ВЕСТИ ЯКУТИИ // Глава Якутии Айсен Николаев поздравил жителей региона с Днем Республики Саха (Якутия).
Уважаемые якутяне!
От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично сердечно поздравляю вас с Днем Республики!
27 апреля – знаменательная дата, объединяющая многонациональный народ нашей северной земли. В этот день мы отдаем дань уважения и глубокой благодарности основателям республики и продолжателям их дела, посвятившим себя развитию родной республики в составе Великой России. Создатели Якутской Автономии — Максим Кирович Аммосов, Платон Алексеевич Ойунский, Исидор Никифорович Барахов — и их сподвижники заложили фундамент будущего родного края. Первый Президент республики Михаил Ефимович Николаев и его соратники стояли у истоков истории современной Якутии.
Сегодня благодаря преемственности вековых традиций и созидательному труду якутян приумножается всё то, что создано поколениями. Республика вносит достойный вклад в укрепление могущества страны.
По результатам выборов Президента Российской Федерации в Республике Саха (Якутия) уверенную победу одержал Владимир Владимирович Путин, набрав исторический рекордный показатель — 87,79% голосов избирателей. Многонациональный народ Якутии строит будущее вместе с нашим лидером, нашей великой державой.
Хорошие показатели у нашей экономики. В республике за последние шесть лет валовой региональный продукт вырос в сопоставимых ценах более чем на 23%, в два раза опережая среднероссийский показатель. За эти годы в экономику региона инвестировали 2,8 трлн рублей.
Мы гордимся не только устойчивыми темпами роста экономики, но и высокими показателями строительства социальных объектов. Так, по президентским национальным проектам и государственным программам только за последние шесть лет построено 329 крупных социальных объектов. Якутия занимает третье место среди всех регионов страны по финансированию национальных проектов из федерального бюджета. Национальные проекты, инициированные президентом Российской Федерации Владимиром Владимировичем Путиным – это главный инструмент развития страны.
Численность якутян неуклонно растет, и по уровню рождаемости мы занимаем первое место в федеральном округе, входим в десятку лучших в стране. У нас самое большое количество многодетных семей на Дальнем Востоке. Якутия молода — средний возраст жителей почти на 5 лет меньше, чем в среднем по России. И продолжительность жизни в прошлом году впервые превысила среднюю по стране и составила 73,67 лет. Это показатель того, что люди связывают будущее своих детей и внуков с республикой.
Сегодня мы вместе со всеми россиянами отстаиваем интересы нашего государства, боремся за незыблемость исконных традиций и ценностей. Наши бойцы проявляют мужество и отвагу на полях сражений. Им и их семьям, жителям освобожденных территорий оказывают помощь и поддержку по зову своего сердца все якутяне. Мы верим в нашу общую победу и в будущее нашей державы!
Несмотря на все испытания, мы движемся вперед. Этим летом проводимые в Якутске VIII Международные спортивные игры «Дети Азии» станут одним из крупнейших спортивных мероприятий 2024 года в России, праздником дружбы детей из самых разных стран.
Уверен, что наша сплоченность и любовь к своей Родине, доверие к сильному государству и плодотворный труд позволят ответить на все вызовы времени и достигнуть цели во имя процветания республики и Отечества.
Дорогие якутяне! Желаю Вам крепкого здоровья и неиссякаемой энергии, мира и добра, удачи и успехов во всех начинаниях, счастья и благополучия!
Глава Республики Саха (Якутия) А.С. Николаев
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн эҕэрдэлиир
Күндү Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Муус устар 27 күнэ – биһиги хотугу сирбит элбэх омуктаах норуотун түмэр бэлиэ күн. Бу – өрөспүүбүлүкэни төрүттээбит уонна кинилэр дьыалаларын салҕаабыт, Улуу Россия састаабыгар төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит cаргылаах сарсыҥҥыта салалларыгар олохторун анаабыт дьоммутугар ытыктабылы кэрэһилиир күн. Саха Автономиятын төрүттээччилэр – Максим Кирович Аммосов, Платон Алексеевич Ойуунускай, Исидор Никифорович Барахов уонна кинилэр дьыалаларын салҕааччылар Сахабыт сирэ чэлгийэ сайдар суолун тэлбиттэрэ. Өрөспүүбүлүкэ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев уонна кини соратниктара Саха сирин аныгы историятын түстээбиттэрэ.
Бүгүн үйэлээх үгэстэри утумнаан, Саха сирин олохтоохторо сыралаах үлэлэринэн олорон ааспыт көлүөнэлэр ситиһиилэрин, кыайыыларын үксэтэллэр, чиҥэтэллэр. Дойду модун кыаҕын бөҕөргөтүүгэ өрөспүүбүлүкэ дьоһун кылаатын салгыы киллэрэр.
Россия Федерациятын Бэрэсидьиэнин быыбарын түмүгүнэн Владимир Владимирович Путин урукку өттүгэр бэлиэтэммэтэх муҥутуур көрдөрүүнү – быыбардааччылар куоластарын 87,79 % ылан, бигэ кыайыыны ситистэ. Элбэх омуктаах Сахабыт сирэ дойду баһылыгын, улуу державаны кытта тэҥҥэ кэлэр кэскилин тутар.
Экэниэмикэҕэ эмиэ үтүө көрдөрүүлэрдээхпит. Тэҥнэниллибит сыананан кэнники алта сыл эрэгийиэннээҕи баалабай бородуукта 23 % кэриҥэ үрдээтэ, ол Россия орто көрдөрүүтүн куоһарар. Бу сылларга эрэгийиэн экэниэмикэтигэр 2,8 трлн солкуобай суумалаах инвестиция киирдэ.
Итини сэргэ социальнай эбийиэктэри тутууга үрдүк көрдөрүүлэрбитинэн киэн туттабыт. Ол курдук кэнники аҥардас алта сылга национальнай бырайыактар уонна судаарыстыбаннай бырагыраамалар чэрчилэринэн 329 бөдөҥ социальнай эбийиэк тутулунна. Федеральнай бүддьүөттэн национальнай бырайыактары үбүлээһин көрдөрүүтүнэн дойду бары эрэгийиэннэрин ортотугар Саха сирэ үһүс миэстэлээх. Россия Федерациятын Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактара дойду сайдыытын тутаах инструменынан буолаллар.
Саха сирин нэһилиэнньэтэ элбии турар, оҕо төрөөһүнүн ахсаанынан федеральнай уокурукка бастакы миэстэлээхпит, дойду уон бастыҥ эрэгийиэнин иһигэр киирэбит. Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка элбэх оҕолоох ыал саамай элбэх ахсаана биһиэхэ баар. Саха сирин нэһилиэнньэтин орто сааһа Россия нэһилиэнньэтин орто сааһыттан 5 сылынан эдэр. Оттон ааспыт сыл олоҕу олоруу уһуна аан бастаан дойду орто көрдөрүүтүн куоһарбыта уонна 73,67 сылга тэҥнэспитэ. Бу барыта биһиги дьоммут-сэргэбит оҕолорун уонна сиэннэрин кэскиллэрин өрөспүүбүлүкэни кытта ситимнииллэрин туоһулуур.
Бүгүн Россия норуотун кытта бииргэ судаарыстыбабыт тутулуга суох буолуутун, төрүт үгэстэрбитин уонна сыаннастарбытын туруулаһабыт. Биһиги уолаттарбыт өстөөҕү утары хорсуннук кыргыһа сылдьаллар. Саха сирин бары олохтоохторо кинилэргэ, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр, босхоломмут нэһилиэнньэлээх пууннар олохтоохторугар төһө кыайалларынан көмөнү оҥороллор. Биһиги Кыайыыга уонна дойдубут саргылаах сарсыҥҥы күнүгэр бигэ эрэллээхпит!
Ханнык да ыарахаттары аахсыбакка, инники диэки дьулуһабыт. Аны сайын «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы VIII спортивнай оонньуулар Россияҕа 2024 сылга ыытыллар спорт биир бөдөҥ тэрээһининэн, араас дойду оҕолорун доҕордоһууларын өрөгөйүн туоһутунан буолуохтара.
Сомоҕолоһуубут, Ийэ дойдуга тапталбыт, дойду модун кыаҕар эрэлбит, күүрээннээх үлэбит аныгы кэм тургутууларын чиэстээхтик туоруурга, өрөспүүбүлүкэбитин уонна дойдубутун чэлгийэ сайыннарарга туруоруммут сыалбытын ситиһэргэ төһүү буолуохтара.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, уҕараабат эрчими, эйэлээх халлааны, бары үтүөнү, саҕалаабыт дьыалаҕытыгар ситиһиилэри, дьолу-соргуну уонна уйгулаах олоҕу баҕарабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев