Дьон «һуу-һаа» буолан, сөҕүмэр булумньу тула элбэҕи кэпсэттэ, чахчытын билиэн-көрүөн баҕалаах кэккэтэ хаҥаата. Тустаахтары булан билбиппит, олох да сыыһа иһитиннэрии эбит.
Үөһээ Бүлүү Оҥхой нэһилиэгин олохтооҕо Мария Васильева маннык кэпсээтэ:
— Оҕом тиэргэн харбыы сылдьан ити манньыаты булан киллэрбитэ. «Аймахтар» бөлөххө хаартыскатын ыыппытым, тарҕанан хаалбыт этэ. Биһиги балтыбытыгар Любомира Поликарповнаҕа итинник манньыаттааҕын билбэт этибит, билэрбит буоллар, сымыйа сурах тарҕаныа суохтааҕа, — диэн быһаарда.
Манньыат хаһаайката Любомира Семенова:
— Ити манньыаты 5 сыллааҕыта куоракка саха оҕонньоруттан атыыласпытым. Үлэлии турдахпына кэлэн: «Үс мөһөөккө атыылас, мантыҥ кэлин улахан сыанаҕа барыаҕа», — диэбитэ. Манньыаты талисман курдук кумааһынньыкпар укта сылдьабын, санаабар харчыны тардар курдук. Онтон бэҕэһээ бассаапка көрөн баран, соһуйан хааллым. Көрдөөбүтүм суох. Улахан уолум оонньуу тахсарыгар илдьэ барбыт, итиэннэ сүтэрэн кэбиспит этэ.
Манньыат кээмэйэ билиҥҥи 10 солкуобайдаах харчыны кытта тэҥ. Быһыытыттан көрдөххө, эргэ, кытыыта ньэппэйбит курдук. Онон хантан кэлбитин, ханна оҥоһуллубутун, ким илиитинэн ааспытын таайа саныахха эрэ сөп. Дьиҥ чахчытын атыылаабыт оҕонньор билэрэ буолуо, баҕар бу суругу аахтаҕына, биллиэ диэн эрэнэбит.
Аныгы олоххо араас сонун интэриниэт ситиминэн түгэн иһигэр тарҕанар үйэтэ кэллэ. Онон, сорох сурахтарга итэҕэйбэт оруннаах.
Ааптар: Валентина Догоюсова.