Эбээн Бытантай улууһугар эрдэ ынах сүөһү Кустуурга кыстыыра. Эргэ хотон, үлэһит илии тиийбэтэ, от үлэтэ кыаллыбата саха ынаҕын иитиини, сайыннарыыны мөлтөх балаһыанньалаабыта. Боппуруос улахан мунньахтарга, бырабыыталастыба отчуоттарыгар үгүстүк туруорсуллара.
Өр кэмҥэ сыралаһан тутуллубут саҥа хотоҥҥо үлэ-хамнас хаамыытын, инники былааннар туһунан питомник салайааччыта Лена Бочкарева маннык кэпсээтэ:
— Билиҥҥи кэмҥэ 250 сүөһүлээхпит. Аллараа Бытантайтан 26 ынаҕы аҕаллыбыт. Кыһын, суол туруута, өссө уончаны аҕалыахпыт. Ыам ыйын ортотугар диэри 44 ньирэйдэннибит.
Аныгы кыстыкка 230 ынаҕы киллэрэр былааннаахпыт: Саккырыырга 110, онтон Кустуурга 120. Оттооһун хампаанньата хайдах барарыттан эмиэ тутулуктанабыт. Кыһыны этэҥҥэ туоруурга 350-400 туонна от оттонуохтаах. Окко нэһилиэктэр дьаһалталара, тэрилтэлэрэ төһүү күүс буолуохтара диэн бигэ эрэллээхпит, хас да сыл үчүгэйдик көмөлөһөн кэллилэр. Баһылыктар анаан, эбии үп көрөн, дьону көҕүлүүллэрэ хайҕаллаах. Каадыр өттүнэн хааччыллыылаахпыт, 23 миэстэлээхпитигэр үлэһиппит толору.
Саҥа салайааччы Лена Дмитриевна ынах сүөһүнү иитиигэ баай уопуттаах, кыра эрдэҕиттэн этинэн — хаанынан билэр үлэтэ буолар. Онон туох баар билиитин — көрүүтүн, уопутун туһанан бу хаарыаннаах сүөһүбүтүн көрүүнү өрүттэр суолга таһаарар, сайыннарар, элбэтэр-ууһатар сыаллаах үлэни — хамнаһы ыытарыгар бигэ эрэллээхпит.
Ааптар: Яна Рожина.