ВЕСТИ ЯКУТИИ // Биһиги үөрэнэр, үлэлиир Артикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическэй университиэппит ректорын эбээһинэһин толорооччу, биологичэскэй наука доктора ФЕДОРОВ Валерий Иннокентьевич 1-кы №-дээх Заложнай уокуругуттан Саха Республикатын Судаарыстыбаннай мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) депутакка кандитатынан бэйэтин кандидатуратын туруорунна.
Валерий Иннокентьевич Федоров итинник быһаарыммытын биһиги, кини коллегалара, студеннарбыт бары толору өйүүбүт!
Кырдьыга даҕаны Федоров Валерий Иннокентьевич Дьокуускайдааҕы тыа хаһайыстыбатын иниститутун ветеринарнай факультетыгар үөрэнэ киириэҕиттэн, олорор да сиринэн бу 30-ча сыл устата Заложнай уокурук дьонун — сэргэтин — Пригорады, Хатаһы, Төхтүрү уонна Өктөмү киллэрэн туран, нэһилиэнньэ кыһалҕаларын, кинилэр туруорсууларын үчүгэйдик уонна чугастык билэр.
Күндү быыбардааччылар!
Мин Валерий Иннокентьевич Федоровы аан бастаан 2001 сыллаахха, сааскы ылааҥы күн, уруккута Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстабатын академиятыгар, оччолорго Академия 1-кы проректорынан үлэлии сылдьар профессор БОЧКАРЕВ Иннокентий Ильичкэ кэлэ сылдьан билсибитм. Онно Иннокентий Ильич билиһиннэрэригэр, бу кэскиллэх ыччаппыт, биһиги выпусникпыт, ветеринарнай факультеппыт саамай эдэр декана, эдэр учуонай — ветеринарнай наука кандидата Валерий Федоров диэн.
Этэргэ дылы сыл — хонук, ити кэмтэн ыла Федоров Валерий Иннокентьвичтыын биир академияҕа, билигин биир университиэккэ эн — мин дэсиһэн бииргэ 20-тэн тахса сыл үлэлээн кэллибит.
Күн бүгүн биһиги университиэппитигэр Российскай Федерация тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ сүҥкэн улахан судаарыстыбаннай сорук түһэрэн олорор. Ол курдук Российскай Федерация Правительстыбатынан 2021 сыл ахсынньы ый 29 күнүгэр ылыныллыбыт «Үрдүк үөрэхтээһин сайдыытын сүрүн тускуллара» урааҕын ыйыллыбыт кэмнэригэр булгуччулаахтык толорор туһунан.
Биллэрин курдук биһиги университиэппит Саха сиригэр эрэ буолбакка Россия эбэ Хотугулуу-Илин Артикатын зонатыгар киирэр тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр анал идэлээх специалистары бэлэмниир соҕотох үрдүк үөрэх кыһата буолар.
Быйылгы 2022-2023 үөрэх сылыгар тэтимнээхтик сайдыы суолун тутуһар, киэҥ хабааннаах үөрэх Программатын оҥорон саҕалаатыбыт.
Бу боростуойа, чэпчэкитэ суох сытыы өйү, анал билиини, улахан опыты эрэйэр творческай үлэни хара бастакы күнүттэн, университиэт научнай уонна педагогичэскэй үлэһиттэрин сөптөөхтүк аттаран туруоран ректор эбээһинэһин толорооччуннан анаммыт, эдэр эрчимнээх, биологичэскэй наука доктора, научнай эйгэҕэ уонна үөрэх салаатыгар уһуннук үлэлээбит, бэйэтэ туспа суоллаах-истээх, көрүүлээх, ветеринар идэлээх Валерий Иннокентьевич Федоров тэтимнээхтик салайан ыытан эрэр.
Бу оҥоһулла сылдьар Программа сүҥкэн суолталаах, биһиги эрэ унивеситиэппит буолбакка, бүтүн Сахабыт сирин сайдыытыгар, тыа сиригэр ууланан олорор норуоппут олоҕун уйгута тупсарыгар, үөрэнэ сылдьар кэнчээри ыччаттарбыт тыа сирин олоҕун дириҥник анааран көрөр дьоҕурдарын сайыннарыыга туһуланар.
Күндү доҕоттор!
Бу Программа былааннаммытын курдук табыллан оҥоһулуннаҕына, Республикабыт тыатын хаһаайыстыбатыгар баар кыһалҕаларын, ордук эдэр ыччат тыа хаһаайыстыбатын идэлэригэр киэҥник хабан үөрэтиини быһаарарга олук уруох этэ. Ол курдук биһиги тыабыт хаһаайыстыбатыгар күн бүгүн селекционнай — племенной дьыалаҕа, ветеринарнай, зоотехничэскэй үлэлэргэ, сири таҥастааһын, мелиорация ымпык-чымпык технологиятын билэр, билиҥҥи технологизация үйэтигэр эппиэттиир инжениэрнэй идэлэргэ билиилээх, саҥа көрүүлэрдээх специалистары бэлэмнээһин инники күөҥҥэ турарын биһиг саҥа салайааччыбыт Валерий Иннокентьевич Федоров чопчулаан бэлиэтиир.
Дьэ итини ситиһэргэ сыал задача туруоруута дьыала аҥара буолар, онтон итилэри толору ситиһэргэ, университиэккэ онно эппиэттир аныгы, оҕолору тутан- хабан, көрдөрөн үөрэтэр модернизированнай технологичнай үөрэтэр лабараториялары арыйар наадалар. Манна өссө биири эбэн этиэххэ наада, биһиги университиэппитигэр тыа хаһаайыстыбатын идэлэригэр ыччат, холобура М.К. Аммосов аатынан СВФУ-га күүскэ анньыһан киирэ сатыыр абитуриэннэр элбэхтэрэ суохтар. Сүрүн биричиинэтэ, биһиги оҕолорбут 90% тыа сириттэн кэлэллэр, куоракка 4-5 сыл дьиэ арендалаһан олорор кыахтара суох.
В.И.Федоров.
«Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр аналллаах үрдүк үөрэх кыһатын сайыннарыы — бүттүүн норуот дьылата!».
Дьэ ол иһин университиэппит материальнай — техничэскэй базата бөҕөргөөһүнэ, саҥа туденнар олорор дьиэлэрин корпустарын туттарыы, саҥа технологичнай, механизированнай үөрэтэр мастерскойдар тутуллуулара билиҥҥитэ биһиэхэ сүрдээх сытыытык турар.
Бу бэлиэтээһиммэр, билиҥҥи баар үөрэтэр, произодственай, материальнай — техничэскэй базаларбыт букатын мөлтөхтөр диэн этээри гыммаппын, ол эрээри билиҥҥи кэмҥэ эппиэттэбэттэрэ саарбахтаммат. Ол курдук университиэт бас билэр үөрэтэр уонна производственнай базата 49,4 тыь. кв.м., ол иһигэр үөрэтэр лабараторнай базата 31 тыһ.кв.м., уопсайа 8,6 тыһ.кв.м., эбэтэр студеннар 61,35% эрэ общежитияннан хабыллаллар.
Биһиги Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологичэскэй университиэппит Российскай Федерация тыатын хаһаайыстыбатын Министиэрстибэтин Хоту дойдуга турар соҕотох базовай (сүрүн) үрдук үөрэх кыһата буолар, онтон Сахабыт сиригэр тыабыт хаһаайыстыбатын продукциятын оҥорон, астаан таһаарар приоводственнай күүстэр идэлээх специалистарын — технуолактары, зоотехниктары, ветеринардары, механизатордары, ойуур хаһаайыстыбатын, сири таҥастыыр, мелиоративнай үлэлэри ыытар техничэскэй специалистары бэлэмниир соҕотох үрдүк үөрэх кыһатынан киэҥник биллэр диэн өссө төгүл тоһоҕолоон бэлиэтиибин.
Ити эппит университиэт оҥоро сылдьар улахан наадалаах, сүдү суолталаах Программата ыйыллыбыт болдьохторго оҥоһулларыгар киһи саарбахтаабат.
Бу Программаҕа ыйыллыбыт сүрүн соруктары, ордук университиэт материалнай -технологичэскэй базата тупсарыллан тутуллуутун ситиһэргэ элбэхтик уонна сөптөөхтүк Саха Республикатын Правительстватыгар, Саха Республикатын Судаарыстыбаннай мунньаҕар(Ил Түмэҥҥэ), Российскай Федерация Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр, Саха Республикатын тыатын хаһаайытыбатын министиэристибэтигэр сирэй көрсөн күүскэ туруорсуу эрэйиллэр. Ити туруорсууларга аны Заложнай быыбардыыр уокурук олохтоохторун быыбар кэмигэр биэрбит сиэрдээх наказтарын толорорго элбэх дакаастабыллаах, ылыннарыылаах туруорсуулар эрэйиллэллэр.
Дьэ маннык уустук соругу мин саныахпар норуот итэҕэлин ылан талыллыбыт депутат эрэ кыайар кыахтаах.
Оннук итэҕэли ылар кыахтаах уонна сөптөөхтүк Россия уонна биһиги республикабыт таһымыгар, салайар судаарыстыбаннай органнарыгар тиэрдэн туруорсар кыахтаах, бары өттүнэн бэлэмнээх киһиннэн мин Федоров Валерий Иннокентьевич диэн саарбахтаабакка этэбин.
Онон күндү коллегаларым, Сахабыт сирин кэскиллэрэ — студеннарбыт, убаастабыллаах Заложнай быыбардыыр уокурукка киирэр нэһилиэнньэлэр быыбардааччылара!
Быыбар күн бүүс бүттүүн Федоров Валерий Иннокентьевичкэ, Арктическэй судаарыстыбаннай агротехнологическэй университет ректорын эбээһинэһин толорооччуга, биологическэй наука доктарыгар, эдэр эрчимнээх, дьоҕурдаах салайааччыга бу буолар быыбарга куоласпытын биэриэҕин диэн ыҥырабын!
М.Е.ТАРАСОВ, АГАТУ профессора, экономическэй наука доктора, Саха Республикатын наукаҕа үтүөлээх деятелэ, РФ наукаҕа уонна техникэҕэ бочуоттаах үлэһитэ, РФ ИДьМ бочуоттаах сотруднига, Саха Республикатын бочуоттаах ветерана, үлэ ветерана, РФ ИДьМ «За интелектуальный вклад в защиту законности и правопорядка» премиятын Лауреата, Хачыкаат нэһилиэгин бочуоттаах гражданина.