Истиҥ кэпсээннээх, дириҥ ис хоһоонноох сыаллаах-соруктаах дьон эбиттэрин кинилэр кэпсээннэриттэн биһиги, мустан олорооччулар сэргии иһиттибит. Ыалдьыттарбыт бары да олус талааннаах дьон эбит. Ким хоһоон ааҕан, ким үгэни, ким урукку кэми ахта-саныы кэпсээн-ипсээн ыллылар, ырыа да ыллаатылар, уонна түмүккэ «Сүтэрсибит сүрэхтэр» диэн уус-уран киинэни көрдөрдүлэр.
Киинэ режиссера Александр Владимирович Лукин – Таллан кэпсээтэ:
— Биһиги устар бөлөхпүт олоххо дьиҥ-чахчы буолбут түбэлтэҕэ олоҕуран киинэ устар сыаллаах-соруктаах экспедицияҕа кэлэ сылдьабыт. «Победить или умереть» диэн киинэни биһиги устан саҕалаабыппыт иккис сылбыт буолла. Үс улахан экспедицияҕа бара сылдьыбыппыт, Өлөөҥҥө, Дьэлиҥдэҕэ уонна Анаабырга кэлэн турабыт. Онно Өлөөн олохтоохторо көхтөөхтүк кытыннылар. Бу киинэ ис хоһооно олоххо дьиҥнээхтии буолбут түгэни көрдөрөр. Дьэлиҥдэ диэн бөһүөлэккэ дьиҥ-чахчы үлэлээн-хамнаан ааспыт эдэркээн быраас кыыс туһунан. Бу киинэ устуохпут иннинэ элбэх матырыйаал хомуйдубут, Дьэлиҥдэ олохтоохторун кытта ыкса үлэлэстибит. Дьону-сэргэни кытта кэпсэтэн, ол кыыһы дьиҥнээхтии көрбүт дьону кытта алтыһан, сэһэргэһэн билсэммит матырыйаал хомуйаммыт, барытын бу киинэҕэ кубулутуохтаахпыт. Биһиги бэйэбит устар бөлөхпүт табаһыттарга ыстаадаҕа тиийэ сылдьыбыппыт, кинилэри кытта хараалларга сылдьыстыбыт. Уопсайынан хоту дойду дьонун культуратын кытта билсэ сылдьабыт. Миэхэ бэйэбэр барыта наһаа саҥатык. Миэстэтигэр кэлэн билсэ сылдьарбыттар олус үөрэбин. Биһиги хотугу дойду төрүт олохтоохторун эбээннэр, долгааннар культураларын аан дойду таһымыгар таһааран көрдөрүөхпүтүн баҕарабыт. Мин Сааскылаахха аан бастакы сырыым. Билигин билсэ-көрсө кэллибит. Өссө да манна кэлэ сылдьыахпыт, кыһыннары устуохпут. Олохтоохтор бу киинэни өйөөҥ, өйдөөтөххүтүнэ барыбыт киинэтэ буолан тахсыа диэн эрэнэбин.
Василий Егорович Васильев – Харысхал, кинорежиссер, «Победить или умереть» пьеса ааптара:
— 1938 сыллаахха Дьэлиҥдэнэн, Уудьанан ааттаах улахан ис тиибин эпидемията буулаан турбут эбит. Ол онно соҕурууттан кэлбит Капиталина Михайловна Облезова диэн быраас идэлээх эдэр нуучча кыыһа эмтии сылдьан, бэйэтэ ол ыарыыга сыстан өлөн хаалбыт. 80-с сыллардаахха этэ эбит. Матырыйааллар кэпсииллэринэн, кини бүтэһик таблетка хаалбытын 9 саастаах кыыс оҕоҕо биэрбит. Бэйэтэ өлөр. Өссө саамай хомолтолооҕо баар, Дьэлиҥдэҕэ эргэ балыыһаны өрөмүөннээри муостатын көтүрэ сылдьан, муоста хайаҕаһыттан суруктарын булан ылбыттар. Ол кыыс барахсан дьонугар сурук суруйа-суруйа муоста хайаҕаһыгар түһэрэр эбит. Архыыпка хасыһан билбитим, Облезовтар диэннэр Петр-1 саҕаттан ааттаах улахан быраастар халыҥ династиялара эбит. Кинилэр истэригэр бааллар ааттаах улахан академиктар, профессордар. Сэрии бөҕөнү сэриилэспит дьоннор. Олор сыдьааннара кыыс кэлэн Дьэлиҥдэҕэ көмүллэ сытар. Ол кыыс туһунан ити киинэбитин уста сылдьабыт. Иккис сылбытын үлэлиибит. Эппитим курдук, пьесаны суруйбутум кэннэ, «Саха снайпера», «Дьикти саас», «Хара мааска», онтон да атын киинэлэри уһулбут биллэр кинодраматург Никита Аржаков пьесабын ааҕар баран тута киинэтэ устуоххайыҥ диэн этии киллэрэн, билигин эмиэ киэҥ эйгэҕэ биллэр Александр Владимирович Лукины режиссерунан анаабыттара. Директорбыт Степан Ефремович Сивцев — Хамалҕа, операторбыт Джур Иванович Березкин.
Ааптар: Анаабыр уоттара