— Макаар Макаарабыс Саха сириттэн тустуу тахсыа дуо?
— Сахалары бэйэбит сирбититтэн тоҕо таһаарбаппыт диэн боппуруос тура сылдьыбыта. Турар даҕаны. Оттон Дмитрий Петрович Коркин ити боппуруоска наһаа мындырдык дьаһаммыта. Кини үөрэппит оҕолорун Сэбиэскэй Союһу биир гына ыһан кэбиспитэ. Холобура Роман Дмитриевы Барба уонна Приображенскай дьарыктаан таһаарбыттара, Павел Пинигины Бураков эрчийэр, Александр Ивановкун Казахстааҥҥа эрчийэллэр. Ити эппитим курдук кинилэргэ ноҕуруусканы тулуйарга үчүгэй усулуобуйалар бааллар. Битэмииннээх оҕуруот аһа элбэх. Инньэ гынан онно тахсаллар. Онтон мантан саха сириттэн оччолорго тахсыбыт ханнык тустууктар баалларый диэтэххэ: Николай Неустроев баар уонна Баһылай Гоголев-Гаай Бааска. Кинилэр оһуобай улуулара бэрт буолан тахсан тураллар ону даҕаны холобура, Сойуус таһымыгар. Мантан эрчиллэн тахсыбыт маннык үрдүк таһымҥа тахсар уустук буолара буолуо. Леонид Спиридоновыҥ Казахстаҥҥа тиийэн эрчиллэн тахсыбыта, Модосяныҥ Лебедевкын эрчийдэ. Онон улахан перспективалаах, даннайдаах, айылҕалаах оҕолору соҕоруу ыытары мин сөптөөҕүнэн ааҕабын.
— Киэҥ дойду, сайдыылаах дойду тренердэрэ билиилэрэ, көрүүлэрэ киэҥ буоллаҕа.
— Оттон ити кавказтарыҥ биир Осетияҕа дуу, Дагестаҥҥа батан сыппакка аан дойдуттан сборнайыттан барытыттан киирэллэр. Осетин дагестанец, кумык, даргинец дуу буолар.
— Саха бөҕөстөрө күүстээх өрүттэрин эн туохха көрөҕүнүй? Хайаан да сыана биэрэ сылдьар буолуохтааххын.
— Ити ыарахан баҕайы боппуруос. Саха тустууктара мөлтөх эбэтэр күүстээх өрүттэрэ диэн. Оттон психологическай өттүнэн мөлтөхпүт дииллэр. Урут кавказтар ити сэттэ уонус сылларга Байбал, Арамаан Дмитриев, Александр Иванов тусталларын саҕана сахалартан уоттан куттанар курдук куттаналлар этэ. Кинилэргэ түбэстилэр да олох өлөн түһэллэр.
Билигин биһиги дьоммут буоллаҕына кавказтарга түбэстэхтэринэ саллаллар. Онон мөлтөх өттүбүт — психологическай өттүн күүскэ бэлэмниэххэ наада. Ити Модосян этэр. Хаста да Модосянныын кэпсэтэ сылдьыбытым. Кини сахаларга психологиятын үчүгэйдик туруоруохха наада диэн этэр. Ити этэрин кини Лебедевка сатаан туруорбут быһыылаах. Лебедева хорсун соҕус тустуук, харса суох. Сахаҥ буоллаҕына долгуйан эҥинниир, оннук маннык гынар. Инньэ гынан манна Саха сиригэр үчүгэйдик чаҕылхайдык тустар онтон улахан көбүөрдэргэ таҕыстаҕына, кыраныысса таһыгар илиитэ-атаҕа кыайан тахсыбат буолан хаалар. Онон биһиги мөлтөх өрүппүт — психологиябытыгар сытар.
— Ыйытыы кэллээ. Аллоо, аллоо истэбит…
Ыйытааччы төлөппүөнүнэн: — Истэҕит дуо? Маннык кэпсэтиилэр наадалар буолуо. Мин саныахпар Олимпиецтар тахсар кэмнэригэр ол кэмҥэ тустубат киһи да диэн суох этэ. Онон талан ылыыга талыы баар курдук этэ диибин. Онно холуйдахха билигин туста сылдьар уолаттар улахан талыыны барбатах дьон быһыылаах.
— Ити боппуруос иһэ истээх. Урукку сылларга биһиги уолаттардаах этибит. Биһиги билигин онноҕор 120 киилэҕэ киһилээхпит. Аныгыскы Олимпиадаҕа кыттан Айаал Лазарев өссө үчүгэй көрдөрүүнү көрдөрүө диэн эрэнэбин. Онон тустуу таһыма баран иһэр.
— Оччоҕо эн үчүгэй өттүнэн көрөр эбиккин. Дьэ истэргэ үчүгэй. Ити эн үлэлээбит кэмнэргэр Сэбиэскэй сойуус са5ана этэ. Итиэннэ истээччибит Коркин туһунан эттэ. Хайаан да ытыктаныахтаахтар, убаастаныахтаахтар диэн… Эн бэйэҥ ССРС-ка тустуу федерациятын исполкомун чилиэнинэн сылдьыбытыҥ. Бу олус улахан чиэс. Эппиэттэх кэм. Бу кэмнэргэ үлэ хайдах этэй?
— Итиннэ бастатан туран Сэбиэскэй Сойуус сборнайын Америка холбоһуктаах штаттарыгар Сиэтлгэ илдьэ сылдьыбытым. 1990 сыллаахха этэ. Онно ССРС сборнайа бастаан турар. Эмиэрикэттэн интервью биэрэн турабын. Үс кыһыл көмүс мэтээл уонна икки боруонса ол 1964 сыллаах кэнниттэн иккис результат даже араа-бараа курдук. Уонна үс сыл «Золотой пояс» диэн международнай күрэхтэһии тэриттэрэн турабыт. Манна Саха республикатын спортка министерствотын кытары кыттыһан. Оччолорго спорт министрэ улуу тустуук Петр Егорович Попов этэ. Эмиэрикэ холбоһуктаах штаттарын кытары Монголияны туһуннарбыппыт, Турцияны кытары туһуннарбыппыт онон үлэ элбэхтик барбыта.
Өссө Николай Николаевич Тарскай бирииһин биһиги тилиннэрэн турабыт. Тоҕо эрэ интириэһинэй политическай теманан Николай Тарскай бирииһин суох гынан тураллар. Ону манна биһиги сөргүтэн сыл аайы ыытар буолбуппут. Антах мин чугас сылдьар буоламмын Александр Ивановка Казахтар тоҕо эрэ ССРС үтүөлээх маастарын иҥэрбэтэхтэр этэ. Бу Олимпийскай призерга, Европа призеругар, Тибилискэй турниры түөртэ кыайбыт киһиэхэ үтүөлээх маастары иҥэрбэккэ сылдьаллар этэ. Ону биһиги Сойуус спорт министиэрстибэтин кытары кэпсэтэммит Иван Ярыгинныын сүбэлэһэн ССРС үтүөлээх маастарын бэрдэрэн турабыт. Өссө үчүгэйэ диэн Олимпийскай чемпионнарга надбавка, эбии төлөбүр, пенсия буолбатах: сокуону оҥорон киллэрэн билигин Олимпийскай чемпионнарбытыгар, призердарбытыгар бэрдэрбиппит. Ити мин санаабар кинилэргэ улахан тирэх көмөлтө буолар. Онон элбэҕи үлэлээн турабыт. Ол кэнниттэн өссө Ноговицын Виктор министрдии сырыттаҕына хомуур хапсаҕайа диэни олохтоон турабыт.
— Макар Макарович эйиэхэ ыйытыы кэллэ. Истэбит дуо?
— Дьэ эрэ.
Ыйытааччы төлөппүөнүнэн: – Уйбаан Турантаайаппын. Санааларбын этиэм иннинэ бастаан эҕэрдэлиим. Макар Макарович кырдьык ханнык баҕарар киһи убаастыыр уонна улахан политик быһыытынан биллэрэ чуолкай. Маннык этиилээхпин. Ханнык баҕарар балаһыанньаларга биһи сүдү дьоннорбутун убаастыыр буоллахпытына Дмитрий Петрович Коркин аар-саарга аатырбыт буоллаҕына Павел Павловичка этии киллэрэн турабын. Этиим түмүгэ маннык: Чурапчыттан Дьокуускайга диэри суолу — Олимпийскай суол диэн ааттыа5ыҥ. Ону Павел Павлович улаханнык өйөөбүтэ уонна кини итинник этиилэргэ хаһан баҕарар активнай буолааччы. Ити Чурапчыттан Дьокуускайга диэри киирэр суолу итинник ааттаабыт киһи эн санааҕар дьон-сэргэ өйдөбүлүгэр хайдах буолуон сөбүй?
— Ити Уйбаан Турантаайап хаһан баҕарар идеялаах буолааччы, идея үчүгэй бөҕө буоллаҕа дии. Ол гынан баран мин таһымым кыра. Баара суоҕа Университет профессорабын. Итини үрдүкү былаастар как раз билигин Чурапчы киһитэ Ил Дарханнаан олорор. Онон ити аат иҥэриитин олоххо киллэриэхтэрин сөп бөҕө буоллаҕа. Онтон Байбал Пинигин — улуу киһи. Билигин чемпионнартан соҕотох киһибит.
— Тустууктарбыт биһиэннэрэ сороҕор үөрдэллэр, көтүтэллэр. Омуктар тустууларын туһунан туох диэҥ этэй? Ол эрээри кавказтар бу наар бастыыллар. Отой хаар курдук кэһэ сылдьаллар.
— Кавказка мин бэйэм үстэ туста сылдьыбытым. Белик Бадаевтыын билсэр этим. Улахан киэн туттар киһилэрэ. Ордук Осетиннары кытары киирсэллэр. Осетиннарын буоллаҕына үксэ улахан ыйааһыҥҥа тусталлар. Оттон дагестаннар орто ыйааһыҥҥа тусталлар. Ол быыһыгар кабардиннар таҕыстылар. Чеченнэр бааллар. Биһиги үрдүттэн кавказ диибит.
Дьиҥэн итиннэ элбэх омук холбоһор. Кинилэр үчүгэйдэрэ диэн хайа усулуобуйатыгар олорор буоланнар кислородунан тыыналлара үчүгэй уонна битэмииннэрэ элбэх. Айылҕалара эмиэ олус үчүгэй. Орто таһымнаах киһи төһө да дьарыктанан оннук наһаа үчүгэй буолбата буолуо. Холобура, Арамаан Дмитриев Коркиҥҥа кэлэригэр республика чемпиона киһи кэлбитэ. Кини Коркиҥҥа балтараа сыл дьарыктаммыта. Александр Иванов эмиэ республика чемпиона кэлбитэ. Уже бэлэм тустар дьон. Дьэ, бу айылҕалаах дьон. Дьэ, биһиги этэбит: былыр саха бухатыырдара бааллар этэ диэн. Дьэ, ол айылҕалаах дьон буоллахтара. Былчыҥ структурата баар. Үрүҥ уонна кыһыл. Көрдөххүнэ хатыҥыр баҕайы киһи кинигэни быһа тардан кэбиһэр. Ол аата кини олох атын структуралаах былчыҥнардаах.
Билигин оҕону детсаат сааһыттан ыла көрөннөр хайыы үйэ ханнык былчыҥнааҕынан көрөн Олимпийскай оонньууларга бэлэмниир буолан бардылар. Онон наука наһаа сайынна. Атын дойдулар итини наһаа үөрэттилэр. Сахаларыҥ буоллаҕына билигин 85 саастаах Николай Иванович Сафонов диэн киһи баар. Үчүгэй баҕайы кинигэлэри таһаарбыта. Били Петр Поповтааҕы, Алквиад Ивановтааҕы эрчийбитэ, таһаарбыта. Дьэ, ити кини кинигэтин үөрэтиэххэ туһаныахха наада. Холобура, Александр Иванов туох да наһаа түргэн киһи. Атыттары олох боруоста эрийэ көтүтэлээн кэбиһэрэ. Онон саха тустууктара кавказ тустууктарын курдук күүһүргэспэккэ былчыҥнарбыт оһуобаннастарын туһанан тустуохпутун сөп этэ.
Ыйытыы кэллэ. Дьахтар куолаһа: – Биһиги Горнай улууһун баар суох убаастанар киһибит Макар Макарович бүгүн юбилейдаах сэттэ уон сааскын туолбуккунан туох баар үчүгэйи, кэрэни, ситиһиини орто дойдуга баар күн сирин күндүтүн аныыбын.
– Спасибо, махтал.
— Ээ бүттэ, сибээс быһынна. Сөп салҕаа. Саха сириттэн тустууктары таһаарыахха сөп дуо?
— Саха сириттэн тахсыбыт тустуук Николай Неустроев баар этэ.
– Чэ бээ салгыахпыт итини билигин биллэриилэргэ тохтуохха.
Музыка оонньуур. Биллэриилэр.
— ССРС бастыҥ тустууга чемпионатыгар Запорожьеҕа Дмитрий Петрович Коркинныын бииргэ сылдьыбыппыт. Мин этиэм этэ Дмитрий Петрович тоҥуй соҕус киһи этэ. Наһаа кытаанах, дьиппиэн. Киниэхэ буоллаҕына оскуоларын тэринэригэр икки сүдү киһи көмөлөспүттэрэ. Биирдэрэ Шадрин, иккиһэ Көстөкүүн Сэргэйэбис Постников ити алдьархайдаах улахан талааннах организатордар. Коркин тренерскэй өттүн туппута. Мин бэлиэтиэм этэ — Коркин улахан учуонай таһымнаах киһи этэ. Хас биирдии тустуугун тус-туспа тэтэрээттээн уонна ханнык былчыҥнара хайдах үлэлииллэрин олоччу суруйан, туох аһы аһыылларын, онноҕор оҕолоругар убаһа бульонун буһаттаран убаһа бульонун биэрэр идэлээх эбит этэ.
— Бээ эрэ ыйытыы кэллэ истиэх эрэ.
Ыйытааччы төлөппүөнүнэн: — Дьэ, бу Макар Макаарабыһы дьэ аһаҕас эфиргэ тахсыбыккынан уонна бүгүн юбилейдаах сааскынан итиитик истиҥник эҕэрдэлиибит. Дьэ, бу араадьыйаҕа тахсан тустуубутун кэпсии-ипсии турарыҥ наһаа үчүгэй. Куораттан Афанасий Сергеевпын. Билигин эдэр ыччаттарбытын тустууктарбытын туста баралларыгар үчүгэйдик перекидкалаан дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөн туһуннартаан ыытыахха баара. Онно ким үчүгэй бэлэмнээҕэ биллэр буоллаҕа. Онно үчүгэйдик бу киһи маннык ыйааһыҥҥа тустар диэн уонна ити ыйааһыны түһэттэримиэххэ баара. Ким ханнык ыйааһыннаҕынан көрөн түһэттэрбэккэ эрэ туһуннарыахха баара. Итини эн хайдах саныыгын?
— Ити ыйааһын түһэрии боппуруоһа киириэ дуу диэн кэтэһэн олорбутум. Биһиэхэ ыйааһыны аһара үлүһүйэн туран түһэттэрэллэр. Уон биир киилэҕэ тиийэ, бу кыра ыйааһыннаах 57 киилэҕэ, 66 киилэҕэ тиийэ. Киһи ыйааһына 80 бырыһыан ууттан турар. Онтон итинник элбэҕи түһэрдэхпинэ тугум хаалар? Сэниэ эстэр. Түстуук скороснай өттө мөлтүүр. Мин японецтары кэтээн көрдүм. Туох да наһаа хатыҥыр, былчыҥ-илчиҥ суох дьоно, киһи сэнээн өлүөх курдук тусталлар. Кинилэр ыйааһын түһэрбэттэр эбит. Ыйааһын түһэрэр да буоллахха саамай оптимальнай үс-түөрт киилэ буолуон сөп. Ону науканан түһэриэххэ наада. Биһиги оҕолорбутугар ханнык битэмиин тиийбэтин ким да билбэт. Хотугу киһиэхэ кислорода тиийбэт. Хотугу тымныы айылҕаҕа, усулуобуйаҕа эрчиллиини кыайан тулуйбат. Соҕоруу эрэ бардахтарына ити оҕолорбут тустар кыахтаналлар. Биһиги тустууктарбыт Александр Иванов, Павел Пинигин, Роман Дмитриев бары соҕорууттан тахсыбыттара: ким Казахстаантан, ким Украинаттан, ким Москваттан. Тоҕо диэтэххэ онно улахан ноҕуруусканы тулуйаллар. Улуу Шахмурадов туох баар ыйааһыны бары кэрийэн тустубута. Кинилэр куттамматтар: ыйааһын туһугар хайдах баалларынан тусталлар. Холобура Александр Контоевы ылан көрүөххэ, кини дьиҥэр 66 киилэҕэ тыас таһаарыахтаах киһи хаалан хаалла. Биһиги ыйааһын тахсан иһэриттэн куттаныа суохтаахпыт. Эдэр организмы туормастыа суохтаахпыт
— Бээ эрэ эмиэ ыйытыы кэллэ. Истэбит.
Ыйытааччы төлөппүөнүнэн: — Покровскайтан Марк Скрябин кэллим. Макар Макаровиһы юбилейгынан эҕэрдэлиибит. Улахан куттамсаҕа суох киһигин. Генерал-майор юстиции, доктор юридических наук диэн туох да саамай улахан сыбаанньалары ситиспит киһи буоллаҕыҥ дии. Онон буоллаҕына аны ити табаарыһым Уйбаан Турантаайап ити боппуруоһун Ил Дархаҥҥа эмиэ көтөҕөн турардаах ээ. Ону Егор Афанасьевич эппитэ: Биир да суол Олимпиецтар ааттарынан ааттана илик, онон тохтоон эриэҕиҥ.
Аны туран ыйытаары гынабын. Красноярскайга баран ыт буутун тутан кэлбиппит. Биир славянин Виктор Рассадин үһүс миэстэни ылан онон харахпыт уутун соттубуппут. Ону буоллаҕына депутаттарбыт онно баран көрүлээн-нарылаан кэлбиттэрэ. Ону харчыларын төлөтүҥ диэн буолбута. Ити биһиги нолуок төлөөн муҥнаммыппытын туһаммыттара. Ону эн юстиция генерал-майора, юстиция доктора туох дии саныыгын? Харчыларын төлөөбүттэрэ дуо?
— Итини мин хаһыаттартан ааҕан истибитим. Холобура, ити ыытыллар күрэхтэһиигэ туох да сыһыана суох эрээри бүтсүөттэн проезд ылан барбыт буоллахтарына ол хоруупсуйа диэн ааттанар. Хоруупсуйаҕа эппиэтинэс баар. Ким да буоллун, бэйэлэрин харчыларын суотугар барыахтаахтар. Холобура, Павел Пинигин тустууга сыһыаннаах, үлэлии сылдьар киһи барар буоллаҕына ол көҥүллэнэр. Ил түмэн депутаттара бэйэлэрин харчыларыгар барыахтаахтар.
Холобура, мин барар буоллахпына бэйэм харчым суотугар барабын. Онтон тустууга сүүмэрдэниигэ урут оройуоҥҥа тустарыҥ. Ону кыайдаххына зона диэн баара. Финалга Тарскай бирииһигэр киирэриҥ. Быһаччы республикаҕа хайдах да киирбэт этиҥ. Аны тустуу кулуупка буолар этэ. Кулуупка биир да миэстэ суох. Дьон испиискэ маһын курдук туран эрэ көрөллөрө. Сүрдээх интэриэстээх буолар этэ. Ол иһин маассабаһа киэҥ, элбэхтэн элбэх буолара — элбэхтэн талааннаах оҕолор тахсан кэлэллэрэ.
— Аны күүстээх өрүттэригэр эн тохтоон көр эрэ. Маарыын мөлтөх өрүттэригэр тохтообутуҥ.
— Күүстээх өрүттэригэр — биһиэхэ түргэн өттө барсар. Ити кавказтар курдук мадьыктаспакка тустуллуохтаах. Ити японецтар эмиэ түргэттэр дии. Азия омуктара уопсайынан түргэҥҥэ үлэлииллэр. Аны тренердэрбит олоччу урут туста сылдьыбыт тренердэр. Онон итини үчүгэйдик билэллэр. Албас өттүнэн эҥин биһиги сүүйтэрбэппит. Өссө инники баран иһэбит. Онон түргэн өттүгэр Коркин үлэтин үөрэттэрэр киһи бэрт буолуо этэ. Дьэ итиннэ кини наукатыгар халыҥ баай сытар. Наукаҕа биир эрэ Торговкин диэн учуонайдаахпыт. Методиканы хасыһыы туох да киэҥ үлэ. Сүрдээх уустук. Коркиныҥ урут видиокамера сайда илигинэ киинэҕэ устар киһи буоллаҕа. Инньэ гынан бэйэтэ толкуйдаан снарядттары толкуйдаан. Оҕолорго ханнык былчыҥнары сайыннарыахха сөбүй? Хас биирдии оҕону тус-туһунан хамсаныыны оҥотторон, хас биирдии оҕону туспа ылан эрчийэр эбит. Итинтиҥ элбэх улахан үлэттэн тахсар.
— Билигин эн университекка үлэлиир буоллаҕыҥ. Ыйытыы кэллэ истэбит.
Ыйтааччы: — Аллоо Макар Макаровиһы юбилейгынан эҕэрдэлиибит. Саха тустууктара психология өттүгэр баһыттарарбыт баар. Иккис өттүнэн күүс өттүнэн баһыттарабыт. Чеченнэргэ, дагестаннарга киирдэххэ олох кум-хам тутан кэбиһэллэр дии. Билигин албастары нойосуус билэллэр. Хайдах да бырах чеченнэр тура сылдьаллар дии. Итинник буолуллуохтаах этэ буоллаҕа.
— Тустуук бары былчыҥнара бары сайдар. Тустуук легкоатлет да буолуон сөп. Тустуук гимнаст да буолуон сөп. Тустууга гимнастика элеменнэрэ бары бааллар. Үгүс элбэх тустууктарбыт гимнастар. Онон ити өттүгэр методика, эрчиллии барбат диир кыахпыт суох. Холобура, Алквиад Иванов туох да ааттаах гимнаст этэ. Ити өттүгэр барыстаах. Билигин тустууктар эмиэ бары элменнэри бэркэ оҥороллор. Тураллар, олороллор, түргэттэр.
— Макар Макарович бириэмэбит бүтэн хаалла. Эн тустууга баҕа санааҥ.
— Тустуу өссө да сайдыа дии саныыбын. Биһиги кыра омуктарга — сүрдээх талааннаахпыт. Бары өттүнэн бары эргиччи сайдыылаахпыт. Үҥкүү буоллун, ырыа буоллун, спорт буоллун — дэгиттэрбит. Билигин аан дойду чемпионнарын ааҕан сиппэппит. Оннооҕор Монголия курдук дойдуга Олимпийскай чемпион үөскээбэтэҕэ. Бу кэлин дзюдоҕа биир Олимпийскай чемпионнаннылар. Биэс сүүс тыһыынча ахсааннаах сахалар барытыгар бары талааннаахпыт. Онон инникитин да сайдыахпыт.
— Дьэ үчүгэй дьоһуннаах кэпсэтиилэр буоллулар. Биһиги эфирбитигэр эргиччи талааннаах ССРС спордун маастара, наука доктра, профессор, юстиция генерал-майора кэлэн кэпсээн-ипсээн барбыккар барҕа махтал буоллун. Юбилейдаах сылгынан итиитик истиҥник өссө төгүл эҕэрдэлиири көҥүллээ. Күндү истээччилэр физкультураны, спорду кытары доҕордоһуҥ, чэгиэн-чэбдик буолуҥ.