Сэбиэскэй кэм быыһын сэгэтэн көрдөххө, оччолорго дьон субуотунньугунан мэктиэтигэр, туруук таас хайаны сыҕарыталлара. Үчүгэй умнуллубат диэбиттии субуотунньуктарга дойду үрдүнэн иккис тыын угулунна. Кэбэргэнэлэр ону сыыска түһэрбэтилэр, хаба тардан ыллылар. Бэрт түргэнник түмсэ охсон уопсай күүһүнэн тыһыынча сиэрдийэни кэртилэр, сороҕун Усуйаанаҕа ыыттылар.
Субуотунньукка кыттыан баҕалаах кырыы-кырыытынан. Нэһилиэккэ киирэр аартык эргэрэн, саҥалыы уларыталлар. Сэргэтин маһа бэлэмнэннэ, киэргэтии үлэтэ хаалла. Уулуссалары сырдатыыга эр дьон, ыччаттар субуотунньуктаан остуолбалары бэлэмнээн, бөһүөлэккэ киллэрдилэр, сир сылыйдаҕына сайын туруоруохтара, уотун тартарыахтара.
Быйылгы ыһыах Майыар национальнай нэһилиэгэ тэриллибитэ 65 сылыгар ананар. Үбүлүөйдээх ыһыаҕы үрдүк таһымҥа ыытарга бэлэмнэнэр үлэлэр саҕаламмыттара ыраатта. Ыһыах сирин тупсарарга-өрөмүөннүүргэ субуотунньуктар былааннаналлар.
Виктория Анатольевна: «Биир киһи барыбыт, бары биир киһи туһугар» диэн лозунг баара. Билиҥҥи күрэстэһиилээх, илин-кэлин түсүһэр олохпутугар дьүөрэлии тыллар эбит. Биһиги кыра нэһилиэкпит биир дьиэ кэргэн курдук ил-эйэ дэмнээхтик кыайбатаҕы кыайарга, сатаабатаҕы сатыырга көхтөөхтүк турунна. Бу нэһилиэккэ өй-санаа уларыйыытын туоһута,» — диэн субуотунньуктар хотуулаахтык барар буолбуттарын быһаарда.
Ааптар: Афанасий ИВАНОВ.