Үс Хатыҥҥа Туймаада ыһыаҕар бэс ыйын 23 к үнүгэр Уус Алдан улууһун Бээрийэ нэһилиэгэ “Туос тойуга” түһүлгэҕэ ыалдьыттары түмтэ. Манна Уус Алдан, Таатта, Чурапчы, Нам уонна да атын сирдэртэн уран тарбахтаах маастардар туос оҥоһуктарын аҕалан бар дьоҥҥо көрдөрдүлэр. Бээрийэттэн 50-ча киһи кэлэн кыттан, нэһилиэк историятын, билиҥҥи олоҕун билиһиннэрэр быыстапканы туруордулар. Моҕол ураһаны түстүүр “Туос тойуга” ыһыах быыстапкатын аһыллыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков кыттыыны ылла. Александр Жирков мустубут дьону Үрүҥ Тунах ыһыаҕынанэҕэрдэлииригэр туоһунан иистэнии, туос оҥоһуктары оҥоруу ыһыахпыт быстыспат сорҕото буоларын, туоһунан дьарыктанар дьон түмсүбүттэрэ, бэйэлэрин үлэлэрин көрдөрө кэлбиттэрэ кэрэхсэбиллээҕин бэлиэтээн эттэ. Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус Туос ураһаны оҥоруоххайыҥ диэн дьоҥҥо-сэргэҕэ ыҥырыы таһааран уонна бэйэтэ бу үлэни саҕалаан, ол онтон сиэттэрэн Туос ураһаны оҥорууга хамсааһын саҕаламмыта. Мандар Ууһу өйөөн Бээрийэ нэһилиэгэр Варвара Тихоновна Васильева көҕүлээһининэн иистэнньэҥнэр бэйэлэрин кыһамньыларынан улахан үлэни саҕалабыттара. Сахабыт сирин улуустарыгар, нэһилиэктэригэр туос оҥоһугунан дьарыктаныы маастардар бэйэлэрин сүрэхтэрин баҕаларынан барар, кинилэр үөрүйэхтэрин бар дьоҥҥо тарҕаталлар. Туос ураһаны оҥоруу үлэтэ баҕарбыт курдук түргэнник оҥоһуллубат, бу улахан сыраттан тахсар. Мандар Уус биир ураһаны Баайаҕаҕа туруорар былааннаах. Оттон бу Дьокуускай куоракка Туос ураһаны туруоруу үлэтэ аҥардас дьон баҕатынан эрэ кыайтарбат. Сирэ-уота, туруохтаах акылаата толкуйданан, инники өттүгэр бэйэтэ музей-комплекс оҥоһулларын курдук улахан капитальнай объект быһыытынан көрүллүөхтээх. Онон ити бырайыак кэскилэ улахан», — диэтэ спикер.
Александр Жирков саха туос ураһаларыттан биир саамай улаханнара Нью Йорк куоракка Америка Естественнай историятын музейыгар баарын эттэ. 1901 сыллаахха Саха сиригэр кэлэ сылдьыбыт экспедиция кыттыылаахтара Чурапчы сиригэр баар ураһаны көтүрэн, тиэйэн илдьэ барбыттар. Сүүс сыл анараа өттүгэр хайдах сууламмытынан, биирдэ да тэнитиллэн көрбөккө, ол түрбэлэр Америка музейыгар харалла сыталлар. «Бу музейга тиийэ сылдьан, туос ураһаны ханнык ньыманан төнүннэрэр туһунан кэпсэтиини таһаарбытым. Ураһа төһө да эргэрдэр, туос ойуутун-мандарын көрөр, хайдах эмэ гынан Саха сиригэр аҕалар туһунан толкуйдуохпутун наада. Муос оҥоһугунан дьарыктанар дьоҥҥо саха норуотун ытык үгэһин эдэр дьоҥҥо тириэрдэргэ кыһаллыҥ», — диэн баҕа санаатын эттэ. Ил Түмэн спикерэ Саха сирэ Россияҕа киирбитэ 385 cылын үбүлүөйдээх бэлиэтинэн Бээрийэ нэһилиэгин «Арчы» уопсастыбаннай холбоһугун салайааччыта, норуот маастара, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Варвара Васильеваҕа туттарда. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин Махтал суругунан «Арчы» уопсастыбаннай холбоһук чилиэннэрэ, норуот маастардара Зинаида Васильева, Елизавета Семенова наҕараадаланнылар. Александр Жирков Бээрийэттэн, Тааттаттан, Намтан, Чурапчыттан кэлбит туос оҥоһугунан дьарыктанар иистэнньэҥнэргэ Америка музейдарыгар баар ХVII үйэттэн саҕалаан харалла сытар саха оҥоһуктарын барытын түмэн көрдөрөр кинигэ бастакы томун уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай Художественнай музейа саха ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын төрүттээбит уһулуччулаах худуоһунньук Михаил Носов туһунан таһаарбыт кинигэтин бэлэхтээтэ. Туос түһүлгэ быыстапка кыттыылаахтарын, ыалдьыттары Уус Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов , Бээрийэ нэһилиэгин баһылыга Петр Васильев , Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын киинин генеральнай дириэктэрэ Яна Игнатьева , Ил Түмэн дьокутаата, туос оҥоһук маастардарын өйүүр Владимир Федоров, Бээрийэттэн төрүттээх Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтара ааттарыттан СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Люция Старостина, норуот эмчитэ Гурий Турантав оҕолоро уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр. Ил Түмэн пресс-сулууспата.