоссатыгар киэһэ 6 чаастан мероприятия тэриллэрэ буоллар. Быһа холуйан маннык:
1. Павел Павлович Пинигин, Александр Николаевия Иванов Олимпиадаҕа буолбут хапсыһыылары мустубут дьоҥҥо кэпсииллэр, доҕордорун Роман Михайлович Дмитриевы ахтан санаан аһараллар.
2. Спорт министерствотыттан, тустуу федерациятыттан, тустуу ыалдьааччыларыттан, спортивнай суруналыыстартан Олимпиецтарга эҕэрдэлэр.
3. Олимпиецтар тустубут ыйааһыннара суоҕунан 61, 65 киилэҕэ Саха сирин 10 бастыҥнарыгар киирэр билиҥҥи кэм тустууктарын икки ардыларыгар урукку быраабыланан тустуу.
4. Оһуохай. Атырдьах ыйын 31 күнүгэр бу тустууну таптааччыларга эмиэ умнуллубат биир кэрэ бэлиэ күн. Ол курдук 1972 сыл атырдах ыйын 31 күнүгэр Германия Мюнхен куоратыгар биир дойдулаахпыт Роман Михайлович Дмитриев 48 киилэҕэ, тустууга сахаттан бастакы Олимнийскай чемпион буолбута. Атырдьах ыйын 31 күнүгэр 2018 сылтан саҕалаан сыл аайы эмиэ итинник мероприятие тэрийиэххэ баара. Быһа холуйан маннык:
1. Роман Михайлович аатынан сквергэ анаан пааматынньыгар сибэки ууруута.
2. Чугас дьоно, Олимпиецтар, доҕотторо, Спорт министерствотыттан, Тустуу федерациятыттан,тустуу ыалдьааччыларыттан Роман Михайловиһы , кини кыайыыларын ахтан аһыы.
3. Роман Михайлович ыйааһына 48, 52 киилэ билигн суоҕунан 57, 61 киилэ ыййааһыннарга Саха сирин билиҥҥи 10 бастыҥ тустууктарын ити ыйааһыннарга урукку быраабыланан туһуннарарга.
4. Оһуохай.
Тоҕо кыс хаар ортото аны сайыҥҥыны былаанныыр диэтэргит ханнык баҕарар тэрээһин эрдэттэн чопчуланнаҕына эрэ үчүгэйдик ааһар. Тустууну сырдатар суруналыыстар П.Павлов, Н.Бястинов, Дь. Захаров, Спорт Якутии хаһыат редактора А.Посельскай, тустуу фаната С.Архипов бу боппуруоһу тустуу сүгүрүйээччилрин бүттүүннэрин баҕата буоларын дакаастаан Тустуу федерациятын, Спорт министерствотын сыллааҕы былааныгар киллэрдинэр, диэн санааттан билигн суруйабын. Тустууну таптааччылар бүтүннүүлэрин баҕата буолаын дакаастыыр эмиэ сүрдээх боростуой. Саҥа дьыл өрөбүллэригэр буолар ШВСМ аһаҕас турнирын кэмигэр эрдэттэн бу мероприятиялары өйүүбүн, диэн сурук бэлэмнээн аҕалан көрөөччүлэри кэрийэ сылдьан (оҕону да ыытан) толору ааттарын Тустууну таптааччы Арылхан.
Тустууну фаната, тустууну таптааччы бу суруйуубун өйдүүр, өйүүр буоллаххына тустуу, спорт группаларынан күүскэ тарҕат. Баҕар туһааннаах дьоҥҥо тиийиэ.
Тустууну таптааччы Арылхан туох да киһи дууһатын, сүрэҕин ортотунан киирэр бэртээхэй суругу суруйбут. Улахан махталы кытары мин бу сурукка үс суолу эбэн биэриэхпин баҕарабын.
Бастакытынан: Туох баҕарар төрүттээх-уустаах, үүнэр-сайдар сиэмэлээх, ийэлээх-аҕалаах. Онон бу Олимпиецтары чиэстиир түгэҥҥэ кинилэри ииппит-үөрэппит тренердэрин Д.П.Коркины уонна кини кэргэнин саамай чугас, истиҥ, күүстээх соратнигын А.С.Коркинаны хайаан да бастакынан ааттыыр, чиэстиир ол кэнниттэн кинилэр оҕолорун Олимпиецтары чиэстиир сиэр-майгы быһыытынан сөп буолуо уонна Олимпиецтарбытыгар даҕаны махталаах дьыаланы оҥорорбутун умнумуоҕуҥ.
Иккиһинэн: Олимпиецтар чугас доҕотторо бу этэрбин бигэргэтиэхтэрэ. Аҥаардас мин истэрбинэн Р.М.Дмитриев уонна А.Н.Иванов сылга хайаан да биирдэ А.С.Коркинаҕа сылдьан сылдьан билсэр туох эмэ бэлэх тутуурдаах буолалларын туһунан истэрим. Ити Олимпиецтар өттүлэриттэн саамай сөптөөх уонна сиэрдээх үгэс. Билигин А.С.Коркина биллэрдик сааһырда, кырыйда. Кини эмигэр-томугар даҕаны, онно-манна сылдьарыгар, көрүллэргэр, диэн ааттаан муҥ саатар бу күн сылга биир түгэннээх үбүнэн көмөнү тустуу федерацията уонна спорт министерствота биллэр соҕустук дьоһуннук оҥоруохтарын наада. Маны оҥорор кинилэр саха норуотун, тустуунуу таптааччыларын иннилэргэр сибэтиэй эбээһинэстэрэ даҕаны. Үбү хантан баҕарар булуохтарын сөп. Спонсордар да көстүөхтэрин сөп. Өскөтүн Саха республикатын Судаарыстыбаннай мунньаҕынан бүтсүөттэн өссө ый аайы бэриллэр спорт сайдыытыгар уһулуччу үтүөтүн иһин стипендия курдук аныыр саамай сөп. Бу туох да, ханнык да айыылаах дьыала буолбат. Кини ийэ быһыытынан Д.П. Коркин үлэлииригэр-хамсыырыгар бары сөптөөх усулуобуйаны тэрийбит, оҕолоро ситиһиилээх буолалларын туһугар утуйбатах, кэтэспит манаспыт, учуутал быһыытынан иитиспит. Хас биирдии тустуук оҕоҕо истиҥ иһирэх сыһыанын онно үөрэммит тустуук уолаттар кэпсээннэриттэн норуот билэр. А.С. Коркина дьахтар да, иитээччи да быһыытынан Д.П.Коркины күүскэ дьиэтигэр-уотугар, үлэтин-хамнаһын араас ыарахан кыһалҕаларыгар өйөөн Д.П.Коркин итинник улууканнаах ситиһиини ситиспитин ыччат дьоҥҥо иһитиннэрэр, өйдөтөр биһиги сибэтиэй даҕаны. Маны санаабычча санаттахха биһиги Олимпиецтарбытыгар В.А.Штыров саҕана Олимпийскай чемпионнарга 46 тыһыынча, үрүҥ көмүс кавалерга 36 тыһыынча стипендия анаммыта. Олимпиецтарбытыгар бэриллэр бу суумма анаммыт күнүттэн финансовай сокуоҥҥа олоҕуран индексацияламмакка турар. Манна индексация туһунан боппуруоһу Саха республикатын Судаарыстыбаннай мунньаҕа (Ил Түмэн) хайаан да көрөрө наада. Олимпиецтарбыт сааһырдылар сааһырбыт да дьон быһыытынан ол-бу араас кыһалҕалара кинилэргэ эмиэ элбээн иһэр. Ол уһулуччу үтүөлээх дьоҥҥо хайаан да учуоттанара наада.
Үсүһүнэн: Саха дьонуттан планета бастыҥ дьонун улуу Олмпиецтары иитэн таһаарбыт Д.П.Коркин уонна кини иитиллээччилэрэ Олимпиецтарбыт чиэһигэр Поярков уулуссаны аатын уларытан Олимпиецтар проспектара диэн Саха култууратын диэйэтэлэ Гаврил Местников этиитинэн уларытан ааттыыр саамай сөп. Манна элбэх харчы барар дииллэр. Баара суоҕа сүүс мөлүйүөн иһинэн таһынан харчы барыа. Онтон эдэр ыччакка спорду уонна култуураны пропогандалыыр сыалтан спортивнай комплекстары, стадионнары, спортивнай күрэхтэһиилэри ыытарга, спортивнай тэрийээччилэргэ, учууталларга, тренердэргэ, күрэхтэһиилэргэ кыттар иһин кэлии барыы ороскуоттарыгар хамнас иһин сыл аайы хастыы миллиард үп көрүллэрин ааҕан көрүҥ.
Аҥаардас ыһыахха Ил Дархан, Ил Түмэн спикэрэ олорор ураһатыгар уонтан тахсалыы мөлүйүөнү ороскуоттуур дьон дьэ дьиҥнээхтик саха киһитин аатын-суолун планета бастыҥнарын аатыгар ааттаппыт дьонтон ити сыыһын кэччэйэр буоллахпытына хайдах сыаналаныахха сөбүй?
Мин олус үчүгэйдик билэбин бу тустуу фанаттарын этиилэрин сахабын дэнэр саха сирин дьоно, бүтсүөккэ нолуок төлүүр бэл диэтэр кэлии туора да омуктар өйүүллэрин. Олус күүскэ биһиги спортивнай салайааччыларбыт, тустуу федерациятын чилиэттэрин ортотугар, спортивнай суруналыыстар бу тустуу фанаттара көтөҕөр этиилэрин өйүүр, көҕүлүүр дьон элбэҕин. Онон бу сиэрдээх кэпсэтии өссө күүскэ тэнийэн дьон сэҥээриитин ыларын уонна Арылхан этэрин курдук кэлэр сайынтан олоххо киирэрин олох саарбахтаабаппын. Ол инниттэн туруорсуоҕуҥ, кэпсэтиэҕиҥ.