Бэҕэһээ куораттан дэриэбинэбэр көһөн кэлэн, » Эһэбин аһатан», тиэргэним иһигэр ону маны гынан тэспэҥнии сырыттахпына сабыс-саҥа Уазик утары дьиэҕэ кэлэн туормастаан кыычыгыратта… Ыала. Былыр куоратынан, хотунан-соҕуруунан сырыыны сылдьыбыт, уол оҕо одьунааһа кэнники уларыта тутуу саҕана улаханнык тойоргуу сылдьыбыт, сааһырбыт киһи. Дмитрий Николаевич биһиги икки күн сиирэ-халты көрсүбэккэ сырыттыбыт. Үһүс күнүгэр оҕонньорум тиэргэнин иһиттэн ыҥыран далбаатыы турар эбит. Тиийдим. Киһим уруккуттан билсэр дьон быһыытынан илиитин ууммутунан кэллэ. Ону-маны ылахтаһан син дьиэ таһынааҕыны ырытыһан күммүтүн билбэккэ хааллыбыт. Миитэрэй: «Чэ, эрэ чэйдиэххэ», — диэт биир москуобускайы остуолга таһааран «кылбас» гыннаран кэбистэ. Мин эрдэ кэлбит киһи быһыытынан дьиэбиттэн тахсан туустаах балык, искэх эҥин киллэрбиппэр оҕонньорум сирэйэ сырдыы түстэ.
— Көр эрэ, дойдум аһа, — диэт аһаан кумалаабытынан бардыбыт. Тииһинэн уҥуоҕу тоһута ыстыырыттан иһиттэххэ, бэйэлээх бэйэтин тииһинэн аһаан хачыгыратар. Ол олорон дьиэтин иһин сирийэн көрбүтүм туттар тэрилэ, таҥаһа маннааҕы дэриэбинэ ыалыттан чыҥха атын Миитэрэй көһүннэ. Дьэ ол олорон «Санаата чэпчээбиттии» Дмитрий Николаевич: » Уларыта тутуу» кэлбитин кэннэ олоҕо тупсубутун астына дуоһуйа кэпсээтэ. Итирик Миитэрэй киһиргиир: «Дьэ, бу эн миигин кытта тэҥҥэ асаһа олороруҥ, — диэн, миигин кытта биир тэлгэһэҕэ улааппыккынан эрэ», — диэн дьайаана суох халлааны хабарҕатынан киһиргээн ньаамырҕыыр. — Мин хата дьолго Ил Түмэҥҥэ депутатынан талылламмын бу эн курдук далай акаарылары албыннаан куолас хамыйан хас да болдьоххо олорон үрдүк хамнас, сөҕүмэр пенсия ылабын!
Эн саныыргынан эсер, коммунист, единорос олох тус-туспа утарыта турар депутат-партиецтар курдук. Олох да оннук буолбатах. Хомуньуустар тойонноро Губарев, эсерка Корнилова Зоя, едростар бары биһиги биир тыллаах дьоммут.
Эһиги мас акаарылар хата ону чахчы итэҕэйэргит буолуо. Итэҕэйбэт буоллаххына киирэҥҥин көр. Биһиги тус туһунан баартыйалар Ил Түмэҥҥэ, тыыс да бары биир киһи курдук куоластаабыппыт. Далай ахаарылар эһиги нолуогунан мунньан биэрбит бэйэлээх бэйэҕит харчыгытыгар… үрдүк хамнаһы, пенсияны сокуону оҥорор кыахпытынан туһанан куоластаан адаарытан сурунан ылбыппыт. Санаан көр ээ, ама итиччэ үлүгэрдээх былааска киирбит хайа дураах бэйэтин олоҕун чэпчэтиэн баҕарыа суоҕай? Ити сорох коммунистар кырдьык атыыламмат дьон бааллар ээ… Урут Нам уолаттара Эрнст Березкин, бокуонньук Саша Гаврильев, бүлүүттэн Сөдүөт Тумусов, Тааттаттан Оппуонньа Махсыымап эҥин, — диэн дьонун ааттаталаан иһэн Дмитрий Николаевич хатыыс уҥуоҕун үрдүгэр мунна хаччыгынаабытынан утуйан буккураан барда.
Мин куруутун быыбарга сылдьааччыбын. Испэр балачча куһаахан буолан дьиэбэр таҕыстым. Саныыбын: «Мин пенсиям билигин 120 тыһыынча ахаары-дураах», — диэбит тото итирбит Миитэрэй куолаһа кулгаахпар өссө күүскэ дорҕооннонон иһиллэр. Сүрдээҕин абардым да, кыһыйдым да хайыам баарай?
Мин пенсиям диэхтээн 17 тыһыынча.
Сааһым тухары оҕолору үөрэппит дьокутаат ыалым этэринэн «ахаары» математик. Сарсыардаттан киэһээҥҥэ дылы оҕолору кытта сылайыахпар диэри үлтү миккиһэн тахсыбыт киһи.
Дьэ, аны олорбуппут сыччах куорат бүтүннүү хоруупсуйа буолбут, үбү аһы талбытынан сүүкүрдээн куораппыт топпут тойонун быыбара аны уонтан тахса хонугунан оруобуна ити Дмитрий Николаевич эппитин курдук албын быыбар буолуохтаах… Үнүр кэлэрбэр ыалым дьахтар: » Кими талабыт», — диэн ыйыппыта, мин уруккута дьокутаат ыалбыттан, Дмитрий Николаевичтан кэлэйэн саҥарбатаҕым.
ПРОТОКОЛ
голосования от 8 ноября 2012 года по которому
экс — депутаты Ил Тумэн получают и будут получать высокие пенсии.
Никто вопросов не задавал, все голосовали за.
Алексеев Анатолий Николаевич
Алексеева Елена Юрьевна
Артемьев Георгий Михайлович
Афанасьева Айталина Саввична
Балакшин Георгий Русланович
Басыгысов Виталий Николаевич
Васильев Карл Иннокентьевич
Винокурова Оксана Александровна
Владимиров Леонид Николаевич
Гаврилов Сергей Юрьевич
Гаврильев Александр Иванович
Гоголева Саргылана Васильевна
Голомарева Елена Христофоровна
Горохов Дмитрий Николаевич
Григорьевна Антонина Афанасьева
Губарев Виктор Николаевич
Деревяшкин Михаил Павлович
Дудников Александр Николаевич
Евсеев Матвей Николаевич
Жирков Александр Николаевич
Иванов Валерий Иосифович
Иванов Семен Семенович
Илларионов Андрей Аркадьевич
Ким Александр Николаевич
Корнилова Зоя Афанасьевна
Костромин Николай Николаевич
Кривошапкин Андрей Васильевич
Крылов Александр Владимирович
Куличкин Вячеслав Семенович
Кычкин Владимир Романович
Макиенко Ольга Валерьевна
Мамедов Алиш Забид-Оглы
Морозкин Александр Павлович
Мягков Константин Алексеевич
Наумов Дмитрий Федосеевич
Николаев Юрий Михайлович
Никонов Сергей Александрович
Олесов Семен Семенович
Петров Владимир Филиппович
Платонов Руслан Михайлович
Поисеева Альбина Иннокентьевна
Потрубейко Валентина Анатольевна
Софронеев Афанасий Афанасьевич
Сюльский СергейАвгустович
Тарасов Олег Владимирович
Третьяков Павел Антонович
Уаров Александр Сергеевич
Федоров Владимир Юрьевич
Федоров Петр Степанович
Федорова Ольга Николаевна
Филиппов Михаил Викторович
Чауский Николай Абрамович
Членов Владимир Михайлович
Шеметов Алексей Иннокентьевич
Отсутствуют: С.М. Березин, Э.Б. Березкин, С.А. Выборнов, Ю.А. Дойников,
Е.П. Жирков, Е.Ю. Жукова, В.К. Колодезников, И.А. Корнев, С.А. Ларионов, А.Н. Максимов, В.А. Потрубейко, Н.А. Румянцев, Н.В. Савельев, Н.С. Тимофеев, С.А. Шкуренко.