Уважаемые якутяне!
От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично сердечно поздравляю Вас со знаменательным событием – 100-летием со дня образования Якутской АССР и Днем Республики!
Ровно 100 лет назад, 27 апреля 1922 года, Якутия обрела автономию. Принятие судьбоносного решения стало началом новой жизни северного края. Создание республики придало мощный стимул развитию образования, культуры, науки, промышленному освоению огромной территории.
Мы сегодня отдаем дань глубокого уважения и признательности основателям государственности Максиму Аммосову, Платону Ойунскому, Исидору Барахову, лидерам советского периода Илье Винокурову, Семену Борисову, Гавриилу Чиряеву и всем их соратникам, заложившим надежный фундамент будущего Якутии.
Спустя 70 лет, в 1992 году, вступившая в силу Конституция провозгласила Республику Саха (Якутия) неотъемлемой частью Российской Федерации. За эти годы вместе со всей страной мы совершили огромный рывок вперед. Мы благодарны Первому Президенту нашей республики Михаилу Ефимовичу Николаеву и его сподвижникам, стоявшим у истоков новой государственности Якутии.
Все то, чего наша республика добилась за вековую историю – это результат созидания, плодотворного труда всех поколений ее многонационального народа. Наш долг – сберечь и приумножить их наследие. Сегодня сбылись многие мечты Платона Алексеевича Ойунского из его «Великого столетнего плана». Республика Саха (Якутия) стала одним из стратегически важных регионов страны, экономическим, научным и образовательным центром Арктики и Дальнего Востока. Здесь успешно реализуются масштабные инвестиционные проекты, социальные программы, возводятся крупные объекты инфраструктуры, внедряются инновации, укрепляются духовные ценности, развивается самобытная культура.
Столетие республики – не только веха пройденного пути, но и старт нового этапа развития с высоким качеством жизни населения. К вековому юбилею по всей республике до конца 2022 года будет введено 100 значимых объектов за счет средств федерального и республиканского бюджетов. Большинство из них уже построены и введены в эксплуатацию. Это медицинские центры, современные школы, детские сады, Дворцы культуры, спортивные комплексы, дороги и многое другое. Каждый ребенок, рожденный в юбилейном году, получает целевой капитал «Дети столетия».
Юбилейный рубеж открывает новые горизонты для реализации потенциала якутян в единой семье народов великой России. В ближайшие десятилетия роль Якутии как форпоста страны на Северо-Востоке Евразии будет только возрастать. Уверен, что Якутия станет комфортным местом, где каждый житель имеет возможность для самореализации, раскрытия своих талантов и способностей. Убежден, что сплоченность и любовь к Отечеству, трудолюбие и целеустремленность, преемственность традиций и креативность станут для нас движущей силой в динамичном развитии самого крупного региона нашей державы! Мы вместе претворим в жизнь самые смелые мечты во благо процветания родной земли!
Дорогие друзья! Искренне желаю вам крепкого здоровья и неиссякаемой энергии, успехов и удачи во всех начинаниях, счастья и благополучия, мира и добра! Уруй-айхал!
Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан бу бэлиэ түгэнинэн – Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан уонна Өрөспүүбүлүкэбит күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Бары билэрбит курдук 100 сыл анараа өттүгэр, 1922 сыл муус устар 27 күнүгэр, Саха сирэ автономияны ылыммыта. Төлкөнү түстүүр дьаһал хотугу кыраайбыт саҥа олоҕо төрүттэнэригэр олук уурбута. Өрөспүүбүлүкэ тэриллиитэ үөрэх, култуура, наука күүскэ сайдарыгар, киэҥ сиринэн тайаан сытар сири промышленнай туһаҕа таһаарыыга көҕүлүүр күүс буолбута.
Биһиги бүгүн судаарыстыбаннаһы төрүттээбит Максим Аммосовка, Былатыан Ойуунускайга, Исидор Бараховка, сэбиэскэй кэм сирдьиттэригэр Илья Винокуровка, Семен Борисовка, Гавриил Чиряевка уонна кинилэри кытта Саха сирин кэлэр кэскилин бигэ акылаатын уурсубут дьоммутугар дириҥ ытыктабылбытын, махталбытын биллэрэбит.
Оттон 1992 сыллаахха, ити түгэнтэн 70 сыл ааспытын кэнниттэн, Саха сирэ Россия Федерациятын субъега буоларын быһаарар өрөспүүбүлүкэ саҥа Конституцията олоххо киирбитэ. Бу сыллар усталарыгар модун Россия быстыспат сорҕото буолан, иннибит диэки эрэллээхтик хардыылаан кэллибит. Өрөспүүбүлүкэбит бастакы Президенигэр Михаил Ефимович Николаевка уонна Саха сирин саҥа судаарыстыбаннаһа төрүттэнэригэр сүҥкэн кылааты киллэрбит кини биир санаалаахтарыгар махтанабыт.
Өрөспүүбүлүкэбит үйэлээх ситиһиитэ – бу барыта Саха сирин элбэх омуктаах норуотун бары көлүөнэтин айымньылаах, таһаарыылаах үлэлэрин түмүгэ. Биһиги ону харыстыах уонна үксэтиэх тустаахпыт. Платон Алексеевич Ойуунускай “Сүүс сыллаах улуу былааныгар” суруйбут үгүс баҕа санаата туолла. Саха сирэ дойду стратегическай суолталаах регионун ахсааныгар киирдэ, Арктика уонна Уһук Илин экономическай, научнай уонна үөрэҕин киининэн буолла. Биһиги киэҥ хабааннаах инвестиционнай бырайыактары, социальнай программалары үлэлэтэбит, инфраструктура бөдөҥ объектарын тутабыт, инновацияны олоххо киллэрэбит, духуобунай сыаннастары бөҕөргөтөбүт, ураты култуурабытын сайыннарабыт.
Өрөспүүбүлүкэ 100 сыла – ааспыт олохпут кэрчик кэмэ эрэ буолбатах, бу үрдүк таһымнаах олохтоох-дьаһахтаах сайдыы саҥа түһүмэҕэ саҕаланар кэмэ. 2022 сыл түмүктэниэр диэри өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн федеральнай бүддьүөт уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн суотугар 100 сыллаах үбүлүөйүнэн дьоһун суолталаах 100 объект үлэҕэ киириэҕэ. Олор баһыйар аҥаардара тутуллан үлэҕэ киирдилэр – медицинэ кииннэрэ, аныгы оскуолалар, оҕо уһуйааннара, култуура дыбарыастара, спорт комплекстара, суол-иис, о.д.а. Үбүлүөйдээх сылга төрөөбүт хас биирдии оҕоҕо “Сүүс сыл оҕото” тус сыаллаах хапытаал туттарыллар.
Үбүлүөйдээх кэрдиис кэм улуу Россия норуоттарын иллээх дьиэ кэргэнигэр Саха сирин дьонун-сэргэтин кыаҕын олоххо киллэрэргэ саҥа саҕахтары арыйар. Чугастааҕы уон сылга Саха сирэ Евразия хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр дойду форпуоһун быһыытынан оруола күүһүрэн иһиэҕэ. Саха сирэ хас биирдии киһи тус дьоҕурун арыйарыгар, кыаҕын олоххо киллэрэригэр табыгастаах миэстэнэн буолуоҕа диэн бигэ эрэллээхпин. Сомоҕолоһор дьоҕурбут, Ийэ дойдубутугар тапталбыт, үлэҕэ дьулуурбут, утумнаабыт үгэстэрбит, мындыр өйбүт-санаабыт биһиги модун кыахтаах дойдубут биир саамай бөдөҥ регионун тэтимнээх сайдыытын хамсатар күүс буоларыгар эрэнэбин. Төрөөбүт сирбит чэчирии сайдарын туһугар күргүөмнээх үлэбитинэн халлааҥҥа кыырайа көппүт баҕа санааларбытын бары бииргэ олоххо киллэриэхпит!
Күндү доҕоттор! Ис сүрэхпиттэн эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, уҕараабат эрчими, ситиһиилэри, дьолу, уйгуну, эйэни уонна бары үтүөнү баҕарабын! Уруй-Айхал!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев