Тоҕо?
Итини киһи барыта билэр курдук. Биһиги салалтабыт дьону кытары кэпсэтэр терминнэрин боростуой киһи өйдөөбөт. Субсидия, единэй заказчик, заготовитель, жирность, базис диэн өйдөбүллэри барытын буккуйаллар, өйдөөбөттөр. Ол иһин заготовители — үүт тутааччыны кытары сатаан мөккүспэттэр. Кырдьыктарын булбаттар. Эгэ кыһалҕаларын тойотторго туруорсуохтара дуо? Олоччотугар буккуллан хаалан баран олороохтууллар. Ону харчы биэрэр тойотторбут туһаналлар. Дьиҥнээх өйдөбүлэ маннык. Үүт тутааччы — заготовитель биир лиитэрэ 3,6 бырыһыан жирностаах үүппүтүн 10 солкуобайга тутар. Ону 3,6 бырыһыаннааҕы упаковкалаан баран 100 солкуобайга атыылыыр. Суораты 70-80 солкуобайга атыылыыр. Ити курдук иэдьэгэйгэ, сүөгэйгэ, арыыга 500-550 солкуобайга.
Үүт туттарааччыга сүрүн табаары оҥорор кылаабынай киһиэхэ үүтү 45 солкуобайга тутабыт диэн сыаналыыр. Дьиҥинэн бэйэлэрин харчыларынан баара суоҕа 10 солкуобайга киилэ үүтү туталлар. Онтон 35 солкуобайы бүтсүөт уйунар. Ону үүт тутааччы бэйэтин харчытын курдук туттар. Дьиҥинэн 35 солкуобайы республика бүтсүөтүттэн субсидия диэн үүтү оҥорон туттарар киһиэхэ көмө оҥордулар. Ону заготовитель — үүт тутааччы бэйэтин харчытын курдук туттар. Билигин биһиги салалтабыт үүт сыаната 45 солкуобай буолла диир. Ол аата үүтү оҥорон таһаарар киһи, ыал, фермер, коллективнай тэрилтэ үүт себостоимоһа 35-40 солкуобай диэн быһар. Үүтү оҥорор тэрилтэ 30 бырыһыаны эптэҕинэ эрэ барыыһырар. Ол иһин эһиэхэ 45 солкуобай сөп, буолунай барыстааххыт диэн кэлиилии кэбэр. Ньүдьү-балайдык күрүлүүр, күнүс көрдөрөн туран албынныыллар, балыйаллар — үлэ киһитин атаҕастыыллар.
Ол иһин тыа сиригэр ким да ынах ииттиэн баҕарбат. Ночооттоох диэн үлэлии сылдьар дьон билэллэр: “Эһиги сахалар сүрэҕэ суоххут. Наар бэлэми эрэ кэтэһэҕит” диэн этэр киһи өссө төгүл оҥоһуллар үлэ-хамнас туһунан бэйэтэ тугу да ааҕан көрбөтүн, билбэтин дакаастыыр уонна дьону кэлэтэр.
Республика үрдүнэн төһөлөөх элбэх тос курдук хамнастаах кимиэхэ да туһата суох экономист баарый? Ол дьоммут норуоттарын олоҕун укулаатын оҥорор, үүт сыанатын ааҕан таһаарбыттара себостоимоһа 45 солкуобай үһү. Бүтэр.
Онтон тыа киһитэ эмиэ киһи. Олоҕун оҥостуон наада. Билигин эргиччи харчыга турар. Оҕотун иитиэн наада. Үөрэттэриэхтээххин. Эмтэтиэхтээххин. Аһатыахтааххын. Таҥыннарыахтааххын. Сүөһүгэр оттуохтааххын, оккун уонунан килимиэтирдээх сиртэн тиэйтэрии, комбикорм наада, күн аайы сүөһүгүн уулатыахтааххын. Хотоҥҥо күҥҥэ иккитэ-үстэ тахсан үлэлиэхтээххин. Муускун-маскын булунуохтааххын. Итинник хара сарсыардаттан иллэҥ буолбакка им сүтүөр диэри кыһыҥҥы бытархан тымныыга, сайыҥҥы өҥүрүк куйааска, ардахха, силбиккэ, өксүөҥҥэ сүөһүнү кытары бадьыыстаһыы — оҥорон таһаарбыт үлэҥ сыаната итиччэ эрэ. Техника, массыына, хотон, дьиэ-уот, сэлээркэ, суоппар, тырахтарыыс хамнастарын сыаналарын ааҕан сиппэккин.
Республикаҕа төһөлөөх үөрэхтээх, наукаҕа доктордар, кандидаттар, институттар баалларый? Кинилэр сылаас, ыраас дьиэҕэ олорон күн чээрэтэ кумааҕыны суугунатан, көмпүүтэри тоҥсуйан ити тугу ааҕаллар?
Мин биир киһини билэбин. Кини 40 сыл тыаҕа үлэлээбитэ. 30 сылын хотоҥҥо эриэнчикэйи-маҕааччайы кытары эриһэр. Кэтэхтэн экономическайы бүтэрбитэ. Хамнаһа, олорон үлэлиир хоһо суох. Дьиэтигэр олорон уонтан тахса сыл аахта суоттаата. Кумааҕыта сыалай биир хос буолла. Кини аан дойду судаарыстыбаларын араас айылҕалаах ирдэбиллээх дойдулар ынах-сүөһүнү кытары, эти-үүтү оҥорон таһаарааччылары барыларын аахта суоттаата, интернетинэн билсистэ. Кэмэ суох элбэхтик кэпсэттэ уонна маннык сыыппаралары таһаарда.
Саха сиригэр киилэ үүт 100 солкуобай. Ынах этэ биир киилэтэ 550-500 солкуобай. Сылгы этэ биир киилэтэ 400-450 солкуобай диэн аахпыт. Бу сыаналарын кини СР-ын правительствотыгар, Ил Түмэҥҥэ маннык этиини киллэрэр. Үүт себостоимоһа 100 солкуобай. Итиччэтигэ заготовитель 10 солкуобайга атыыластын. 35 солкуобай бүсүөттэн сүбсидия баар буоллун. Итини таһынан саамай интэриэһинэйэ ыанар ынах төбөтүгэр 80 000 солкуобайы кими да матарбакка биэриэххэ диир. Ыал биир ынахтаах буолла да ити харчыны ылар. Манна кини хантан харчы ыларын эмиэ быһаарар. Бүтсүөппүтүгэр ити харчы дэлэччи баар эбит. Ыал 10-20 ынахтаах буоллун. Коллективнайдар 10 да 100 да ынахтаах буоллунар ити сыананы ыла туруохтаахтар эбит. Барыларыгар биир сыана. Тоҕо миллиардынан барыыстаах, хас эмэ мөлүйүөн хамнастаах олигархтарга биһиги тойоммут албаннаһан миллиардынан суумманы бэлэх биэрэр, атыылыыр сураҕа иһиллэр. Нолуоктан босхолуур. Тоҕо сатамматый? Баар харчыны иэдэйэн олорор бэйэтин дьонугар биэрэрэ тоҕо сатамматый? Буолан баран итиннэ ханнык да экономика сокуонун кэһии тахсыбат.
Манна сири дьоҥҥо-сэргэҕэ түҥэтиигэ И.О. Пахомов үөрэнээччитэ землеустроитель С.И. Яковлевы умнарбыт сатаммата буолуо. Тыа сиригэр сири түргэнник түҥэтиигэ «биир кэлим түннүк» диэн схематын оҥорбута.
Саха республикатыгар бултуур сири эмиэ Н.Н. Сметанин хамандыырдаах булчуттар туох да аҕыс айдаана суох син үллэстэн олороллор. Дьиҥинэн ыллахха, саха дьоно бары даҕаны сылгыга, сүөһүгэ эппитинэн-хааммытынан бары удьуор сыһыаннаах буоллахпыт. Билигин хотугу норуоттар табаларыгар син үлэлэһэн эрэллэр. Табаҕа мин радист-оленевод диэн үөрэхтэнэн балтараа сыл үлэлээн көрө сылдьыбытым уонна икки атахпынан куоппутум. Саха киһитэ сатаан үлэлээбэт идэтэ эбит диэн билиммитим.
Тыа дьоно сүрэҕэ суоххут, наар судаарыстыба көмөтүгэр эрэнэҕит диир киһи сыыһар.
Тыа хаһаайыстыбатын үлэтэ ымпыга-чымпыга тыһыынчанан араас дэгэрэттээх. Ону тыа хаһаайыстыбатын академиятын ректора Иван Слепцов ыстатыйатыгар «Фермер это крутой человек» диэбитэ. Саамай сөп. Бу уол кыра сылдьан сүүрүк аттарга үлэлэспитэ. Үлэни-хамнаһы сыаналыыр, элбэҕи өйдүүр-саныыр буоларыгар ити үлэлээбитэ көмөлөспүт.
«Единэй заказчик заготовитель» диэн тылы бырахтахха сатаныыһы. Санаан көрүҥ: ынах күҥҥэ үстэ ыатар. Сороҕор куйаас халлаан эбэтэр ардах буолуо. Суол-иис куһаҕан буолуо. Куйаас күн үүтүҥ буорту буолуо. Араас кыһалҕа элбэх буоллаҕа. Маннык экстремальнай усулуобуйаҕа ханна эрэ оройуон киинигэр биир тэрилтэ тэриллэрэ акаары быһыы.
Үүт аһыйар кэмигэр арыыны күүскэ оҥоруохха. Арыы транспортировката боростуой. Нэһилиэк аайы үүт тутар, переработкалыыр тэрилтэ баар буоллун ээ. Единэй сакаасчыт мэхэниисимнэрэ мэһэйдээбэтэ буоллар нэһилиэктэргэ үүтү тутуу, переработкалааһын үчүгэйдик сайдыа этэ.
Мин Алтаайга эмиэ үлэлиибин. Онно наар сыыр оҥороллор. Онтулара Москва, Новосибрскай, Германия курдук сирдэргэ былдьаһык. “Алтайские горы” диэн сыырдаахтар.
Мин муора кытыытыгар олорор-үлэлиир табаарыстаахпын. Ол дьон кэпсииллэр: «Саха сирин муора кытыытынааҕы улуустаргар хаппыыста биэрэккэ тахсар” диэн. Ону таба кэлэн олус сөбүлээн сиир үһү уонна таба уойар да уойар дииллэр. Онно олохтоох нууччалар сибиинньэ иитэллэр үһү. Комбикорм суох. Сибиинньэлэригэр сиэтэн уоталлар. Бэйэлэрэ эмиэ муора хаппыысиаиын кэнсиэрбэлээн сииллэр эбит.
Саха ынаҕынан дьарыктаммытым бэһис сыла. Бу сүөһүнү арыый да буккуйан сиэнчэр оҥорон үүтүн-этин арыый да элбэтэр былааннаахпын. Хотугу улуустарга саамай табыллар сүөһүнэн бэйэбит сахабыт сүөһүтүн тарҕатыахха наада. Кыраны аһыыр, тоҥмот, сааҕа-иигэ кыра, аһылыгар бор, тулуйугас. Эмиэ да үүттээх, эттээх. Хоту оскуола-детсат-дьааһыла оҕолоро кэлин итиигэ, тымныыга миккиллиэхтээх дьон үрдүк жирностаах элбэх иҥэмтэлээх веществоннаан баай үүтү, эти истиннэр, сиэтиннэр. Оҕо чэгиэн буола улаатыа.
Биэс сыллааҕыта ииппит сүөһүбүттэн 70 төбөнү Үөһээ Бүлүүгэ аҕалан атыылаатым. Үөһэ Бүлүү баһылыга таба өйдөөн патриоттаабыт Владимир Поскачиҥҥа махталым улахан. Саха ынаҕын дэлэтиигэ племенной үлэни ыытар буолбута хайҕаллаах. Атын салайааччыларбыт маннык үлэни-хамнаһы туһаммыттара буоллар биһиги билигин ырааппыт буолуо этибит.
Киин улуустарга Россия геройа М.Н. Готовцев этэр: тарҕатар голикшин боруода ынах элбиирэ буоллар. Биһиги дьоммут үүт ыан көрдөрүө этилэр. Бу ынах саамай үчүгэйдэрэ Канадаҕа бааллар. Онтон 30 оҕуһу эбэтэр 20 да буоллун, аҕалан Племобьединенияҕа туруорар киһи. Киин улуустар начаас голикшинынан туолуо этилэр.
Саха сылгытын сиэмэтин ылыыга эмиэ 15 мөлүйүөн солкуобайдаах оборудования наада. Оччоҕо өрөспүүубүлүкэ саха сылгытын атыырын сиэмэтин ханна баҕарар атыылыа этэ. Биһиги сылгыбытыгар ымсыырааччы элбэх. Сибиинньэҕэ эмиэ итинник оборудования ылан атыыр сибиинньэлэртэн сиэмэ ылан наһаа элбэх көстүбэт кыһалҕалары толуйуохха сөп. Ону ааҕааччы бэйэҥ толкуйдаа. Мин төһө сөпкө суруйабын дуу, сыыһа дуу?
Кылгастык тыа хаһаайыстыбатын туһунан кэпсээтэххэ итинник. Онтон тугу билэргин барытын суруйар кыах суох. Дьиҥинэн мин «специалист практик» быһыытынан сананыахпын сөп. Орто Халымаҕа радист-оленевод, зверовод-мастер диэн специальноһы ыламмын хоту аҕыс сыл сылдьыбытым. 24 сааспар Искра собхуоска солбуйааччы директор буолбутум. Николай Ильич Слепцов диэн директордаах этибит. Кини үөрэҕэ суох гынан баран айылҕаттан дьоҕурдаах улахан талааннаах салайааччы этэ. Дэлэҕэ «Искра-милиардер» собхуос дэниэ дуо? Тополинайга В. Кладкин кытта куоталаһара. Онон Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын баллырдаан өйдүүр буолуохпун сөп.
Миигин 76 саастаах ытык кырдьаҕаспыт “Сомоҕо күүс” салайааччыта суруй, дьону-сэргэни өйдөтүөххэ диэн бу бүгүн эмиэ суруксуттуу олоробун. Эбиитин бу ытык кырдьаҕаспытын саха норуота бары да истиэхпитин, кини тула түмсүөхпүтүн сөп этэ диэн барыгытын ыҥырабын.
Дмитрий Дмитриевич боксаҕа ССРС спордун маастара, Саха республикатын үс төгүллээх чемпиона. ДСО «Урожай» киин сэбиэтин призера. Бүтүн Россия үһүс призера. Эдэригэр бэртээхэй спортсмен. Бэйэтэ туһунан санаалаах, көрүүлээх көҥүл ырыынак ирдэбиллэрин билэр, өйдүүр улахан салайааччы. Бэйэтин кэмигэр тойоҥҥо-хотуҥҥа наһаа ньыла илэмэ-салама түспэтэх киһи буолара майгытыгар да көстөр. Сахалар дьэ өйбүтүн-төйбүтүн булан “Сомоҕо күүс” тула мустан Россия президенэ В.В.Путин этэрин курдук механизмнарга киирэн, атын национальнай республикалары кытта тэҥҥэ хаамсыахпытын сөп балаһыанньатыгар киирэн иһэбит.
Билигин истиэҕиҥ-ааҕыаҕыҥ экономист бааһынай Р.С.Барашковы кытары кэпсэтииттэн бэлиэтээһиммин.
СР 3N792-Ү «О развитии сельского хозяйства РС(Я)» сокуонунан 2 ст 13 чааһынан нормативнай себостоимость диэн өйдөбүлүнэн салайтаран биир киилэ үүккэ орто себостоимость 84 солкуобайтан аччаабат. Эмиэ төһө кээмэйдээх субсидия сылга бэриллэрин суоттаан көрүөҕүҥ сокуоҥҥа олоҕуран СР правительствота нормативнай судаарыстыбаннай субсидия биир киилэ үүккэ 35 солкуобай быспытыгар олоҕуран биир ыанар ынахха сылга төһө кээмэйдээх субсидия кээмэйин суоттаан көрүөҕүҥ.
Нуорма быһыытынан кыстык 243 хонугар сүөһүгэ 17 центнер оту аһатан туран сыл устата 2 000 киилэ үүтү ылар буоллахпытына онтон 1 650 киилэтэ 35-тии солкуобай субсидия харчытын ыллыбыт. Ол 57 750 солкуобай буолар.
Ол аата биир ынахха судаарыстыба 57 750 солкуобай көмө оҥорор. Онтон соҕутуопкалыыр тэрилтэ 1 650 киилэ үүппүтгэр уоннуу солкуобайы биэрэр. Ол аата 16 500 солкуобайы биир ынахха сыл устата төлүүр.
2017 сыл 76 300 тонна үүт былаан быһыытынан соҕутуопкаланыахтаах. Ол аата субсидия быһыытынан бүтсүөттэн 2 670 млн солкуобай көрүллүөхтээх. Нуорма быһыытынан ити аата биир ынахха 57 750 солкуобай өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн судаарыстыбаннай көмө былааннанан турар диэн этиэххэ сөп.
Эмиэ бу сокуоммут 9-ус ст. 2-ис пуунугар судаарыстыбаннай көмө тыа хаһаайыстыбатын табаары оҥорооччуларга тэҥ усулуобуйаны олохтоспутун туһунан суруллар. Бу тутуһуллар дуо?
Холобур, Сунтаар оройуонун Кэриэстээх СХПК 2016 сыл түмүгүнэн биирдии ынаҕыттан 3 888 киилэ үүтү ыабыт. Ити ньирэйэ иһэрин таһынан хас биирдии ынаҕыттан. 3578 киилэ үүтү туттаран, хас ыанар ынаҕын аайы 125 230 солкуобай. Государство көмөтүн 2017 сыл тумугунэн субсидия быһыытынан ылар кыахтаах. Маны таһынан Финансовай оздоровления, диэн программанан хас биирдии сүөһү төбөтүгэр 22 000 солкуобайы судаарыстыба көмөтүн ылар. Ити көмөнү ыанар ынах төбөтүгэр таһаардахха 34 540 солкуобайы өссө эбии ылар. Ити аата бу хаһаайыстыба бүтсүөттэн хас биирдии ыанар ынаҕын аайы 159 770 солкуобай субсидия ылар. Итинник хаһаайыстыба мааны оҕо курдук республикаҕа 57 хаһаайыстыба эрэ баар. Аны итинник хаһаайыстыбалар босхо кэриэтэ соҕорууттан аҕалыллар ынахтарынан, дыбарыас хотоннорунан, техниканан, кирэдьииттэри, үлэһиттэр олорор дьиэлэрин эбитэлээн кэбиһиҥ.
Дьэ уонна хантан былаастарбыт да, специалистарбыт да, сөптөөх орто себостоимость таһаарыахтарай? Барыта көрүнньүк үлэ-хамнас, оччуот. Сымыйа аҥаардаах кэпсэтиинэн, аналиһынан дьону да, үөһээ да, аллараа да, Россия салалтатын да тоторон олороллор.
Ити түмүгэр охсуута барыта боростуой тыа киһитин, үлэтин, олоҕор-дьаһаҕар буолар. Олохтоох былаастарбыт тыа хаһаайыстыбатыгар ыйга 7-10 тыһыынча хамнастаах дьоннор баалларын билэллэрэ дуу, суоҕа дуу? Таатта Робеда СХПК сылгыһыта Попов Валентин: “Ыйга хамнаһым 7000 солкуобай ону да сүгүн биэрбэттэр, суруйар буоллаххына суруй, ким да кэллин — баары этэбин”.
Республикаҕа орто хамнас 2016 сыл түмүгүнэн 58 500 солкуобай диэбиттэрэ.
Ама ити үлүгэри истэн олорон федеральнай былаастар олус баайдык үчүгэйдик олорор дьоҥҥо тоҕо олус кырыымчык федеральнай бюджеттан көмө оҥоруохтарай?
Өрөспүүбүлүкэ иһигэр эмиэ биир буккуур үп-харчы да хамсааһына онно барыллаах. Ким билсиилээх сатаан, самааскалыыр үгүөрү балачча ордуктаах балаһыанньаны ылар. Били РФ ТХ сайдыытын туһунан сокуонун 7-ис ыстатыйата Саха сирин курдук усулуобуйатын сөптөөх таһымҥа хааччыйар сыаллаах. Ол тутуһуллубат. Союз саҕана 61 100 киһи тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлээбит буоллаҕына ол билигн чиэппэрэ да суох.
Биричиинэтэ — былаас ыытар бэлиитикэтэ төрдүттэн сыыһа. Үп-харчы үгүс өттө ити этиллэр 57 мааны хаһаайыстыба курдук тэрээһиннэргэ уонна хаалбыт 37 заготовительгэ бара турар. Онтон тыа сирин нэһилиэнньэтин үлэлээх уонна дохуоттаах буолуутун хааччыйар туһунан сокуон этэр сүрүн ирдэбилэ ханна барда?
Ил дархаммыт тура-тура «товарнай хаһаайыстыбалар» диэн кэлтэйдии мээрилиир. Саха сирин Тыа хаһаайыстыбатын министерстватын үлэһиттэрэ, били баар суох тыа олохтооҕун көмүскүөхтээх дьоммут тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныыны: “Бизнес курдук көрүөххэ наада” дииллэр. Ити этиллэри ис хоһоонун ситэри түгэҕэр өйдүүллэрин саарбахтыыбын.
Аан дойду үрдүнэн тыа хаһаайыстыбата ночооттоох норуот хаһаайыстыбатын салаата. 2016 сыл түмүгүнэн үүт атыыланар (розница) сыанатын ырытан көрбүттэр:
— Гонконг 116,13 солкуоба
— Кытай 124,82 солкуобай.
— Новай Зеландияҕа 12,86 солкуобай.
— Япония 117, 58 солкуобай.
— Швейщария 97,27 солкуобай.
— Россия 51,29 солкуобай.
Биһиги дьоммут Саха сирин үүтүн себостоимоһын 45 солкуобай дииллэрин өйдөрүгэр батаран этэллэрин сөҕөбүн. Өйдөөн көрүҥ ити барыта ититиигэ, электричествоҕа, техникаҕа, тымныынан сибээстээн эбии тутууларга (гараж, дьиэ-уот, хотон) хос ороскуоту көрсүбэт дойдулар. Биир кыырпах хаар түспэт дойдулара.
Биһи дьоммут өрөспүүбүлүкэбитигэр тарҕанар, сыаналара аан дойду таһымыттан хаалсыбакка, өссө аһара бара турдахтарына!
Тоҕо сатамматый? Муҥ саатар баар харчыга олоҕуран, хас ыанар ынах аайы 57 750 солкуобай биэрэбит уонна онно эбии бородууксуйаны атыылаан эбиниҥ, кытаатыҥ дииллэрэ.
Хонтуруолу кытаатыннар ээ дииллэр. Биир тоһоҕону саайбатах, итиигэ-тымныыга ыарахан үлэҕэ эриллибэтэх ыччаттар хаалтыс баанан баран атахха биһиллэ сылдьан тойоргуурга өйдөрө-санаалара дьэ аһыллар.