Маргарита Егорова, олоҕун оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ анаабыт учуутал, нэһилиэнньэни салайыыга үлэлээбит ытыктанар киһи, биэнсийэлээх:
— Дойдубут туһа диэн саастарын тухары үлэлээбит дьон биэнсийэбит олох билиҥҥи таһымыгар ханан да тиийбэт. Туттар табаарбыт, аспыт сыаната күннэтэ ыарыы турар. Биһиги олохпут таһыма үрдүүрүгэр туох-ханнык үлэлэр ыытыллыахтарай?
Варвара Колодезникова, Таатта улууһун үөрэҕирии салалтатын методическай сулууспатын салайааччыта:
— Оҕону, ыччаты иитиигэ ханнык идеалларга тирэҕирэн үлэлиэхтээхпитий? Төһө сөптөөх суолунан баран иһэбитий?.
Матрена Алексеева, эбии үөрэхтээһин тэрилтэтин педагога, оҕо общественнай хамсааһынын улууска тэрийээччи:
— 2017 сыллаахха ыам ыйын 29 күнүгэр эбии үөрэхтээһин 10 сылыгар анаммыт ыйаахха дойду регионнара туһанар анал үптээх бырагыраамалары ылыннылар дуо?
— 2018 сыл баҕа өртүнэн көмөлөһөөччү сылынан биллэриллибитинэн, өр сылларга тимуровскай үлэни, араас волонтерскай хамсааһыннары тэрийбит, салайбыт педагогтарга көмө-тирэх буолар докумуоннар таһаарыллыахтара, ылыныллыахтара дуо?
— Быйыл эбии үөрэхтээһин педагогтарын хамнастара учууталлар хамнастарын кытта тэҥнэһиэ дуо?
— Эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин саҥа ирдэбилгэ эппиэттиир дьиэлэрэ тутуллуохтара, туттар тэриллэрбит саҥардыллыахтара дуо?
Иван Викторов:
— Хас үһүс гражданин хамнас, биэнсийэ олус кыратыттан, кыһалҕаттан араас бааннартан кредит ылбытын төлүүрүгэр хамнаһа кыайан саппакка иэскэ киирэрэ элбэх. Онтон сылтаан дьон доруобуйатыгар оҕустарыыта улахан. Бэрэсидьиэн тугу эмэ оҥорор кыахтаах дуо?
Ааптар: Виктор ВИНОКУРОВ.