«Бу олох кылапы курдук, хара тордох курдук кыра үөннэр уулуссаҕа, ыал тэлгэһэлэригэр, уу баахтарыгар, сибэккигэ, окко маска түспүттэр. Дьиктитэ диэнэ, дэриэбинэбит арҕаа эрэ өттүгэр. Маннык үөннээх ардах өссө ханна түспүтүн чуолкай иһитиннэрии истэ иликпит. Айылҕа ханнык тыалынан дуу, былытынан дуу, хантан аҕалбытын билбэккэ олоробут«, — диэн Алтан нэһилиэги олохтоохторо сөҕөн, соһуйан олороллор. Өссө бу үөннэрбит көтөн кэлэн кумаар курдук ыстыыллар эбит.
Онтон Аммаҕа, улуус киинигэр автозаправка сырдык уотугар букатын да хара былыт курдук халҕаһалыы түспүттэрин дьон устубут. “Көстүбүт үөннэрбит «водяные клопы гребляк» диэн ааттаахтар эбит. Туох да куттала суох. Ыстаатаҕына кумаар курдук дииллэр. Билигин миграциялыыр кэмэ диэн экология института биллэрдэ. Тыалы кытта көһөр эбит«, — диэн Алтантан дьахтар сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Наталья Борисова суруйда.