2014 сыллаахха атыыламмыт дьиэбинэн: “Дьадаҥы дьиэ кэргэни депутат албыннаата” диэн олоҕо суох ыстатыйалар мин кыыһым Алина Винокурова аатыгар элбэхтик тахсыбыттара. Төрүөтэ мин, Арамаан Дьөгүөрэп СР салалтата уонна СР Судаарыстыбаннай мунньаҕа Ил түмэн үлэтин мөлтөҕүттэн олохпут аһара ыараабытын, тыа сиригэр дьон мөлтөхтүк олорорун, омуктар үүнэ-тэһиинэ суох барыыларын о.д.а. кириитикэлээн элбэх ыстатыйалары: “Туймаада” хаһыакка суруйбутум уодаһыннаах эккирэтиһии, олоҕо суох баайсыы уонна бэл диэтэр суут хараҕын араастаан баайыы төрүөтүнэн буолла.
Уодаһыннаах эккирэтиһии
Дьиэни атыылаһааччылар эккирэтиһэр сирэйдэр кигиилэригэр кииринэн харчы ылар туһугар араас бэйэлэрэ да үөйбэтэх-ахтыбатах көрдөрүүлэрин биэрдилэр. Кыыспын уонна бэйэбин сирэйэ-хараҕа суох бэчээт бары өҥөлөрүнэн саба түһэн салалтаттан сорудахтаах суруналыыстар холуннардылар, үөхтүлэр, суукка бэчээтинэн күһэйиини оҥордулар. Дьадаҥы-кыаммат ыалы баай депутат балыйбыт, атаҕастаабыт, албыннаабыт аатырда.
Бастаан эрэннэрии сурук туһунан. Бу сурук үбүнэн харчынан хааччыллыбатах, киминэн да, ханнык да тэрилтэнэн, нотариуһунан даҕаны бигэргэммэтэх сокуоннайа суох сурук. Собакиннар дьиэ ылалларын бигэргэтэн ырыынакка атын атыылаһааччыттан урутаан зададок харчы төлүүбүт, диэн суруйтарбыт суруктара харчы төлөөбөккөлөр салгыы киминэн да, нотариуһунан да бигэргэммэккэ олоҕо, сокуоннайа суох сурук дуогабарга да, мировой суукка да бигэргэммэккэ, кэпсэтии ылсыы-бэрсии киинигэр киирбэтэҕэ.
Аны бу суругу Собакиннар иҥсэрэллэрин туһанан сүбэһиттэрэ суутунан Судаарыстыбаннай харчыны бытарытыыга тиэрдэр факторы таһааран онон депутаты чиэһин, суобаһын марайдыыр, Н.Н. Собакиннары холуобунай эппиэтинэскэ тартарар иһин сорудахтаах суруналыыстар соруктаммыттар. Манна эмиэ иҥсэ-обот батарбакка Собакиннар холуобунай дьыала норуот харчытын сокуоннайа суох бытарытыы иһин статьятыгар экономист депутат, экономика, харчы хаамыытын сокуонун билэр Алина Винокурова хара бастакыттан быһаарбытын, сэрэппитин үрдүнэн харчы сокуонун кэһиини иҥсэлэригэр таһаараллар.
Бу дьыалаҕа эрдэ Дьокуускай куорат ОБЭП-ба сөптөөх уурааҕа Н.Н. Собакиннарга депутат Алина Винокурованан уонна борокуруорунан быһаарыллан туран тахсыбыта. Н.Н. Собакиннар улуус борокуруорунан холуобунай эппиэтинэскэ тардыллар сыыһа дьыаланы туруорсаллара сэрэтиллибитэ. Арамаан Дьөгүөрэби эккирэтиһэр өрүттэр Собакиннары олоҕо суох ити буруйу оҥотторууга анньа, күһэйэ олорбуттара. Ону күөртээччилэртэн Н.Н. Собакиннары олоҕо суох буруйга анньааччынан биирдэстэринэн республика бэчээтин марайдааччынан суруналыыс Саргылана Кычкина буолла. Собакиннарынан сокуоннайа суох харчы сокуонун кэстэрэн харчы хайытар туһуттан сурукка суруйбуккун мэлдьэспэт инигин?
Дьэ, бу харчы сокуонун кэһэн, сокуоннайа суох харчыга суудайбыт кэлэр көлүөнэни иитээччи учууталбыт Н.Н.Собакин уонна кини кэргэнэ олохтоох сэбиэт депутата нэһилиэк экономикатын быһаарса олорор Саргылаана Нератова илэ бэйэлэринэн буоллулар. Хата бу төһө сиэрдээх быһыыный? Кинилэр балачча дьон сиэринэн кыанан олорор өссө саҥа дьиэ тутта сылдьалларын Намҥа билэллэр. Бырааттара Руслан Егорович Ипполитов Никольскай нэһилиэгэр баһылык буолан бу чугас аймахтыылар олоччу дьиэ тутта сылдьаллара, араас сыаналаах массыыналаахтара оннук наһаа эстибит, быстыбыт дьон буолбатахтара дьоҥҥо сэргэҕэ биллэр.
Иккис балыйтардым дьиэ тымныы ремона суох, диэн оҥорон көрөн айманааччы Люба Собакина бэйэтэ дьэ кырдьык мөлтөх, саарбах соҕус майгылаах хаһаайка буоларын туһунан Намҥа ыаллара, биир дойдулаахтара миэхэ кэпсииллэр. Дьиэҕин үлтү тэпсэн кэбилиэхтэрэ, диэн куттааннар, сиргэнэн дуу эбэтэр ону-маны айдаарыахтара диэн кыраҕыйан дуу атыылаабыт дьиэбэр кэлин сылдьа да иликпин. Дьиҥэр онно быстах пропискаттан устунуохпар диэри диэн наадалаах докуменнарбын, араас хаһыакка суруйбут тыһыынчанан ыстатыйаларбын, кинигэлэрбин хаалларбыппын телефонунан кэпсэтиигэ, хаһаайка дьиэҕэ киирээт таһырдьа бөххө бырахпыт аатырда онон докуменнарбын, ыстатыйаларбын төһө да аһыйдарбын сылдьар төрүөт да суох курдук.
Аны суукка депутаппыт дьадаҥы ыалы хараҕын-өйүн баайан ону-маны биэрэн албыннаабыт аатырда. Даа, кырдьык Люба Собакина аһара мөлтөхтүк дьаһанан олороллорун улуус эдэр ыччаттарын түмсүүтэ бэлиэҕэ ылан Алина Винокуровалыын сүбэлэһэн ууга барбыттарга кэлин кыаммат ыалга көмө оҥоһуллар дьон испииһэгэр киллэрбиттэр. Биллэн турар эдэр ыччат лиидэрэ, кэлин депутат буолбут А.Винокурова ити көмөлөрү араас бэлиэ күннэринэн, эҕэрдэлэри, ыччаттар бэлэхтэрин нэһилиэнньэҕэ нэһилиэктэри кэрийэн тарҕаппыта, көмөлөспүтэ. Аны Нам улууһун ыччаттарын бу үлэлэрэ суукка Алина Винокурова дьадаҥы Собакиннары албынныыр сыаллаах тэриллибит диэн быһаардылар. Дьэ, доҕоор улахан оҕуруктаах толкуй эбит диэбэккин дуо? Аата сүрүн.
Муус устар 14 күнүгэр 2016 сыл эккирэтиһээччилэр бу хараҥа дьыалаларын быһааран «Туймаада» хаһыакка: “Бу аата эһиги кимнээххитий?” — диэн ыстатыйабар эмиэ сиһилии быһааран суруйбутум.
Атыы-эргиэн анал дуогабарынан илии баттаһан бүппүтэ үс сыл буолла. Аны бу атыыһыттаһыы мировой суутунан хаһан да, киминэн да көтүллүбэт гына сокуоннайдык уураахтанан, сургуустанан турар. Дуогабарга даҕаны, мировой суукка даҕаны ити атыылаһааччы өттүттэн ханнык да харчынан хааччыллыбатах сокуоннайа суох сурук ханна да ахтыллыбат.
Онтон дьиэ сыанатын туһунан эттэххэ. Дьиҥэр өрүттэр сөбүлэстэхтэринэ сыана көҥүл ырыынакка биэс-алта да бүк үрдүөн да, түһүөн да сөп. Итини билиҥҥи киһи өйдүүр. Бу түбэлтэҕэ сыана өрүттэринэн сөбүлэһиллэн дуогабарга илии баттаммыт, мировой суутунан бигэргэммит. Саргылана Кычкина Дьокуускай киинигэр ити үс мөлүйүөнүнэн икки хостоох дьиэ ылыахха сөп, диирин ким итэҕэйэр. Мин өйдүүрбүнэн биир хостоох квартира Дьокуускайга 4,5 мөлүйүөҥҥэ тиийэн турара. Ремона суох, дииллэр. Дьиэни кинилэр ылыахтарын иннинээҕи сылларга ЖКХ-ар систиэмэтин олоччу хапытаалынай ремон оҥорбуттара. Муостатын оҕолор бэйэлэрэ олоччу саҥа маһынан уларытан хара буоругар эбии эпиилкэ эбии кутан халыҥаппыттара. Дьиэ тымныы, дииллэрин итэҕэйбэппин, ити ремоннар буолуохтарыгар диэри мин сып-сылаас быр курдук, ып-ыраас салгыннаах үчүгэй дьиэҕэ сүүрбэччэ сыл олорбуппун миэхэ олоро сылдьыбыт, кэлбит-барбыт дьон, ыаллыы олорор дьоннорум даҕаны үчүгэйдик билэллэр.
Онон бу сууту албыннаан итэҕэтэн таһааттарбыт уураахтарын көтүттэрэр иһин салгыы суут үөһээҥҥи инстанцияларыгар өссө да туруорсуохпут. Суруналыыс үрдүкү салалтаттан өйөбүллээх, Саргылана Кычкина салгыы киирсэн норуот харчытын обналичкалааһыҥҥа дьону күһэйии иһин эппиэтинэскэ эн эмиэ кэнэҕэс тардыллыаххын сөп.