Аны сайын Нам улууһугар ыытыллыахтаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи XIII «Олоҥхо ыһыаҕа – 2019» чэрчитинэн ахсынньы 4 күнүгэр саха омук төрүт таҥаһыгар аналлаах семинар буолан ааста.
Семинар кэннэ үгэс саха буолбут таҥаһыгар, иискэ-ууска өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр норуот маастардара, худуоһунньуктар, экспертэр Анна Зверева, Мария Сыромятникова, Татьяна Карамзина, Елизавета Олесова, Маргарита Чеснокова, Мария Рехлясова, Татьяна Омина, Прасковья Куличкина, олоҥхону толорооччу, «Ыччат олоҥхоһут» Өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай түмсүү бэрэсидьиэнэ Юрий Борисов, Олоҥхо тыйаатырын артыыстара Александр Дьячковскай-Саарын оһуохайга, тойукка, Прокопий Сыроватскай кырыымпаҕа, Нам улууһуттан импровизатор-хомусчут Вера Гаврильева хомуска маастар-кылаастары ыыттылар, дьон-сэргэ интэриэһин тартылар.
Ахсынньы 5 күнүгэр «Олоҥхо ыһыаҕа: төрүт үгэстэри сөргүтүү, харыстааһын, тарҕатыы» X Өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай конференция ыытылынна. Сүрүн тэрийээччилэр: «Нам улууһа» МТ, Олоҥхо уон сылын бэлэмнээн ыытыыга СӨ национальнай кэмитиэтэ, СӨ «Олоҥхо Ассоциацията» общественнай тэрилтэ, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ, Өрөспүүбүлүкээҕи Норуот айымньытын дьиэтэ, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо билим-чинчийэр института, Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо тыйаатыра, РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын института үлэлэһэннэр, конференция үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Барыта 17 улуустан 456 киһи кыттыыны ылла, 9 хайысханан уопсайа 76 дакылаат ааҕылынна:
1 хайысхаҕа «Олоҥхону сөргүтүү, чинчийии, тарҕатыы, олоххо туһаныы» — 13 дакылаат;
2 хайысхаҕа «Нам улууһун олоҥхотун уонна олоҥхоһуттарын үөрэтии уонна үйэтитии» — 16 дакылаат;
3-4 хайысхаҕа «Олонхо ыһыаҕа: төрүт үгэстэри сөргүтүү уонна үйэтитии», «2019 сылга Нам улууһугар ыытыллар Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын тэрээьин боппуруостара» — 10 дакылаат;
5 хайысхаҕа «Олоҥхо педагогиката, олоҥхонон оҕону иитии-үөрэтии билиҥҥи туруга» — 18 дакылаат;
6 хайысхаҕа «Кыраайы үөрэтии устуоруйата уонна билиҥҥи туруга, удьуор-утум» — 5 дакылаат;
7 хайысхаҕа «Уус кыһатын үлэтэ, ыһыах иһитэ-хомуоһа» — 2 дакылаат;
8 хайысхаҕа «Ыһыах төрүт аһа-үөлэ» — 4 дакылаат;
9 хайысхаҕа «Ыһыах таҥаһа-саба, туттар мала-сала» — 8 дакылаат.
Конференция түмүктэрин таһаарыы, рекомендацияны ылыныы пленарнай чааһа СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга Миниистирэ Куприянов Ю.С. эҕэрдэ тылынан арылынна, мунньаҕы СӨ «Олонхо Ассоциацията» общественнай тэрилтэ бэрэсидьиэнэ Шишигина Ф.В. салайан ыытта.
Пленарнай чааска Слепцов Ю.И. «Нам улууһа» МТ баһылыга «Нам улууһугар Олоңхо ыһыаҕа», Попова Г.С.-Санаайа этнопедагог, пед.наука кандидата, М.К.Аммосов аат. ХИФУ культурология кафедратын профессора, «Олоңхолуур үгэспит тиллиитэ», Ефимова Л.С. филол. наука доктора, М.К.Аммосов аат. ХИФУ культурология кафедратын сэбиэдиссэйэ «Ыһыах сиэрэ-туома, алгыһа», Данилова А.Н. филол.наука кандидата, РНА СС ГЧуоААХНПИ научнай сотруднига «Нам олоңхоһуттарын үөрэтии историятыттан», Захарова А.Е. филол. наука доктора, доцент, СР А.Е.Кулаковскай аат. норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин СӨ норуоттарын культурнай нэһилиэстибэлэрин киинин салайааччыта «Олоңхо кыһата» инновационнай бырайыак тускула», Зверева А.Н. СӨ народнай худуоһунньуга, Россиятааҕы этнография музейын СР эксперт-консультана (РЭМ, СПб.) «Якутская традиционная одежда: силуэты, цвета, материалы, аксессуары”, Ядреев С.В. “Үөдэй нэһилиэгэ” МТ баһылыга “Энсиэли хочотугар Олоңхо ыһыаҕа”, Сахно И.В. «Алдан оройуона» МТ баһылыгын социальнай боппуруоска солбуйааччыта «Итоги проведения XII республиканского национального праздника «Ысыах олонхо-2018г.» в г. Алдан Алданского района», Фокина Н.П. «Өлүөхүмэ оройуона» МТ баһылыгын социальнай боппуруоска солбуйааччыта «О подготовке Ысыаха Олоңхо в Олекминском районе в 2020 г.”, Сивцева И.И. «Нам улууһа» МТ баһылыгын солбуйааччыта, култуураҕа, духуобунай сайдыыга уонна социальнай политика управлениятын начальнига «Олоңхо ыһыаҕа: төрүт үгэстэри сөргүтүү, харыстааһын, тарҕатыы» Х Өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай конференция түмүктэрэ» дакылааттара ааҕылыннылар.
Конференция түмүгэр СӨ Олоңхо тыйаатырын Т.В.Захаров-Чээбий “Ала Булкун” олоңхото (режиссер Гаврил Менкяров) туруорулунна.