Саха киһитэ тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр өрөбүлэ да суох, ыалдьар да бырааба суох хара сарсыардаттан ыкса киэһээҥҥэ диэри сылы эргиччи хаатырга үлэтин кыһыҥҥы бытархан тымныыга, сайыҥҥы өҥүрүк куйааска үлэлээн сааһын тухары иҥэмтэлээх веществоларынан баай битэмииннээх аһылыгынан дьонун норуотун хааччыйбыт буруйугар эргиччи өттүнэн кэлтэй атаҕастанан, баттанан кэллэ.
Ол түмүгэр кэлии буорту буолбут, дьааттаах аһылыгынан норуотун хаачыйан оҕолорбут, ыччаппыт, дьоммут доруобуйата быста мөлтөөтө.
«Чааһынай киһи сүөһүтүн көрөрүгэр тоҕо судаарыстыба көмөлөһүөхтээҕий?», — диэн үлэлээн ханнык да баарыыһы киллэрбэт тойоттор өссө өйдөөҕүмсүйэллэр. Онтон чааһынай киһи бүтсүөккэ нолуок төлөөччү онон бүтсүөттэн үбүнэн өйөбүлү дэлэччи туһанар сокуоннай бырааптаах. Онно мэккиэр суох буолуохтаах.
Билигин чааһынай киһи сүөһүтүн-сылгытын, ытын-куһун иһин өссө элбэх нолуогу төлүүр буолла. Онон бүтсүөккэ туһата өссө элбээтэ. Өйөбүлэ эмиэ ол тэҥэ үрдээн биэриэхтээх.
Тоҕо эрэ тугу да оҥорон таһаарбат, барыыс киллэрбэт чиновник, депутат тоҕо аһара элбэх хамнастаныахтааҕый, үрдэ суох үгүс пенсиялаах буолуохтааҕый?
Урут ССРС саҕана соҕотох үс этээстээх партия обкуомун дьиэтэ киһилии биир кэлим дьаһайан олорбута. Үлэни, олоҕу, экономиканы, идеологияны, үөрэҕи, эмтээһини, култуураны, спорду о.д.а олус да бэркэ тэрийэн, дьаһайан сөрү сөптүк олорбут.
РФ атын сайдыылаах судаарыстыбалартан чиновнигын ахсаана уон бүк элбэх, дииллэр. Нолуок төлөөн иитэн-аһатан олорор норуотун туһатыгар туһалыырын, сайыннарарын оннугар чиновниктар, депутаттар эрэ интэриэстэрин үрдэ суох кэлтэй көрөн тугу да сатаан норуотун туһугар дьаһаммата. Элбэх үбү оҥорор сир баайын иҥсэлэригэр аҕыйах киһи үллэстэн туһана олорон омук сирдэригэр үптэрин күрэтэ кистии сылдьан ити харчыларын былдьаттылар. Ити норуот иннигэр улахан преступления ити иһин ити дьон эппиэттиэх тустаахтар.
Аҥаардас биһиги республикабытыгар 2017 сылга 862 миллиардаах солкуобайга тэҥнээх табаары, өҥөнү оҥорон тааһырбыта. Ол сууматтан бэйэбит баара суоҕа 26 миллиард солкуобайын эрэ оҥорон таһаарбыппыт. Итинтэн ордуга олигархтар хармааннарыгар киирэн ити санкцияларынан США о.д.а омуктар тараччы тутан ыллылар. Дьокуускайга үрдүк уончалыы этээстээх уонча правительство дьиэтэ чиновнигынан ыгыччы туолан тигинэччи үлэлии, бүтсүөт үбүн таах туһата суох сии турар дьиэлэрэ баар. Бу дьон дьиэлэрэ, техникалара, туттар маллара ол бу араас өйөбүллэрэ кэмэ суох элбэх. Ол аайы үлэ киһитин оҥорбут нолуок харчыта барар. Пенсияҕа таҕыстахтарына үрдүк пенсияларыгар эбии иккис хос пенсия ылаллар. Тоҕо? Олоҕу сатарыппыттарын, БОМЖ, умнаһыт, ыарыһах ахсаанын элбэппиттэрин иһин махтанабыт, итинник дэлэччи эбии биэнсийэнэн хааччыйабыт дуо ?
Итиччэ элбэх киһи пенсияҕа таҕыстаҕына бүтсүөттэн аҥаардас госсулууспалаахтарга пенсияларыгар эбии икки миллиартан ордук харчы госчиновник төрүкү үрдүк пенсиятыгар өссө эбии үрдэтиигэ барар. Туох үтүөлэрин-өҥөлөрүн, ханнык барыыһы киллэрбиттэрин иһин госчиновниктар итиччэ мааныланнылар?
Төрүкү үрдүк пенсияларыгар өссө эбии сэмсэ биэнсийэ ылаллар. Иэдээн дии… Итини саатар эбии сэмсэ пенсийэлэрин сотон баран пенсионердар ахсааннарыгар тэҥҥэ түҥэтиэххэ оччоҕо ортотунан биир пенсионерга РФ аныыр биэнсийэтигэр эбии 15000 солкуобайы эбиэххэ сөп.
Аны аҥаара кимиэхэ да туһата суох министерстволарга, департаменнарга аһара элбэх киһи үлэлиир. Холобура, тыа хаһаайыстыбатын министерствотыгар сүүстэн тахса киһи, арааһа 120 киһи баар. Маны атын сиргэ курдук муҥ саатар 60-70 киһиэхэ диэри аччатар наада. Сүрэ да бэрт дии.
Балтараа миллиард киһилээх улуу кытай тыатын хаһаайыстыбатын министерствотыгар баара суоҕа биэс эрэ киһилээх, дииллэр. КМЦ т/х мигистерствотыгар өссө хааллын. Онтон тыа хаһаайыстыбатын департаменын туһата суох хос тэрилтэни олох да суох оҥоруохха. Итинник атын министерстволар чиновниктарын эмиэ ахсааннарын олох аччатар наада. Итиннэ хамнастарыгар, техникаларыгар, ол-бу кэрээнэ суох элбэх льготаларыгар харчы бөҕө бүтсүөттэн туһата суох ороскуоттанар. Маны эмиэ экономиялаан пенсионнай фондаҕа төрүт олохтоох омуктар биэнсийэлэрин үрдэтиигэ биэриэххэ. Ону РФ пенсиятыгар төрүт олохтоох дьоҥҥо эбии аахтахха хас биирдии үлэлээбит төрүт олохтоох киһи Саха сиригэр 40 000 — 50 000 солкуобай пенсияланар толору кыахтаах.
Манна үчүгэйдик үлэлээн элбэх үбү бюджекка киллэрбит киһи пенсията арыый үрдүк буолуохтаах. Биһиэхэ сылга хас эмэ мөлүйүөн үбү бүтсүөккэ киллэрбит преприниматель сааһа туолан биэнсийэҕэ таҕыстаҕына аҕыс тыһыынча солкуобай ананар. Маны оҥорор РФ Госдумата, Ил Түмэн төһө өйдөөх депутат дьонноох эбитий ? Саат-суут дии.
Аны тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр өлөн да, төрөөн да туран Р.С.Барашков, К.С.Макаров, Н.Н.Сметанин, Е.С.Лебедев программаларын олоххо киллэриэххэ. Э.Б.Березкин оҥорбут үлэһит киһи туһатыгар үлэлиир тыа хаһаайыстыбатын сокуонун олоххо киллэриэххэ. Ити программалары, Э.Б.Березкин сокунун олоххо киирдэхтэринэ киһи үксэ ынах-сүөһү, сылгы, таба көрө-иитэ, балыгынан, бултааһынынан дьарыктана барыа этэ.
Ити программаларга үбү правительство булгуччу буллун. Ил Дархан харчыны хайаан да итиннэ булар сибэтиэй эбээһинэһэ. Быыбар иннигэр норуокка эрэннэрбитин хайаан да толоруохтаах. Ырыаҕа-үҥкүүгэ, спортка ол бу тас дойдуларынан күүлэйгэ, кэлиигэ-барыыга, биһиэхэ туохха да туһата суох тойоттору, артыыстары ыалдьыттары көрсүүгэ, ыһыахтарга үбү парламеҥҥа наһаа элбэҕи көрөллөр. Онтон сарбыйан тыа хаһаайыстыбатыгар ас-үөл оҥорон таһаарааччыга үбү дэлэччи булар, көстөр кыах толору баар. Ил Түмэн уонна Ил Дархан ол иһин үлэлииллэр.
Син биир биһиги курдук иккилии илиилээх, атахтаах, иккилии харахтаах кэлии дьон толорор үлэлэригэр: тутууга, промышленноска себостоимоһыгар туттар уруучукатыттан, кумааҕытыттан саҕалаан техникатыгар олорор дьиэтигэр эбии тутуутугар больничнайыгар, уоппускатыгар атын да араас айанныыр кэлэр барар, сынньанар ороскуоттарыгар үп бөҕө хамнастарын, пенсияларын таһынан тутууга, промышленноска толору ааҕан көрүллэр.
Онтон тугу да оҥорон таһаарбат силовой структуралар: полиция, росгвардия, омон, прокурор, судья хамнастара, пенсиялара тоҕо аһара үрдүгүй? Олох сорох-сороҕор киһи эрээһиҥкэтэ суох түрмэҕэ олорор курдук сананар.
Онтон Саха сирин төрүт олохтоох олоҕу тутан олорор, аһы үөлү бэлэмниир үлэһит дьоҥҥо тоҕо эбии хамнас, пенсия тэриллиэ суохтааҕый? Ону тэрийээри государство чиновниктара, СР парламена Ил Түмэн диэн баар. Кинилэргэ ол иһин быыбардааччы куолаһын биэрэр. Депутат онон бу боппуруоска күүскэ үлэлиирэ, дьон олоҕун уйгутун тупсарар тэҥниир сокуоннары хаттаан аттаран хайаан да оҥороро ирдэнэр. Парламен депутаттара итини сатаан быһаарбат буоллахтарына үлэлээн даҕаны абыраабатыннар. Муус ураҕаһынан харса суох мантан антах үүртэлиир сокуон наада. Бу боппуруоска ырытыыны киһи бүтсүөккэ баар харчыга төһө баҕарар этэ суруйа үөһэ аллараа саамылыы олоруохха сөп.
Аны үбү-харчыны тыырыынан сокуону оҥоруунан, Ил Дархан үлэтиттэн саҕалаан бары үлэһиттэригэр остуораска тиийэ СР парламена хайаан да хонтуруоллуохтаах. Норуотугар ол иһин хайаан да квартал аайы оччуоттуура наада.
…Мин санаам быһа холуйан Ил Дархан уонна СР парламенын үлэтин алҕастарыгар кылгастык, одоҥ-додоҥ итинник. Норуот бу боппуруоска хараҕа аһыллан, өйдөөн, өйдөнөн эрэр. Ол иһин миитиннэр, мунньахтар түмсүүлэр тэриллэллэр.
Бу Андрей Варламов санаатын үчүгэйдик кэҥэтэн, олох сиһилии ырытыаҕыҥ! Бу оҕолорбут, ыччаттарбыт инники дьылҕаларын быһаарар, сааһырбыт дьон олохторун тэрийэр сүдү улахан боппуруостар.