Чурапчыга күүттэриилээх «Тойон муҥха» бэртээхэй буолла. Эбэҕэ муҥха түспэтэҕэ быйыл төрдүс сыла. Кини балыга минньигэһинэн чугас эргин тэҥнэһэр күөлэ суох. Былыргылар этэллэринии, саха дьоно сылга иккитэ — ыһыахха уонна муҥхаҕа күргүөмүнэн мусталлара кырдьык эбит.
Нэһилиэк салалтата эрдэттэн хамыыһыйа тэрийэн, муҥхалаахтары кытары кэпсэтэн, биригээдэ үлэһиттэрин булан, тэрээһини үчүгэйдик ыытта. Бастакы күн биригээдэ чилиэннэрэ күөл арҕаа өттүн балыгын күрэттилэр. Иккис күн ол тиийбит сирдэриттэн салгыы 6 муҥханы кэккэлэһэ түһэрилиннэ.
Күөлгэ биригээдэ үлэһиттэриттэн ураты атын киһи киирбэтин туһунан хамыыһыйа олорор массыынатыттан улаатыннарар микрофонунан биллэрэннэр, ким даҕаны мэһэйдэспэтэ.
Эмпэрэ сыыр үрдүттэн муҥха хайдах кэлэн иһэрэ ытыска уурбут курдук көстөр. Биэс муҥха иҥнибэккэ сыыйа чугаһаан тахсар чардаакка кэллилэр. Кытыы муҥха иҥнэн, арыый хойутаан таҕыста. Балык хото кэлэн, дьон-сэргэ үөрүүтэ үксээтэ. Уолаттар майдааннарга собону харса суох тастылар. Итиннэ кууллуу-кууллуу бураннарынан кытылга илдьэн, 10-нуу куулунан чөмөхтөөтүлэр. Барыта 500-тэн тахса куул кэллэ.
Түҥэтиигэ биригээдэлэргэ 25-тии куулу өлүүлээтилэр. Нырыыга кыттыбыт Чурапчытааҕы колледж, ЧГИФКСИ устудьуоннарыгар (сал. Константин Жирков) 20 куулу биэрдилэр. Онтон үөһээ турааччылары түҥэтиккэ киирэргэ көҥүллээн киллэрэн, 4 киһини биир эрээккэ туруоран, талоннарын быһа-быһа өлүүлэрин биэрэн ыыталаан истилэр. Үтүрүһүү, аанньыалаһыы тахсыбата. Муҥхаҕа кыттыбыттар ааттарыттан муҥхалаахтарга—Николай Ивановка, Анатолий Захаровка, Иннокентий Никитиҥҥэ, интэринээт-оскуола (сал. Виктор Дьяконов), суолу тутар-өрөмүөннүүр ХЭТ (сал. Валерий Сивцев), „Боотур“ эдэр булчуттар кулууптара (сал. Егор Анемподистов) хамыыһыйа, муҥха кыттыылаахтарын аатыттан махтал биллэрилиннэ.
Ааптар: Алексей СЛЕПЦОВ