Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр ыам үгэнэ. Үүтү да туттарыы ону кытта тэҥҥэ барсан иһэр.
«Үүт тутуутун бэс ыйын 1 күнүттэн саҕалаабыппыт. Уопсайа 25 үүт туттарааччы баар. Мантан 9-һа бааһынай хаһаайыстыба. Үүт сыата ортотунан 4,0-4,2 бырыһыан. Арыы оҥоробут. Нэһилиэнньэҕэ сүөгэй атыылыыбыт, 25 бырыһыантан саҕалаан, 40-тан тахсаҕа тиийэ. Дьон 35 бырыһыаннааҕы ордорор», — диэн кэпсиир Ньургуйаана Гаврильева.
Быйыл эмиэ үүтү таһынан, сир аһын туталлар. Бу күннэргэ хаптаҕаһы хото туттарбыттар. «Оскуола оҕолоро үргээн аҕалаллар, харчыларын тута аахсаллар. Уопсайа 300 киилэ буолла», — диэн этэр технолог.
Ааптар: Наталья Бубякина