Сахалар бу чемпионакка түөрт киһибит бириистээх миэстэҕэ киирэн, уопсайа алта-сэттэ бөҕөс ССРС сборнай хамаандатын чилиэнинэн ылыллыбыта. Ол ааспыт үтүөкэн кэмнэри санаан Саха АССР сборнай хамаандатын ССРС чемпионатыгар бэлэмнээбит Улуу Пехлеван — Александр Ивановы көрсөн кэпсэттим.
Ол кэмҥэ модун күүһүн сүтэрэ илик ССРС 15 сойууһунай республикаларын, Москва, Ленинград куораттар уонна РСФСР хамаандалара хас биирдиилэрэ олус күүстээх састаабынан ССРС чемпионатыгар кыттыбыттара. Онон бириистээх миэстэҕэ киирии ураты ыарахан этэ. Оччолорго хайыы-үйэ тустуу ветераннара, сахалартан бастакы олимпийскай чемпион Роман Михайлович Дмитриев ССРС чемпионатыгар бэлэмнэнэр сбору тэрийиигэ, итиэннэ сборнай хамаанданы сүүмэрдээһиҥҥэ эппиэтинэстээх киһинэн уонна Монреаллааҕы Олимпиада үрүҥ көмүс призера Александр Николаевич Иванов бу чемпионакка хамаанданы быһаччы бэлэмнээһиҥҥэ эппиэтинэстээх старшай тренеринэн анаммыттара.
ССРС чемпионатыгар кыттар иһин Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Төхтүрүгэр анал эрчиллэр бэлэмнэнэр сбору ыытарга 1972 сыллааҕы Мюнхеннаҕы Олимпиада чемпиона Роман Михайлович Дмитриев уонна 1976 сыллааҕы Монреаллааҕы Олимпиада вице-чемпиона Александр Николаевич Иванов быһаарыы ылыммыттара.
Оччолорго Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов аатынан сопхуос директорынан Михаил Семенович Санников үлэлиирэ. Сорохтор бастаан ити идеяны сайынын үөнэ-көйүүрэ, бырдаҕа бэрт буолуо диэн өҥүрүк куйааска аһаҕас халлаан анныгар эрчиллиини соччо биһирээбэтэхтэрэ. Ол эрээри, Төхтүрдээҕи сбор спортсменнарга олохтоохтор күүстэринэн хаһан да умнуллубат үчүгэй тэрээһининэн, эбиитин чемпионакка үчүгэй түмүгү биэрбитинэн саха тустуутун историятыгар биир умнуллубат чаҕылхай кэрдиис кэминэн буолбута. Билигин Александр Николаевичтан бэйэтиттэн ол сулустаах кэмнэри ахтан- санаан ааһарыгар көрдөһүүм.
— Александр Николаевич, биһиги көлүөнэ тустарын саҕана тустан көрбөтөх, тустуубутунан киэн туттубатах саха суоҕун да тэҥэ. Ол курдук саха норуотугар көҥүл тустуу оройуоннар ахсын олус күүскэ сайдыбыта. Чурапчыга Дмитрий Петрович Коркин көҥүл тустууга оскуолата аан дойду таһымыгар чаҕылхайдык лиидэр быһыытынан тахсыбыта. Аҥардас бу оскуола иитиллээччилэрэ 1976 сыллаахха Монреаллааҕы Олимпиадаҕа оччотооҕу 260 мөлүйүөн киһилээх модун ССРС сборнай хамаандатын үс гыммыттан биирин, эһиги саха уолаттара мэтээлинэн хааччыйбыккыт. Ол кэнниттэн олимпиецтарбыт 1985 сыллааха Дьокуускайга ССРС чемпионатын ыытан саха норуотугар умнуллубат биир үрдүк өрөгөйдөөх, үтүөкэн спортивнай бырааһынньыгы бэлэхтээбиккит. Бу күрэхтэһиигэ бэлэмнэнии туһунан күн дьыл ааспытын кэннэ, быйылгы «Баһылай Манчаары оонньуулара» ыытыллыбытынан сибээстээн дьоҥҥо-сэргэҕэ санатан кэпсии түспэккин ээ.
— Бастатан туран сбор ыытыллыытыгар саха дьоно, оччотооҕу салайааччылар көҥүл тустууга сүгүрүйүүлэрин, тапталларын күүһэ Төхтүрдээҕи сборга өссө төгүл дакаастаммыта. Нэһилиэнньэ биһигини улаханнык өйөөбүтэ. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов аатынан сопхуос директора Михаил Семенович Санников тустуу спордугар улахан бэриниилээҕинэн, тустуу спорда сайдарыгар кыһамньытынан уонна киэҥ билиитинэн, үлэни-хамнаһы тэрийиигэ дьоҕурунан биһигини олуһун сөхтөрбүтэ даҕаны, абыраабыта даҕаны. Төхтүрдэр сбор кэмигэр биһиэхэ анаан сүрдээх элбэх тустууга туһааннаах үчүгэй тэрээһиннэри оҥорбуттара. Спортсменнары сөптөөхтүк сынньатыыга кэнсиэрдэри, бултааһыны, собхуос араас үлэтигэр кылгас кэмнээх субуотунньуктары уонна да атын интэриэһинэй тэрээһиннэри тэрийбиттэрэ.
Холобура, биһиги биллиилээх тустуу бэтэрээннэрэ уонна тренердэр олохтоохтору кытары хапсаҕайдаһан тустубуппут. Ол тэрээһиннэри хас биирдиитин күнүнэн, чааһынан саталлаахтык дьүөрэлээһин түмүгэр спортсменнарга эргиччи өттүнэн улахан туһалаах эрэ буолбута.
— Чахчы Михаил Семенович кырдьык улахан дьоҕурдаах киһи. Судаарыстыба систиэмэтэ эмискэ уларыйар ыарахан кэмигэр мунан-тэнэн хаалбакка Саха Республикатыгар бааһынай хаһаайыстыбаларын ассоциациятын бастакы президенин быһыытынан, тыа сиригэр дьон чааһынай бас билии уонна хаһаайыннааһын саҥа көрүҥэр киириилэрин тэрийбитэ, суолун-ииhин тобулбута. Саха АССР ХII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин норуодунай дьокутаата. Саха Республикатын I уонна III ыҥырыылаах Ил Түмэн норуодунай дьокутаатынан үлэлээбитэ. Күн бүгүнүгэр диэри көҥүл ырыынак ирдэбиллэринэн тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар бэйэтин идеяларын, этиилэрин киллэрэн үлэлии сылдьар биир бастыҥ киһибит. Саха Республикатын Судаарыстыбаннай тутулун күүскэ көмүскүүр, болҕомто киинигэр сылдьар дьоһуннаах улахан политикпыт.
Михаил Семенович итинник ис иһигэр киирдэххэ бэйэтэ туһунан чаҕылхай үлэлээх-хамнастаах, өйдөөх-санаалаах, эргиччи өттүнэн баай ис хоһоонноох интэриэһинэй олохтоох киһи.
— Кырдьык, Михаил Семенович политик быһыытынан чахчы чаҕылхай киһи.
— Мин биири ыйытыахпын баҕарабын. Кавказка икки сыл субуруччу Аан дойду биэс төгүллээх чемпиона, м.н.д. профессор, ССРС үтүөлээх тренерэ Али Алиев сбордарыгар сылдьыбытым. Онтон 1972 сыл Дьокуускайга үөрэххэ киирбитим. Оччолорго да, Дьокуускайга көҥүл тустууга дьарыктар буолаллара. Ол эрээри тоҕо эрэ, туох эрэ миэхэ тиийбэт, тулам суй-сай курдуга. Ону кэлин ырытан көрбүтүм дьарык бэриллэр ноҕурууската уратылаах эбит. Кавказка Али Алиев сбордарыгар туруу-олоруу, сынньаныы, дьарык мүнүүтэтигэр тиийэ аттарыллан, чуолкай ирдэбил графига уонна биллэн турар дьарыктарга бэриллэр ноҕурууска кээмэйэ быдан үрдүгэ. Каспийскай муора кытыытыгар кумахха сарсыардааҥҥы икки чаастаах сүүрүүнү уонна сэрээккэни ааҕыстахха күҥҥэ үстүү дьарыкка бэриллэр ноҕуруускалар таһымнара, албастары отработкалааһын ирдэбилэ быдан үрдүк этэ.
Оттон Дьокуускайга үөрэх быыһыгар нэдиэлэҕэ үс-түөрт дьарык иннэ-кэннэ биллэр буоллаҕа. Оччолорго ССРС сборнай хамаандатын чилиэннэрэ грузин Нодар Хохашвили, дагестанец Руслан Ашуралиев, осетиннар — бырааттыы Сергей, Геннадий, Сослан Андиевтар о. д. а. планета күүстээх спортсменнара бааллара. Ол кэмтэн ыла дагестанецтар сүүрбэччэ олимпийскай мэтээли ылбыттара. Ити мин этэр ноҕуруускам таһыма үрдүгүн туоһулуур. Онно киһи этэ-хаана үөрэнэр. Аны онтон тэйдэххэ киһи организма ол дьарыктары суохтуур эбит. Онтон ССРС үтүөлээх тренерэ Д.П.Коркин курдук улуу тренер кытаанах дьарыктарыттан саҕалаан хас эмэ уонунан сылларга ССРС сборнай хамаандатыгар бэриллэр кытаанах спортивнай дьарыкка уонна режимҥэ сылдьыбыт дьон, эhиги Роман Михайловичтыын бука уолаттарга ноҕуруусканы кэччэйбэккэ биэрдэххит буолуо. Ол улахан ноҕуруускалаах дьарык туһунан уонна уолаттар ол күүстээх дьарыктар уорааннарын ханнык ньыманан, хайдах тулуйбуттарын истиэхпин баҕарабын.
— Онно сыалай уонча киһиттэн састааптаах тренерскэй бөлөх, түөрт врач, түөрт уонтан тахса бөҕөһү бэлэмнээбиппит. Ити этэриҥ курдук режим кытаанах этэ, дьарыктар да ноҕуруускалара сүрдээх үрдүк таһымҥа күүскэ бэриллибитэ. Уолаттар ол дьарык ноҕуруускаларын бэркэ уйан, күрэхтэһии саҕана ситэн-хотон кэлбиттэрэ. Врачтарбыт сүрдээх үчүгэйдик үлэлээбиттэрэ. Спортсменнар доруобуйаларын туруга кытаанах медицинскэй хонтуоруолунан хааччыллыбыта. Ол түмүгэр биир да травма тахсыбатаҕа. Биир да бөҕөс сылайан-соһуллан, эстэн хаалбатаҕа. Итинник улахан күүстээх ноҕуруусканы ылар спортсменнарга уоппуттаах спортивнай психолог-врачтар хонтуруоллара биир сүрүн, саамай эппиэтинэстээх үлэ буолбута.
— Оннук, улахан ноҕуруусканы ылар кэмҥэ психолог-врач көмөтө бөҕөстөргө наада бөҕө буоллаҕа дии.
— Холобура, дьарык кэмигэр уолаттар кумахтаах хайаны өрө сүүрэн тахсаллар уонна төттөрү түһэллэр. Ону аллараа олорон эрэ кумах хайаҕа өрө сүүрэн тахсалларыгар уонна түстэхтэринэ врачтар ЭКГ-га хастыыта да усталлар. Кинилэр отчуоттарынан ким доруобуйатын хайдах туруктааҕын, күүстээх ноҕурууска кэнниттэн бөҕөстөр доруобуйаларын туруга төһө түргэнник төттөрү чөлүгэр түһэрин билэрбит уонна тренерскэй сэбиэккэ ырытарбыт, дьүүллэһэрбит. Врачтарбыт сбор кэмигэр көмөлтө үлэһиттэргэ, ордук остолобуой асчыттарыгар спортсменнар туруктарын, күүстээх дьарыкка аһылык суолтатын, бөҕөстөр өрүү иллэҥэ суох кытаанах дьарыктарын туһунан сиһилии билсиһиннэрэллэрэ. Кинилэр иҥэмтэлээх ас суолтатын эрэ буолбакка тустууктары аһатыыга уонна сынньатыыга хайдах болҕомто уурулуохтааҕын, бөҕөстөр кыра саастарыттан күүстээх ноҕуруускаҕа сылдьалларын быһааран сөптөөх сүбэлэри биэрэллэрэ. Итинник тоҕо наада этэй? Сорох дьон улахан спорт туһунан ханнык да өйдөбүлэ суох буолаллар. Ити ханна баҕарар баар суол. Ол эрээри кинилэр күннэтэ сыралаах үлэлэрэ спортсмен доруобуйатыгар, спортивнай олоҕор, ситиһиитигэр саамай кылаабынайа. Онно биллэн турар аналлаах, уоппуттаах спортивнай психолог-врачтар эбии бэсиэдэлэрэ ол тутаах үлэһиттэргэ уонна хас биирдии спортсмеҥҥа хайаан да наадалаах, адьас бу тыынар салгыммыт курдук суолталаах. Бу үлэни Төхтүрдэр чиэстээхтик толорбуттара. Кинилэргэ мин билигин да махталым олус улахан.
— Спортивнай психолог-врачтар үлэлэрин үрдүктүк сыаналыыр саамай сөп. Тустууга, эбэтэр ханнык баҕарар спорт көрүҥэр спортсмен үрдүк таһымнаах күрэхтэһиигэ бэлэмнэнэригэр кинилэр үлэлэрэ ураты суолталаах. Оннооҕор мин спортзалтан тэйбитим ыраатта эрээри, холобур, тутан эттэххэ эдэр тустууктар ити эн кэргэҥҥин, Варвара Афанасьевна туһунан улахан ытыктабылынан, кини ийэлии-амарах сыһыанын, ылыннарыылаах муударай сүбэлэри биэрэрин тустуук уолаттар кэпсэтэллэриттэн киһи истээччи.
— Хата түгэнинэн туһанан оччолорго, отут икки сыл аннараа ортугэр Саха Сирин сборнай хамаандатыгар тустууктарын ССРС чемпионатын түһүлгэтигэр бэлэмнээһиҥҥэ спортивнай психолог-врач быһыытынан үлэлээбит дьону ааттыым. Петр Иванович Кривошапкин салалтатынан Яна Николаевна Винокурова, Константин Гаврилович Борисов уонна Варвара Афанасьевна Иванова ситиһиилээхтик үлэлээн бөҕөстөрбүт ССРС саамай улахан туһэлгэтигэр үрдүк ситиһиилэнэллэригэр төһүү күүс буолбуттара.
— Оннук ээ. Улахан күрэхтэһиигэ тренердэргэ спортивнай психолог-врачтар көмөлөро олус наада.
— Бу сборга Саха республикатын салалтатын өттүттэн улахан көмө оҥоһуллубута. Спортивнай салайааччылар улаханнык кыһаммыттара. Ас-үөл өттүнэн хааччыллыы үчүгэй этэ. Аны ол хааччыллыы тас өттүнэн Михаил Семенович улахан саталлаах салайааччы, саха норуотугар тустуу спордун суолтатын өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэрбит киhи быһыытынан көстүбүтэ. Тустууктары сибиэһэй этинэн, сүөгэйинэн, үүтүнэн дэлэччи тиһигин быспакка хааччыйбыта. Аҥардас сибиэһэй этинэн хааччыйар сыалтан, собхуос уонтан тахса ынах сүөhүтүн сиэппитэ. Ол кэмҥэ соччо дэлэйэ суоҕа эрээри, фруктатыгар тиийэ хааччыйбыта. “Бүгүн эт бүтэр”, — диэн субуоннаатым да киэһэ бэлэм сибиэһэй эмис эт, сүөһү иһэ тиэллэн кэлэрэ. Өссө бултааһыны тэрийбитэ. Мин биирдэ бултуу баран, баран уолаттарбар икки куул кустаах, андылаах, балыктаах кэлбитим. Мин оччону бултуом дуо? Олохтоох уолаттар бөҕөстөргө анаан миигин батыһыннара сылдьан бултаппыттара. Ол булду уолаттарбыт икки күнүнэн үөрэ-көтө сиэн бүтэрбиттэрэ. Ас-үөл дьарыкка саамай кылаабынай. Күүстээх ноҕурууска кэнниттэн организмы чөлүгэр түргэнник түһэриигэ биллэн туран ас хаачыстыбата ураты суолталаах.
— Оннук, былыргы баайдар кыайыылаах үлэһити хайдах аһыырынан көрөн үлэҕэ ылар үгэстээхтэрэ.
— Эн өйдүүр буолуохтааххын ГосДума быыбарын кэмигэр, 2016 сыл күһүнүгэр агитационнай үлэҕэ Аграрнай фронт аатыттан, сахалар түҥ былыргыттан төрүт аспыт олус элбэх иҥэмтэлээх веществонан баай, саха киһитин этигэр-хааныгар барсар саха ынаҕын, сылгытын этин, балыгы, бултааһыны, таба иитиитин дэлэтэр туһунан туруорсууларбын.
Аһара күүстээх ноҕуруускаҕа сылдьар спортсменнарга саха киһитин төрүт былыргыттан этэ-хаана үөрэммит төрүт олохтоох аһылыгын булан аһатар олус улахан оруоллааҕын туһунан үгүстүк бэлиэтээбитим уонна эппитим. Оччоҕуна ол-бу араас битэмиин, добавка да наадата суох. Ону Михаил Семенович Санников олус бэркэ өйдүүр эбит этэ.
— Онтон саха былыргы номохторугар кэпсэнэр бүтүн күүстээх 1600 киилэни көтөҕөр, аҥаар уонна чиэппэр куустээх дьон биһиги бу бэрт соторутааҥҥы өбүгэлэрбитигэр ааттаах кус быһый, ат бөҕө дьон үөскээһиннэрэ эмиэ ити кус, куобах этинэн, балыгынан, саха ынаҕын, сылгытын этинэн, үүт аһынан эмсэхтэнэн үөскээбиттэриттэн эбит. Ол да иһин былыргы дьон сөҕүмэр улахан тулуурдаах, күүстээх-уохтаах буолаллара үһү.
Билигин улахан политиктар бэлиэтииллэринэн киин Россияҕа тыа хаһаайыстыбатын үлэтинэн дьарыктанар сүүһүнэн дэриэбинэ биир да киһитэ суох эһиннэ, Саха сиригэр аҕыйах сылынан ынаҕы, сылгыны букубаарга эрэ көрөр кутталлаахпыт. Ити аата ханнык баҕарар норуот түҥ былыргыттан аһаабыт, этэ-хаана үөрэммит сибиэһэй аhа суох буолла да иэдэйэр. Ол көстүү биһиги олохпутугар хайы-үйэ саҕаланна, биллэрдик көстөр да буолла. Ити биир сүрүн бэлиэтинэн билигин Россия спортсменнара допинг хонтуруолу кыайан ааспат буоллулар. Оннооҕор бэйэбит оҕолорбут, сиэннэрбит армияҕа барыы хамыыһыйатын кыайан ааспат болуулара хас сыл аайы халыҥаан иһэр.
— Дьэ ити, өссө тустуу таһыма аллараа түстэ диибит. Эн этэриҥ курдук тыа сиригэр тыа хаһаайыстыбата эстэн былыр былыргыттан үгэс буолбут төрүт олохтоох аһылыкпытынан оҕолорбут аһаабат буоллулар. Сибилигин биһиги оҕо сылдьан испит сип-сибиэһэй, организмҥа туһалаах веществоларынан баай, 7 бырыһыан үрдүк сыалаах ыаммыт үүппүт оннугар, оҕолорбут, сиэннэрбит организмҥа туһалаах бактериялара өлбүт, эргэрбит бороhуок баара суоҕа 2,5 — 3,2 бырыһыан сыалаах үүтүнэн оҕону кыһыл оҕо эрдэхтэриттэн эмсэхтэнэллэр. Кыраларыттан күлүмүрдээбит суулаах, битэмиинэ суох кэлии астарынан аһаан билиҥҥи оҕо сүрдээх оккураҥ буолла. Онтон өбүгэлэрбит 7 бырыһыан сыалаах, организмҥа туһалаах веществоларынан баай саха ынаҕын үүтүнэн, этинэн аһаан ити этэриҥ курдук сөҕүмэр күүстээхтэрэ. Манныктары хас биирдии спортсмен, тренер булгуччу билиэхтээх уонна нэһилиэнньэҕэ өйдөтүү үлэтин ыытыах тустаах. Ыччаппыт доруобуйатын оччоҕо эрэ сөптөөхтүк араҥаччылыыр кыахтаахпыт.
Ол иһин биһиги, М.А. Протодьяконов, М.Н. Евсеев, Р.С.Барашков, В.Н. Черноградскай, Г.Г. Местников, Г.Г. Свинобоев, А.Т. Борисов, Е.А. Судьаай, Д.Н.Стручков, Р.Р. Егоров, В.А. Горохов о.д.а. буоламмыт Аграрнай фронт общественнай тэрилтэ тэрийбиппит. Онно миигин республика улуустарыттан киирбит тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ кыттыылаах улахан мунньахха бэрэссэдээтэлинэн талбыттара. Ол Агранай фронт тула түмсэр дьон нэһилиэктэргэ саха төрүт былыр-былыргыттан дьарыктанан кэлбит үгэс оҥостубут дьарыгын саха киһитин доруобуйатыгар, өйүгэр-санаатыгар, үгэһигэр барсар саха боруода ынах сүөһүнү, сылгыны иитиигэ, бултааһыҥҥа, балыктааһыҥҥа, табаны иитиигэ тыа хаһаайыстыбатын үлэтин күүскэ сайыннарары туруорсабыт. Инники кэскилбит – саха ыччатын доруобуйата чөл уонна бигэ туруктаах доруобай буоларын туһугар биһиги спорду пропагандалааччылар үлэлиибит. Бу боппуруос хас эмэ тыһыынчанан сыл манна олохсуйбут Саха сирин төрүт олохтоохторугар юкагирдарга, чукчаларга, эбээннэргэ, эбэҥкилэргэ, сахаларга омук быһыытынан сайдыыбытыгар саамай тутаах боппуруос. Быыбарынан талыллан бар дьоммун көмүскүөм, өйүөм андаҕайбыт Ил дархан, Правительство, Ил Түмэн манна төрүт олохтоох омуктары араҥаччылыыр инниттэн тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр эбии үп көрөн оһуобай программа оҥоруон наада.
Өссө ити кыра. Саха сирин төрүт олохтоох омуктара эргиччи өттүнэн көмүскэллээх буолууларын наадатыгар Россия, Аан Дойду таһымыгар анал статус туруорсар наада. Биһиэхэ үбү-харчыны булар балаһыанньа буолунай. СР Конституциятын 9 ыстатыйатыгар олоҕуран сирбит баайын бэйэбит бас билэбит. Россияны кытта Федеративнай Дуогабар түһэрсэн да туран сир баайыттан республикаҕа өлүү ылар наада.
— Сөпкө этэҕин. Сахалар төрүт омук быһыытынан Россия, Аан Дойду таһымыгар статустаах буоллахпытына ол-бу араас улахан да, кыра да кыһалҕаларбытын туруорсууга быдан кыаҕыра түһүө этибит. Холобура, Саха Республикатын норуотун хаhаайыстыбатын үтүөлээх үлэhитэ Р.С. Барашков да туруорсар экономическай этиилэрин ылынан үлэлээтэрбит тыа сирэ сааскы мутукча тылларыныы чэлгийиэ, сайда түһүө этэ. Онтон промышленность дохуотуттан хайаан да тиксэр өлүү тыа сиригэр баар буолуохтаах.
— Ити курдук, Төхтүр олохтоохторо биһиги туспутугар хас күн аайы сүрдээҕин кыһаммыттара. Семен Гаврильевич Петров, Петр Дмитриевич Неустроев курдук тустуук тренердэр, олус мындыр дьон, о.д.а. сборга кыһаллан туран үлэлээбиттэрэ. Михаил Семенович бөҕөстөргө анаан бэртээхэй культурнай тэрээһиннэри оҥороро. Майаттан култуура үлэһиттэрин аҕалан кэнсиэр тэрийбитэ. Төхтүргэ Анастасия Варламовалаах бэртээхэй култуурунай биэчэрдэри ыыппыттара. Аны сопхуоска көмө үлэ-хамнас эмиэ умнуллубатаҕа. Михаил Семеновичтыын сүбэлэһэрбитигэр киниэхэ сынньалаҥнарбыт графиктарын этэр этим. Киһим ол кэмнэргэ звоннаатым да тута, туох эрэ тургэн кэмнэ ыытыллар үлэнэн хааччыйа охсоро. Дьэ, хайдаҕын да иһин эппит тылыгар туругас, түргэн дьаһаллаах үтүөкэннээх салайааччы. Оччолорго хайы-үйэ кириисис саҕаламмыт кэмэ этэ. Ас-үөл татыма. Эт, арыы киилэнэн нуормаланан атыыланара. Михаил Семенович ол кириисиһи биһиэхэ ханан да биллэрбэтэҕэ. Аны хонтуруолунай хапсыһыылары (схваткалары) оҥорор графикпытын биэрэрбит. Ол күннэргэ Төхтүр уонна атын чугастаҕы нэhилиэктэр олохтоохторо тустууну көрөөрү олус көхтөөхтүк, элбэх буолан мусталлара. Тустуу кэнниттэн уолаттарбытын кытары кэпсэтэллэрэ, бэсиэдэлэһэллэрэ. Сороҕор онно кинилэр араас сыыһаны-халтыны таба көрөн сөпкө этэн биэрэллэрэ. Мындыр, тустууну үчүгэйдик билэр дьон кэлэн көрөллөрө. Биһиги кинилэр баҕа санааларын тута таба туһанан иһэрбит. Ити барыта спортсменнар эппиэтинэстэрин, дьарыктар уопсай таһымнарын үрдэтиигэ бэртээхэй стимул биэрбитэ.
— Оннук буолбакка кыайыы туһугар аһара ыарахан ноҕуруусканы ыла сырыттахха дьон-сэргэ кыра да сэҥээриитэ киһини кынаттыыр буоллаҕа. Онон Төхтүрдэр тустуу спордун таптыыр, дьиҥнээх саха ыалдьааччылара буолалларын, дьэ кырдьык, эһиэхэ дьыаланан дакаастаабыттар.
— Михаил Семенович биһиэхэ үөhээ ааттаабыттарбыттан ураты өссө да элбэҕи көмөлөспүтэ уонна оҥорбута. Ону барытын сборга сылдьыбыт уолаттар билиҥҥээҥҥэ диэри хас биирдии түгэни сүрдээх истиҥник, иһирэхтик, олус үчүгэйдик ахталлар, кэпсэтэллэр. Михаил Семеновиһы хаһан баҕарар, күүскэ тоһоҕолоон бэлиэтиир наада. Тоҕо диэтэххэ оччолорго, кини курдук көҥүл тустууну өйүүр хаһаайыстыба салайааччылара бааллара. Кинилэргэ да махтал бэлиэтигэр, хайаан да бу ССРС чемпионатыгар бэлэмнэнэр сбору сопхуоска тэрийбит, улахан билиитин, дьоҕурун, ахсаабат кыһамньытын көрдөрбүт киһи ахтыллыахтаах. Саамай кылаабынайа Михаил Семенович тустууга итинник иһирэх, бэриниилээх сыһыана билиҥҥи салайааччыларга улахан холобур буолуохтаах. Тустууну соҕотох тренер эрэ оҥорбот. Тустууну бүтүн норуот көҥүл тустууга таптала, ити Михаил Семенович курдук норуот бастыҥ дьонун кыһамньыта биһигини Олимпийскай Чыпчаалга тахсарбытын хааччыйбыта.
— Норуот күүһэ көмүөл күүһэ диэн, сахалар итинниги этэн эрдэхтэрэ.
— Манна тренэрдэр үлэлэрин хайаан да ахтар наада. Тустуук уолаттар тус бэйэлэрин тренердэрин барыларын илдьэ тахсыбытым. Кинилэр бука бары олус түмсүүлээхтик, айымньылаахтык үлэлээбиттэрэ. Ол түмүгэр спортсменнар өттүлэриттэн «сылайдым», «ыарыйдым», «быһынным» диир биир да тыл иһиллибэтэҕэ. Аны тренэрдэрбит бары биллилээх спорт маастардара этэ. Хас нэдиэлэ аайы мустан тустууктар дьарыктарыгар туох итэҕэс-быһаҕас баарыгар кэпсэтэр, сүбэлэһэр этибит. Онно тренэрдэр бөҕөстөр санааларын көтөҕөн урукку бэйэлэрин тустууларын ырытан кэпсииллэрэ. Аны ССРС сборнай хамаандатын чилиэннэрэ Саха Сирин сборнай хамаандатын кытта көрсүһүүлэрин Төхтүргэ олус үчүгэйдик ыыппыппыт. Дойду уонна республика сборнай хамаандаларын тустууктарын кытта буолбут истиҥ кэпсэтиини, үөрүүнү-көтүүнү онно сылдьыбыт дьон хаhан да умнуохтара суоҕа дии саныыбын.
Төхтүр — улахан бөhүөлэк. Дьарыктанар сирбит уонна олорор дьиэлэрбит аллараа Төхтүргэ тураллара. Онтон аhыыр сирбит үөhээ Төхтүргэ сопхуос уонна оскуола остолобуойдарыгар этэ. Олорор сирбит уонна аһыыр сирбит икки ардылара бэйэтэ биир километр кэриҥэ тэйиччи. Спортсменнар дьарык кэнниттэн остолобуойга араас кэмҥэ кэлэллэрэ. Улахан ноҕуруусканы ыла сылдьар тустууктар дьарык тас өттүгэр налыччы, холкутук сылдьалларын тэрийэр ордук. Онно остолобуой үлэһиттэрэ наһаа тулуурдаахтык сыһыаннаһан анаан-минээн кэтэһэн олорон кыһамньылаахтык, итии сибиэһэй аһылыганан тус бэйэлэрин оҕолоругар курдук кыһаллан-мүһэллэн, дьиэтээҕи түбүктэрин умнан туран, бэлэмнэнии сбор эппиэтинэһин өйдөөн кыһаналлара спортсменнар сүргэлэрин улаханнык көтөхпүтэ. Ол иһин остолобуой үлэһиттэригэр улахан махталы өссө төгүл күн-дьыл ааспытын да үрдүнэн тиэрдэр наада. Уопсайынан, Төхтүр олохтоохторо биһиэхэ наһаа истиҥник, кыһамньылаахтык сыһыаннаспыттара. Мин сбору салайбыт эппиэтинэстээх киһи быһыытынан онно үлэлээбит тренердэргэ, Төхтүр олохтоохторугар күн бүгүнүгэр диэри мэлдьи махтанабын, куруук саныыбын.
— Александр Николаевич, өссө атын туох ураты түгэн баарай?
— Күүстээх дьарыкка сылдьар спортсмены бириэмэтигэр сөптүк өйдүүр наада. Сборбыт кус, анды бултанар кэмигэр түбэспитэ. Роман Цыпандин уонна Егор Борисов улахан сааһыт, булчут дьон буоланнар икки күнү бултаары көҥүллэппиттэрэ. Мин кинилэр санааларын ыспат туһугар көҥүллээбитим. Дьонум икки күн баран кустаан тыыннарын таһааран кэллилэр. Олох сип-сибиэһэй, эрчим бөҕө буолан, сэргэхсийэн кэлбиттэрэ. Көбүөргэ үлэлииллэрэ быдан күүһүрбүтэ. Саныыр санаа туоллаҕына итинник буолааччы. Бу сборга Төхтүрдэр көмөлөрүнэн ССРС чемпионатыгар кыттар бөҕөстөрбүтүгэр олус күүстээх ноҕуруусканы биэрбиппит. Ол түмүгэр ситиһии кэлбитэ. Василий Гоголев чемпионнаабыта, Роман Цыпандин, Владимир Яковлев иккис, өссө Киевтан сылдьар Артур Константинов үһүс буолан уопсайа сахалар түөрт уолбут мэтээл ылбыттара. Алта-сэттэ уол төрдүс, бэһис, алтыс миэстэлэри ылан ССРС сборнай хамаандатын састаабыгар киирбиттэрэ. Бу Саха Сиригэр ыытыллыбыт күрэхтэһиилэргэ хаһан да буолбатах улахан ситиһии этэ. Чемпионат кэнниттэн сылларга Михаил Семеновиhы кытта хаhан да сибээспитин быспатахпыт. Роман Михайловичтыын киниэхэ тиийэн, Төхтүргэ улахан спортивнай база туттаран Саха Сирин тустууктарын сайынын эрчийэр киини оҥорорго кэпсэтэ сылдьыбыппыт. Ол кэпсэтии Михаил Семенович атын үлэҕэ барбытынан салгыы сайдыбатаҕа. Ити идея Сэбиэскэй Сойуус үрэллиэр диэри өйгө-санааҕа сылдьыбыта эрээри, дойдубут эстиитигэр үөскээбит экономическай кириисиһи кытта тэҥҥэ букатыннаахтык тохтообута.
— Оо, дьэ кырдьык ол судаарыстыба систиэмэтэ уларыйар, кириисис саҕаланар сылларын саҕана араас элбэх санаа, үтүөкэн идея олоххо киирбэккэ хааллаҕа. Аны күрэхтэһиибит чааһыгар киириэххэ.
— Чемпионат олус үрдүк таһымҥа ыытыллыбыта. Стадиоммутугар 20-чэ тыһыынча киһи батар быһыылааҕа. Онно толору мустубут ыалдьааччылар тустууну таптыылларын, билэллэрин кэлбит ыалдьыттар бука бары сөҕөн сөхпүттэрэ. үрдүк күүрүүлээх улахан күрэхтэһии буолбута. Тустууга араас балыйсыы урут да, кэлин да баара эрээри бу чемпионакка ыалдьааччылар күүрээннэрэ, тустууну билэллэрэ бэрт буолан биир да мөккүөрү таһааттарбатаҕа. Тустуулар наһаа ыраастык барбыттара. Ол курдук ыалдьааччылар хара бастакыттан ыраас, чиэһинэй тустуу барыахтааҕын биллэрбиттэрэ. Инньэ гынан судейство да, спортсменнар да өттүлэриттэн сыыһа-халты туттуу тахсыбатаҕа. Аны тустуу бүппүтүн кэннэ ким да көрдөспөтөҕүн, программаҕа суоҕун үрдүнэн биир ытык кырдьаҕас өрө күүрүүлээх этиитин ылынан, ыалдьааччылар трибуналарга ойон туран хоннохторун анныттан ылсан өрө көтөҕүллэн туран оһуохайдаабыттара. Онно олохтоох да, кэлии да спортсменнар, тустууну тэрийээччилэр бука бары холбоһо түспүттэрэ. Ол оhуохай өрө күүрүүлээх ССРС көҥул тустууга чемпионатын суолтатын өрө көтөҕөр умнуллубат түгэнинэн буолан тахсыбыта. 1985 сыллаах ССРС чемпионата сахалар түмсүүлээх буолар кыахтаахпытын тустууну таптааччылар өссө төгүл дакаастаабыттара. Сахалар да түмсэр, сомоҕолоһор кыахтаахпытын көрдөрбүппүт. Мин бу чемпионат ыытыллыытын тэрээhинигэр тус бэйэм кыттыыны ылбыппынан киэн туттабын.
— Оннук ээ. ССРС государственнай былааhын систиэмэтэ норуоту түмэр, сомоҕолуур үлэни табатык ыытан, ыччаты иитиигэ спорт күүһүн бэркэ туһанан туһаммыта.
— Тустуу норуоту түмэр күүһүн Сэбиэскэй сойуус Геройа Федор Кузьмич Попов аатынан сопхуос олохтоохторо сомоҕолоһон, бииргэ үлэлээн ити улахан историческай суолталаах спортивнай ситиһии баар буолбута. Ол сахалар тустуу спордун өрө тутан сомоҕолоһор, түмсэр кыахтаахпытын өссө төгүл дакаастыыр.
— Сөпкө этэҕин.
— Айылҕабыт даҕаны кэлбит ыалдьыттарга сахалар хайдах курдук экстремальнай усулуобуйаҕа олорорбутун соруйан анаабыт курдук көрдөрбүтэ. Бастакы күн хаар түспүтэ. Иккис күн сүрдээх күүстээх, дохсун ардах түспүтэ. Үһүс күн халлааммыт ону олоччу мэлдьэһэн отут кыраадыстаах итии куйааһынан ыкпыта. Атын сиртэн кэлбит спортсменнар, тренэрдэр олус сөхпүттэрэ. Бастакы күн хаар түһэ турдаҕына сөмүлүөтү сылытар пушкалары аҕалан көбүөрү үрдэрбиттэрэ. Тустан тахсыбыт дьону суорҕанынан бүрүйэллэрэ. Дьиҥэр тустан тахсыбыт киһи сөрүүн сири көрдүүр буоллаҕа. Онтон кинилэр сылаас буоллун диэн суорҕаны бүрүнэ сылдьыбыттара.
Иккис күммүтүгэр олус күүстээх ардах киэҥ балааhыны хабан түспүтэ. Сир быллырҕаччы кэһиллэр уу буола түспүтэ.
Чемпионат үһүс күнэ эппитим курдук итии да итии этэ. Ол эрээри халлаан араастаан уларыйыыларыттан көрөөччү ахсаана аччаабатаҕа. Ыалдьыттарбыт көрөөччүлэрбит тулуурдарын, тустууга бэриниилэрин сөҕүү бөҕөтүн сөхпүттэрэ. Стадиоҥҥа айылҕа ханнык да кыһалҕанан кыһарыйдаҕына тэрийээччилэрбит түргэнник, олус үөрүйэхтик тута усулуобуйаны быһааран испиттэрэ. Онтон ыалдьыттарбыт астыныы бөҕөтүн астыммыттара.
— Саха сиригэр сылдьыбыт ыалдьыттар сахалар ыалдьытымсахпытын, доҕорго бэриниилээхпитин атын да сиргэ сырыттахха куруук бэлиэтээччилэр, үөрэ-көтө көрсөөччүлэр.
— Оннук ээ. Республика бука барыта сүһүөҕэр турбута. Аны Киевкэ үөрэнэ сылдьар уолбут Артур Константинов 63 киилэҕэ үһүс миэстэни ылан барыбытын үөрдүбүтэ. Олус кыраһыабай тустуулар буолбуттара. Күрэхтэhии саҕаланыаҕыттан ыалдьааччылар кыраһыабай бырахсыылары уруйдаан трибунаны субу-субу түллэннэтэллэрэ. Финалга олус тыҥааhыннаах хаһан да умнуллубат тустуулар буолбуттара. Холобура, Сергей Белоглазов уонна Виктор Алексеев хапсыһыылара тустуу үрдүк чыпчаалын көрдөрбүтэ. Итинник уһулуччу сөҕүмэр хапсыhыылаах тустуу ССРС бу чемпионатыгар элбэх этэ. Хас биирдии тустуу туттуллар албаһа элбэҕинэн уонна уустук комбинацияларынан ураты чемпионат буолан ааспыта. Чемпионат таhымыттан ыалдьыттарбыт да, көрөөччүлэр даҕаны сүрдээҕин астыммыттара.
— Оннук бөҕө. Оччолорго тустуу быраабылата бэйэтэ да сытыы, түргэн тустууну ирдиирэ.
— ССРС чемпионатын кэнниттэн наһаа үчүгэйдик форматыгар киирбит Роман Цыпандины ССРС аан дойду чемпионатыгар тахсарга бэлэмнэнэр сборугар ыҥырбыттара. Онно Арамаан тоҕо эрэ барбакка хаалбыта. Спортивнай олох наһаа кылгас уонна бэрт кыра сыысхалтан олус наадалаах үтүө түгэн мүччү түhэрэ баар буолаччы. Дьиҥэр Арамаан онно барбыта буоллар тыас таһаарыан сөп этэ. Ол курдук үчүгэй формаҕа, турукка сылдьара.
— Дьэ, оннук ээ. Ону эдэргэ, дохсун санааҕа балыйтаран киһи өйдөөбөккө хаалара элбэх. Бириэмэтэ түгэнэ ааста да, ытаан да, ыллаан да ону төнүннэрбэккин.
— Итинник кыһыылаах, буолбакка хаалбыт түгэн саха тустууктарыгар баар суол. Василий Гоголев ити сылларга күөгэйэр күнүгэр наһаа табыллан сылдьара. Эмиэ хаарыан бөҕөс баата табыллан арыллыбакка ситэ тахсыбакка хаалла. Кини дьиҥинэн аан дойду таһымыгар үчүгэйдик тустубут киһи, ол эрээри өссө улахан ситиһиилэр баар буолуохтарын сөбө. Атын да уолаттар бу сбортан сүрдээҕин эбиллибиттэрэ, сайдыбыттара. Чахчы улахан туһалаах сбор уонна бэртээхэй чемпионат буолан турар.
— Дьэ, кырдьык хаhан да умнуллубат, улахан суолталаах күрэхтэhии буолан турар. Саха сирин спортивнай историятыгар ССРС чемпионата Дьокуускайга ыытыллыыта соҕотох түгэн. Итинник түгэн аны хаhан да буолбат. Билигин 18 тэҥ күүстээх хамаанданы туруорар ССРС аны суох. Бэртээхэй да чемпионат Сахабыт Сиригэр буолан ааспыта. Дьон-сэргэ да аатырбыт, сураҕырбыт планета бастыҥ тустууктарын хапсыһыыларын көрөн чахчы да астыммыта.
Ытыктабыллаах Александр Николаевич, эн ССРС чемпионатыгар Саха АССР сборнай хамаандатын бэлэмнээһиҥҥэ старшай тренэр быһыытынан сылдьыбыт киһи чуолкай ырытыылардаах, истиҥ кэпсээниҥ иһин улахан махтал!
Улуу Пехлеван — Александр Иванов үрдүк спортивнай ситиһиилэрэ уонна кини тэрийэр дьоҕура Саха Республикатын общественнай уонна политическай олоҕор куруук ыҥырар СУЛУС буолуохтун!