Чурапчы интернат оскуолатыгар энтизуаст тренер Дмитрий Петрович Коркин көҥүл тустуу оскуолатын аспыта. Д.П.Коркин Ленинград куорат институтугар нуучча тылын факультетын бүтэрэн учуутал идэтин ылан кэлбитэ. Маны таһынан кылаас тас өттүнэн иитэр-үөрэтэр үлэҕэ көҥүл тустуу көрүҥүнэн айымньылаахтык дьарыктанан аан дойду үрдүнэн аатырбыта. Манна оччотооҕу энтизуаст тренердэр Д.П. Коркин иитэр-үөрэтэр ньымаларын биһирээн Дьокуускайтан, республика араас улуустарыттан талааннаах оҕолору энтизуаст тренердэр Д.П.Коркиҥҥа түмпүттэрэ.
1966 сыл С.Н. Попов Дьокуускай куорат чемпионатыгар иккитэ бастаабыт, ССРС спордун маастара Корякиҥҥа эрчиллибит уолу убайа Борис Николаевич Попов Д.П.Коркин оскуолатыгар Чурапчыга илдьибитэ. Ол кэмҥэ ССРС чемпиона Вячеслав Карпов, РСФСР чемпиона Сивцев Коля, Прокопий Шестаков, Афанасий Матвеев, Дьалкыыр-Сивцев Коля, Сахаачча-Николай Захаров, Владимир Андросов, Пин-Пал—Павел Пинигин онтон атын кэлин ССРС, аан дойду күүстээх бөҕөстөрө буолбут чемпионнар үөрэнэ сылдьаллара.
Степа бастакы Дмитрий Петровичтыын көрсүүтүн ахтан аһарыах. Убайын батыһан бэсиэдэҕэ киирбит. Д.П.Коркин Портнягина Анна, диэн Кытаанахтан кэргэннээх Арыылаах чүөчэтигэр олорор эбит. Оччолорго Д.П.Коркин холостуой. Убайым киирэн кэпсэттэ. Куоракка үөрэммиппин онно икки сыл бастаабыппын эҥин кэпсээтэ. Д.П.Коркинтан: “Аны сириллэн үүрүллэн хаалыам”, — диэн дэлби куттанан долгуйан хаалбыт уол Д.П.Коркин тустуутун оскуолатыгар үөрэнэр буолбутуттан наһаа үөрбүт. Куорат сир оскуолатыгар үөрэнэр киһи хайаан да култууратын көрдөрүөн баҕарбыт. Тахсарыгар “Досвидание”, — диэм дии санаабыта этиллэрин саҕана “Здавствуйте” — диэн буолан тахсыбыт. Үөрүүтүттэн туймааран турбут киһи алҕаһы оҥорбутун тута биллэр да убайын батыһан тахсарыгар тиийбит. Тахсар ааны сабаат наһаа кыбыстыбыт киһи киирэн алҕаспын көннөрүм дуу? — диэн буккуллан бэтэкэйдэнэ турдаҕына убайа дьөлө ыһыытаан Д.П.Коркин үөрэнээччитэ буолбут үөрүүтүттэн алҕас тыллаһан түҥ-таҥ барбыт киһини илдьэ барбыт.
Чурапчы дьарыктара күн аайы быыстала суох силлиргэччи буолар. Куоракка нэдиэлэҕэ биирдэ эмэ буолар дьарыкка холуйдахха абытай дьарыктар саҕаламмыттар. Бастакы дьарыктарга умнуллубат бастакы тустуу билигин Олимпийскай чемпион Павел Пинигинниин буолбут. Степа 44 киилэ Павел Пинигин 40 киилэлээх хайалара да кыра дьон. Аны оҕолор таптаан ааттыылларынан Пин-Паль—Байбал Пинигин Степаттан түөрт сыл балыс. Туста киирбиттэр арай Степа күүһүнэн баһыйар курдук хаста да ыраастык уурбут. Уола туох да тохтоло суох атаакалыыр, кыырт курдук түһэ турар. Сылайан ыксааһын буолар итиннэ-манна охтор буолан барбыт. Өссө бүтэһигэр ыраастык барбыт. Дьарык кэнниттэн Дмитрий Петрович Стёпаҕа этэр: “Байбал эйиигиттэн быдан кыра, түөрт сыл балыс, түөрт киилэ кэриҥэ ыйааһына кыра хайдах кыайбаккын?” — диэбит.
Степан Николаевич Д.П.Коркиҥҥа махтала туох да сүрдээх улахан. “Эр киһи, тустуук чиэһинэй буолуохтаах. Тустуук албын-көлдьүн майгыта суох буолуохтаах. Бэйэни уонна бэйэ табаарыстарын атын дьону убаастыырга бигэтик үөрэтэрэ”, — диир.
Салгыы Степан Николаевич кэпсээнин истиэх.
— Мин бу оскуолаҕа кэлэрбэр соччо үчүгэйэ суох бэрээдэктээх кими баҕарар кытары охсуһа сылдьар быыкаа уҥуохтаах бээгэй киһи этим. Ону үчүгэйдик көннөрбүттэрэ онон бу олохпор онно-манна тиксибэккэ этэҥҥэ олорон таптыыр идэбинэн дьарыктанан көмүсчүт аатыран кэллэҕим. Ол да гыннар тиийээт бу оскуолаҕа Дима Үчүгээйэби уонна Сиэнньэ Морфунову кырбаан сууттана оҕустум.
Дьарык кэмин тас өттүгэр муостаҕа буоллун таһырдьа хаарга буоллун уолаттар бэйэ-бэйэбитин кытары туста сылдьабыт.
Бу сыл ССРС чемпиона Вячеслав Карпов уонна Россия чемпиона Коля Сивцев бааллара. Аны ол сыл тохсус кылааска үөрэнэ сылдьан Владимир Андросов ССРС бочуотунай спордун маастарын РСФСР үс төгүллээх чемпионун Петр Алексеевы кыайбыта. Аны түөрт уол Сахаачча-Николай Захаров, Афанасий Матвеев, Прокопий Шестаков, Рома Неустроев Калининград куоракка оҕолорго РСФСР чемпиона буолан кэллилэр.
Мин ахсыс кылааска үөрэнэ сырыттахпына Роман Дмитриев үөрэнэ кэлэр. Муостаҕа, хаарга Р. Дмитриев, Петр Платонов буолан көрүстэрбит эрэ тустабыт. Аны Роман убайа Ганя Дмитриев кэлэр. Муостаҕа тустууга киһигин бэйэҥ үрдүгүнэн эҥин бырахпаккын. Охтон түстэххэ ыарыыкката да бэрт. Олох туһунан хамсаныылардаах тустуу буолар.
Оскуолабыт директора Алексей Спиридонович Шадрин оскуола уопсай мунньаҕын ыытта. Онно: “Бука бары сылдьаҕыт”, — диэн буолла. Тукунаай—Ганя Николаев 1947 сыллаах мунньахха боппуруос бөҕөтүн биэрдэ. Муҥха балыга ханна барбытын, күрэх куобаҕын кимнээх сиэбиттэрин, атаҕа суох остуорас ити ким аймаҕай? Ити боппуруостарын Д.П. Коркиҥҥа тиэрпиттэр. Дьарык кэнниттэн Николаевы: “Хаал”, — диэбит. Үгэһинэн тонолуппакка утары көрөн олороон олорон баран: “Николаев аһаабыт иһиккэр силлиир эбиккин дуу? Чэ бар”, —диэн буолбут. Боппуруос онон быһаарыллан бүппүт.
Онуска үөрэнэ киирдибит. Арай онно биир саҥа уол кэлбит. Биһиги Чакыр Сиэнньэ—Семен Макаров, Платонов Бүөккэ, Юра Цыкунов буолан киинэҕэ сырыттыбыт. Киинэҕэ олордохпуна арай миигин ким эрэ кулгаахпыттан тардыалыыр. Онтум Саша Иванов эбит. Онно тардыалаһаары гыммыппытын Андрос Болуодьа уонна Сахаачча: «Кэлин быһаарсаарыҥ», — диэн буойан кэбистилэр.
Оскуолаҕа биһигини туох баар бары боппуруоспутун оннооҕор паартаҕа, остолобуойга ким кими кытта олорорун, ким ханна сылдьарын барарын олоччу Евдокия Яковлевна, —диэн хаһан утуйара-сынньанара биллибэт куруук оҕолору кытары сылдьар баспытаатал баара ол дьаһайар. Кылааска биһигини Иванов Сашалыын бииргэ олорто. Биһиги бииргэ олорон күөнтэһии бөҕөтө. Аны омук тылыгар мин Дьокуускайга үөрэммэтэҕим, Саша атын тылы үөрэппит. Онон иккиэн ити уруокка үөрэммэппит. Ол кэмҥэ бииргэ интернеппытыгар баран сытабыт. Бииргэ сылдьабыт. Аны хаарга тустууга Киэсэ Бугаев, Дима Үчүгээйэп “А” кылаастан. Биһиги “Б” кылаастан Саша биһиги хаарга кылааһынан утарыта тустабыт. Онон Саша биһиги устунан олох да биир дьон буолан хааллыбыт.
Ол сылдьан биир Үөһээ Бүлүү уолунаан Саша кыыһырыстылар. Бадаҕа Ньуустур Сашаны кыыстааххын той диэн сирэй харах аспыт. Варя аата ааттаммыт эҥин. Ону Саша киһитин охсон кэбиспит. Онтон: “Иванов Ньуустуру охсубут Сунтаар уола тоҕо биһиэхэ киэптиир, Манна Чурапчыга ким да, кими да атаҕастаабат”, — диэн Тукунаай ити быһылааны күөртүүр. Айдаан бөҕөтө турда. Онтон сотору уолаттар Сашаны умывальник муннугар соҕотохтуу хаайбыттар. Мин бэйэтэ да кыараҕас сиргэ саҥата суох Саша аттыгар баран уолаттарбынаан охсуһардыы оҥостон турунан кэбистим. Онтон Бүөккэ Платонов биһиэхэ кэллэ. Салгыы Юра Цыкунов, Чакыр Сиэнньэ кэлитэлээн Саша аттыгар туран истилэр. Ол кэнниттэн утары хамаанда киһитэ да аччаата, тарҕаһыы буолла. Балачча уустук боппуруос оннук биир тыла суох быһаарыллан бүттэ. Итинник бэйэ-бэйэбитин өйөһөн сырыттыбыт. Кэлин улаатан баран Саша күлэр. «Онно арааһа таһыллыахтаахпын быыһаан тураҕын”, — диэччи.
Аны Арамаан Дмитриев кэллэ. Олох кыра баҕайы киһи. Миигиннээҕэр да кыра. Ону көрө-көрө мыынабын: “Бу уол биһиги Бүөккэ Былатыаппытын хайдах кыайбыта эбитэй!” ,—дии саныыбын. Аны олорор хоспут кэккэлэһэ турар. Ол иһин көрүдүөргэ буоллун, ханна баҕарар киэһээ, хаһан иллэҥ буоллубут да туста сылдьабыт. Онон эмиэ чугастык билсиһии эн мин дэһии саҕаламмыта.
— Бэйи эрэ 1980 сыллаахха Арамаан Дмитриев Корнилаевы кытары тустарыгар эн бааргар Саша Иванов Арамааҥҥа уот харахха сүбэлээн Р. Дмитриев кыайан Сашаҕа улаханнык махтанан турар. Ону эн истибит сурахтааҕыҥ хата ону кэпсээ эрэ. Иванов Дмитриевка Александр Иванов туох диэбитэй?
— Баарым, баарым. Ол иннинээҕи сыл Тибилискэй турнирга Арамаан дэлби атаакалаабыта ону Корнилаев утары албастары оҥорон баһыйан тахсыбыта. Онон бу көрсүһүү ССРС сборнай хамаандатын таһымыгар спортсмен Олимпийскай карьератыгар быһаарыллаах киин хапсыһыы буолуохтааҕа. Биһиги көрүстэрбит эрэ бииргэ сылдьааччыбыт. Сашалаах Арамаан өрүү тапсан утарылаһааччыларын кытары хайдах тусталларын сүбэлэһэллэрин мин билэбин. Онно Саша кэлэн Арамааҥҥа: “Эн бу сырыыга төрүт атаакалаама, Корнилаев бэйэтэ үлэлээтин. Хайдах киирэн тутар эбит көрүөхпүт. Ону кини атаакалыыр кэмигэр хабан ылан утары быраҕан тустарыҥ ордук”, —диэтэ. Дьэ, тустуу саҕаланна. Арамаан туох да сүрдээх грамотнайдык көмүскэнэр. Киллэрбэт да таһаарбат даҕаны. Саша туох диэбитин уот харахха туһанан туһунна. Онтубут Саша санаабытын курдук буолан таҕыста. Корнилаев тулуйбата атаакалаан ыһыллан турда. Ону Арамаан кэтэһэ сылдьан Корнилаевы утары албастарынан үлтү кулаан кэбистэ. Салгыы Корнилаев биэрбит баалларын ылаары олох да күүскэ ыһыллан улаханнык хотторон хаалла. Корнилаевы Арамаан олох холкутук кыайан таҕыста. Бу Московскай Олимпиадаҕа путевка былдьаһар быһаарыылаах хапсыһыы этэ. Мин: “Александр Ивановы Армаан курдук олус мындыр, тустуу профессорыгар аһара мындыр сөптөөх сүбэни биэрбититтэн улахан талааннаах тренер буолсу”, — дии санаабытым.
Салгыыта бэчээттэниэ.