Маҕаһыыннарга бородуукта арааһа буолунай: «Скиф», «Буджак», «Хоту-Ас», «Молочный дождик», Новосибирскай, Благовещенскай о.д.а. үүттэн, эттэн араас аһа, этэ. «Хармааныҥ уйар буоллаҕына, тугу баҕараргын, төһөнү тутан бараргынан атыылас» диэбит курдук.
«Гранд» ХЭТ маҕаһыыннарыгар эрэ I Хомустаах этэ 450 солкуобайга, буотарах 300 солкуобайга, Модут арыыта 540 солкуобайга атыыга баара. «Олоҥхо» маҕаһыын атыылааччыта Любовь Анатольевна этэринэн, «Эрэл» үүт аһы сайаапканан аҕалар эбит. «Эрэл» суулаах арыыта, иһиттээх эт аһа «Ассоль», улуус дьаһалтатын дьиэтигэр баар, атыыланар. Сыаналара тастан аҕалыы астааҕар ботуччу.
Дьон этэринэн, Нам сүөһүтүн этин күһүн идэһэ кэмигэр, саас дьаарбаҥкаҕа, хам-түм биир эмэ харчыга ыксаабыт, сүөһүтэ оһолломмут дьон ырыынакка эбэтэр биллэриинэн атыылаатахтарына амсайаллар. Сорохтор баҕарбыттарын да иһин, пенсиялара, хамнастара, дохуоттара кыратыттан атыыласпаттар.
Хатырыктан Анастасия Эверствова, пенсионерка: «Үүтү ыалбытыттан атыылаһабын. Урут сүөһүлээх этибит. Сааһыран кыайбат буолан уонна оттуур сир тиийбэтинэн эспиппит. 2005 сылтан сылгы ииттэ сылдьабыт, онон идэһэлээхпит. Ынах этин Көбөкөнтөн атаҕынан ылан сиибит. Олохтоох эт, арыы сыаната олус ыарахан».
«Мария+» маҕаһыыҥҥа пенсионерка Александра Аммосованы көрүстүм. Бу маҕаһыыҥҥа наадыйар бородууктата барыта баар буолан куруук сылдьар эбит. Сүөһүтүн эмиэ кыайан көрбөт буолан эспитэ бэһис сыла. Олохтоох эт сыаната ыараханын бэлиэтиир.
«Радугаҕа» Нам этэ суох, ол оннугар Алтайтан 400 солкуобайга ынах, 360 солкуобайга сибиинньэ этэ уонна эт астар атыыланаллар. Модут арыыта «Березкаҕа» 490 солкуобай, «Ветераҥҥа» 500 солкуобай, «Электро-продукты» маҕаһыыҥҥа 550 солкуобай. Атыылааччылар кэпсииллэринэн, дьон сиир арыыны атыылаһар. Ол эрээри үгүстэр чэпчэки сыаналаах эти, арыыны хото ылалларын, олохтоох бородууксуйа атыыга ыараханнык барарын эттилэр. Кыһыҥҥы ыйдарга дьон «Эрэл» ТХПК үүтүгэр наадыйарын маҕаһыыҥҥа барытыгар иһиттим.
«Эрэл» ТХПК салайааччыта Ньургун Гуляев баар балаһыанньаны маннык кэпсээтэ:
— 2018 сыл саҕаланыаҕыттан 5474 кг ынах арыытын, 1162 кг этин, 16140 л үүтү, 13543 л кефири, 5209 л 25%-наах чөчөгөйү, 6972 л сүөгэйи, 15669 л суораты, 1638 л иэдьэгэйи, 1373 л 40%-наах чөчөгөйү, 1183 л 35-наах чөчөгөйү, 187 кг убаһа этин, 190 кг фаршы, 1552 уст. уулларыллыбыт ынах арыытын, 307 кг бэлимиэни, 138 кг буотараҕы, 67 кг кэтилиэти, 24 киилэ сибиинньэ этин, 74 кг тефтели улууспут маҕаһыыннарыгар, ларектарыгар туттарбыппыт. Соҕотуопкаламмыт этинэн сабыылаах тэрилтэлэри хааччыйабыт.
Никольскайга саҥа буойуна туттардыбыт. Былырыын хаһаайыстыбалартан сүөһү тутан 52 туонна ынах, 34 туонна убаһа этин астаабыппыт. Соҕотуопкалаабыт эппит куорат, улуус маҕаһыыннарынан дьаарбаҥкаларынан атыыланна, сороҕо сүөһү, убаһа туттарбыт дьоҥҥо, хаһаайыстыбаларга уонна үксэ сабыылаах тэрилтэлэргэ барда.
Инникитин олохтоох сүөһүбүт этиттэн араас оҥоһуктар дэлэйэллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.
Ааптар: Иннокентий Иванов.