Көҥүл тустууга ССРС үтүөлээх тренерэ Д.П.Коркин 1964 сыллаахха Токиотааҕы Олимпийскай ооньууларга сылдьан баран: «Альберт Захаров, Петр Попов, Петр Алексеев, Алквиад Иванов Олимпийскай оонньууларга тустуохтарын сөп эбит», — диэн өйдөбүллээх кэлбит. Ол да иһин эбитэ дуу? Чурапчыга үлэтин саҕалаат 1972 сыл кини бэлэмнээбит Роман Дмитриева Мюнхеннааҕы Олимпиаданы кыайар. Кэлэр 1976 сыл Монреаллааҕы Олимпийскай оонньууларга оччотооҕу модун ССРС түмсүүлээх хамаандатын үс гыммыттан биирин Павел Пинигин, Роман Дмитриев, Улуу Пехлеван- Александр Иванов мэтээлинэн хааччыйан саха киһитэ санаан көрбөтөх үрдүкү ситиһиитин ситиһэн үс саха өрөгөйүн үрдэппиттэрэ.
Мин кырачаан кэрэ куолар күрэстэһиилэрин көрө олорон тоҕо эрэ, тоҕо эрэ ити түгэни үгүстүк санаталаан ыллым. Дьокуускай, Мирнэй, Нерюнгри куорат кырачаан кэрэ куолара имигэстэрэ, оҥорор хамсаныылара уустуга, пластичнайдара сылын аайы таһымнара үрдээн иһэр. Бу киһи сүргэтин сүрдээҕин көтөҕөр. Урукку сылларга Мирнэй, Нерюнгри уһулуччу ордук курдук көстөр эбит буоллахтарына билигин Дьокуускай тренердэрин үлэтин таһыма быдан үрдээбит. Уус-уран гимнастика федерациятын үлэтэ харахха биллэрдик көстөр буолбут диэн киһи сүргэтэ көтөҕүллэр. Онтон Виолетта Семеновна кыргыттара барыларын баһыйар үҥкүүлүүр таһымнара үрдүгэ олох ала бэлиэ.
Аны маны таһынан Москваҕа Россия Олимпийскай эрэллэрин оскуолатыгар ыыппыт үс кыыһа ураты кэрэ, уустук, хамсаныылардаах үҥкүүлэринэн ыалдьааччыларын астыннардылар. Москваҕа Веолетта Семеновнаттан барыбытыгар үчүгэйдик биллэр ытыктанар Макар Макарович Яковлев сиэнэ Настя Яковлева, Виктор Иннокентьевич Алексеев сиэнэ Христина Ксенофонтова, Василий Тимофеевич Борисов сиэнэ Зарина Борисова бэйэлэрин группаларыгар лиидэр быһыытынан сылдьаллар.
Ол иһин эбитэ дуу, бу кыргыттар тахсан дьикти уустук хамсаныыларынан үҥкүүлээн кубалаах күөл тойугун түһэрдэхтэрин аайы Д.П.Коркин уолаттарын хабараан хапсыһыылара харахпар көстүтэлээн ааста. Туох да билбэт эһээлэрин ситиһиилэрин баҕар бу кырачаан кэрэ куоларбыт хатылаан аҕалан саха киһитин соргутун, өрөгөйүн үрдэтээйэллэр. Барыга бары үтүө сиэр-майгы быһыытынан үрдүк эрэллээх буолуохха. Араас буолуон сөп. Өскөтүн итинник үөрүүлээх сонуну кэтэһэр буоллахпытына өссө биэс сыл ууга уокка түһэн кыргыттарбытыгар ыалдьыахпытын эргиччи өттүнэн тугу сатыырбытынан көмөлөһүөхпүтүн, өйүөхпүтүн наада.
Ол инниттэн бастакынан спорт бу кэрэ көрүҥүн НВК-бар дьонугар үгүстүк көрдөрүөн, нэһилиэнньэҕэ быһааран кэпсиэн наада. Спорт саҥа министрэ Иннокентий Григорьев күрэхтэһии арыллыытыгар кэлэн бэйэтин эрэл кэс тылларын, өссө үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри баҕаран тыл эттэ. Аны спорт бу көрүҥэр кини аан бастакынан 2000 сыл болҕомтотун уурбутун курдук ууран уус уран гимнастика федерациятын кытта айымньылаахтык үлэлиирэ эрэйиллэр. Үлэлиэ да диэн бэйэтэ саҕалаабыт дьыалатыгар эрэнэбит.
Мин Виолетта Иванова-Никифорованы кыра сааһыттан суруйбут, кини үүнэрин сайдарын туһугар элбэхтэ суруйан алҕаан ыалдьыбыт киһи быһыытынан хас күрэхтэһии аайы оҕолоро эбиллэрин, элбэхтик үлэлиирин олус астына биһириибин. Өссө кини кэлэн спорт бу көрүҥэр доруобай дьиҥнээх спортивнай конкуренцияны тэрийэн Дьокуускай куорат гимнастарын толорор таһыма үрдээһинигэр кыһыл көмүс кылаатын киллэрсэ сылдьар диибин.
Түгэнинэн туһанан уус уран гимнастиканан дьарыктанар федерация үлэһиттэригэр, тренердэргэ, спортсменнарга, кырачаан кэрэчээнэ куоларга спорт бу кэрэ, уустук көрүҥүн курдук саҥа дьыллааҕы итии истиҥ эҕэрдэни, эбиих элбэх ситиһиилэри баҕарарбын тиэрдэри көҥүллээҥ.
Онтон биһиги эдэр кэскиллээх элбэҕи эрэнэр тренербит Виолетта Семеновна Иванова-Никифорова иитэр кыргыттарыҥ Россия Олимпийскай эрэллэр оскуолаларыгар ыытыллар күрэхтэһиилэргэ лиидэрдии сылдьар кыргыттарыҥ өссө үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри ылалларыгар уонна сылтан сыл аайы Россия Олимпийскай эрэллэрин оскуолатыгар кыргыттарыҥ ахсаана эбиллэ туралларыгар баҕарабыт.
Түмүккэ: СР спордун министрэ Иннокентий Григорьев 2000 сыллаахха Виолеттаны Москваҕа «Талантливые ребята» программа сүнньүнэн Россия Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир оскуолатыгар ыытарыгар алгыс тылыгар: «Улахан спортсменка, талааннаах тренер буолан кэлэн Виолетта Саха республикатыгар уус уран гимнастиканы үрдүктэн үрдүк таһымҥа таһаараар», — диэн оччотооҕу кырачаан кыыһы бүгүҥҥү күнү өтө көрөн уу сахалыы алҕаан ыыппыта. Аны билигин Иннокентий Юрьевич бииргэ үлэлээн, өйөөн үрдүктэн үрдүк ситиһиини ыларга анаан алҕаабытын курдук анаан-минээн бииргэ үлэлиир дьылҕаламмыт эбит. Бастыҥ баҕа санаа курдук аймньылаах үлэни, үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт. Саҥа дьыллааҕы эҕэрдэҕэ Виолетта Иванованы үбүлээн үөрэттэрбит уонна саха кэрэ куоларын иитиигэ бэйэтин кылаатын киллэрбит Алмазы Анабара тэрилтэ генеральнай директора М.Н.Евсеевка итии истиҥ махталы кытта саҥа дьыллааҕы эҕэрдэ ыытабыт.