Болугур нэһилиэгин аҕа баһылыга Степан Кузьмин нэһилиэк эргин биир эрэ эһэ буолбакка өссө да баар буолуохтарын сөп диэн сабаҕалыыр: «Эһэ нэһилиэктэн олох чугас, Липпэлээх сайылыгын учаастагар билиннэ. Бостуук эһэ сылгыны сии сытарын көрбүт. Лицензиялаах булчуттарбыт сойуолаһан бултаатылар. Баҕар биир эрэ сылгыга саба түспэтэх буолуон сөп, биһиэхэ көстүбүтүнэн эрэ биир. Чугас эргин 4-5 эһэ баар быһылаах. Дөрүн-дөрүн кэлэллэр-бараллар«.
Айылҕа харыстабылын управлениетын инспиэктэрэ Василий Гаврильев этэринэн, эһэ нэһилиэккэ ыкса чугаһаабыт түбэлтэтэ улууспутугар саҥардыы тахсыбыт. Онно түҥ тыаҕа сир аһа суоҕа эбэтэр баһаартан күрэммитэ төрүөт буолуон сөп.
Издание: «Газета «Амма олоҕо»»