Кинилэр ортолоругар биһиги үрэхпит биир улуу киһитин, айылҕа айбытын төттөрү ылар кытаанах сокуонунан Гурий Иванович Турантаев 88 сааһыгар орто дойду олоҕуттан бүтэһиктээхтик аттанна. Бар дьонугар улахан ытыктабылынан туһанар Гурий Ивановиһы тиһэх суолугар куоратынан, тыанан элбэх киһи мустан атаарда. Кутурҕан тылларын эттилэр, эттибит.
Онтон оҕо сааспар Турантаевтары ы кытары сыһыан түгэннэриттэн аҕыннахха Гурий Иванович аҕатын, Аадырыс оҕонньору саха бастакы үөрэхтээхтэриттэн биирдэстэрэ, ытык киһини, киһини өйдүүр буолуохпуттан билэбин. Тандаҕа кэллэҕинэ биһиэхэ хоноро. Кини биһиэхэ кэлэр буоллаҕына, орой мэник бөтөстөрү эбээбит Маайа эмээхсин: “Улахан түөрт курууппа үөрэхтээх учуутал кэлиэҕэ. Мэниктээн көрдөрүмэҥ”,—диэн оннубутун буллартыыра. Онтон төһөтүн истэрбит эбитэ буолла? Балачча боччумура сатаан, учууталга куһаҕан оҕо буолан көстүмээри бэрт эрэйи көрөрбүн өйдүүбүн. Кини дьонтон уратыта утуйар таҥаһын сүгэ сылдьарын уонна хайаан да ааҕар кинигэлээх буоларын оччотооҕу кыра оҕолор оройдонорбут быыһыгар өйдөөн хаалбыппыт.
Оттон аҕабын кытары Гурий Иванович биир кылааска үөрэнэн оҕо саастарын бииргэ атаарбыт буолан сүрдээх истиҥ сыһыаннаахтара. Кинилэр олорбут өтөхтөрүн икки арда баара суоҕа балтараа килимиэтир. Гурий Иванович ол иһин эбитэ дуу? миигин: “Оо быраатым дорообо”,— диэн тоҕо эрэ куруук ис иһиттэн үөрэ—көтө көрсөрө.
Аны бу күннэргэ 90 саастаах ийэбэр: “Гурийбыт барбыт”,— диэбиппэр: “Оо быраатым барахсан миигин куоппут дии, кини эдэр этэ ээ”,—диэн баран куһаҕан аххан буолан сытыганнаан ылла. Бадаҕа улаханнык аһыйда. “Оттомо суох эмискэ бэлэстэтэн”,— диэн кэмсинэр санаа элэҥнээтэ: ”Биһиги хаан уруу аймахпыт дуо?”—диэн соһуйан саҥа аллайдым. Ону ийэм: «Ону бу диэн билбэппин ийэм эн быраатыҥ»,— диирэ: ”Чуолкайын киминэн салаа буоларбытын билбэппин”,— диэн тугу эрэ өрдөөҕүнү өйдүү сатаан унаарытта: «Дьэ, ити. Аҕам да, ийэм да икки өттүттэн улахан киэҥ аҕа ууһун, аймахтары түөргүлээн биһиэхэ үөрэппэтэхтэр”,—диэн хом санаа элэс гынан иһэн ийэбиттэн толлон тылбын быһа ыстаатым. Ол икки ардыгар ийэм өй ылбыттыы, үгэһинэн кини быраата Гурий үчүгэйин, дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөтө улаханын туһунан иэйэн-куойан олорон кэпсээтэ.
—Гурий аҕата Аадырыс—Уйбаан Турантаайап оччотооҕу кээмэйинэн биһиги үрэххэ суох улахан үөрэхтээх учуутал киһи этэ. Кинини киһи бары ытыктыыра, толлоро. Бэйэтэ да сүрдээх бэртээхэй киһи. Оҕону кытары оҕо, дьахтары кытары дьахтар майгытынан сатаан сыһыаннаһара. Ол эрээри тоҕо эрэ, арааһа бука аһара өйдөөҕүн иһин буолуо. Уйбаан Турантаайабы сойуолаһыы күүстээҕэ баарын туһунан дьон кэпсэтэрэ. Бэл оҕолоругар киһилии сыһыаннаспатахтара. Гурийы итиччэ өйдөөх киһини, оччолорго да чап курдук оҕону оскуолаҕа төрдүс кылааһы нэһиилэ бүтэттэрбиттэрэ. Ити баҕас туоратыы, атаҕастааһын содула. Дьэ чахчы атаҕастаммыт киһи. Ол да гыннар хата уолуҥ өрө тыыллан-хабыллан норуот таптыыр, ытыктыыр киһитэ буолан таҕыста. Өйдөөх киһи ыччата син биир өйө сүрдээх буоллаҕа. Дьоҥҥо да туһалаабыта хара баһаам. Чэ, мин уонна элбэҕи кэпсиир кыаҕым суох,—диэн кэпсээнин түмүктүүр.
Танда буоларбын доҕотторум билэллэр. Ол иһин эбитэ дуу? кыһалҕаҕа ылларан көрдөстөхтөрүнэ быһаччы Гурий Ивановичка эрийэр идэлээхпин. Ону кини: “Оо быраат, бачча чыыһылаҕа кэлээр”,— диирэ. Биирдэ табаарыһым Сэмэн Уйбаныап көрдөстө: ”Арамаан кыыһым Виолетта атаҕын өлөрбүт уус уран гимнастикаҕа кыргыттар итинник травма ыллылар да спортан туорууллар. Аан дойду эҥинэ бэйэлээх быраастара доктордар кыайбатах ыарыылара. Баһаалыста Гурийга барыах, кыыс бу күннэргэ Москваттан кэлиэҕэ”—диэтэ. Мин бэлэм техниканан дойдубун көрө охсоору тута Гурий Ивановичка эрийдим. Гурий Виолетта Иванованы истэн билэр эбит ыйыталаста уонна үгэһинэн киниэхэ тиийэр бириэмэбитин эттэ.
Этиллибит кэмҥэ лоп-бааччы айаннаан тиийдибит. Суолга баран иһэн арааһы санаан муучу буоллум. Аан дойду аатырбыт улуу судаарыстыбаларын ааттаах быраастара, улахан наука доктордара кыайбат ыарыыларын биһиги Гурийбыт хайдах кыайар? Аны ыарырҕатан: “Сатыам суоҕа”,— диэн эҥин кэтэмэҕэйдээн көрбөккө ыҥырбыта дөбөҥө эмиэ төбө ыарыыта буолла. Эбиэккэ түбэстибит толору астаах остуолга олорон арааһы кэпсэттибит. Мин төрүттэрбин уустарбын аатырбыт улахан күүстээх дьон үөскүү сылдьыбыттарын, улахан кыахтаах баай, кинээс, кулуба, чачыына Дьөгүөрэптэр туһунан мин урут сорох-сороҕун олох да истибэтэх түгэннэрбин бэрт элбэҕи кэпсээн сөхтөрдө.
Кэтэспит санааҕа кэпсэтэн балачча уһуннук олорон баран эмтиир хоһугар ыҥырда. Сэмэн көҥүллэтэн кыыһын кытта хоско кииристэ. Мин эмиэ көрүөх санаам сүрдэээх, кэргэнэ Харытыанньаттан көҥүллэттим. “Киир”,— диэн буолла. Арай ыстакаан чаайбын кым мүччү ыйыстаат эмтэнэр хоско киирбитим дьонум тапсыбыт аххан дьон, билигин да астына-дуоһуйа кэпсэтэ олороллор. ”Хайа хаһан оҥороҕут?”—диэн ыйыттым. “Суох, бүтэн олоробут”,— диэтилэр. Дөбөҥө бэрдиттэн уонна көрбөккө хаалан соһуйан хааллым. Виолеттаны: “Үтүөрбүт буоллаххына эмтээбит киһигэр биир эмэ хамсаныыта оҥорон көрдөр”,—диибин. Кыыспыт ойон туран атаҕын кэннинэн аҕалан санныгар, түөһүгэр уурталаан көрдөрдө. Гурий Иванович соһуйан: “Һоп паа, тоҕо баҕас сүрэй!?”,—диэн баран сөҕөн икки ытыһынан тэҥҥэ түһэҕин охсунна. Биһиги бэйэтин сөҕөртөн соло булбакка турар дьон кыыспытын сөхпүтүттэн сүргэбит көтөҕүлүннэ. Ити курдук ытык киһибит аны анаан-минээн кынаттаах алгыс тылларын хас биирдиибитигэр этэн үөрдэ-көтүтэ атаарда.
Биһиги Гурий Ивановиһы сөҕүү бөҕөтүн сөҕөн, дьиктиргээн, сэлэһэн куораккка айаммыт суолун билбэккэ да хаалбыппыт. Виолетта Москваҕа Ирина Винер Арассыыйа Олимпийскай эрэллэр оскуолаларыгар атаҕа үтүөрэн үөрэн-көтөн үөрэнэ барбыта. Аны кыыспыт уустук ыарыыттан эмтэммитин истэн буоллаҕа, бииргэ үөрэнэр, дьарыктанар дьүөгэлэрэ Олимпийскай чемпионка, аан дойду чемпионкалара Алина Кабаева, Ляйсан Утящева, Олимпиада иккис призера Ирина Чащина тиийэн кэллилэр. Сорохтор спортсмен наар кыайа-хото туох да кыһалҕата суох сылдьар киһи курдук саныыллар. Оннук эрэ буолбатах улахан ситиһиилэр улахан өй-санаа түмүллүүтүн, улахан гроссмерстерскай ааҕыылар, эт-хаан алларыйан бааһа үүтэ, доруобуйа сиэртибэтэ суох кэлбэт. Бу үс кыыстан улахан операция кэнниттэн сылдьар Ляйсан Утящева кыайан хаамар да кыаҕа суох баттыгынан, гиипсэнэн сылдьар улахан травмалааҕа. Онон кини бастакы күн циркаҕа үҥкүүлээбэтэҕэ. Онтон Гурий Иванович аптаах тарбахтара сыстыбытын кэннэ тута сарсыҥҥы күнүгэр гипсэтин, баттыгын устан быраҕахпыт, үтүөрэн үөрбүт-көппүт Ляйсан Утящева аренаҕа тахсан бэйэтин аан дойдуга аатырбыт алыптаах аатырбыт хамсаныылардаах үҥкүүтүнэн Дьокуускай олохтоохторун күндүлээбитэ биһигини сөхтөрбүтэ.
Сүдү талааннах, аптаах тарбахтардаах ытык кырдьаҕастаах буоламмыт планета чулуу гимнастарын имигэс хамсаныылардаах дьикти үҥкүүлэрин икки күн планета саамай бастыҥтан бастыҥнара Алина Кабаева, Ирина Чащина, Ляйсан Утящева циркаҕа үҥкүүлээбиттэрин Дьокуускай олохтоохторо сөҕө-махтайа, астына-дуоһуйа көрбүппүт. Ааспытын кэннэ сатаатахха эмиэ туһунан кэрэ-бэлиэ түгэн эбит. Олимпиецтар аан дойду чемпионкалара. Гурий Ивановичка улахан спортан ылбыт араас травмаларын эмтэнэн үтүөрэн үөрэн-көтөн төннүбүттэрэ.
Онтон телефонунан кэпсэтэбит. Онно Гурий Иванович этэр: “Арамаан дьэ кыргыттар улаханнык үөрбүттэр олус улаханнык махтаннылар”.— диир.
“Аан дойду үрдүнэн төһөлөөх элбэх эр бэртэрэ, эр дьон улуулара ити кыргыттарга ымсыыраллара буолуой? Ону баара кинилэр тарбахтарын да төбөтүнэн таарыйыахтааҕар, чугастан да көрөр кыахтара суох. Планета аатырбыт бастыҥ титулованнай кырасаабыссаларын хартыынаҕа эрэ көрөллөр. Хата киһи бэрдэ эн, эр киһи быһыытынан кинилэри талбыт тутан-хабан, эргичиҥнэтэн, имэрийэн-томоруйан эмтээн өссө өлгөмнүк махтал ылбытыҥ да бэрт буолбатах дуо?”—диибин уонна дьээбэни эппит киһи буолан күлэбин. Гурий телефон анараа уһугар күлэрэ иһиллэр.
Арыт итинник хаадьы аҥаардаах үөрэ-көтө бэрткэ тапсан кэпсэтэрбит.
Араас уустук уҥуох ыарыытын уҕарытар ааттаах-суоллаах аптаах тарбахтаах улуу киһи утумнааччылардаах дуо?— диэн дьон-сэргэ кэпсэтэр. Бааллар бөҕө. Бааллар да эбит. Оҕолоругар кытта бэрсибит сураҕа сири-буору аннынан иһиллэр. Кини оҕолоро аҕаларын идэтинэн дьарыктаналларын истибитим.
Биһиги улахан убайбыт, дьоһуннаах аҕа, эһээ, улахан доҕор бар дьонугар амарах дууһалаах үгүс киһиэхэ алгыс этэн олоххо үлэҕэ кынаттаабыт ытык киһибит быдан дьылларга бырастыы. Биһиэхэ эн аймах билэ чугас дьоҥҥор үгүс элбэх эмтээбит абыраабыт дьоҥҥор сүрэхпитигэр быарбытыгар өрүү чугас буола туруоҕуҥ.