Василий Ребров дьиэ кэргэнэ Сыаҥааннаахха бастыҥ хаачыстыбалаах оту ылла
Аҕаларын туйаҕын хатарбыт уолаттар Станислав уонна Ефим от ыйын 9 күнүгэр «Буур Хаайбыкка» ким хайа иннигэр хотуур суолун таҺаарбыттара. Оттуур сир дэриэбинэттэн 6-7 км., былыргы Т-16 трактор көрүү-истии үчүгэйинэн охсор да, мунньар даҕаны.
Станислав Васильевич Сыаҥааннаахха Кэбэргэнэ курдук ыраах нэҺилиэктэн кэлэн күөх күрэҕэр илиитин харалыыр. Санаан да көр, Кэбэргэнэттэн Белайга диэри мотуорунан 5 чаас, онтон Белайтан Сыаҥааннаахха диэри 10 чаас. Айан да айан. Дьоно ыанар ынахтарын, биэс төрүүр биэлэрин этэҥҥэ кыстаттыннар диэн сүрэҕин баҕатынан кэлэн туҺалыыр. Аны туран төрөппүттэрин дьиэлэрэ былырыыҥҥы халааҥҥа хаарыйтаран, уолаттар күнүһүн ходуҺаҕа, түүнүн дьиэ өрөмүөнүгэр сырыттылар. Сылааны аахсыбакка туран үлэлээн, от ыйын 26 күнүгэр оттоон бүттүлэр. 16-17 туонна от чөкөйдө, оттон хаачыстыбата диэн бастакы суортан атын буолбат.
— Василий Григорьевич, таҺаарыылаах үлэҕит кистэлэҥэ туохха сытарый?
— Оччоттон-баччаҕа диэри сайын кэллэ да оттооҺунтан атын толкуйа суох киҺибин, тыа сирин сахатын сиэринэн. Ол гынан баран күнү-дьылы баттаҺа иҥэмтиэлээх күөҕү сомсуохтаахпын диэн санаалаахпын. Үтүө кураан кэми аҺаран баран, ардахха, силбиккэ оттууру төрүт сирэбин, аатыгар эрэ от буолар буоллаҕа. Былыр ардахха-саппахха баттаппыт оту сүөҺү сии туран охтор дииллэрэ. Ол иҺин мин эрэ буолуо дуо, республика үгүс отчуттара Тускул айылҕаны кэтээн көрүүтүгэр, сыллыктааҺыныгар махтаналлар. Кини от ыйын 20 күнүгэр диэри кураан туруоҕа, онон отчуттар ити кэми мүччү туппакка ходуҺаҕа киириҥ диэбитэ сөрү-сөп эбит. БиҺиги уолаттарбынаан Тускул тылыттан ончу тахсыбатыбыт.
НэҺилиэкпиттэн Иван Егорович Садовников от ыйын 8 күнүгэр киирээт, тута биир оту туруора охсубута. Бу күннэргэ аны 4-с отун кэбиҺээри сылдьар. Үчүгэй оту чөкөттүм диэн үөрүүтэ улахан.
ОттооҺуҥҥа нэҺилиэк сводкатын көрдөххө, бырыҺыан үрдүк. Дьиҥэр, бу тэриллиилээх хаҺаайыстыба көрдөрүүтэ буолбатах, кэтэхтэр сэниэлээхтик үлэлээбит сыыппаралара буолаллар. ТХПК син-биир оттуоҕа, сорудаҕы толорорго дьулуҺуоҕа, ол гынан баран от хаачыстыбата мөлтөҺүөр буолара чуолкай. ИккиҺинэн, эмиэ сводкалары таарыйыам. Сыыппаралар сүүс бырыҺыан кырдьыктаах буолуохтаахтар. Оту илиинэн-атаҕынан тутан быалаатаахха чуолкай төҺө туонна тахсарын киҺи эрэ барыта билэр. Маннык дьаҺаннахха кыстыгы дьиҥ-чахчы илии тутуурдаах көрсүөхпүт.
Ааптар: Афанасий ИВАНОВ