Кэнники икки сылга Белай Гора таҺыгар кыра көлүччэҕэ кубалар кэлэн, эмиэ түҺэр сир оҥоһуннулар. Былырыын дьон аахпытынан 12-15 куба эбит буоллахтарына, быйыл 50-ча буолбут. Дьэ бу улахан үөр. Улуус киинин олохтоохторо оҕолуун-улаханныын бары кубалары көрө, ким сатыы, ким бэлэсипиэтинэн, ким массыынанан айаннаан айылҕалыын алтыҺаллар. Соҕуруу улахан куораттарга баар зоопаркаҕа сылдьар курдук дьон тоҕуоруҺа мустар. Ырыаҕа ылланарыныы туус маҥан кубулар эчи улахаттара, кыраҺыабайдара, маанылара киҺи сүрүн долгутар. Кинилэр тыастан-уустан, дьонтон куттаммат, наҺаа чугаҺатар буолбуттар. Оҕо-аймах илииттэн аҺатар, оонньуур, кубалары кытта хаартыскаҕа түҺэннэр үөрүү-көтүү бөҕөтө.
Мария Дмитриевна Стручкова, биэнсийэлээх:
— Урут кубалар Белай Гораҕа маннык элбэх ахсаннаах кэлэллэрин көрөөччүбүт суох. Халлаанынан көтөн ааҺалларын, саҥаларын истээччибит уонна булчуттар, кусчуттар ыраах сиргэ сырыттахтарына кубалар элбэхтэрин кэпсээччилэр. Тэлэбиисэринэн соҕуруу дойдуларга пааркаларга дьон кубалары илиилэринэн аҺаталларын көрөөччүбүт. Билигин бэйэбитигэр оннук буолла. Дьиктитэ диэн биҺиэхэ эрэ, Абыйга маннык көстүү баар быҺыылаах. Атын улуустар туох да диэбэттэр. Мин наҺаа үөрэбин, долгуйабын. Хоту дьоно кубалары өлөрбөттөр, аньыыргыыллар. Мээнэҕэ куба көтөрө Белай Гора Бэлиэтэ буолбатаҕа буолуо. Абый диэн ытык сир буоллаҕа. Быйыл кыталык да элбээбит дииллэр. Белай Гора үрдүнэн биэс кыталык дойдубутугар кэллибит диэбиттии саҥа таҺаара-таҺаара эргийэ көттүлэр. Онон быйылгы саас наҺаа үчүгэй диэххэ сөп.
Ааптар: Сергей Голиков.
Оксана Заровняева, Алена Ефимова хаартыскалара