Ньурба улууһугар «Арчы» Экопост иитиллээччилэрэ ыаллыы сытар Хаҥалас нэһилиэгэр «Сарыал» лааҕырга ыалдьыттаан, бэйэлэрин сатабылларын, билиилэрин көрдөрдүлэр. Аара суолга Марха өрүскэ Экопост чилиэттэрэ паром кэтэһэ таарыйа, айанньыттары түмэ тардан, «Ыраас кытыл» диэн ааттаан биэрэк бөҕүн хомуйууга үлэлэппиттэрэ баар дьону үөртэ. Бары биир киһи курдук массыыналарыттан тахсан, оҕолорго көмөлөһөн, хомуйдулар. Айанньыттар астынаннар, махтаннылар. «Сарыал» лааҕырга тиийэн, киин үлэһиттэрэ араас хабааннаах оонньуулары, билсиһиигэ сыһыаннаах психологическай трениннэри, эрчиллиилэри ыыттылар. Киин бырааһа оҕолорго буортулаах ас, араас ыарыы туһунан билиһиннэрдэ.
Оҕолор «Эко-квест» хамаанданан оонньууну сөбүлээтилэр. Эрдэ бэлэмнэммит каартанан сирдэтэн араас сорудахтаах кылааттары көрдөөтүлэр. Күрэх бүтэһигэр хас биирдии хамаанда бэйэтигэр «Үөрүү уонна доҕордоһуу» балааккатын бириэмэҕэ туруоран, иллээх, доҕордуу сыһыан үөскээбитин билбэккэ хаалла. Бүтээтин кытта, «Сарыал» лааҕыр үлэһиттэрэ минньигэс аһынан күндүлээн, остуол тула олорон, ааспыт күн бэлэхтээбит кэрэ бэлиэ түгэннэрин ырытан, истиҥник кэпсэтэн, өссө да экопостар, лааҕырдар элбии туралларыгар баҕаран, инникитин төрөөбүт дойдуларыгар, айылҕаларыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһыах буоллулар.
«Экопост-Арчы» кыттыылаахтара Ньурба дьонун ийэ айылҕаны харыстыахха, ыраастык тутуохха диэн ыҥыраллар, оччоҕо эрэ кэлэр көлүөнэ чэбдик, ыраас салгынынан тыыныа, күөх ойуурга күүлэйдиэ.
Ааптар: Павел АЛЕКСЕЕВ.