“Олохпут олус тэтимнээхтик салаллар. Өрөспүүбүлүкэбит экономикатын уонна кыаҕын сайыннаран, инники баран иһии биһигиттэн ирдэнэр. Бытаарыы, саҥа хамсааһыннары ылыммакка олоруу кэхтиигэ тириэрдэр. Онон олохпут ыҥырыыларыгар олус түргэн хоруйдары биэрэн иһиэхтээхпит, ол инниттэн сүҥкэн уларытыылары киллэриэхтээхпит. Президеммит Владимир Владимирович Путин биһиэхэ саҥа соруктары, сыаллары туруорда. Сайдыыбытын бэйэбит салайыныахтаахпыт, бары бииргэ, түмсүүлээхтик, сомоҕолоһон”, — диэн Айсен Сергеевич куруук этэр.
Бу туһунан Хаҥалас улууһун олохтоохторун кытта көрсүһүүтүгэр эмиэ эттэ. Кини өрөспүүбүлүкэҕэ инновационнай үөрэхтээһини сайыннарыыга Хаҥалас улууһа бары өттүнэн бэлэмин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. “Манна Бастакы президент Михаил Николаев көҕүлээһининэн төрүттэммит “Үс хочо” бырайыак, “Ленскэй кыраай” физика-математика форумун баазатыгар СӨ наукатын Дьоҕус Академиятын тутуу олук буолаллар. Бу бөдөҥ бырагыраамалар тиһиктэригэр эбии үөрэхтээһин эрэ буолбакка, ыччаты үрдүк үөрэххэ, наукаҕа сыһыарыы барыан сөп”, — диэтэ.
Айсен Николаев 2035 сылга диэри үлэлиир Тосхол былааныгар бу быһаарыы киллэриллэрэ хайаан да наадатын эттэ. “Сотору кэминэн манна аан дойду таһымнаах үөрэхтээһин киинэ баар буолуон сөп”, — диэтэ кини.
Хаҥалас улууһун үөрэҕириитин эйгэтигэр билигин быһаарыыны күүтэр боппуруостарынан хаарбах туруктаах Өктөмнөөҕү оскуола уонна тутуута балаҕан ыйыгар бүтүөхтээх Покровскайдааҕы оскуола буолаллар. Айсен Сергеевич бу эбийиэктэргэ сылдьан, балаһыанньаны көрдө-иһиттэ. Өскөтүн Покровскай оскуолата аанын үөрэх дьылыгар үөрэнээччилэригэр арыйарга бэлэм эбит буоллаҕына, өктөмнөр кыһалҕалара уустук соҕус буолар. Ил Дархан дуоһунаһын толорооччу бырабыыталыстыба “оскуола – дьыссаат” тутулунан бырайыага бэлэм тутууну федеральнайдааҕы бырагыраамаҕа, ол иһигэр инфраструктураны сайыннарыы былааныгар киллэртэриигэ үлэлэһэригэр сорудахтаата.
Айсен Николаев өр сыллаах Тосхол дьаһалларын олоххо киллэриигэ хайысхалары кииннээн тэрийии бэрээдэгинэн ыытыллыахтааҕын иһитиннэрэн турар. Онно Хаҥалас улууһа үөрэҕирии эйгэтин тутара саамай сөптөөх буоларын олохтоохтор бэлиэтээтилэр.
Ааптар: Лена Попова.