Күндү тапталлаах улахан оҕом, кэргэним, аҕабыт, эһээбит, убайбыт Саха республикатын Норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Муниципальнай сулууспа туйгуна, Саха республикатын үөрэ5ириитин, культуратын туйгуна, Сунтаар улууһун Бордоҥ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Ньурба улууһун уонна улуус 8 нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Семёнов Макар Семёнович бу дьыл сэтинньи ый 20 күнүгэр ыарахан ыарыыттан күн сириттэн букатыннаахтык барбыта 40 хонуга туолар.
Макар Семёнович 1957 сыллаахха атырдьах ыйын 24 күнүгэр Чаппанда нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Элбэх оҕолоох ыал улахан оҕото буолан кыра сааһыттан от-мас үлэтигэр эриллэн улааппыта. Ыарыһах аҕатын кытта 20 тоннаҕа тиийэ илиинэн оттууллара, ийэтин кытта хотоҥҥо ынах ыан, тарбыйах аһатан тэбис тэҥҥэ сылдьыһара. Быыкаа эрдэҕиттэн үөрэххэ, билиигэ-көрүүгэ ураты дьоҕурдааҕа биллибитэ. Эһээтин батыһа сылдьан 1000 диэри ахсааны билэр, 100 диэри холкутук суоттуур, эбэр-көҕүрэтэр киһи оскуолаҕа киирбитэ. 1972 сыллаахха Үөһээ-Бүлүүгэ Исидор Барахов аатынан физмат оскуолаҕа үөрэнэ барбыта. Манна улахан учууталлар М.А.Андреев, А.А.Маччасынов бастыҥ үөрэнээччилэрэ буолбута, Макар Семёнов дуо диэн бэйэтин кэмигэр биллэр олимпиадник этэ. Физика, математика, сорох дьыл өссө химия предметтэригэр Республика, бүтүн Союзтааҕы олимпиадалар кыайыылааҕа, призера буолбута. 1974 сыллаахха Москватаа5ы физико-техническэй институтка үөрэнэ киирбитэ. Кэккэ биричиинэлэринэн бу үөрэ5ин 3-с курстан тохтоппута, онтон утуу-субуу Томскайдаа5ы пединституту, Благовещенскайдаа5ы тыа хаһаайыстыбатын институтун экономика факультетын кыһыл дипломунан бүтэртээбитэ.
Макар Семёнович үлэтин-хамнаһын Дьаархан, Маар оскуолаларыгар математика, физика учууталынан саҕалаабыта. Районо инспектэринэн, Маар орто оскуолатын дириэктэринэн, «Марха» совхоз парткомун секретэринэн, райком инструкторынан, идеология отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1991 сыллаахха дойду ыһыллан, партия эстэн, отой саҥа эйгэҕэ — саха түһээн көрбөтөх алмааһы кырыылыыр производствотыгар барбыта. Манна японецтары кытта холбоһуктаах тэрилтэ тэрийэн “Туймаада-Даймонд» салалтатынан Сунтаар кырыылыыр собуотугар сахаҕа аан бастакы бриллиант тааһа чочуллан тахсыбыта.
Макар Семёнович дириҥ билиилээх, таһаарыылаах үлэһит буолан хайа да эйгэҕэ үлэлээбитин иһин сирдэрбэтэҕэ, мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьыбыта. Үлэһит быһыытынан сүрдээх эппиэтинэстээх, туппутун тиһэҕэр тириэрдэр үтүө хаачыстыбалааҕа. Сүктэриллибит сыалы-соругу бириэмэтигэр быһаардаҕына сатанара, күнүн-дьылын аахсыбакка сылдьара. Сорох түгэннэргэ дьиэҕэ-уокка сылдьар ыалдьыт, хонор хоноһо буолан хаалара. Бэйэтэ этэринии, кур көлүөһэ үөһэ сылдьара, оннук сырыттаҕына да сатанар курдуга. Араас таһымҥа кэпсэтии, туруорсуу эрэ түмүгэр кыаллар кыахтаах боппуруоһа элбэҕэ бэрдэ. Ол курдук бу кэлиҥҥи сылларга 6 баһылык тухары солбуйааччынан үлэлээн улуус саамай эппиэттээх учаастактарыгар элбэх сыратын, күүһүн-кыаҕын биэрэн туран үлэлээтэ. Түүн-күнүс бүппэт түбүккэ, үлэ үөһүгэр сырытта. ЖКХ, тутуу, суол өрөмүөнэ, промышленность атын да салаалара – бу соҕотох киһи холугар баппат, ылбычча киһи кыайбат үлэтин-хамнаһын кыайа-хото тутта, бэйэтин суолун-ииһин хаалларда.
Аҕыйах сыллаахха диэри сэбиэскэй кэм саҕанааҕы тутуллубут эргэ котельнайдар кыамталара мөлтөөн, уопсай дьиэлэр тоҥуулара, септик, теплотрасса турбалара тоҕо барыыта кыс устата элбэхтик буолара. Авария туһунан сигнал кэллэ да, биһиги аҕабыт даххаһыйа сыппат этэ, туран таҥныбытынан барара. Дьону түмэ тардарга, техниканы туруорарга Макар Семёнович эрэ быһаарар кыахтаах диэн буолара. Бу кэлин үлэҕэ киирбит Ньурбаны сылытан турар улахан кыамталаах аныгы котельнайдар бары Макар Семёнович илиитин нөҥүө ааспыттара.
Өр сылларга кыаллыбатах суол-иис оҥоһуутугар Макар Семёнович кырата суох кылаатын хаалларда. Хорулаҕа хайа эрэ кырдьаҕас колхоз саҕана ханан эрэ сырыы баара диэбитин ол суол омоонун көрдөөн ойууру кэппитэ, тоҥуу хаары оймообута эмиэ баара. Ол курдук баар проблеманы бары өттүттэн үөрэтэн, биир сөптөөх, бэйэтэ этэринии “оптимальное решение» булан тэйэрэ, сорох түгэннэргэ кыаллыа да суоҕу оннуттан хамсатан, сөптөөхтүк дьаһайан, орун-оннугар сааһылаан кэбиһэр ураты дьоҕурдааҕа. Нэһилиэктэр суолларыгар сорох сиргэ күөл түһэттэрэн, ууну-хаары сыҕарытан, уу хонор сирдэригэр муоста туруортаран, өрөмүөннэтэн, билигин үгүс нэһилиэктэр суоллара – иистэрэ тупсан, социальнай эбийиэктэрэ тутуллан сайдыы суолугар үктэннилэр. Ол да иһин буолуо 8 нэһилиэк Макар Семёнович үлэтин-хамнаһын сыаналаан нэһилиэк Бочуоттааҕа ааты иҥэрбиттэрэ туоһулуур.
Тутуу курдук уустук стрессэбэй эйгэҕэ Макар Семёнович ханна да буоларын курдук күүһүн харыстаабакка үлэлээтэ. Үгүс дьон таас тутуу биирдэ тэллэй курдук үүнэн тахсарын кэтэһэллэр, бу төһөлөөх эрэйинэн, сыранан – сылбанан ситиһиллэрин билбэттэр. Макар Семёнович тутуу саҕаланыаҕыттан, бэйэтэ этэринии “нулевой циклтэн” са5алаан тутуутун бары өттүттэн бүөбэйдээн, өйөөн-убаан, кур тиийбэт үбүлээһин боппуруоһугар төбөтүн үлэлэтэн, элбэхтик сүүрдэҕинэ-көттөҕүнэ сатанара. Ол курдук араас программаларга киирсэн, быстарык түгэннэргэ суол-иис, үүт-хайаҕас булан, үп-харчы тэптэрэн, араас инстанцияларга, правительство, президент таһымыгар тиийэ элбэхтик улэлээтэ. Бу кэм устатыгар Ньурба улууһугар хаһан да буолбатах элбэх тутуу барда, элбэх квартиралаах уопсай дьиэлэр, детсадтар, оскуолалар, кулууптар үлэҕэ киирдилэр, өссө да киириэхтэрэ турдаҕа.
Биһиги чугас дьоно хомойорбут диэн аҕабыт тутан-хабан, сүүрэн-көтөн атаҕар туруорбут тутууларыгар кыһыл лиэнтэ быһыллар үөрүүлээх-көтүүлээх өрөгөй күннэригэр кыайан тиийээхтээбэтэ. Ону санаатахпытына харахпыт уута ыгыллан тахсар, хайдах курдук үөрэн-көтөн, санаата көтөҕүллэн, сэгэччи туттан, табаарыстарын кытта хаадьылаһа бу үөрүүгэ — көтүүгэ кыттыһыа этэй? Бэйэтин харыстаммакка харса суох бүппэт үлэҕэ сылдьан өссө да айыах-тутуох сааһын ситэ олорботоҕо, кылгас үйэлэммитэ олус да хомолтолоох, хараастыылаах, киһи курдук сынньана түспэккэ үлэ үөһүгэр сылдьан бараахтаата.
Аҕабыт биһиги дьиэ кэргэн туллар тутааҕа, эрэллээх эркинэ, суон дурдата-хаххата этэ. Аҕалаах буоламмыт кырыы харах кынчайыа, хахсаат тыал аргыйыа суох курдуга. Ол бэйэбит соҕотохто тулаайахсыйан хаалбыт курдукпут. Аҕабыт барахсан иннибитигэр-кэннибитигэр сылдьан барыны-бары дьаһайа, быһаара сылдьыбыта. Билигин даҕаны биһигини араҥаччылыы, харыстыы сылдьара буолуо диэн бигэ эрэллээхпит.
Аҕабытын тиһэх суолугар атаарыыга Дьокуускай куоратынан, Ньурбанан бэрт элбэх киһи кэлэн бырастыылаһан барда. Ньурбанан, Сунтаарынан бииргэ үлэлээбит коллегалара, одноклассниктара, алтыспыт дьоно-сэргэтэ, табаарыстара, доҕотторо үтүө тылынан ахтан-санаан аастылар. Ол онтон биһиги сүргэбит көтөҕүллэр, санаабыт бөҕөргүүр, сарсыҥҥы күммүтүгэр эрэлбит күүһүрэр.
Аҕабыт барахсан мааны майгыта, амарах санаата, кэрэҕэ-сырдыкка тардыһыыта биһиэхэ, оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр мэлдьи сырдык сулус буолан дьоллоох олоххо сирдии туруоҕа.
Бу ыарахан кэммитигэр күүс-көмө буолбут бары аймахтарбытыгар, аҕабыт бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьонугар –сэргэтигэр улахан махталбытын тиэрдэбит.
Ийэтэ Анна Григорьевна, кэргэнэ Маргарита Степановна, оҕолоро, сиэннэрэ, бары чугас аймахтара.