Бырайыагы өйүүбүт

Идэлэртэн эрэ барытыттан
Ириэнэх, сымнаҕас сыһыаны
Ирдиир киһиттэн
Иитээччи идэтэ
Айылҕаны таптыырга
Ырыаҕа-тойукка уһуйуллар
Аналлаах дьарыктаах
Дойдуну, дьону таптыырга
Дьоһуннаах үлэни ыытар.
Бу курдук 102-с нүөмэрдээх "Подснежник" уhуйааҥҥа бастыҥ үлэлээх иитээччилэр туруулаһан туран үлэлииллэр. Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка Птицефабрика олохтоохторо уонна 102-с нүөмэрдээх "Подснежник" уһуйаан иитээччилэрин төрөппүттэрэ олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагыраамаҕа (ППМИ-2027) кыттарга "Истиҥ иэйиитэ уһуктар, айылҕаттан бэриллибит айар-тутар дьоҕура, сатабыла сайдар эйгэтин - муусука салаатын өрөмүөннүүр уонна анал тэриллэринэн хааччыйыы" (Территория ритма и вдохновения, ремонт и оснащение музыкального зала) бырайыагы өйүүллэр.
Ханнык баҕарар култуура тыыннаах хаалар, симэлийбэт мэктиэтэ-оҕону муусука алыбар иитии-үөрэтии буолар, айылҕаттан дэгиттэр дьоҕурун кытта дьүөрэлэһэн, норуот сиригэр - майгытыгар тирэҕирэр.
Муусука оҕо кэрэ эйгэтин сайыннарарга олук буолар. Муусука нөҥүө оҕо тулалыыр эйгэҕэ, дьоҥҥө-сэргэҕэ сайаҕас, болҕомтолоох буолар. Киһи ис туругун өйүүр, үөрүүнү-хомойууну араарар, биир тэтиминэн бөлөҕүнэн хамсанарга үөрэтэр, айар талаана арыллар, ырыаҕа - тойукка уһуйуллар буоларыгар төһүү күүс буоларга чахчы. Бырайыагы өйүүр мунньахтар, көҕүлүүр бөлөх кыттыыны ыллылар. Бэйэлэрин өйүүр тылларын төрөппүттэр эмиэ тиэртилэр.
Үтүө санаа диэн
Үчүгэйи эрэ үөтэн
Үрдүккэ-сайдыыга тардыһыы
Үүнүүгэ-сайдыыга кыттыһыы
Үтүө-санаа үксээтин
Үтүө-санаа туругурдун!
Бу санаа5а тирэҕирэн, биһиги бырайыакпыт куонкуруска кыайан олоххо киириэ диэн бигэ эрэллээхпит.
А.И.Голомарева "Подснежник" уһуйаан иитээччитэ.




Комментарии · 0
Регистрация не нужна. Комментарии публикуются после проверки редактором. Ссылки и реклама запрещены. Не размещайте личные данные и оскорбления.
Пока нет комментариев. Начните обсуждение.