Муомалартан туоһулаһан истибитим, Улахан Чыыстай нэһилиэгэр хаардаабыт. Түүн 3-4 кыраадыс тымныйа сылдьыбыт.
Сорохтор хаар түспүт чааһын кытта чуолкайдаатылар: сарсыарда 4 чаастан 9 чааска диэри. Олохтоохтор от ыйын ортотугар хаардыырыттан соһуйбаттар. Ол курдук, Улахан Чыыстай нэһилиэгин олохтооҕо Егор Калугин:
— Хоту сиргэ олоробут. Онон баччаларга хаар түһээччи. Оҕуруоппут салгыы үүнэр. Атырдьах ыйын бүтэһигэр үстүү куулга тиийэ хортуоппуйу хомуйабыт. Сиэмэ хортуоппуй кэмчи буолан, ыһар сирбит олох кыра. Бастаан сиирбитин хааччынабыт, — диэн кэпсиир.
Оттон Горнай улууһугар хаһыҥ түспүт. Улуустааҕы муниципалитет тэрийэр отделын салайааччыта Айталина Санникова иһитиннэрбитинэн, түүн 3 кыраадыска тиийэ тымныйбыт.
— Хортуоппуй, кабачок үлүйбүт. Дьон үксэ иһитиннэрии-биллэрии суоҕуттан, оҕуруоттарын саппатахтар, — диэн бэлиэтиир Горнай олохтооҕо.
Ыам ыйын 22 күнүгэр быйылгы сайыны билгэлииригэр Тускул:
— Сайын саҕаланар бастакы дэкээдэтин уонна ахсынньы, тохсунньу ыйдарга тэҥнээтэххэ, быйыл кыһын тыаллаах соҕус этэ. Онон бэс ыйын уонна от ыйын саҥаларыгар киин улуустарга хаһыҥныан сөп. Оҕуруоттаах дьон түүҥҥү кэмҥэ олордууларгытын көрө уонна тэпилииссэҕитин саба сылдьыҥ, — диэн сэрэтэн турар.
Бэҕэһээ тымныйыах чинчи, хаар-ардах салгына баар этэ. Мантан инньэ күһүн кэлэрэ биллэн иһиэҕэ. Онон, оҕуруотчуттар, күн-дьыл туругун истэ сылдьан, үүнээйилэргитин бэрийэ, саба сылдьар кэмҥит үүннэ.
Ааптар: Елена ПОТОЦКАЯ.