— Дмитрий Петрович Коркин бэйэтэ уһулуччу киһи. Кини оҕо сорудаҕы бэйэтэ толороругар сүрдээҕин эрэнэрэ. Дмитрий Петрович киһи кутун-сүрүн сүрдээҕин баттыыра. Ол эрээри кини таһыгар, улахан дурдалаах-хаххалаах курдук сананара. Өрүү эрэллээх, кырдьыктаах сүбэлэри биэрэрэ. Эбэтэр бүтэйдии сөбүлээбэтэҕин биллэрдэҕинэ тугу эрэ сыыстардым диэн бэйэҕэр бэйэҥ сыыһалары көрдүүгүн. Кини сөбүлээбэтэҕинэ биир иэдээн. Ханна эрэ күрэхтэһиигэ илдьэ барыа суоҕа. Атын сирдэргэ күрэхтэһэ барыыттан матыы эбэтэр тугунан эрэ накаастыаҕа диэн куттал үөскүүр. Кини эттэ — ол сокуон. Ол хайаан да туолуохтаах. Бэйэ-бэйэҕэ убаастаһыы, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүү хайаан да баар буолуохтааҕа. Дьиҥэр араас быччаҕардар баар буоллахпыт. Ол дьон дьэ бары сааһыланан биир интэриэстээх, биир санаалаах, түмсүүлээх буоларбыт.
Александр Николаевич Иванов саамай үчүгэй хаачыстыбата куттанар, толлор диэни билбэт этэ. Санаатын туруору утары көрөн туран этэрэ. Хорсун санаалаах буолара. Ол эрээри саамай эрэллээх доҕор-атас кини буолара.
Кини аата-суола бу саха норуотугар улаханнык биллэр. Билигин П.П.Пинигинтэн,Р.М.Дмитриевтан туох да итэҕэһэ суох тэбис тэҥҥэ норуокка ытыктанар, сөбүлэтэр киһи. Биһиги оҕо сааспытыттан бэйэ-бэйэбитин күн бүгүнүгэр диэри ытыктаһабыт.
Оскуолаҕа дьиҥэр атын сиртэн кэлбит уолу биһиги туора да тутуохпутун сөбө. Ол эрээри биһиги бука бары тустууну наһаа сөбүлүүр, ытыктыыр буолан туста кэлбит киһини тута бэйэбит кэккэбитигэр ылан тэбис тэҥ балаһыанньаҕа бииргэ сылдьыбыппыт. Бары биир суолга киирэн эрчиллэн, үөрэнэн испиппит.
Аны Дмитрий Петрович аата сүдүтэ, улахана биһигини күүскэ ситимниирэ. Күрэхтэһииттэн матымаары бэрээдэги тутуһар, уруоктары, дьарыгы көтүппэт кыһамньылаах, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэр буоларбыт. Тугу эрэ хас биирдиибит көрдөрөр туһугар кыһалларбыт. Кини биһигини онтон-мантан туора хаамартан, онно-манна киирэн биэрэртэн быыһыыр ньымалардаах эбит. Онтон биирэ маннык.
Холобура, Өктөөп бырааһынньыга ньиргийэн-ньаргыйан кэлэр. Ол кэмҥэ кини оҕолорго анаан-минээн өрөбүл күннэргэ күүстээх дьарыктары биэрэрэ. Онно-манна барыа диэбит уолаттарын анаан-минээн ыҥыран ылан күүскэ дьарыктыыра. Тренер быһыытынан бэйэтин иитэр уолаттарын аралдьытар, тустууга эрэ анаан-минээн хайысхалыыр ньымалардааҕа.
Оччолорго да араас күүлэй, таҥцы үҥкүү-битии, арыгы иһиитэ эҥин сахаларга саҥа үөдүйэн эрэрэ. Арыгы туһунан сахалар иһиилэригэр эттэхпинэ саха арыгыны урут испэт этэ. Ити доруоһалаах килиэп арыгы иһиитин дэлэттэ. Доруоһа арыгыга алгоголь потребноһын үөскэппитэ. Саха лэппиэскэлээх арыыны мэтийэр кэмигэр да арыгы баара эрээри саха испэт этэ.
— 1972 сыллааҕы Алексендр Николаевич Мюнхеннааҕы Олимпиадаҕа кыттар кыахтаах этэ дуо?
— Буолан бүтэн хаалбыты чэпчэки баҕайытык ыйытар да, этэр да олоҕо суох. Өскөтүн Саша Арамааны кытары ССРС-ка баһылыыр-көһүлүүр оруолу толорор Приобреженскайы кытары сылдьыбыта буоллар 1976 сыллаахха Монреаллааҕы Олимпиадаҕа японец Такедаҕа хотторор балаһыанньалаах тиийиэ суох этэ. Кинини наһаа элбэх ыйааһын түһэттэрэн уонна ситэ бэлэмнээбэккэ итинник тустуу Олимпиадаҕа буолбута. Ол эрээри биһиги бука бары Арамааны 1972 сыллаахха Олимпийскай чемпион буолбутугар: “Онтон Джавади!?”, — дэспиппит. Оччолорго Джавади олох кими да Аан дойдуга өрө көрдөрбөт улуу тустуук. Аны Арамааммыт иккитэ хаста Джавадига хотторо сылдьар кэмэ этэ. Онон Олимпиадаҕа чемпион Джавади дьоппуон уола уонна Арамаан үс иһигэр киириэхтэрэ, диэн суоттуурбут. Джавадины курдат ааһар кимиэхэ да кыаллыбат суол курдук саныырбыт. Дмитрий Петрович даҕаны оннук саныыра. Ол кини санаата биһиэхэ эмиэ бэриллэрэ.
Өскөтүн Саша Арамааны кытары бииргэ Приображенскайга хара бастакыттан бииргэ сылдьыбыта буоллар буолунай элбэҕи ситиһиэ этэ. Саша улахан ситиһиилэри ыларыгар Аан дойду, Европа чемпионаттара атын да улахан күрэхтэһиилэр элбэхтэрэ. Оччорго Саша наһаа элбэх ситиһиилэрдээх буолуо этэ. 1972 сыллаахха Саша ыйааһыныгар Алихвардиев барбыта. Дьиҥэр Алихвердиевы Бүөккэ Былатыанап да кыайара, Саша да тулуппат этэ. Ол эрээри Бүөккэ манна Саха сиригэр баара. Саша Казахстаҥҥа иккиэн икки аҥы сир уһугар буолан хаалаллар. Ол иһин Шахмурадов чугастыы Алихвардиевы Олимпиадаҕа илдьэ баран хаалбыта. Итиннэ оннук эбитэ буоллар диэтэххэ Саша эрэ буолуо дуо? Сахаачча өлөн хаалбатаҕа буоллар Мюнхеннааҕы Олимпиадаҕа тиийэн барыларын тутаттаан кэбиһэр кыахтааҕа. Дмитрий Петрович итинник бөлөҕүнэн элбэх киһини Олимпиада таһымыгар бэлэмнээбит эбит. Оччолорго саха тустууктарыгар хааччах наһаа элбэҕэ. Кэлин Иван Ярыгин кэлбитин кэннэ саха тустууктарыгар көҥүл салгын илгийбитэ.
Аны Дмитрий Петрович уолаттара бука бары олус сэмэйдэрэ. Ити Сашаны да ылан көр. Байбалы да көр. Холобура, Арамаан курдук арай мин ситиһиилэрдээх буолуум. Тугу, тугу туойан турарым биллибэт ээ… (күлэр). Кинилэр бары сүрдээх көрсүө баҕайылар. Байбалы да ылан көр. Сааһырдаҕын аайы өссө тупсан, чиҥээн, киэҥ-куоҥ буолан иһэр. Дьоҥҥо наһаа көмөлөһөр, үтүө санаалаах. Онтон Саша киһи да, тустуук да, үлэһит да быһыытынан хаачыстыбата, култуурата наһаа үрдүк. Дьоҥҥо наһаа элбэхтик көмөлөһөр. Кинини дьон-норуот наһаа улаханнык сөбүлүүр, убаастыыр. Эмиэ да ити эн ыйыппытыҥ курдук Саша Приображенскайга сылдьыбыта буоллар кини тустууга дьылҕата олох атын хартыына буолуохтааҕа.
Уопсайынан Коркин уолаттарын урут туста да сырыттахпытана дьон-норуот наһаа убаастыыра, билинэрэ. Билигин да убаастыыллар. Мин травма ылан салгыы кыайан тустубакка Коркин сүбэтинэн наһаа эрдэ тренердии көспүт буруйдаахпын. Ол эрээри дьонум сэргэм билиҥҥээҥҥэ диэри миигин убаастыыр ылынар. Эдэр да тустууктар убайбыт диэн улаатыннаран кэпсэтэллэриттэн наһаа астынабын, үөрэбин.
Бу кэлин тустуу улахан түһүлгэлэргэ ситиһиилэрэ аҕырымныы сырытта. Урут ыалдьааччылар даҕаны наһаа грамотнай тустууну үчүгэйдик билэр, ырытар этилэр. Билигин тустууну оннук билэр сэҥээрээччи да аҕыйах. Сахалар телевизор наһаа сайдан, атыҥҥа даҕаны аралдьыйара элбэх.
40-тан тахса сыл буолла Олимпийскай мэтээлгэ тиксибэтэхпит. Тустууга ситиһии суох диэн батсаапка арааска үөхсэллэр. Арааһы суруйаллар. Дьиҥэр тустууга наһаа элбэхтик хотторон, хотторуулары үөрэтэн, ырытан, чочуллан киһи улахан ситиһиилэргэ тиийэрин өйдүөххэ наада. Харчы, харчы диигит. Харчы туһалыыра олох кыра. Дьиҥэр күүскэ үлэлиэххэ. Элбэхтик ырытыахха сыыһаны-халтыны үчүгэйдик үөрэтиэххэ, чинчийиэххэ наада. Ити Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов курдук дьиҥнээхтик тугу да быраҕан туран дьонум-сэргэм туһугар диэн дьулуурдаахтык үлэлээн-хамсаан, сүүс көлөһүнү тоҕон, араас кыһалҕалары, ыарахаттары, эрэйи туораан, тугу да быраҕан туран, эт-хаан алдьаныытын тулуйан, өйү-санааны түмэн тугу да кэрэйбэккэ үлэлээн үрдүкү ситиһиилэри ылалларын өйдүөххэ, сыаналыахха наада.
Аны пааматынньык туһунан. Пааматынньык бу үс улуу кыайыыны ситиспит киһиэхэ уонна тренердэригэр Д.П.Коркиҥҥа бүтүннүүтүгэр комплексно ананыахтаах. Бу олорор «Триумфпыт» иннигэр турар пааматынньык бу дьиэҕэ сылдьыбыт дьоҥҥо аналлаах. Ол курдук Чурапчылар этэллэр: биһиги Павел Пинигиннээхпит пааматынньык биһиэхэ туруохтаах. Эдьигээннэр: суох биһиги Арамаан Дмитриевтаахпыт онон биһиэхэ туруохтаах дииллэр. Сунтаардар этэллэр: Александр Иванов биһиги киһибит, пааматынньык биһиэхэ туруохтаах дииллэр. Дьэ, Сунтаардар уолларын чахчы ытыктыыр убаастыыр буоллахтарына туруордуннар. Ону ким да мэһэйдэспэт. Чурапчыга, Эдьигээҥҥэ эмиэ. Ол эрээри итинник дьиҥнээх комплекснай улахан ис хоһоонноох пааматынньык тустуу дьиҥнээхтик тахсыбыт уйатыгар Чурапчыга интернат-оскуолаҕа тутуллуохтаах. Бу улуу Саха сирин аан дойду Олимпиада эйгэтигэр таһаарбыт ситиһиилэр мантан иитиллэн тахсыбыттара. Оччоҕо ону дьиҥнээхтик билинэр буоллахха Д.П. Коркиҥҥа, Р.М.Дмитриевка, П.П.Пинигиҥҥэ, А.Н. Ивановка аналлаах пааматынньык аан бастаан манна, кыайыы уһаарыллан тахсыбыт миэстэтигэр баар буолуохтаах. Роман Михайловичпыт өлөн хаалла. Киниэхэ аналлаах пааматынньыгы Дьокуускайга туруордубут ити сөп. Онтон П.П.Пинигиҥҥэ, А.Н.Ивановка хайыыбыт? Ол, өлөллөрүн кэтэһэбит дуо?.. Суох, аан бастаан пааматынньык эдэр ыччакка иитэр-үөрэтэр суолтатын өйдөнүллүөхтээх. Д.П.Коркин салалталаах К.С. Постников, А.С. Шадрин өйдөрө санаалара холбоспут сирэ, интернат-оскуола хас биирдии үлэһитэ тустуунан тыынан олорбут тустуу уйата, дурдата, хаххата бу Чурапчы интернат-оскуолата буолар. Бу оскуола иитэр-үөрэтэр ньымаларын кинилэр хайдах туһаммыттарын манна эрэ үөрэтэр, билэр кыахтаахпыт.
Холобура, Александр Николаевич “Мин Чурапчыбын” диэтэҕинэ мин туох да диир кыаҕым суох. Тоҕо диэтэххэ кини кэргэнэ Чурапчы. Аймахтара хааннара, доҕотторо олоччу Чурапчыга баарбыт. Биһиги кинини бука бары убаастыыбыт, таптыыбыт, билинэбит. Ону ким да туох да диир кыаҕа суох. Кини биһиги күтүөппүт. Онтон эр киһи, күтүөт толорор иэһэ тугуй? Кини кэргэнин аймахтарын билинэр, көрөр-истэр, араҥаччылыыр эбээһинэстээх. Биһиги Сашаны ону толору толорор киһинэн сыаналыыбыт. Син биир оннук холобура П.П.Пинигин кэргэнэ киргизка. Кини кэргэнин аймахтарын толору көрөр истэр араҥаччылыыр эр киһи быһыытынан эбээһинэһэ. Буолан баран бу дьиэ кэргэн икки омугу аҕыйах ахсааннаах саха омугун уонна улахан элбэх ахсааннаах улуу Киргизияны кытары ситимниир сүдү оруоллаах. Биһиги ону өрө тутарбыт, туһанарбыт оннугар батсаабынан арааһынан бэйэбит тылбыт ууһа тиийэринэн уолбутун үөҕэн тахсабыт. Мин маны наһаа абааһы көрөбүн. Бу биһиги наһаа намыһах култууралаахпытын, билиибит көрүүбүт татымын көрдөрөр. Байбал олох дьиҥнээх эр киһи. Кэргэнин таптыыр, кини аймахтарын өрө тутар, көмүскүүр. Дурда-хахха буолар. Бу хайҕаныах эрэ тустаах. Кини бэйэтин норуотун эмиэ олус күүскэ өрө тутар. Көр эрэ ити оннооҕор туста киирэригэр немеһи кытары кыайыы бырааһынньыгын күн тустарыгар: Мин хайаан да кыайыахтаахпын, мин аҕам эһигини сэрии кэмигэр кыайбыта, мин эмиэ эһиэхэ бэриниэ суохтаахпын диэн ити номох буолбут улахан түөртүү тииһин тоҕо астара, астара кытаанах хапсыһыыны оҥорон кыайан саха норуотугар бэлэхтээбитин бары билэбит. Кини сахатын аатын хаһан баҕарар, ханна баҕарар үрдүктүк киэн туттар олох улахан улуу киһи. Дьэ ону биһиги тотон-өлөн баар суох улуу киһибитин араастаан үөҕүү, элэк оҥосто олоробут. Ити Д.П.Коркин, Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов, Василий Гоголев ааттара саха баарын тухары планетаҕа сахаттан бастыҥ ситиһиилэри көрдөрбүт дьон быһыытынан ааттара ааттана туруоҕа. Өссө ол президеннэрбит ааттара кэм кэрдии аастаҕына сорохторо ааттара олох да умнуллуоҕа. Онтон бу уолаттар ааттара саха баарын тухары саханы үрдүккэ, кэрэҕэ, кыайыыга угуйар сулус буолан ааттара ааттана туруоҕа. Итинник мин баарынан судургу этэрим да иһин арааһа кылгас соннонобун быһыылаах эрээри этэрбин итинник этэ туруом.