Мунньахха Дьокуускай куоракка саҥа уулуссаларга аат иҥэриитин туһунан кэпсэтии ыытылынна. Ханнык саҥа уулуссаларга аат иҥэриллибитин туһунан иһитиннэриини мэрия специалиһа мустубут дьоҥҥо иһитиннэрдэ. Ол иһигэр 202 уонна 203 микроойуоннар биэрэктээҕи уулуссатыгар Олимпийскай чемпион Роман Михайлович Дмитриев аатын ааттыырга, диэн уурааҕы дьон ордук сэҥээрэ, үөрэ иһиттэ. Кэпсэтиигэ кыттыбыт дьон Ил Түмэн уонна куорат сэбиэтин депутаттара, мунньахха кыттыбыт дьон, куорат ытык дьоно бэйэлэрин тус санааларын иһитиннэрдилэр. Мунньахха тыл эппт дьонтон ордук СР култууратын диэйэтэлэ Г.Г.Местников киллэрбит этиитигэр дьон ордук тоһоҕолоон бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр.
Гаврил Местников этэр: “Саха республиката сайдарыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрбит дьон биһиэхэ элбэх. Оннооҕор бүтүн планета үрдүнэн бастыҥ ааты ылбыт улуу дьоннордоохпут. Ол эрээри тоҕо эрэ кинилэр ааттара биһиги уулуссаларбытыгар көстүбэт. Уулуссалары ааттааһын наһаа боростуой дьыала буолбатах. Манна төрүт олохтоох омуктар духуобунай сайдыылара, култуураларын таһыма эмиэ көстөр. Биир икки үйэ ааспытын кэннэ биһиги хос-хос-хос сиэннэрбит уулууссаларбыт ааттарынан биһиги көлүөнэ өйбүт-санаабыт духуобунай сайдыытын, култууратын таһымын, ситиһиилэрбитин сыаналыахтара. Онон уулусса аатын ааттааһыҥҥа олус сэрэхтээхтик уонна айымньылаахтык, дириҥник толкуйдаан сыһыаннаһыаҕыҥ. Ылан көрүөҕүҥ бэчээккэ да наһаа элбэхтик сурулунна. Архыып докуменнара да кэрэһэлииллэр. Куораппыт саамай бастыҥ уулуссатын саха бөҕөтүн кыргыбыт, киһини сиир-людоет аатын ылбыт Поярков аатынан ааттаан туруорабыт. Тоҕо сатамматый ханнык да ороскуоту кэрэйбэккэ биһиги бу уулусса аатын уларытан сахалар ааттарыттан планета саамай бастыҥ ситиһиитин ситиспит саха чулуу уолаттара оччотооҕу модун ССРС сборнай хамаандатын үс гыммыт биирин кыайыынан хааччыйбыт 1976 сыллааҕы Олимпийскай оонньуулар кыайыылаахтара Олимпиецтар: Р.М.Дмитриев, П.П.Пинигин, А.Н.Иванов уонна кинилэр учууталлара, тренердэрэ Дмитрий Коркин ааттарынан кварталларынан арааран биэриэххэ уонна уулусса уопсай аатын: “Олимпиецтар проспектара”,—диирбит мин санаабар саамай сөп”, — диэбитэ мустубут дьон болҕомтотун улаханнык тарта уонна күргүөмнээх ытыс тыаһынан биһирэннэ.
Гаврил Гаврильевич этиитин биһирээн ханнык да ороскуоту кэрэйбэккэ Поярков уулуссатын “Олимпиецтар проспектара”, — диэн ааттыырга, диэн элбэх киһи биһирээн тыл эттэ. Кинилэр истэригэр СР конституционнай суутун судьуйата Игорь Николаев, суруналыыс Иван Турантаев, ССРС спордун маастара спорт ветерана Михаил Друзьянов о.д.а. бу улахан историческай суолталаах этии киирбитин биһирээн кэҥэтэн, быһааран уоттаах-күөстээх тыл эттилэр.
Бу мунньахха ыҥырыллан кэлбит Олимпиец Улуу Пехлеван — Александр Николаевич Иванов этии киллэрбит, уонна тыл эппит дьоҥҥо уонна истэн олорон сэҥээрбит мунньах кыттыылаахтарыгар махтанан Олимпиецтар ааттарыттан тыл эттэ.
Мэрия специалиһа бэйэтин этиитигэр: “Сокуон быһыытынан уулуусса аатын уларытыыга Дьокуускай куорат быыбардааччыларын ахсааныттан биир бырыһыана илии баттаһыннаах сайабылыанньа киирдэҕинэ боппуруос куорат депутаттарын сэбиэтигэр көрүллүөн сөп”, — диэбитин мустубут дьон үөрэн сэҥээрдилэр.