Көмүстээх Алдаҥҥа бүгүн норуоттар сомоҕолоһууларын уонна доҕордоһууларын кэрэһилиир улахан суолталаах Олоҥхо ыһыаҕа саҕаланна.
Араас омук тоҕуоруһан олорор Саха сирин соҕуруу оройуонугар, Олоҥхо ыһыаҕын ыһыы — өрөспүүбүлүкэ култууратын устуоруйатыгар аан бастакы хардыы. Ыһыах Алдан эбэҥкилэрин өбүгэлэрин «нимҥакалан» диэн тылынан айымньыларыгар олоҕурда. Эбэҥкилэр үһүйээннэригэр сири, кыылы-сүөлү, киһини уонна норуот маанылаах кыылын — табаны сирэйдээн көрдөрөн, Сэвэки Айыы ийэ тайах, маҥан таба, тыһы эһэ уонна үтүө санаалаах эмээхсин буолан ойууланар.
Сэвэки Айыыһыт аатын сүгэр этнографическай комплекска, ыһыахха, бүгүн 4 тыһ. тахса киһи түмүстэ. Киһи сөҕөр! Мэктиэтигэр бэрт улахан, киэҥ сир кыараан хаалбыт курдук. 30-тан тахса улуус дэлэгээссийэтин сэргэ, Москваттан, Санкт-Петербуртан, Владивостоктан, Хабаровскайтан, омук сирдэриттэн ыалдьыт бөҕө кэлбит.
Ыһыаҕы үтүмэн элбэх суруналыыс сырдатар. Омук сириттэн тиийэ айар үлэһиттэр бөҕө кэлбиттэрэ сөхтөрдө!
Олоҥхо Ыһыаҕын аһарыгар Ил Дархан э. т. Айсен Николаев:
— Саха сирин промышленнай салаатын сайдыыта бу сиртэн саҕаламмыта. Бүгүн араас омук олохсуйан олорор Алдана өрөспүүбүлүкэ промышленноһын сайдыытыгар төһүү кылааттаах, сайдыылаах оройуонугар тиийэ үүннэ. 21-c үйэ Алдана — норуоттар доҕордоһууларын чаҕылхай холобура. Дойдубутун сайыннарарга биһиэхэ бары кыах толору баар: айылҕа баайа, киэҥ сир-уот уонна күүстээх санаалаах, кыайыылаах-хотуулаах дьон. Биһиги бары сомоҕолоһон түмүстэхпитинэ, өрөспүүбүлүкэбитин, куораттарбытын уонна нэһилиэктэрбитин дойду таһымыгар таһааран киэҥ сураҕырдыахпыт, аатырдыахпыт, — диэн бэлиэтээтэ.
Быйыл Алдаҥҥа ыһыллар Олоҥхо ыһыаҕа 12-с төгүлүн ыытыллар. Бу туһунан бэлиэтээн туран Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков:
— Алдаҥҥа буола турар ыһыах түһүлгэтигэр үрдүк айыылартан үтүө алгыс түстэ. 12 сыл устата нимҥакалан үһүйээннэрин хомуйан хаалларбыт норуот тылынан айымньыта үйэлэри уҥуордаан аныгы ыччакка тиэрдиллэн эрэрэ үчүгэйин! Нимҥакалан үһүйээннэрэ ис хоһооннорунан РФ норуоттарын уон бастыҥ айымньыларын ахсааннарыгар киирбиттэрэ холобурга сылдьар, — диэн бэлиэтээтэ.
Суолталаах ыһыах кыттыбыт киһитэ элбэҕинэн сөхтөрдө. Айылҕа маанылаах оҕолоро — сылгылар, табалар, саха оҕуһа түһүлгэҕэ, театрализованнай көстүүгэ киллэриллибиттэрэ болҕомтону тардыан тарта.
Доҕордоһууну, сомоҕолоһууну кэрэһилиир бырааһынньык салҕанар.
Көмүстээх Алдан ыалдьыттарын көрсөөрү, киһи интэриэһин тардар үгүс тэрээһини бэлэмнээбит.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru