Олунньу 16 күнүгэр күөн-күрэх алын сүhүөх (2-4) кылаастарын оҕолоругар ыытылынна.
Күөн-күрэх үс сиринэн ыытылынна.
Күөн – күрэх соруктара:
- оҕону литература эйгэтигэр киллэрии; кинигэҕэ интэриэһи, ситимнээхтик, тиһиктээхтик ааҕар баҕаны үөскэтии.
- араас көрүҥнээх информациянан үлэлиир үөрүйэхтэри иҥэрии;
- оҕону уус-уран айымньыга сыһыарыы, айымньыны ааҕарга, тылга болҕомтолоох буолууга иитии;
- айымньы нөҥүө оҕоҕо сиэр-майгы сыаннастарынан сайыннарыы.
Күөн – күрэххэ кыттыыны ыллылар 14 куорат оскуолаларыттан 54 алын кылаас үөрэнээччилэрэ.
Дьүүллүүр сүбэҕэ куорат оскуолаларыттан биирдии учуутал кытынна. Кинилэр кылаастарынан 1, 2, 3 уонна бириистээх миэстэни таһаардылар. Ордук бэлэмнээхтэрин Саха гимназия, Дьокуускай куорат национальнай гимназията, 7-с, 17-с, 26-с, 38-с нүөмэрдээх оскуолалар оҕолоро көрдөрдүлэр.