Бу улахан күрэхтэһиигэ Мирнэйтэн, Нерюнгриттан тиийэ кэллилэр. Мирнэйтэн АЛРОСА «Олимп» СК, Дьокуускайтан «Бриллианты Туймаады» СК, «Сияние» СК, «Виолетта» спортивнай кулууптар кытыннылар. Дьокуускай куорат атын СК-ар үксэ «Виолетта» араас биричиинэнэн барбыт кыргыттар күрэхтэстилэр. Онон омос көрүүгэ Дьокуускай куорат бары тренердэрэ үлэлэрин таһыма быдан үрдээбит, тупсубут. Кинилэргэ барыларыгар махталы кытта салгыы улахан ситиһиилэри эрэ баҕарабыт.
Аны Москваттан Россия Олимпийскай эрэллэрин оскуолатыгар үөрэнэр Виолетта Иванова кыргыттара Зарина Борисованы, Настя Яковлеваны РФ үтүөлээх тренерэ Надежда Шаталина аҕалан күрэхтэһиннэрбитэ. Күрэхтэһии күүрээнин өссө күүһүрдэн биэрдэ. Кыргыттарбыт бу кылгас кэм иһигэр көрбүт эрэ астыныах, дуоһуйуох эбиллибиттэрэ дьон сүргэтин улаханнык көтөхтө.
Предметэ суох көҥүл үҥкүүгэ, обручтаах, булавалаах, мээчиктээх үҥкүүлэргэ «москвичкалар» аҥардастыы айбардаатылар. Ол эрээри «Виолетта» СК үөрэнээччилэрэ «москвичкаларга» уоту угар кыргыттар көстүтэлээн ааспыттара эмиэ кэрэхсэллээх. Онон «москвичка» кыргыттарбыт төрөөбүт республикаларын кыайыылаахтара буолан үөрэн-көтөн салгыы үөрэнэ, сайда Москваҕа тренердэрэ Надежда Шаталиналыын көттүлэр.
Таарыччы баҕар умнубут дьон баара буолуо Надежда Шаталина Виолетта Иванова, Алина Кабаева, Ирина Чащина о.д.а. Олимпийскай чемпионкалар сирэй тренердэрэ.
Виолетта тренерэ Надежда Шаталина: «Хайы үйэ сиппит хоппут улахан тренер буолбуккун, кытаат өссө элбэхтик үлэлээ», — Виолетта Иванованы хайҕааһына ыалдьааччылар уонна төрөппүттэр болҕомтолорун улаханнык тарта. Мин итини истэн хаһан эрэ: «Олимпиадаҕа саха кыргыттарын таһаарар кыһыл көмүс ыллыгы Виолетта Иванова эрэ билэр» — диэн суруйбуппун санаан аһардым. Маны таһынан Омскай кыыһа Вера Бирюкова Виолетта Ивановаҕа анаан-минээн кэлэн сылы кыайбат кэмҥэ эрчиллэн баран Ирина Винерга салгыы дьарыктанан ааспыт Олимпиадаҕа кыһыл көмүс мэтээли ылбытын санатыым. Онон кыыспыт В.Иванова илиитэ-атаҕа үтүө өттүктээҕэ көстүтэлээн эрэр.
Итинтэн сэдиптээн «Виолетта» СК-ан атын тренердэргэ көспүт кыргыттар төрөппүттэринээн кэпсэтэн көрдүм. Ыйыппыт төрөппүттэрим бары кэриэтэ «Виолетта» СК-ан барбыттарын кэмсинэллэрин аһаҕастык иһитиннэрдилэр.
Бу күрэхтэһиигэ 13 комплект мэтээл оонньоммутуттан «Виолетта» СК иитиллээччилэрэ алта кыһыл көмүс, сэттэ үрүҥ көмүс, уонна сэттэ боруонса мэтээли ыллылар. Групповой үҥкүүгэ — үс кыһыл көмүс икки үрүҥ көмүс мэтээли ыллылар.
Бэл диэтэр, Виолетта оскуола кэнниттэн үлэлии кэлбитигэр, сахалар национальнай ыарыыбытынан атыҥырыы, көҥөнө көрсүбүт тренердэр Виолеттаҕа сыһыаннара быдан сылыйбыта биллэр. Сөп ээ аны республикабыт спорт министерствота билинэн стандартка эппиэттиир спортсааланан «Виолетта» СК ны хааччыйара буоллар.
Түгэнинэн туһанан уус уран гимнастика федерациятын бастакы президенэ Виолетта Иванованы үөрэттэрэн, үбүлээн таһаарбыт «Алмазы Анабара» генеральнай директорыгар М.Н.Евсеевка үлэҥ үтүө түмүктэрдээх буолан эрэринэн барҕа махталы тиэрдэбит.
Уус уран гимнастика билиҥҥи федерациятынпрезиденэ Людмилла Николаевнаҕа Федерациятын үлэтигэр спорт бу көрүҥүн таптааччылар аатыттан өссө үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри ыларыгар баҕарыаҕыҥ.