Марта Егоровна почтальонканан 12 сыл үтүө суобастаахтык 60 сааһын ааһыар диэри үлэлээбитэ. Бу сыллар тухары икки атаҕынан дьоҥҥо-сэргэҕэ үрүҥ лиискэ түспүт араас хаһыаттары, сурунааллары тиэтэллээхтик туһааннаах аадырыһыгар тиэрдэр эппиэтинэстээх үлэһит быһыытынан биллэрэ. Хас ыал аайы кэтэһиилээх киһибит буолара. Билигин кини бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, сиэннэрин көрөр.
Марта Егоровна Касьянова 1956 сыллаахха кулун тутар 1 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Икки уол иһирэх ийэтэ, үс сиэн эйэҕэс эбээтэ. 1976 сыллаахха Исиидэр Бараахап аатынан 1-кы №-дээх орто оскуоланы бүтэрэн баран профкомбинакка, тыаларынан сүүрэр маршрутнай автобуска үс сыл кондукторынан, онтон Почта эйгэтигэр үлэтин саҕалаабыт. Ол кэннэ 20 сыл улуус киинин «Центральнай» остолобуойугар асчытынан үлэлиир. Ол кэннэ, 2004 сылтан тохтоло суох почтальон курдук эппиэттээх үлэҕэ үлэлээбитэ. Түҥэтэр учаастага олус киэҥ буолара — Бэрэ, октябрьская, курганская, барахова, ленина, интернациональная, поповича, дружба, андреева, молодежная уулуссаларынан нэдиэлэ үстэ хаһыаттары, сурунааллары, заказной суруктары, телеграммалары тиксэрэрэ. Онон киниттэн почта бүттүүн үлэтэ тутулуктанар тутаах киһитэ буолара.
— Марта, үлэҥ туһунан олус истиҥник саныыгын. Кэпсээ эрэ.
— Почтальон үлэтэ үөрэннэххэ — үчүгэй. Куруук ыраас салгыҥҥа сылдьаҕын, доруобуйаҕа олус туһалаах. Сааһы букатын биллэрбэт, кырдьары билиммэт үлэ. Куруук хамнана сылдьар буоллахха, сэниэ баар. Нэдиэлэ сэттэ күнүттэн икки күнүгэр сынньалаҥ бэриллэрэ. Почтальонкалар биэс этибит, хаһыаппытын барытын бэйэбит тыырарбыт, оҥорорбут. Бэлэмнээбиппит кэннэ почта анал массыыната опорнай сирбитигэр хаһыаттары илдьэн уурар. Дьэ ону аадырыстарынан көрөн сатыы сылдьан түҥэтэрбит. Кэлбит хаһыат, сурук күнүн күнүгэр аадырыһыгар тиийиэхтээх. Дьиэлэригэр суох буоллахтарына, төннөн иһэн син биир тиксэрэрбит, онон үлэ чааһа халбаҥныан сөп.
— Почтальон үлэтэ туох ыарахаттардааҕый?
— Билигин ыт наһаа элбэх, ону кытта итирик дьон. Кистээбэккэ эттэххэ, иккиэннэриттэн куттанарым. Ыкка элбэхтэ ытыттарбыт буоламмын, билигин даҕаны ыты көрдүм да ырааҕынан хаамабын. Ханна, хайдах ыт баарын барытын билэбин диэн күлэбин ээ, сороҕор (күлэр). Сорох ыал ыта миигин билэр да буолбут быһыылаах, онон тарбахха баттанар үөрэ-көтө көрсөр «доҕоттордоохпун».
— Үлэҕэр сыһыаннаах умнуллубат үчүгэй өрүттэр хаһан баҕар бааллар, ол туһунан кэпсээ эрэ.
— Оннук түгэн көһүппэтэх өттүбүттэн баар буолааччы, бырааһынньыкка түбэһиннэрэн хаһыат суруппут дьонум кыра бэлэх, коробкалаах сакалаат туттаран киһини соһутааччылар, долгутааччылар ээ.
— Үлэ эриирэ-мускуура ханна барыай, дьон хаҕыс тыла да баар суол буоллаҕа. Биир өттүнэн ылан көрдөххө, наар үчүгэйи эрэ таспат үлэлээх буоллаҕыҥ.
— Саамай сөпкө бэлиэтээтиҥ. Сууттан сурук аҕаллахпына, сорох дьон «эмиэ кэллэ дуо, туох суругай?!» диэн боруоктан хаҕыстык ыйытан киһини хомотооччулар. Үлэбин толоро сылдьан иһигэр туох үчүгэй дуу, куһаҕан дуу ис хоһоонноох сурук баарын билбэппин буоллаҕа. Аналлаах аадырыһыгар тиэрдэр — үлэбит сыала. Итинник хам-түм саҥаҕа олох кыһаллыбат буола сатааччым. Ол иһин үлэбин таптаан, хойукка диэри үлэлээтэҕим.
— Хаһыаты, сурунаалы үрдүттэн «тэпсэ» сылдьыбыт киһи эн, арааһа, сэрэйдэххэ, хаһыакка суруппатыҥ буолуо.
— Дьэ суох, доҕор, мин патриоппун, онон тапталлаах «Үөһээ Бүлүү» хаһыаппын уруккаттан сурутабын.
Марта Егоровна бу эппиэтинэстээх үлэҕэ үлэлээбитин тухары дьон-сэргэ хайҕабылыгар сылдьыбыта, бииргэ үлэлиир дьоно олус элэккэй, үлэтигэр бэриниилээх, биир тыллаах, сылдьарын тухары кыраҕа сүбэтинэн, кыаммакка-кырдьаҕаска кыаҕа баарынан көмөлөһөр, киһи киэнэ кэрэтэ, доҕор-дьүөгэ эрэллээҕэ диэн астына кэпсиииллэр.
«Почтальонкалааммын сэнэх, чэбдик сылдьабын. Хааман аҕай ыксаан истэхпинэ сорох дьонум: «Марта, хайа муҥун хаамаҕын, сылайбаккын дуо? Хаһан үлэлээн бүтэҕин?» — диэн ыйыталлар ээ, арааһа, сорох сорохтор мин почта таһан бүппүппүн билбэттэр быһыылаах. Үлэбин олус да суохтуубун.
Марта сүрэҕин баҕатынан төһөлөөх элбэх хаһыаты, сурунаалы, суругу бу нарын көхсүтүгэр сүгэн таспытын ким да билбэт. Төһөлөөх сүүһүнэн, тыһыынчанан килэмиэтир сири хаампытын таайыахха эрэ сөп буолуо…
Ааптар: Валентина ДОГОЮСОВА