Кыым хаһыат от ыйын 27 күнүгэр «Саха ынаҕа — төрүт култуурабыт быстыспат сорҕото» диэн ХИФУ Педагогикаҕа институтун методикаҕа киинин лиэктэрэ Д.С. Брызгалов ыстатыйата бэчээттэммит. Учуонай быйылгы Туймаада ыһыаҕар саха ынаҕын түһүлгэҕэ киллэриини биһирээн суруйбут. Олус үчүгэй матырыйаалы сөбүлээн хаста да төхтүрүйэн аахтым. Арааһы бэйэм кыаҕым ыырынан санаатым. Бэйэм бэйэбинээн бу ыстатыйа тула араастаан мөккүстүм. Онтон сорох өттүн манна быктаран үгэспинэн үөҕүллэ түһэн ыларга сананным быһыылаах.
Учуонай олус кылгастык эрээри саха ынаҕын туһунан ыстатыйатыгар саха ынаҕын сүрүн уратыларын олус бэркэ ойуулаабыт.
Бастатан туран учуонай Д.С. Брызгалов «Саха ынаҕа — төрүт култуурабыт быстыспат сорҕото» диэбит. Мин учуонай бу этиитин «Саха ынаҕа — олохпут төрүт тутула» диэн уларыттым. Саха ынаҕа саха киһитин аһылыга, туттар тэрилэ, таҥнар таҥаһа, аһыыр иһитэ, тыла-өһө, үгэһэ, култуурата олоччу ынаҕыттан быһаччы төрүттээх.
Онтон ыһыахпытын билигин үрүҥ аар айыыларга үҥэр, алгыс ылар, сахалыы оонньууларга эрэ аналлаах курдук өйдөбүлү ыччаттарбытыгар биэрэр буолан эрэбит. Бу олох сыыһа. Ону бука бары билэбит.
Былыр ыһыаҕы саха баайдара ынах сүөһүгэ кыстыыр отун бэлэмниир үлэҕэ киириэх иннинэ сайыны көрсүү бырааһынньык быһыытынан тэрийэллэрэ. Онон ыһыах тутула ыытыллар үгэһэ саха ынаҕыттан быһаччы төрүттээх. Учуонай ону сөпкө өйдөөн ынаҕын түһүлгэҕэ киллэриини саамай сөпкө уруйдаабыт. Саха ынаҕа саха киһитэ олоҕун-дьаһаҕын сүрүн төрдө. Ол да иһин былыр сахалар баайдары төһө ынах сүөһүлээхтэринэн көрөн сыаналыыллара. Уон ыанар ынахтаах киһи быстар дьадаҥы киһи. Отут ыанар ынахтаах киһи сэниэ ыал аатын ылара. 50 ынахтаах киһи орто баайыылаах ыал ахсааныгар киирсэрэ. Баайдар сүүс, сүүстэн элбэх ынахтаахтар диэн быһааралларын оҕо сылдьан истэрим. Ол аата билигин уон ыанар ынахтаах баай бааһынайдарбыт былыргы кээмэйинэн олох да быстар дьадаҥы дьон. Саха киһитин олоҕун төрүт тутула олоччу саха ынаҕын иитиититтэн тутулуктаах.
Саха ынаҕа баар буолан кини үүтэ, этэ иҥэмтэлээх биэсэстибэтэ элбэх буолан былыргы саха киһитэ ураты тулуурдаах, күүстээх-уохтаах буолара. Өбүгэлэрбитигэр бүтүн күүстээх ол эбэтэр 1600 киилэни көтөҕөр, аҥаар күүстээх, чиэппэрдээх дьон баалларын туһунан былыргы номохторго кэпсэнэр. Урукку сахалар сарсыарда аһаан баран кытаанах үлэҕэ күнү быһа аһаабакка сылдьан баран киэһэ кэлэн дьэ ньигиччи аһыыллара. Саха ынаҕын үүтэ, этэ итинник киһиэхэ ураты эниэргийэни биэрэр.
Ол туһунан мин Саха республикатын Аграрнай фронун салайааччы, Монреаллааҕы Олимпиада геройа, Улуу Пехлеван — Александр Иванов 2016 сыллаахха ыытыллыбыт РФ ГД быыбарыгар эппит тылларын хатылыым: «Саха сирин айылҕатыгар ураты кылгас кэмҥэ үүнэр от-мас оһуобай сүмэһиннээх. Ону сиэбит саха ынаҕа ураты тулуурдаах, ыалдьыбат, үүтэ—этэ киһи доруобуйатыгар туһалаах иҥэмтэлээх биэсэстибэлэринэн баай. Саха ынаҕын үүтэ 7 (сэттэ) бырыһыан сыалаах. Этэ иҥэмтэлээх биэсэстибэнэн баай, сыата сүрдээх сытыы мөлтөх киһи элбэх сыалаах эти кыайан сиэбэт гына саха ынаҕа уойар ураты сытыы сыалаах буолар. Биһиги оҕо эрдэхпититтэн итинник дэлэй битэмииннээх аһылыгынан үүтүнэн, этинэн, булт, балык аһылыктаах буоламмыт ханнык баҕарар күүстээх ноҕуруусканы ханнык да аан дойду улахан күрэхтэһиилэригэр уйарбыт. Нарко-хонтуруол, диэни олох да билбэккэ, кыһалҕата суох ааһарбыт. Билигин биһиги оҕолорбут кэлии тыыннаах микроптара өлбүт, эргэрбит 2,5—3,5 бырыһыан сыалаах порошок үүтүнэн аһылыктанан оккураҥ буоллулар. Спортсменнарбыт ол иһин витаминизацияннан дьарыктаналлар. Түмүгэр нарко-хонтуруолу бэрт ыараханнык ааһаллар. Онон тыа хаһаайыстыбатыгар төрүт аһылыкпытын саха ынаҕын, сылгытын, табаны иитиини, бултааһыны, балыктааһыны күүскэ тэрийиэх тустаахпыт”,—диэн сылдьыбыт сирин аайы эппитэ-тыыммыта.
Дьэ, ити баар Олимпиецпыт саамай сөпкө бэлиэтиир.
Кэпсэтии саха ынаҕын туһунан. Саха ынаҕа иитэргэ, көрөргө-харайарга даҕаны, бородууксуйатын хаачыстыбатынан, кыраны аһыырынан, кыһын кылгас кэмҥэ хотоҥҥо турарынан кэлии ынахтары экономически барыыстарынан быдан баһыйар.
Холобура, кэлии ынах балаҕан ыйыттын ыам ыйын бүтэһигэр диэри аҕыс ый хотоҥҥо туран эбии аһылыктан өссө икки бүк быдан элбэх оту сиэн даххаһыйар. Саха ынаҕа сэтинньи ый ортотуттан олунньу ый бүтүүтгэр диэри ол аата түөрт эрэ ый хотоҥҥо туруоҕа.
Учуонай Д.С.Брызгалов бэлиэтииринэн саха ынаҕа алаас сирин тоҕута үктээбэт, сири-уоту алдьаппат диэбит. Аны онно эбии кини туйахтарын ыыраахтара сымнаҕас сиргэ, бадарааҥҥа атан биэрэн тимирбэт, батыллыбат дьикти уратылаах. Учуонайдар саха ынаҕын ити этиллэр бары уратыларын бэлиэҕэ ылыахтарын сөп. Саха ынаҕа тоҕо тымныыны, итиини уйарый, ыалдьыбатый? Аны атын боруода ынахтар тоҕо хайаан да биир эрэ оҥнөөхтөрүй?
Хомуолай туһунан, муостаах туһунан боруода ити курдук бара турар. Онтон саха ынаҕар хомуолай да баар, муостаах да баар, эриэн, маҥан, саадьаҕай, хара араас өҥнөөх буолар. Бу эмиэ саха ынаҕа туох эрэ улахан уратылааҕын көрдөрөр. Учуонайдарбыт итини үөрэттэхтэринэ саха ынаҕа аан дойдуга ынах сүөһү төрдө эбит,—диэн аны хата дакаастаайаллар. Диэхтэрин да сөп. Түүр омуктар ыһыллан бытарыйан элбэх да ахсааннаах, олох аҕыйах да ахсааннаах тоҕо эрэ араас омук буолан бытарыйбыппыт дии. Аны саха ынаҕа саха саха сиригэр быдан былыргаттан олохсуйбутун кэрэһэлиир. Ол туһунан кэлин.
ССРС саҕана элбэх үүтү биэрэр аатыран кэлбит кэлии сэмэнтээл, холмогуор ынахтар ханнык да боруодаҕа майгыннаабат урод буолбуттарын манна кэлэ сылдьыбыт РФ тыатын хаһаайыстыбатын биир министрэ бэлиэтээн турар. Ити ынахтар манна кэлбиттэрэ сүүс да сылын туола илик. Ити аата кэлии боруода тулуура, манна олохсуйар, сайдар кыаҕа суоҕун дакаастыыр.
Онтон саха ынахтара тоҕо эрэ маннааҕы айылҕаҕа түҥ былыргыттан сөп түбэһиннэрэн эттэрэ-хааннара, биэрэр бородууксуйалыын, түүлүүн-өҥнүүн барыта дьүөрэлэспит. Ити тугу кэпсиирий?
Ити аата саха киһитэ түҥ былыргыттан уонунан тыһыынча сылларга манна олохсуйбут буолуон сөп эбит. Саханы соторутааҕыта манна кэлбиттэрэ диир ССРС идеологиятынан салайтарар улугурбут учуонайдар билигин биһиги олохпутугар ураты охсууну күөдьүтэллэр. Учуонайдарбыт бэрт дьон сотору сахалар Саха сиригэр киргиистэр кэлиэхтэриттэн олохсуйбуттара диэн өйдөөҕүмсүйэллэрэ эрэ хаалла быһыылаах. ССРС этэр идеологиятыгар сөп түбэһэ сатыыр, ньылаҥныыр кэм ааспытын ССРС кэминээҕи учуонайдар үлэҕитигэр өйгүтүрэр таба киллэрэн өйдүүргүт наада. Историяны, төрүт үгэһи токурутумаҥ. Саха ынаҕын быһыыта-таһаата ити үөһээ бэлиэтээбит уратыларбыт сахалар Саха сиригэр олох түҥ былыр-былыргыттан олохсуйбут манна Саха сиригэр төрүт олохтоох омук буоларбытын ырылхайдык дакаастыыр.
Арааһа ол да иһин учуонай Д.С.Брызгалов саха ынахтара ыһыахха киирбитин дириҥ өйдөөх санааттан ырааҕы өтө көрөн уруйдаан-айхаллаан саха ынаҕын тула бэртээхэй кэпсэтиини тоҕо тардыбыт. Кэпсэтиэҕиҥ, санаата атастаһыаҕыҥ! Эбиитин Сахабыт сиригэр саха киһитин олоҕун сүрүн тутула буолбут саха ынаҕын иитиигэ ураты болҕомтону ууран дэлэтэр туһунан күүстээх тэрээһин үлэни ыытарбыт наада. Билигин итини өйдөөн саха ынаҕын үүтүн, этин көҥүл ырыынакка хайы-үйэ булбаккын. Өйдөөх дьон таба сыаналаан саха ынаҕын иитэр дьону кытта быһаччы кэпсэтэн оҕолорун, сиэннэрин доруобай, чөл олохтоох буолалларын туһугар анаан-минээн аһатар буолан эрэллэр.