Быйыл Алдан оройуонугар Норуоттар сомоҕолоһууларын уонна доҕордоһууларын сыллара биллэриллибит буолан, суолталаах тэрээһин Саха сиригэр олорор норуоттар култуураларын сырдатыы быһыытынан барыаҕа.
Алдан куората күп-күөҕүнэн симэммит тыа быыһыгар турар кэрэ көстүүлээх куорат.
Били ырыаҕа ылланар бульвардар, сквердэр, кырдьык да, бу куораты аан бастаан көрөр киһиэхэ сүрэҕин ортотунан киирэллэр.
«Алдан оройуона» МТ пресс-киинин салайааччыта Ирина Петунинаиһитиннэрбитинэн, Алдаҥҥа буолар Олоҥхо ыһыаҕа быһа холуйан 4 тыһ. курдук ыалдьыт муһунна. Тэрийээччилэр бэлиэтииллэринэн, Бүлүүгэ былырыын Олоҥхо ыһыаҕар 26 улуустан 836 ыалдьыт мустубут буоллаҕына, Алдан ыһыаҕа бу сыыппараны ырааҕынан куоһарда. Биллэринэн, ыһыахха 100 олоҥхоһут кытта кэлбит. Арассыыйа киин куораттарыттан анал дэлэгээссийэлэр, омук сирдэриттэн ыалдьыттар эмиэ бааллар.
Аны аҕыйах мүнүүтэнэн Алдан куоратыгар Олоҥхо ыһыаҕын Ил Дархан э.т. Айсен Николаев үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыаҕа.
Онон өрөспүүбүлүкэ быйылгы сылга саамай суолталаах тэрээһиниттэн — Олоҥхо ыһыаҕыттан быһа репортаж саҕаланна, доҕоттор! Мин Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллар»Сэвэки» национальнай-култуурунай комплексыттан буола турар тэрээһиннэри бу икки күҥҥэ сырдата олоруоҕум.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru