Бүгүн Алдаҥҥа «Сэвэки» культурнай-этническэй комплекска өрөспүүбүлүкэтээҕи XII Олоҥхо ыһыаҕа түмүктэннэ.
Ил Дархан э.т. Айсен Николаев, өрөспүүбүлүкэ биир бөдөҥ промышленнай оройуонугар дьон өйүгэр-санаатыгар хаалар Олоҥхо Ыһыаҕа буолан ааспытын бэлиэтээтэ.
— Саха сиригэр олорор норуоттары Олоҥхо ыһыаҕа анаан түмтэ уонна өссө күүскэ сомоҕолоото. Эбэҥки уонна саха норуоттарын фольклордарын уонна култуураларын толору уонна дириҥник арыйда. Икки күн устата Алдаҥҥа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕа тохтоло суох ньиргиччи уруйданна уонна айхалланна. Бу тэрээһин Саха сирин устуоруйатыгар биир саамай чаҕылхай уонна өргө диэри холобурга сылдьар бырааһынньык быһыытынан киирдэ. Олоҥхо ыһыаҕын кыайа туппут тэрийэр кэмитиэккэ, Алдан оройуонун дьаһалтатын салалтатыгар, спонсордарга уонна бу күннэргэ биир дьиэ кэргэн курдук сомоҕолоһон, түмсэн, өйтөн-санааттан сүппэт бырааһынньыгы бэлэхтээбиккитигэр ис сүрэхпиттэн махтанабын. Эһиги норуоттар доҕордоһууларын тас өттүттэн эрэ ойуулаан буолбакка, араас норуот дьоно бэйэ-бэйэҕитин өйөһөн Алдан оройуонугар олороргутун иис дууһаҕытыттан илэ-чахчы көрдөрдүгүт.
Маны таһынан, Олоҥхо ыһыаҕа биһиэхэ эбэҥки норуотун уус-уран айымньытын, эпоһын дириҥник арыйда. Олоҥхо Аал Луук маһа манна, Алдан сиригэр, саҥалыы сириэдийэн үүннэ уонна араас норуоттар култууралара хас да лабаанан силигилии сиппитин көрдөрдө, — диэн бэрт дириҥ ис хоһоонноох этиитин мустан олорооччулар бары дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр.
Ил Түмэн спикерэ, СӨ Олоҥхо ыһыаҕын иккис Уон сылын бэлэмниир уонна тэрийэр Национальнай тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков ытык Алдан сиригэр Олоҥхо Ыһыаҕын ыытыыга мунаахсыйыы тахса сылдьыбытын бэлиэтээтэ:
Ыраах промышленнай оройуоҥҥа бүгүҥҥү уустук кэмҥэ ыһыаҕы ыһабыт дуу суох дуу, диэн толкуй баара. Алдан оройуонун дьаһалтатын салалтата, бөдөҥ промышленниктар, бэйэҕит төрөөбүт, үлэлиир уонна күндүтүк саныыр дойдугут чиэһин үрдүктүк тутан, бу улахан суолталаах тэрээһини тэрийдигит. Волонтердартан саҕалаан, бүгүн көрөөччү быһыытынан манна кыттар биир дойдулаахтарын өйөөн кэлбит Алдан оройуонун олохтоохторугар бука барытыгар истиҥ махтал!
Мин эһиэхэ, көмүстээх Алдан олохтоохторугар, өрөспүүбүлүкэ култууратын устуоруйатыгар сүҥкэн кылааккытын киллэрбиккитинэн, Олоҥхо ыһыаҕын ыытыыны тохтоппотоххутугар истиҥ махталбын тиэрдэбин. Алдаҥҥа буолбут ыһыах ыалдьыта элбэҕинэн, кыттааччыта үтүмэнинэн, национальнай таҥас арааһын көрдөрбүккүтүнэн саамай чаҕылхай уонна табыллыбыт ыһыаҕынан буолла диэн бэлиэтиибин.
Алданнар, эһиги Сэвэки сири Олоҥхо ыһыаҕар анаан «уура» сыппыт эбиккит. Хайдахтаах да талааннаах дизайнер, худуоһунньук, фантазиялаах киһи маннык үтүөкэн сири талан, маннык тутуулары анаан тутар кыаҕа суох. Ол курдук, бастакынан, айылҕата кэрэтин көрүҥ, иккиһинэн, Алдан куораты ытыска ууран көрө олорон ыһыахтыыгын. Үсүһүнэн, ыһыах ыһыллар былаһааккатын декорацията — киһи тылынан эппэт кэрэ көстүүтэ!
Кырдьык да, өрөспүүбүлүкэ тутаах салайааччылара бэлиэтээбиттэринии, Алдаҥҥа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар сылдьыбыт эрэ киһи олуһун сөбүлээтэ, астынна. Дэлэҕэ да, кэпсэппит дьонум да, олохтоохтор да: «Хаһан да маннык бырааһынньыкка сылдьа иликпит!», — диэн этиэхтэрэ дуо?
Алдаҥҥа Олоҥхо ыһыаҕын сабыллыытын үөрүүлээх түгэнинэн, Нам улууһун бэрэстэбиитэллэригэр дуоҕа туттарыы сиэрэ-туома буолла.
Махтал, Алдан оройуонун олохтоохторо, хаһан да умнуллубат бырааһынньыгы бэлэхтээбиккитигэр! Дорообо, Нам улууһугар ыытыллар XIII Олоҥхо ыһыаҕа!
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru