Олохпут олус күүскэ сайдар. Биһиги боростуой норуот эмиэ көрүүбүт, олоххо сыһыаммыт уларыйар. Ол аайы олоҕу урууллаан иһэр партиялар эмиэ норуот туһатыгарүүнэр сайдар аналлаахтар. Биһиэхэ ити боростуой норуоту кытары сыһыан-майгы партияларбыт өттүттэн хайдаҕый? Дьиҥ норуот санаатын истэр, норуот өйүнэн-санаатынан салаллар партия баар дуо? Ким баҕарар өйдөөтө: “Былааһы салайан олорор салалта партиялара салалта дьонун дьолун-соргутун туһугар үлэлиир”, — диэн.
Кырдьык да оннук билигин бу партия биһиги Ил Түмэммитигэр 71 депутаттан 51-рэ ЕР партия буолбуттара. Онтон ЕР Ил Дархан бу дьону сүүмэрдээн: ”Миигин саамай истиэхтэрэ”, диэбит дьонун талан дуоһунастаан-хамнастаан сылаас олбохтоон үксэ уруккута хомуньуустары туруорбута.
Ол оннугар бу дьону эмиэ бу партия туруорбут салайааччылардаах сокуон уорганын дьоно араҥаччылыыр, көмүскүүр. Эдиинэйдэр онон кими баҕарар хаайар, салыннарар, куттуур, үөҕэр, холуннарар, албынныыр, балыйар кыахтаммыттар. Ити ыарыылара ордук быыбар кэмигэр бэргиир.
Ааспыт Ил Дархан быыбарыгар бэйэлэрин мөлтөх үлэлэринэн дуу, собус соруйан дуу эһэн кэбиспит норуоттарын хайдах курдук сэнииллэрин таах да көрдөрө, туһана сатаабыттара. КПРФ, ЛДПР, Аграрнай курдук уонна кыра партиялары былаас партията бэриннэрэн, атыылаһан, куттаан бэйэтин туһатыгар үлэлиир спойлер партия оҥостон кэбиспитэ. Иккис курдук норуот харчытынан тэриллибит туох баар бэчээт маассабай көрүҥнэрин олоччу эдиинэйдэр көҥүл айбардыыллар.
Быыбар иннинэ Ил Дархан:”Ыраас чиэҺинэй быыбардар иҺин”, — диэн ыҥырыы таһааран баран быыбар туһунан РФ ФС бэчээккэ икки тылынан таһаарбакка аҥаар кырыы быыбар сокуонун уонна конституцияннан көрүллүбүт киһи быраабын бардырҕаччы кэһэн албыннаан, балыйан, куттаан, атыылаһан ил дархан былааска кэлбитин бука бары билэбит. Ол да иһин күн бүгүн кини авторитета норуокка түстэ.
Быйыл күһүн ыытыллыахтаах быыбар син биир ити халыыбын салгыы сайдар буолла. Оннук саҕалаатылар даҕаны. Бастакытынан туох да буруйа суох норуот туһатыгар республика активын атыылааһыннары утарсыбыт, норуот олоҕо тупсарын иһин идеялары туруорсубут А.Н.Максимовы күн бүгүнүгэр диэри олоҕо суох буруй көрдөөн бириэмэ сүүйэ сатаан уһун синньигэстик сууттуу сылдьаллар.
Иккис курдук Ил Дархан быыбарыгар салалтаҕа балыйан, атыылаһан, куттаан, албыннаан кэлбит ил дарханы утары туран дьиҥэр кыайбыт Э.Б.Березкины холуннарар үлэни күүскэ ыыталлар. Чааһынай тэрилтэҕэ быстах үлэҕэ киирбитин Е.А.Борисов улахан судаарыстыбаннай тэрилтэҕэ үлэҕэ ылбытын курдук сураҕы кытта интернетинэн тарҕаттылар. Күн аайы араас кээмэйдээх сүүһүнэн суол быһылааннара буолаллар ол тоҕо эрэ ахтыллыбат, ырытыллыбат.
Арай Е.Б.Березкин ДТП-та күн аайы хоруотанар. Дьиҥэр бу быһылааҥҥа эргиччи өттүнэн өлбүттээхтэр бэйэлэрэ буруйдаахтара дакаастанар. Массыынаҕа олорон испит үс киһи массыына ыытар бырааптара суох, суол быраабылатын куруубайдык кэспиттэр, кыһын тымныы, халтараан о.д.а учуоттаммат. Саатар өлбүттээхтэри да аһына, айыыргы түһэр санаалара суох эстибит эдиинэйдэр буоллулар.
Бэл диэтэр Ил Дархан: ”Кириитикэни миигиттэн саҕалааҥ, конструктивнай кириитикэ баар буолуохтаах”, — диэн баран эдиинэйдэри уонна ил дарханы кириитикэлээн суруйар собус соҕотох суруналыыспытын Арамаан Дьөгүөрэби оҕолоругар тиийэ туох да олоҕо суох холуннаран, хос ааттаан суруйаллар, хоруотууллар, араас куһаҕан сурахтары тарҕаталлар. Бу төһө сиэрдээх быһыыный? Кинилэри утары барбыт үлэ үөһүгэр сылдьар күн солото суох кыһыҥҥы томороон тымныыны, өҥүрүк куйааһы аахсыбакка ыарахан үлэни үлэлиир бааһынайдары бэл диэтэр харыһыйа түспэт эбиттэр. Утары барбыт бааһынайдары эккирэтиһии, үлэлэригэр мэһэй-тэһэй буолуу күн бүгүнүгэр диэри салҕанар. Бу аата биһиги олохпутун сайыннарыыга төһө сиэрдээхтик үлэлиир салалтанан, партиянан салаллабыт?
Бэҕэһээ интернет сайтарын киирэн көрөн баран улаханнык соһуйуох өмүрүөх киһи хата ити үөһээ ааттаабыт фактары уонна да атын элбэх эдиинэйдэр уонна ил дархан айыыларын-хараларын балачча билэр буолан баччаны сымыйалаабат, холуннарбат буолуохтара дуо? дии санаатым. Салалтабыт олус да сытыйбыт, улугурбут бэйэлээх бэйэтин норуотун олус да сэнээбит, атаҕастаабыт, — диэн арай сөрү диэн сөҕөн кэбистим. Бу аата биһиги маннык салалталаах ханна баран иһэбит?
Билигин Якт.ру, Аартык.ру, в-якутия.ру онтон да атын маассабай сайтары салалтабыт атыылаһан эдиинэйдэринэн хонтуруоллата олорорун билбиппит сылтан орто. Аартык.ру сайтка “Если бы у Тумусова была совесть…”, — диэн төбөлөөх Елена Тихонова ыстатыйатыгар хараҕым хатанна. Атыыламмыт суруналыыска РФ ГД норуодунай депутатын суобаһа суох, диэн бэйэтэ ханнык да суобаһа суох ити төһө эрэ хамнаска дуу, харчыга дуу дьиҥнээхтик норуотунан талыллыбыт депутаппытын туох да олоҕо, төрүөтэ суох хоруотаата?
Чахчы эдиинэйдэртэн өйөбүллээх киһи суруга-бичигэ симиттэр, кэмчиэрийэр, — диэни умнубут. Норуокка балачча биллэр уоппуттаах, бэчээт сокуонун билэр суруналыыс Елена Тихонова ама Федот Тумусов РФ ГД-гар 160-на тыл эппитин, 80 сокуоҥҥа кыттыспытын уо.д.а. норуоту кытары үлэтин хайдах билбэтэ эбитэй? Сөҕөн эрэ кэбистим. Дьэ, ити аата “Күн судаар” ил дархаммыт сиэрдээхтэри түһэрэр, сууһарар сорудаҕын толоруу буоллаҕа. Елена Тихоноваттан ыйытыахха баара ити көмүскүүр “Күн судаар” Ил Дарханыҥ бу быыбар дьыалатыттан ураты норуотун бу дойдуну ыар дьылҕалаабыт кириисис кэмигэр хаалыыттан таһаарыыга туох ханнык дьаһаллары ылла? Дьадаҥы, сүрэҕэ суох,—диэн үөҕэр норуотун туһунан ил дархаммыт дьиҥэр өйүгэр да оҕустарбат. Ону норуотуҥ туһугар итиччэ кыһаллар суруналыыс киһи тоҕо суруйбаккын? Быыбарга пиарданан арай тыа сиригэр благоустройствонан уонна ынах атыытыгар дэриэбинэҕэ үйэлэргэ көрүллүбэтэх үтүмэннээх үбү көрдө, диигит. Ити уочараттаах быыбарга куолас атыылаһыыта чиновник чугас аймахтарын өйүүр харчы буоларын норуот билэн олорор. Муҥ саатар кырдьыгы көрдүүр Елена Тихонова тоҕо итинни быһааран суруйбаккын?
ИГ В-якутия.ру сайтка босхо гектар сокуона сыыһатын туһунан РФ ГД-гар Ф.С.Тумусов быыбарга пиарданан көстө сатаан дьарыктанарын курдук өйдөбүлү норуокка биэрбиттэр. Бу ыстатыйаҕа да сурулларынан Ф.С.Тумусов сири гектарынан биэриини бопсон туруорса сатаабыт өссө правительство этиитин тириэрдэн бэртээхэй дьыаланы оҥорбутун плагиат, — диэн саайбыттар.
Норуот да, правительство да этиитин норуодунай депутат быһыытынан Ф.С.Тумусов туруорсар эбээһинэһэ. Кини ону сибэтиэй эбээһинэс оҥостон дьону, норуоту кытары элбэхтик көрсөн ОНФ, СР правительствотын кытары үлэлэһэн туруорсарын тоҕо сиилээтилэр? Тумусов гектар сири босхо биэрэри утарсара, газохимическай собуоту норуотун туһатыгар утарсара туох сыыһалааҕый? Ити аата справедливай Россия партия норуот кыһалҕатын туруорсан үлэлиирэ сыыһа, —диэбиттэрин курдук өйдөөтүм. Тоҕо эрэ эдиинэй Арассыыйаттан РФ ГД-гар депутат баар даҕаны бу боппуруоска, айылҕаны уонна төрүт олохтоох норуоттарын харыстаан газохимияҕа да сыыһа да, таба да тыас таһаарбытын хата биһиги истэ иликпит. Оччоҕо биһиги интэриэспитин үрдүкү таһымҥа ким көмүскүүр? Билигин ааспыт бу күһүҥҥү нэһилиэк быыбардарыгар Алдаҥҥа, Горнайга о.д.а. сирдэргэ справедливайдар эдиинэйдэрдээҕэр норуот итэҕэлин ордук ылалларын көрдөрбүттэрэ.
Билигин Москва куоракка РФ эдинэй Арассыыйа политическай партиятын сийиэһэ үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Биһиги дьоммут РС ЯРО ЕР ПП-ан баран анал делегация кыттар. Кэлээт били үгэс буолбут праймеристарын биллэн туран биһиги хас биирдиибит: ”Биһигини сиэрдээхтик салайан сайыннарыҥ”,—диэн нолуок төлөөн муспут бюджеппыт харчытын суотугар ыытыахтара. Ол эрээри манна да норуот баҕата санаата учуоттаммат. Үгэс быһыытынан соҕотох ил дархан санаата, баҕата, дьоло-соргута эрэ учуоттаныа турдаҕа. Тыа сиригэр интеллигенцияны хамнастарынан рекеттээн бэриннэрбиттэрэ ыраатта. Учууталлар, быраастар, култуура үлэһиттэрэ барахсаттары киһи да аһынар. Эмиэ да оҕолорун иитиэхтэрин, дьиэ кэргэттэрин көрүөхтэрин наада буоллаҕа. Хайа уонна учуутал быһыытынан тойону-хотуну истэ, ытыктыы үөрэммит сиэрдээх бэрээдэктэрэ сыттаҕа.
Ол эрээри быыбарга сыыһа талыы олоххо хайдах курдук күүстээх охсуулааҕын кинилэр да биллэхтэрэ. Тыа сиригэр кинилэр хаан-уруу аймахтара, бырааттара балыстара, тапталлаах оҕолоро сытыйбыт салалта быһаччы буруйунан үлэтэ-хамнаһа суох эрэйи көрөн умнаһыт буолбуттарын кытта эйэлэспэттэрэ чуолкай.
Ил дархаммыт аатыгар норуокка астыммат буолуу элбээн иһэр. Салалтаҕа сөптөөх кадры бэлэмниир оннугар саха бастыҥөйдөөх дьонун эккирэтиһэр туоратар. Горнай улууһуттан төрүттээх сахалар баар суох киһибит Академик В.В.Филипповы, Э.Б.Березкины, А.Н.Максимовы о.д.а. салалта үлэтиттэн үтүрүйбүттэрин норуот сөбүлээбэт. Аны норуот саха сиригэр инники сайдыыны учуоттаан төрүт олохтоохтору күөмчүлээбэт гына промышленноһы сайыннарары туруорсар. Биһиги ил дархаммыт айылҕаҕа уонна дьон доруобуйатыгар уһулуччу буортулаах газохимическай собуоту дьонун-норуотун кытары сүбэлэспэккэ туттара сатыырын, саха сирин кэлиилэргэ буор босхо биирдии гектарынан биэрэрин норуот букатыннаахтык уонна саамай сөпкө барачыастыыр.
Ыраас чиэһинэй быыбардары ыытыы бу норуот саамай бастыҥ баҕа санаата. Ол инниттэн быыбар туһунан РФ ФС ыам ыйын бастакы аҥаарыгар икки тылынан дьоҥҥо тиийэр гына СР КБК бэчээттиирин ааспыт ил дархан быыбарыттан кэһэйбит дьон саамай сөпкө ирдиир. Политическай партиялар норуоттарын туһугар кыһаллар буоллахтарына маны учуокка ылан туруорсаллара наада. Бука бары ыраас чиэһинэй быыбардар иһин. Ким норуотун интэриэһин көмүскүүргэ үчүгэй бэлэмнээх ол кыайдын.