Сэтинньи 23 күнүгэр 17-№дээх оскуолаҕа үгэс буолбут Олоҥхо декадата “Саханы үрдэтиэ Олоҥхо” диэн үөрүүлээх линейканан түмүктэннэ. Өрөгөйдөөх тэрээһиҥҥэ саха кылаастарын үөрэнээччилэрэ, уһуйааччылар уонна ыалдьыттар кыттыыны ыллылар.
Үөрүүлээх линейканы “Алтын гунеш” аан-дойдутааҕы фестиваал кыайыылаахтара 4 «в» кылаас үөрэнээччилэрэ Трифонов Вася уонна Степанов Вася барабаан тыаһынан арыйдылар.
10 “г” кылаас үөрэнээччилэрэ Иннокентий Давыдов суруйбут “Тойон Ньургун” Олоҥхоттон быһа тардан толоруулара оҕолору, көрөөччүлэри үөртэ, солистаата Арина Скрябина. Бу үөрүүлээх күҥҥэ Саха тылын уонна култууратын Институутун 4-с куурус устудьуона Хаарчаана Семенова “Хабыр киирсиилээх Хабытта Бэргэн” Олоҥхоттон быһа тардан толорон тэрээһини киэргэттэ, оҕо-аймах биһирэбилин ылла.
Олоҥхо – Саха норуотун тылынан уус – уран айымньытын саамай үрдүк чыпчаала, үйэттэн үйэлэр тухары колүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн испит дириҥ ис хоһоонноох айымньыта буоларын өйдөөн туран үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдэн иһиэхтээхпит.
Сэтинньи 30 күнэ 2011 сыллаахха Саха сиригэр Хомус күнүнэн биллэриллибитэ. Бу кун 17-с оскуола үөрэнээччилэрэ, уһуйааччылара, ыалдьаттар үгэс буолбут “Эн дьиэрэй, этигэн хомуспут” диэн үөрүүлээх линейкаҕа муһуннулар. Үөрүүлээх линейканы оскуола иһинэн үлэлиир “Северное сияние” ансаамбыл “Хомус» үҥкүүтүнэн арыйда. Тэрээһини быйыл Кореяҕа ыытыллыбыт аан-дойдутааҕы фестиваал лауреаттара 4 “г” кылаас үөрэнээччилэрэ – “Талбан” ансаамбыл хомуска, барабааҥҥа оонньоон киэргэттилэр. Үөрүүлээх күнүнэн соторутааҕыта Сочи куоракка ыытыллыбыт аан-дойдутааҕы «Akvatemp» фестиваал кыайыылаахтара 9 «в» кылаас оҕолоро фольклорнай толоруунан эҕэрдэлээтилэр. Бу күн 17-с оскуола оҕолоругар хомус алыптаах тыаһын бэлэхтээтэ хомусчут-импровизатор Эркин Алексеев. Линейка түмүгэр бары мустубут оҕолор, учууталлар Саха төрүт оһуохайын биир киһи курдук хомуһунан таһаардылар.
Хатылыкова В.В.