Бэс ыйын 17 күнүгэр, айылҕа ситэн-тупсан турар кэмигэр, ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Лэбийэ күөллээх, Тиэрэ үрэх тардыылаах, Суон сурахтаах Суола үрэх маанылаах кыыһа Эдьиий Настаа төрөөбүт дойдутугар Сыымахха, Баатара нэһилиэгэр олус истиҥ-иһирэх, киһи сүргэтин көтөҕөр, бастакы республиканскай таһымнаах, айар куттаах кэрэ аҥардарга аналлаах күөн-күрэс ыытылынна. Бу күөн-күрэс бырайыак ааптара СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Саргылана Адамова-Алтан кыыс буолар. Эдьиий Настаа этэн хаалларбыт кириэһин толорон, бу күн кини сырдык аатыгар, кини суруйан хаалларбыт өлбөт-сүппэт ырыаларыгар сүгүрүйэн, кэрэ аҥардар мустаннар ырыа алыптаах киэһэтин бэлэх ууннулар.
Барыта Мэҥэ-Хаҥалас улууһуттан Сыымахтан, Павловскайтан, Дьабыылтан, Чүүйэттэн, Дьаҥхаадаттан, Дойдуттан, Мооруктан, Табаҕаттан, Бэдьимэттэн; Амма улууһуттан Амматтан, Бөтүҥтэн, Абаҕаттан; Таатта улууһуттан Уолбаттан; Чурапчы улууһуттан Дириҥтэн, Чакыртан; Орто Халыма куораттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Нам Кыһыл Сыырыттан, Хаҥалас улууһун Нөмүгүтүттэн; Сунтаар улууһун Элгээйититтэн барыта 26 айар куттаах кэрэ аҥардар түһүлгэҕэ муһуннулар. Айыллан тахсыбыт матыыптары, иэйиини дьүүллүүр сүбэ иһиттэ, ырытта, сыаналаата: СР Ырыа айааччыларын Сойууһун председателэ, СР народнай артыыһа Алексей Егоров уонна Сойуус чилиэттэрэ СР культуратын үтөлээх үлэһитэ Степан Васильев, журналист Семенов Михаил Серканович, ону тэҥэ Мэҥэ-Хаҥалас улууһун “Дьүрүлгэн” ырыа айааччылар түмсүүлэрин чилиэннэрэ СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, уонтан тахса сыл Эдьиий Настааҕа аккомпаниатордаабыт, ылласпыт Владимир Кузьмин уонна СР культуратын туйгуна, М.К.Попова аатынан Оҕо искусствотын школатын учуутала Дмитрий Санников. Кэрэ аҥардар ырыаларын баяҥҥа доҕуһуоллаатылар: СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ В.Неустроев, СР культуратын туйгуннара С.Павлов уонна Тарабукин.
Күөн-күрэс кэнниттэн бу күн мустубут ыалдьыттар Эдьиий Настаа “Аҕатын алааһыгар”, Лэбийэ күөлүгэр тиийэн айылҕалыын алтыстылар, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүлэр. Биир сомоҕо буолан “Аҕам алааһа” ырыаны ыллаан ньиргиттилэр. Көрүү түмүгүнэн дьүүллүүр сүбэ маннык түмүгү таһаарда:
Баатара нэһилиэгэ олохтообут 25000 солкуобай харчынан бириэмийэтэ “Кылаан бирииһэ” Нам улууһун Кыһыл-Сыырыттан сылдьар Мария Григорьева туттарылынна.
1-кы үрдэл лауреат- Сыымахтан эдэр кэскиллээх мелодист Анна Борисова;
2-с үрдэл лауреат — Амматтан Ольга Иванова-Сидаркевич кыыһа Вера Шилова;
3-с үрдэл лауреат-Мооруктан Галина Герасимова-Сосина. СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, мелодист Виталий Андросов олохтообут харчынан бириэмийэтин тутта;
1-кы үрдэл диплом- Мооруктан мелодист Чүмэчи кыыһа Марфа Егорова;
2-с үрдэл диплом- Амма Абаҕатыттан Галина Петрова;
3-с үрдэл диплом-Амма Бөтүҥүттэн Антонина Прокопьева буоллулар.
Анал ааттар хаһаайыннарынан буоллулар:
“Көмүс куолас” – Чурапчы Чакырыттан Сардаана Макарова;
“Кынаттаах матыып” – Нөөрүктээйи нэһилиэгиттэн Василиса Макарова;
“Иэйиилээх ырыа” – Дойдуттан Аида Кычкина;
“Айар санаа” – Чурапчы Дириҥиттэн Ньургуйаана Петрова;
“Таптал тойуксута” – Орто Халыматтан Евдокия Ефимова-Элиэ буоллулар.
Маны таһынан Виталий Андросов анал бирииһин Чурапчы Дириҥэр олорор, Баатараттан төрүттээх, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Дириҥнээҕи народнай хор салайааччыта Фекла Попова уонна СР Ырыа айааччылар Сойуустарын чилиэнэ Марианна Макарова туттулар. Алексей Егоров анал бирииһин Таатта Уолбатыттан Зоя Егорова ылла, оттон Бэдьимэттэн сылдьар Любовь Стручковаҕа И.Сосин “Суон сурахтаах Суола үрэх” кинигэтин Саргылана Адамова-Алтан Кыыс анал бириис быһыытанан туттарда. Маны таһынан 10 кыттааччы А.Варламова, Алексей Егоров, Михаил Семенов кинигэлэрин уонна М.Санников, Д.Санников компакт-дискэлэрин бэлэх гынан илдьэ бардылар: Марфа Сосина, Лилия Федорова, Варвара Яковлева, Мария Баянакова, Зоя Макарова, Евдокия Гаврильева-Кырсаада, Светалана Акимова, Лилия Санникова, Ньургустана Иванова, Арианна Захарова.
Дьүүллүүр сүбэ кыттааччыларга анаан ырытыыны оҥорбута, бу күөн-күрэс таһымын үрдэттэ. Хас биирдии кыттааччы бэйэтин айар үлэтигэр үчүгэй сыанабылы, сүбэни-аманы ылан астынан бардылар. Кыттааччылар санаа атастаһан, бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса билсиһэн, айар үлэлэригэр элбэх сүбэ-ама истэн үөрдүлэр. Дьүүллүүр сүбэ сүрүн тэрийээччилэргэ, улуус культуратын салалтытагар этии киллэрдэ: Мэҥэ-Хаҥалас географическай балаһыанньатын учуоттаан, ырыаны айымньы быһыытынан үйэтитэр уонна матыып айар кэрэ аҥардар ырыаларын киэҥ эйгэҕэ таһаарар соруктаах, маннык тэрээһини икки сылга биирдэ ыытан, эйгэтин кэҥэтэргэ сорук ууруллуохтааҕын, оскуола оҕотун уонна эдэр ыччат ортотугар хайаан да анаан-минээн үөрэх салаатын кыттыһыннаран туран, туспа түһүлгэ тэриллиэхтээҕин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Оччоҕо А.Н.Варламова-Эдьиий Настаа аатынан ырыа айааччы кэрэ аҥардар ортолоругар ыытыллар күөн-күрэс аны биэс сылынан, төрөөбүтэ 75 сылын көрсө эрдэттэн бэлэмнээх, өссө элбэх кыттааччылаах буолуо этэ. Сүрэҕи-быары сылаанньытар сахалыы тыыннаах, куттаах-сүрдээх ырыалар кынаттанан көтөллөрүн туһугар маннык үлэ тиһигин быспакка ыытыллара ирдэнэр.
Ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттар бу ырыа түһүлгэтиттэн күүс-уох ылан, саҥаны билэн-көрөн, астынан барбыттара, биһигини, тэрийээччилэри үөрдэр. Алаас ырыата ыраах дьиэрэйдин, саха ырыата уһун үйэлэннин диэн алгыс тылбытын этэ хаалабыт!
Эмма Павлова, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун культура управлениетын методиһа.