Болдьоҕо тахсыбыт эмп-том, ол-бу химикаттар, уоҕурдуу тобохторо сылын аайы өрүспүтүгэр киирэн аналлаах авторитеттах тэрилтэлэр аналистааһыннарын түмүгэр Дьокуускайы киһи испэт да, сууммат да гына Өлүөнэ өрүс уута буорту буолла. Аны манна эбии Дьокуускай куорат помоятын уута, химикаттарын тобоҕо олоччу күҥҥэ хас эмэ уонунан массыына помоя уутун Өлүөнэ эбэбитигэр сылы эргиччи кута олорбуппут ыраатта. Бу дьааттаах өрүс уута Дьокуускай куораттан саҕалаан аллараа сытар улуустар бөһүөлэктэрин олоччу сутуйар. Онон иһэр уу кыһалҕата турбута ыраатта. Дьааттаах иһэр ууттан сылтаан дьон доруобуйата мөлтүүр. Араас ыарыы дэлэйэр. Арай дьэ туран, диэн баран бастаан бу боппуруоска күүскэ үлэлэспит эдэр сааһым доҕоро боксаҕа Дальнай Восток уонна Сибирь үс төгүллээх чемпиона, РСФСР күүстээх боксера, ССРС спордун маастара Д.Д.Иванов дойдутуттан бүлүүттэн биһиэхэ Нам райкомун үһүс сэкиритээринэн үлэлии кэллэ. Кини тутуу уонна промышленность сайдыытыгар эппиэтинэстээх. Дойдутугар тутуу инженерин быһыытынан сүүрбэ сыл айымньылаахтык үлэлээн тутуу үлэтин бары араас киириитин, тахсыытын, үлэ тэрээһинин боппуруостарыгар эриллэн уоппутурбут бэлэм киһи кэлбитэ.
Кини Намҥа бэрт элбэҕи оҥорбута саҥа таас тутуулар, нэһилиэктэргэ саҥа оскуолалар уонна да атын тутуу дэлэйбитэ. Гаастааһыҥҥа олус күүскэ үлэни ыыппыта. Дойдута Бүлүү эбэ хотун гааһы кууһа сытан бэйэлэрин нэһилиэктэрэ оччолорго гаастара суоҕа. Онтон Намҥа кини үлэлэһэн, кыһамньытынан нэһилиэктэр олоччу кэриэтэ гаастаммыттара. Ол түмүгэр уокка оттуллар мас кэрдиллибэт буолан айылҕабытын харыстааһыҥҥа бэртээхэй үлэ ыытылынна. Асфальтово-битумнай, кирпиичэ собуоттарын туттарбыта. Ол эрээри биһиги олохтоохтор буруйбутунан сөптөөх үлэлэтэр киһини булбакка бу собуоттарбыт үлэлээбэккэ тураллар. Кини маннык элбэх тэрээһиннээх үлэтинэн: “Кэлии киһи биһиэхэ тугу оҥоруой?” “Саха сиригэр былаас бүлүүлэргэ онон кинилэргэ эрэ таас тутуу бастыҥа барар” диэн санааны Нам улууһугар үлтү саайбыта. Ханна инциативалаах энтизустар бааллар онно дьыала быһаарыллар диэн өйдөбүлү дьоҥҥо хаалларбыта.
Дмитрий Дмитриевич бу үлэлиирин устата киниэхэ көмөлөспүт Саха АССР министрдэрин сэбиэтин тутууга солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ Н.С.Охлопковы олус күндүтүк санаан ахтар. Кини айымньылаах үлэтин түмүгэр Нам улууһа гаастаммыта. Манна Ил Түмэн икки төгүллээх спикерэ Е.М.Ларионовы, Нам совхуос дтректора, көҥүл тустууга ССРС спордун маастара Н.П.Габышевы, Хаҥаластан Якутгазпром генеральнай директора П.В.Ивановы, САССР министрдэрин сэбиэтин тутууга солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ Н.С.Охлопковы, Нам оройуонун райсоветын бэрэссэдээтэлэ В.Н.Жирков, Нам собхуос директора Д.Ф.Алексеевы, межхолхозстрой ПМК-ын начальнига А.А.Рехлясовы, МПМК тутууга инженерэ Т. Румянцевы, МПМК кылаабынай инженерэ В.С.Егоровы, ЖКХ начальнига А.К.Алексеев, Намҥа партия райкомун тыатын хаһаайыстыбатын отделын сэбиэдиссэйэ М.С Баишев, Нам Ленинскэй сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ И.И.Захаров, Хатырык собхуос директора И.Н.Спиридонов, Сельхозтехника управляющайа Д.Винокуров, Хатын Арыы собхуос директора С.Алексеев, онтон да атыттары ааттаталыахха сөп. Түмүгэр уонна урут бэйэбит дьоммут оҥорбут үтүөлэринэн Нам суола асфальтаммыта, электролиния баар, гаастаммыппыт.
1986 сыл туттабыт улахан квартальнай котельнайыгар быыстала суох утумнаахтык хааччыйыыга элбэх уу наада буолбута. Манна элбэх водовоз сүүрүөн наада кинилэр ороскуоттара, гаражтара, суоппардара балачча үбү, үгүс түбүгү ирдээбитэ. Элбэх кэпсэтиилэр, сүбэлэһиилэр, мунньахтар саҕаламмыттара. Д.Д.Иванов сир анныттан ууну хачайдаан ууну таһааран котельнайдары хааччыйар үлэ идеятын талар уонна сүүрүү-көтүү, документ, смета, бырайыак оҥоһуулара саҕаламмыта. Түмүгэр 1987 сыл 420 миэтэрэ дириҥтэн скважинанан ууну хачайдаан таһааран Нам бөһүөлэгин бары котельнайдарын хааччыйан улуус биир улахан тыын боппуруоһун быһаарбыттара. Манна биир ноолонон тахсыбыта. Бу уу Кангалас таас чоҕо салгыы Эҥсиэли хочотун аннынан тэлгэнэ сытар буолан таас чох кырааскатыттан хап-хара этэ. Ол эрээри уутун састааба аналис көрдөрөрүнэн ыраас иһэр ууга барсара. Биһиги Нам улууһун олохтоохторо Д.Д.Иванов биһиэхэ үлэлээн оҥорбут элбэх үтүө дьыалатын умнубаппыт. Кини оҥорбут оҥоһуктара, тутуулара бэйэтин аатын ааттата туралар.
Биһиги улууспутугар итинник элбэх үтүөнү оҥорбут Д.Д.Иванов билигин аҕыс уончата буолла да билигин үлэ үөһүгэр сылдьар. Эдэригэр спортсменнаабытын бэлиэтэ бэйэтин сүрдээх үчүгэйдик кыанар. Билигин да үлэҕэ хамнаска дьонугар сэргэтигэр үтүө дьалалары оҥорор уоҕа харааста илик. Улаханнык кыанар киһи. Кини Саха республикатыгар биллэр-көстөр улахан үлэлэри ыытар УоТ “Сомоҕо күүс”, тэрилтэни тэрийэн сүһүөҕэр туруоран норуот биһирэбилин ылан эрэр.
2013 сыл Күөх Ньурба ньургун уола Артур Янович Яковлев биһиэхэ улууспут баһылыгын бастакы солбуйааччынан олорон бырайыак сметнэй документацияларын оҥотторон Саха республикатын Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) депутата эдэр коммунистка Алина Романовна Винокуроваҕа накаас биэрэн Саха республикатын бүтсүөтүттэн 120 мөлүйүөнү бу скважинанан тахсар хара ууну ыраастыыр систиэмэни туруорар үлэни туруорсан А.Р.Винокурова ылар. Онон Алина Романовна бу хара ууну ыраастыыр систиэмэҕэ үбү Саха республикатын бүтсүөтүттэн нэһилиэнньэҕэ ыраас уу наадатын дакаастаһан СР парламенын итэҕэтэн ылбыта хайҕаллаах уонна махталлаах дьыала. Билигин Нам селотун котельнайдарыгар уонна ыаллар олбуордарыгар сир анныттан тахсар кылыгыр ыраас уу тиийэр буолан дьон таҥаһын сууйарыгар уонна иһэр ыраас ууланан абыранна.
Бу иһин Алина Романовна кини туруорсуутун өйөөбүт СР парламенын бары чилиэттэригэр уонна Ил Дархан Е.А.Борисовка махтанар. Аны бу ыраас ууну тимир турбанан барара санитарнай өттүнэн сатаммат киһи доруобуйатын доруобай оҥорорго ханнык да эмкэ бэриллибэт тыын суолталаах боппуруос,—диэн пластиковай турбанан уопсай аһылык обьектарыгар, оскуолаларга, детсааттарга ыытыыны Алина Романовна туруорсар былааннаах. Манан биһиги коммунистар улууспут социальнай экономическай олоҕо сайдарыгар, дьоммут доруобуйата тупсарыгар былыр да, билигин да бэйэбит кылааппытын киллэрэ олоробут.
Таарыччы аҕыннахха биһиги коммунист депутаппыт Алина Романовна улууһа сайдарын туһугар элбэх кылаатын киллэрдэ. Олортон быһа тардан билиһиннэрдэххэ маннык: Кини эдэр ыччат, эдэр ийэлэр кыһалҕаларынан дьарыктанна. Эдэр ийэлэргэ бэриллиэхтээх үүт бэриллибэккэ турдаҕына туруорсан ийэлэргэ сибиэһэй ынах үүтүн бэрдэрбитэ. РФ тыатын хаһаайыстыбатын министерствота сыл аайы ыытар Арассыыйа бастыҥ үлэһит эдэр ыччаттарыгар аналлаах форумугар Нам эдэр ыччатын үлэлиир тэрилтэтиттэн ОАО “Алмазы Анабараттан” генеральнай директор М.Н.Евсеев үбүлээн Алтаайга Барнаул куоракка хас да сыл кытыннарбыта. Саха республикатыгар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга эдэр фермердэргэ анаан: “Деловая игра Молодой фермер” диэн оонньууну СР президенигэр Е.А.Борисовка бэйэтэ идея киллэрэн сылын аайы ыыттарар. Оскуолаларга уопсай аһылыгы тэрийиигэ сүүстэн тахса мөлүйүөнү туруосан улууһугар бэрдэрбитэ. Кини СР парламеныгар элбэх сокуоннары көннөрүүгэ, саҥа сокуоннары киллэриигэ тус бэйэтин көрүүлэринэн Саха республикатын парламеныгар туруорсан Саха республикатын сайыннарыыга туһаайан киллэрбитэ. Итинник Нам улууһун эдэр коммунистката Алина Романовна үлэтин ситиһиилэрин, эргиччи өттүнэн үлэҕэ-хамнаска дьоҕурун биһиги өссө да ааҕа олоруохпутун сөп.
Соторутааҕыта мин “Сомоҕо күүс” бэрэссэдээтэлэ Д.Д.Ивановы кытары кэпсэтэ сырыттым. Онно биһиги Нам хомуньуустара Ил Түмэҥҥэ туруорбут депутаппыт Алина Романовна Д.Д.Иванов Нам улууһугар оҥорбут дьыалатын салгыы сайыннаран дьон доруобуйатын тупсарыыга анаан иһэр ыраас уу кыһалҕатын быһаарыга үлэлии сылдьарын кэпсээбиппэр олус үөрбүтэ уонна А.Р.Винокуроваҕа махтал тылларын уонна үлэтигэр, бэйэтин тус олоҕор ситиһиилэри баҕарарын тиэрдэрбэр көрдөспүтэ.
В.Р.Кутуков
Нам улууһун ытык киһитэ, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх үлэһитэ, боксаҕа ССРС спордун маастара.