Күүтүүлээх мааны ыалдьыттар ыһыах алгыһын иҥэринэ, аламай күн сыралҕаныгар дуоһуйа сыламныахтара, киэҥ түһүлгэни төрүттэһиэхтэрэ.
Бу күн түһүлгэҕэ алгыс сиэриттэн саҕаланан араас күрэх ыытыллыаҕа.
«Быйыл нэһилиэккэ араас хайысхалаах тутуу күргүөмнээхтик ыытылынна. Дьон-сэргэ көхтөөхтүк түмсэн, биллэр-көстөр үлэни баҕа өттүнэн оҥорор. Ыһыахтыыр сиргэ олохтоох уолаттар Будимир Стручков, Виктор Полушкин, Михаил Кайгородов, Алексей Слепцов уонна эдэр ыччат Владимир Борзов, Николай Дохунаев күүскэ үлэлээтилэр. Түһүлгэ тутуутун уопсай көстүүтэ дьону-сэргэни үөрдэр. Манна ураһа, араас тэрээһиннэр сыаналара уонна түөлбэнэн сынньанарга аналлаах үрүттээх кыра тутуулар, 300-чэ кв. миэтэрэлээх күрүө-хаһаа оҥоһулунна. Бу күннэргэ волонтердар сыыс маһы хомуйан түһүлгэни өссө тупсардылар» — диэн нэһилиэк баһылыга Владимир Новиков кэпсээтэ.
Унаардаах уһун тымныы кыһын кэнниттэн, сааскы ылааҥы күннэр ааһаннар, саргылаах самаан сайын кэлбит үөрүүтүгэр,былыр-былыргыттан утумнанан кэлбит, куруук уос номоҕо буолар ыһыахпытыгар туох тэҥнэһиэй!
Ааптар: Александра Заровняева.