Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр эпидемиологическай өттүнэн уустук быһыы-майгы үөскээбитинэн бүгүҥҥү тус этиибин тиэрдэбин.
Муус устар ортотуттан коронавирус сыстыганнаах ыарыытынан ыалдьыбыт дьон ахсаана элбии турар, сууккаҕа 100 тахса саҥа дьон ыалдьыытын таһыма хаһыс да нэдиэлэтин уларыйбат. Хомойуох иһин, ыарыы уҕараабат. Ону ааһан вирус уларыйар-кубулуйар, ордук сытыырхайар. Урут оҕо аймах, ыччат сэдэхтик ыалдьар буоллаҕына, билигин кинилэр үгүстүк ыалдьар буоллулар. Улахан куттал уруккутун курдук сааһырбыт уонна дьарҕа буолбут ыарыылаах дьоҥҥо суоһуур.
Хомойуох иһин, өлүү ахсаана үксүүр. Медиктэр туох баар кыахтарын түмэн, сыраларын биэрэн үлэлииллэрин үрдүнэн, дьон коронавирустан өлөр түгэннэрэ тахсар.
Эпидемиологическай быһыы-майгы уустугурбутунан сибээстээн хааччахтыыр дьаһаллары күүһүрдэргэ, саҥа бобуулары уонна сүбэлэри киллэрэргэ күһэллэбит. Аҕыйах хонуктааҕыта ону барытын сиһилии түмпүт үс ыйаахха илии баттаатым. Чуолаан, өрөспүүбүлүкэ иһигэр кэлии-барыы — киин куораттан улуустарга, ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэ таһыттан кэлээччилэри хонтуруолга ылыы күүһүрүөҕэ. Ол ордук уоппускалаахтарга, сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар барар оскуола үөрэнээччилэригэр уонна устудьуоннарга сыһыаннаах. Биллэн турар, вахтанан уонна өрөспүүбүлүкэҕэ кэминэн үлэҕэ кэлээччилэри быһаччы таарыйар. Үлэни биэрээччилэр дезинфекцияны тэрийиигэ, үлэһиттэри «дьиэттэн үлэҕэ» ыытыыга эбии эбээһинэстэри сүктүлэр. Аралдьытар-сынньатар тэрилтэлэр кэккэ көрүҥнэрин үлэлэрэ быстах кэмҥэ тохтотуллар, ол иһигэр оҕо кииннэрин уонна оонньуур хостор үлэлэрэ. Бу кыһалҕаттан ылыллыбыт дьаһаллар. Дьон доруобуйатын харыстыыр инниттэн, эпидемиологическай быһыыны-майгыны көннөрөр, өссө кытаанах локдауҥҥа (бобууга) тиэрдибэт инниттэн ылылыннылар. Биһиги маны барытын өйдүөхтээхпит уонна хааччахтыыр дьаһаллары кытаанахтык тутуһуох тустаахпыт.
Кутталлаах вируһу утары көдьүүстээхтик туруулаһарга бэлэм буолуохтаахпыт. Сүрүн куйахпыт — вируһу утары быһыы (вакцина), оннук куйах биһиэхэ баар!
Бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ 122 тыһыынчаттан тахса киһи быһыы ааста. Бу аҕыйах. Күргүөмүнэн быһыы ылары өссө далааһыннаахтык уонна түргэн тэтиминэн салгыах тустаахпыт.
Россия Федерациятын Бырабыыталыстыбатын Суһал штабыгар Саха сиригэр быһыы саҥа партиятын суһаллык аҕалыыны туруорустум. Онон сотору кэминэн өрөспүүбүлүкэҕэ балачча элбэх быһыы кэлэрэ быһаарылынна.
Саамай уустук быһыы-майгы үөскээбитинэн, Дьокуускай куорат уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун олохтоохторугар анаан бүгүҥҥүттэн коронавируһу утары маассабай быһыы саҕаланна. Быһыы туруорар пууннар үлэлиир кэмнэрэ уһатылынна, онон үлэ күнүгэр уонна өрөбүллэргэ эмиэ сарсыарда 8 чаастан киэһэ 8 чааска диэри үлэлиэхтэрэ. Саҥа пууннар “Мин докумуоннарым” элбэх хайысхалаах кииннэр уонна бааннар офистарыгар арыллыахтара. Быһыы туруорар пууннары Дьокуускай автовокзалыгар уонна Аллараа Бэстээххэ тимир суол вокзалыгар, култуура тэрилтэлэригэр, атыы-эргиэн кииннэригэр тэрийэргэ сорудахтаатым. Бөдөҥ тэрилтэлэргэ үлэһиттэрин вакциналыырга мобильнай пууннары тэрийэллэригэр сорудах бэрилиннэ. Нэһилиэнньэ дьиэтиттэн ырааппакка эрэ быһыы ыларын туһугар киин куорат салалтатыгар салайар хампаанньалары кытары микрооройуоннарга быһыы туруорар пууннары арыйалларыгар сүбэлэннэ.
Өрөспүүбүлүкэ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ быһыы туруорар пууннары барытын исписэлиистэринэн хааччыйыаҕа, онуоха Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет ординатордарын, чааһынай клиникалар медиктэрин тардыаҕа. Быһыы хампаанньатын ыытыыга кыттар волонтердар гражданнарга күүс-көмө буолуохтара.
Судаарыстыбаннай тэрилтэлэргэ сыһыарыллыбыт массыыналар мин сорудахпынан быһыы туруорар мобильнай биригээдэлэри тиэйиэхтэрэ.
Уопсайынан, быһыыны ылыы судургу буоларын ситистибит. Хас биирдии баҕалаах киһи олорор сириттэн тутулуга суох Дьокуускайга уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһугар быһыыны туруоттарыан сөп, онуоха эрдэттэн сурутуу ирдэммэт, пааспара, СНИЛС уонна медицинскэй полиһа баар буолуохтаах.
_______________
Ытыктабыллаах доҕоттор!
Сахабыт сиригэр хас биирдии ыалга, хас биирдии киһиэхэ күүтүүлээх кэрэ кэммит – сайын кэлэрэ чугаһаата.
Ким барыта ыһыахтыан, көҥүл айанныан, дьон ортотугар сылдьыан, ыарыыны хабартан куттанымыан баҕарара биллэр суол. Ол эрээри өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар сайыммыт этэҥҥэ ааһарын туһугар, олох хамсааһынын тохтотор саҥа хааччахтааһыннар суоһаабаттарын туһугар ыалдьар дьон ахсаана элбээһинин кылгас кэм устатыгар тохтотуох тустаахпыт.
Өрөспүүбүлүкэ медицинскэй сулууспалара, лабораториялар, суһал штабтар бары күүстэрин ууран үлэлииллэр. Кинилэр сыралаах үлэлэрэ, ахсаабат кыһамньылара норуот өйөөтөҕүнэ эрэ үтүө түмүктээх буолуоҕа. Норуот өйөбүлэ суох бу ыарыыны кыайар табыллыбат!
Күндү биир дойдулаахтарым! Эһиэхэ анаан этэбин – сэрэхтээх буолуҥ, бэйэҕит уонна чугас дьоҥҥут туруга чэгиэн буоларын туһугар хаһан да, ханна да эппиэтинэстээх буолуҥ. Саамай сүрүнэ, быһыыны ылыҥ! Биһиги, Россия олохтоохторо, дойдубутугар оҥоһуллубут, аан дойдуга саамай көдьүүстээҕинэн билиниллибит быһыыны көҥүл ылар кыахтаахпыт. Бу кыаҕы туһаннахха табыллар! Быһыыны күргүөмүнэн ыллахпытына бүттүүн көмүскэллээх буолуохпут – бу биһиги уопсай сорукпут. Оччоҕуна эрэ биһиэхэ дьаҥ тарҕаныыта тохтоон, быһыы-майгы тупсуоҕа!
Дьаҥы кыайыахпыт, нус-бааччы олохпутугар эргиллиэхпит диэн эрэнэбин. Эһиэхэ барыгытыгар кытаанах доруобуйаны уонна модун санааны, тулууру уонна кыһамньыны, үтүөҕэ эрэли баҕарабын!
Күндү бар дьонум! Сахам сирин хас биирдии олохтооҕо! Ыарыыны кыайар туһугар бары сүбэбитин, күүспүтүн холбуоҕуҥ! Чэгиэн туруктаах, күүстээх санаалаах буолуоҕуҥ! Биир сомоҕо буолан, биһиги бу ыарыыны хайаан да кыайыахпыт!
Ыам ыйын 17 күнэ
[…] […]